Киир

Киир

Олунньу 15 күнүгэр Дьокуускай куоракка Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтугар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Арассыыйа норуоттарын тыллара уонна диалектара» кэмпириэнсийэ ыытылынна.

Бу тэрээһин саха тылын, диалектарын чинчийбит үс улахан учуонай сырдык кэриэһигэр – тыл билимин дуоктара, диалектолог Михаил Спиридонович Воронкин төрөөбүтэ 100 сылыгар, тыл билимин дуоктара, диалектолог Спиридон Алексеевич Иванов төрөөбүтэ 95 сылыгар, тыл билимин хандьыдаата, лексиколог Петр Саввич Афанасьев төрөөбүтэ 95 сылыгар – ананна. Бу күн Институкка кинилэр үлэлээн ааспыт олохторун, үлэлэрин түмүгүн туһунан анаан кэпсэттилэр, ону кэрэһэлиир хаартыскалар тиһиликтэрэ таҥыллан көрдөрүлүннэ. Институт архыыбыгар уурулла-харалла сытар араас кэмнээҕи билим чинчийиилэрин отчуоттара туспа экспозицияҕа көрдөрүүгэ туруорулунна. Институт билимин бибилэтиэкэтэ Саха сирин норуоттарын тылларын уонна диалектарын туһунан кинигэ быыстапкатын тэрийдэ.

Кэмпириэнсийэни институт дириэктэрин солбуйааччы Наталия Сивцева салайан ыытта. Салалта аатыттан история билимин хандьыдаата Степан Григорьев, тыл билимин хандьыдаата Наталия Сивцева, СӨ Билимин академиятын иһинэн тэриллибит Төрөөбүт тылы үөрэтэр киин аатыттан педагогика билимин хандьыдаата Светлана Семенова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи өттүнээҕи норуоттар култуураларын, тылларын институтун дириэктэрэ, тыл билимин хандьыдаата Гаврил Торотоев, «Ийэ тыл кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөппүттэр хамсааһыннарын салайааччыта Вилюяна Никитина, СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассамблеяларын вице-президенэ Вячеслав Шадрин мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.

Шаблон для миниатюры

Күн бастакы аҥаарыгар институт мунньахтыыр саалатыгар буолбут тэрээһин пленарнай чааһыгар саха диалектологиятын сүрүн ситиһиилэрин, кыһалҕатын туһунан (тыл билимин дуоктара Надежда Данилова, тыл билимин хандьыдаата Егор Николаев), тылы уонна диалегы араарыы (тыл билимин дуоктара Наталья Кошкарева), бурят тылын уонна диалектарын аныгы кэмҥэ кыһалҕаларын (тыл билимин дуоктара Бабасан Цыренов), эбээн тылын диалегын (тыл билимин хандьыдаата Сардаана Шарина), теленгиттэр тылларын билиҥҥи туругун, уратытын (тыл билимин хандьыдаата Алена Тазранова), фольклор жанырдарыгар диалект уратыларын туһунан (тыл билимин дуоктара Надежда Покатилова) – барыта алта дакылаат ааҕылынна.

Слайд2

Күн иккис аҥаарыгар институт мунньахтыыр саалатыгар, түмэлигэр, балаҕаныгар үс аҥыы мустан, тыл диалектарын үөрэтиини чинчийии кыһалҕата оҥостон, Арассыыйа билимин уонна үөрэҕин тэрилтэлэригэр үлэлиир учуонайдар сирэй көрсөн олорон, куйаар ситиминэн быһа да холбонон туран, үлүһүйэ кэпсэттилэр. Дакылааттаабыт дьоҥҥо бэриллибит ыйытыылартан, кэмпириэнсийэ кэминээҕи кэпсэтиилэртэн, этиллибит санаалартан да көрдөххө, тыл диалегын чинчийии, үөрэтии аныгы да кэмҥэ тыҥааһыннах тыын кыһалҕа буолар, онон чинчийээччилэргэ, көрөөччүлэргэ-истээччилэргэ да маннык кэпсэтии туһата суолталаах. Кэмпириэнсийэҕэ Дьокуускайтан, Благовещенскайтан, Казаньтан, Кызылтан, Новосибирскайтан, Улан-Удэттэн уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Астана куоратыттан  барыта 70 тылы чинчийээччи, учуонай кытынна. Улан-Удэ куораттан тыл билимин дуоктара Бабасан Цыренов, тыл билимин хандьыдаата Алена Тазранова Дьокуускайга айаннаан кэлэн ылдьыттаатылар. Кинилэр кэмпириэнсийэ иһинэн Сибиир тылларын чинчийиигэ туох саҥа, сонун баарын туһунан туспа кэпсэтии таһааран, анаан сэминээр ыыттылар.

Слайд3

Кэмпириэнсийэни түмүктүүр мунньахха кыттааччылар санааларын түмэ тардан, Сибиир тылларын уонна диалектарын чинчийии, үөрэтии туһунан түмүк быһаарыы ылылынна. Тыл диалектарын уратыта норуот духуобунай уонна материальнай култууратын сорҕото буоларынан, анал чинчийиилэри, экспедициялары үүт-хайаҕас булан, хайа сатанарынан тэрийиэххэ, саха тылын, диалегын чинчийээччилэр тахсыбатах үлэлэрин бэчээккэ бэлэмниэххэ, аны да маннык кэпсэтиилэри хото тэрийиэххэ диэн санаа тиһилиннэ. Тылы, диалегы каартаҕа киллэрэри салҕыыр үлэ тоҕоостооҕо ыйылынна.

Слайд7Онон олунньу 15 күнүгэр Дьокуускай куоракка Арассыыйа билимин академиятын

Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтугар «Арассыыйа норуоттарын тыллара уонна диалектара» диэн ааттаах кэмпириэнсийэ элбэх ыалдьыттаах, кыттааччылаах, араас омук тылынан эҕэрдэлээх, ырыалаах-тойуктаах, дьоһун кэпсэтиилээх буолан түмүктэннэ.

Борис Гоголев.

Бүтэһик сонуннар