Киир

Киир

Сотору, кулун тутар 28-29 күннэригэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университекка III-с "Университеттар уонна Арассыыйа сирдэрин геостратегическай сайдыылара" диэн улахан пуорум буолаары турар.

Манна ааттаах-суоллаах федеральнай эспиэрдэр, үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара мустан саҥа, уларыйа турар кэмҥэ үрдүк үөрэх кыһаларын иннигэр турар тыын суолталаах кыһалҕалары, таһымнаах каадырдары бэлэмнээһин, хардарыта үлэлэһии ньыматынан Арассыыйа сирдэрин сайыннарар суолу-ииһи кэпсэтиэхтэрэ. Форум сиэксийэлэринэн уонна алта блогунан дискуссионнай былаһааккаларга арахсан ыытыллыаҕа.

Модератордартан биирдэстэрэ, Москубатааҕы судаарыстыбаннай автодорожнай технологическай институт профессора, техническэй билим дуоктара, хоту сиргэ суолу-ииһи, логистиканы, тырааныспары сайыннарыы эспиэрэ Надежда Филиппова ааспыт өрөбүлгэ Анатолий уонна Диана Чомчоевтары кытта Кэҥкэмэҕэ көрүстэ. Кини Анатолий Игнатьевич толкуйдаабыт кыра кыамталаах атомнай станциятын (АСММ) олоххо киллэриигэ сүбэ-ама биэрдэ.

Надежда Анатольевна АСММ бырайыагын, докумуоннарын өссө биирдэ үөрэтэн баран бастыҥ өрүттэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук:

1. Когенеративнай режиминэн үлэлиир, ол эбэтэр уоту уонна сылааһы тэҥҥэ оҥорон таһаарар.

2. Экэниэмикэ өттүнэн бары ньымалары баһыйар. Уматык сыаната үрдүүрүттэн тутулуктаммат. Холобура, Анаабыр Сааскылааҕын биир ыала уокка уонна сылааска ыйга баара-суоҕа 200 солк. төлүүр буолуон сөп.

3. КПД – 50%, КУИМ – 90-95%.

4. Экологияҕа ядернай уонна радиационнай өттүнэн куттала суох. Радиоактивнай тобоҕу таһаарбатын кэриэтэ. Салгыҥҥа сылааһы көтүппэт. Халлаан туругуттан, уматыгы аҕалыыттан  тутулуга суох.

5. Айылҕа уонна техногеннай төрүттээх дьайыылары тулуйар оҥоһуулаах.

6. Үрдүк автоматизациялаах. Тэйиччиттэн салайыллар.  

7. Дьоҕус уонна чөкө буолан, тиэйэргэ уонна көһөрөргө табыгастаах. Биир контейнер ыйааһына - 20 туонна.

8. Туттарга судургу уонна куттала суох. Үлэлиир болдьоҕо бүттэҕинэ, «Росатом» ГК харайар пууннарыгар суох гыныллар.

9. 50 сыл устата хааччыйар үлэһитэ да, оттуга да суох бэйэтэ аптамаат ньыматынан үлэлиир.  Көһөрөр ирдэннэҕинэ, микрореакторы кылгас кэмҥэ тохтотон эбэтэр арааран эриэххэ сөп.

10. Кыра нэһилиэнньэлээх пууннары, бырамыысыланнас тэрилтэлэрин уотунан уонна сылааһынан хааччыйарга табыгастаах. Маны сэргэ, ууттан водороды, таас чохтон мотор оттугун оҥорон таһаарыыга, уунан тутайбыт регионнарга ууну туустан босхолуурга, бөҕү уматан суох оҥорууга, ниэби хостуур быраҕыллыбыт сирдэри сөргүтүүгэ уонна да атыҥҥа туттуллуон сөп.

АСММ бары үтүө өрүттэрин ыйан туран, Надежда Анатольевна, бу бырайыак аан дойдуга киэҥник ирдэнэр уонна өрө тутуллар «күөх энэргиэтикэ» көрүҥэ буоларын, хайа кыалларынан түргэнник олоххо киириэхтээҕин, үлэлэһэргэ бэлэмин тоһоҕолоото.

Манна даҕатан эттэххэ, Анатолий Игнатьевич 2012 с. тэрийбит биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы уопсастыбаннай айар кэлэктиибигэр (ОМТК) сүүстэн тахсан инженер, конструктор, разработчик киирбитэ. Кинилэр, дойду Арктикатааҕы уонна ойдом сытар атын регионнарыгар анаан, куттала суох ядернай автономнай энэргиэтикэни киллэриигэ улахан интэриэстээхтэр. Оттон Сахабыт сиригэр Чомчоев бырайыага аныаха диэри өйөбүлү ыла илик. Үйэ тухары үтүмэн үбү-харчыны уокка уонна оттукка ыытартан сылайбыт Саха сирин олохтоохторо ыйга 200 төлөбүрдээх уокка уонна сылааска олус баҕараллар эрээри, бырайыак олоххо киирэрин итэҕэйбэт курдуктар.

Ол да буоллар, олоҕун устата «дьон туһа» диэн санаанан салайтаран олорбут, үлэлээбит-хамсаабыт Анатолий Чомчоев иннин диэки баран иһэр. Кини буолаары турар форумҥа “Энергетика будущего” диэн дакылааты этэргэ бэлэмнэнэр. Анатолий Игнатьевичка ситиһиини баҕарыаҕыҥ!

Бэйэ кэр.

Бүтэһик сонуннар