Киир

Киир

Учууталлар идэлээх күннэрин көрсө


Александр Александрович  ДЬЯКОНОВ, Үөһээ Дьааҥы улууһун  Эҥэ орто оскуолатын дириэктэрэ:

Бытыктаах Александр Дьяконов

– Мин бу күһүн сир уларытан, хоту дойдуга үөрэх эйгэтин билсээри, дириэктэринэн ананан кэллим. Дьоммун кытта манна көстүм. Икки оҕом – оскуола үөрэнээччилэрэ, кэргэним Лена Семёновна – устуоруйа, обществознание биридимиэттэрин учуутала. Улахан оҕом устудьуон буолан, Дьокуускайга мэдиссиинэ колледжыгар үөрэнэ хаалбыта. Биһигини олохтоохтор олус сылаастык көрүстүлэр. Пуорка тоһуйан, дьиэбитигэр аҕалан, бастакы кэмҥэ ас-үөл маанытын бэлэмнээн тэрээһиннээхтик көрүстүлэр. Олорор дьиэбитин сууйан-сотон хайыы үйэ  бэлэмнээбиттэр этэ. Олус сылаас, сырдык дьиэни куортамнаһан олохсуйдубут, миэстэбитин буллубут. Манна кэлиэм иннинэ дойдубар, Уус Алдан Өнөрүгэр, учууталынан, дириэктэринэн үлэлээбитим. Тус бэйэм тыа сиригэр олорорбун ордоробун. Салгына үчүгэй, айылҕа чугас уонна аҕа киһи буоларым быһыытынан оҕолорум тыа олоҕун билэн улааталларыгар баҕарабын. Хоту дойду биир уустуга – суол-иис мөлтөх. Эҥэ улуус кииниттэн ыраах сытар нэһилиэк буолан, кэлии-барыы уустук. Сыана манна олус үрдүк диэн көрдүбүт. Онон олохтоохтор ыарахан усулуобуйаҕа олороллор эбит дии санаатыбыт. Үчүгэй сонуммут диэн, саҥа оскуола ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх. Нэһилиэк бүттүүн ону кэтэһэбит. Хамнас туһунан кэпсээтэххэ, киин улуустартан улахан уратыта суох. Биир сүрүн кыһалҕа – интэриниэт мөлтөҕө. Ол үлэбитигэр охсор: үлэни бытаардар. Үөһээ Дьааҥы айылҕата олус кэрэ. Түннүкпүтүнэн хайалары көрөн олоробут, онтон сүргэбит көтөҕүллэр. Үлэлиир-хамсыыр санаа толору, сыал-сорук туруорабыт. Идэбит күнүнэн үөрэппит учууталларбын, кэллиэгэлэрбин эҕэрдэлиибин. Үлэҕитин таптааҥ, идэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ.

Лиана Афанасьевна СЫСОЛЯТИНА, Таатта улууһун Тыараһа орто оскуолатын эбии үөрэхтээһиҥҥэ уонна муусукаҕа учуутала:

Уһун баттахтаах Лияна Сысолятина

– Төрөөбүт дойдубар үлэбин саҕалыам диэн эрдэттэн баҕарар этим. Бэйэм Ытык Күөлгэ улааппытым. Тыараһа дьоно-сэргэтэ, кэлэктиибим олус үчүгэйдик көрүстүлэр. Эдэр үлэһит диэн өйдүүллэр, өйүүллэр. Дьиэ-уот тута быһаарылынна: оскуола аттыгар учууталлар уопсайдарыгар олохсуйдум. Кыһалҕа үөскээтэҕинэ, дьонум миэстэтигэр быһаараллар. Мин санаабар, тыа сириттэн үлэни саҕалыыр ордук. Учуутал идэтин баһылыырга  уопуту тыа сириттэн ылыам диэн бигэтик эрэнэбин. Оҕолор муусука уруогун сөбүлүүллэр. Уруоктарбар Саха сирин ырыа айааччыларын, ырыаһыттарын туһунан кэпсиибин, билиһиннэрэбин. Тыараһаҕа ырыаһыт оҕо элбэх эбит диэн үөрдүм. Дэриэбинэҕэ айылҕа кэрэтин, олох чуумпутун астынабын. Тыа дьоно бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөн олороллоро олохсуйарга эрэли саҕар. Биһиги нэһилиэкпитигэр сибээскэ харгыс суох, ол эрээри сороҕор уот баран ылааччы. Эдэр учууталларга сыал-сорук туруорунан, саҥаттан саҥаны айа-тута үлэлииллэригэр баҕарабын.   

Шончалай Хажыт-ооловна ДОНГАК, Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр орто оскуолатын математикаҕа учуутала:

Кылагс баттахтаах тетя Шончалай Донгак

– Быйыл «Земскэй учуутал» бырагырааманан Тыва Өрөспүүбүлүкэтин Кызыл куоратыттан кэллим. Учууталлаабытым 30-с cылым буолла. Далыр оскуолатыгар үлэ баарын саайты көрөн булбутум. Үөрэх ситимин бырагыраамата биһиги дойдубутугар эмиэ үлэлиир. Саха сиригэр төлөбүрүн усулуобуйата миэхэ табыгастаах. Оҕолорум дьиэ-уот тэринэллэригэр көмө буолаары бырагыраамаҕа биэс сылга дуогабардастым. Манна даҕатан эттэххэ, бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрим Алдаҥҥа, Мииринэйгэ  үлэлии сылдьаллар, кинилэртэн Саха сирин туһунан элбэхтик истэрим. Оскуолам кэлэктиибэ үөрэ-көтө көрүстэ. Киин ититиилээх дьиэ биэрбиттэригэр онно олоробун. Олохтоохтор, төрөппүттэр көмөлөрө, болҕомтолоро өрүү баар. Оҕолор аҕыйах хонук иһигэр миэхэ балачча үөрэннилэр дии саныыбын. Биһиги омук учууталы убаастабыл тылынан “Башкы” диибит. Сорох оҕолорум оннук ааттыыр буоллулар. Майгыннаһарбыт элбэх. Тылга-өскө, ырыа-тойук доҕуһуолугар ситим баарын бэлиэтээтим. Кэлиэм иннинэ саха алпаабытын көрбүтүм. Онно эмиэ үгүс дорҕоону уруурҕаатым. Үөрэтэр оҕолорум алпаабыты сөпкө саҥарарбар анаан, ыспаргаалка курдугу оҥорон биэрбиттэрэ. Бэйэм 1995 c. Кызыллааҕы педагогическай институт математика факультетын бүтэрбитим. Дойдубар 2000 миэстэлээх улахан оскуолаҕа дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитим, үрдүк категориялаах учуутал буолабын. Үлэбэр ирдэбиллээх буолары тутуһабын. Дойдубар 40 кыраадыстаах тымныы турааччы, онон кыһыны  көрсөргө бэлэммин диэххэ сөп. Саҥа сиргэ кэлбиччэ, омугум үгэһинэн сири-уоту үүттээх чэйинэн күндүлээбитим. Олохтоох дьон сүбэлэринэн, саха үгэһинэн алаадьылаабытым. Идэбэр интэриэһинэй кэрдиис кэм саҕаланна, онтон үөрэбин. Олохтоох дьоҥҥо өйөбүллэрин иһин махтанабын.   

Надежда Ивановна НИКОЛАЕВА,  Бүлүү улууһун Г.Ф. Николаев аатынан Бөкчөҥөө орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала:

WhatsApp Image 2024 10 04 at 14.51.01
 
– Мин Ньурбаттан төрүттээхпин, Абый улууһугар улааппытым. Кырабыттан ийэм курдук учуутал буолуохпун баҕарарым. Ол иһин бу идэни талбытым. 2018 c. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ кыһыл дьупулуомнаах  бүтэрбитим. Олоҕум аргыһа Николай Иванович – оскуолаҕа техническэй үлэһит. Биһиги Дьокуускай куорат 18-с нүөмэрдээх, Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөл оскуолаларыгар үлэлии сылдьыбыппыт. Кэргэним төрөөбүт дойдутугар, Бүлүү улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр, 2 оҕобутун кытта көһөн кэлэн үлэлиибит. Тыа сиригэр кыра оҕолордоох ыал олороругар олус табыгастаах. Оҕолор дьиэҕэ хаайтаран олорбокко, төлөпүөҥҥэ иилистибэккэ сибиэһэй салгыҥҥа оонньууллар, саастыылаахтарын  кытта алтыһаллар. Ону сэргэ дэриэбинэҕэ үлэлээн харчы мунньунуохха сөп. Билигин сылы эргиччи суол-иис,  түргэн интэриниэт, гаас баар буолан, усулуобуйа үчүгэй дии саныыбын. Дэриэбинэҕэ киһи дууһалыын уоскуйар, айылҕаны кытта чугастык алтыһар, олох аа-дьуо устар. Кэргэним бу дойдуттан төрүттээх буолан, аймахтарбыт ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсүбүттэрэ. Туох эмэ кыһалҕа үөскээтэҕинэ, өрүү өйүүллэр, саба түһэн көмөлөһөллөр. Онон кинилэргэ улаханнык махтанабыт. Саҥа көһөн кэлиибитигэр сүрүн кыһалҕа олорор дьиэ буолбута. Бастаан утаа аймахтарбытыгар олорбуппут. Билигин икки этээстээх, гаастаах дьиэни куортамнаһан олоробут.  Оскуолабыт кыра кэмпилиэктээх, саҥатык дьиэлээх,  агропрофильнай хайысхалаах. Кэлэктииппитин кытта билсэн, биир сыаллаах-соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Оскуола үлэһиттэрэ түмсүүлээхтэрин, сэргэхтэрин бэлиэтии көрдүбүт. Улахан оҕобут 2-с кылааска үөрэнэ киирбитэ, кылааһын оҕолорун кытта олус тапсан үөрэнэ сылдьар. Бу нэһилиэккэ олорорун сөбүлээтэ. Кыра кыыспыт уһуйааҥҥа киирдэ. Тыа сиригэр оҕо тэрилтэлэрэ чугас турар буоланнар, оҕону илдьиигэ-аҕалыыга эрэйи көрбөппүт. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин иннин көрүнэ үөрэнэригэр эмиэ үчүгэй. Кэргэним төрөөбүт дойдута араҥаччылыа, олохпут-дьаһахпыт  табыллыа диэн, күүскэ эрэнэбин.  Эдэр учууталлары “дэриэбинэҕэ куттаммакка үлэлии кэлиҥ” диэн ыҥырабын. Тыа сирэ үлэлииргэ-хамсыырга үчүгэй өрүтэ үгүс. Хас биирдии нэһилиэккэ оскуолаҕа үлэлии кэлэр учууталларга бастаан олороллоругар толору хааччыллыылаах уопсай дьиэлэр бааллара буоллар, ыччат олохсуйуо этэ. Саҥа саҕаламмыт үөрэх дьылыгар кэллиэгэлэрбэр ситиһиини баҕарабын.

Владислав Петрович ЧЕРДОНОВ, Амма улууһун Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын физкультураҕа учуутала:

Бытыга суох уол Владислав Чердонов

– Мин Өлүөхүмэ улууһун Токкотуттан төрүттээхпин. Бөтүҥҥэ үлэ миэстэтэ баарын саайтан  билэммин кэлбитим.  194 үөрэнээччилээх оскуолаҕа  физкультура уруоктарын үөрэтэн саҕалаатым. Талбыт идэбинэн үһүс сылбын үлэлиибин. Орто үөрэҕи бүтэрээт, Чурапчытааҕы   физкультура институтугар киирбитим. Кэтэхтэн бэһис кууруска үөрэнэбин. Аммаҕа суол-иис, сибээс баар улууһа диэммин бу диэки таласпытым. Кэллэктииппит олус түмсүүлээх, эйэлээх диэммин табыллан сылдьабын. Оскуолабытыгар орто саастаах учууталлар элбэхтэр. Үөрэнээччилэрбин тустуу, хапсаҕай, футбол, дуобат, саахымат көрүҥнэригэр угуйуом диэн соруктаахпын. Бөтүҥ нэһилиэгин оҕолоро успуорду олус интэриэһиргииллэр эбит диэн көрдүм. Дьиэ-уот быһаарыллан олорор усулуобуйа тэрилиннэ, манна куортамҥа сыана куоракка курдук ыарахан буолбатах. Ас-үөл, бородуукта сыаната киин сирдээҕэр чэпчэки.  Амма айылҕата  дойдубар майгынныыр. Өрүс кытылынан дьарыктанан сүүрэ сылдьан Токкобор сылдьар курдук сананааччыбын. Олохтоохторго саҥа учуутал сонун киһи буоллаҕым, бэйэбэр даҕаны барыта саҥалыы. Үлэ кэнниттэн эдэрдэр саалаҕа волейбол оонньуутугар мустабыт. Олохтоох дьону кытта билсэбин-көрсөбүн. Онон бу үөрэх дьыла миэхэ бэрт сэргэхтик саҕаланна.      

Екатерина МУХИНА кэпсэттэ.

Бүтэһик сонуннар