Киир

Киир

А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэрэ, педагогика билимин хандьыдаата, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Изабелла Александровна Сивцева үөрэх-иитии, тыа сирин оскуолатын, урукку уонна билиҥҥи учуутал уратытын, этнопедагогика туһунан санааларын үллэстэр.

– Учуутал идэтин тоҕо талбыккыный?

– Ийэбит Христина Ананьевна – саха тылын, аҕам Александр Александрович химия, биология учуутала этилэр. Балтыбыныын иккиэн учууталбыт, оҕолорбут эмиэ учууталлар, онон учууталлар династияларын салгыыбыт. Бэйэбин өйдүөхпүттэн учуутал буола оонньуурум, атыҥҥа тардыспат этим. Бастакы учууталым Июлия Николаевна Скрябина эмиэ учуутал буоларбар олук уурбут буолуохтаах. Дьонум сэбиэскэй кэм 50-с сылларыттан үйэ аҥаара Уолба, Баайаҕа, кэлин Ытык Күөл оскуолаларыгар үлэлээбиттэрэ. Онон оччотооҕу учууталлар хайдах үлэлииллэрин көрөн улааппытым. Күнү быһа оскуолаҕа сылдьаллар, киэһэтин эмиэ суохтар – кэнсиэрдии, лиэксийэ ааҕа, тугу эрэ ыыта, тэрийэ бараллар. Оҕолорго “Сорудах тэтэрээтэ” диэн баара, онно ким тугу гыныахтааҕын суруйаллара. Холобур, “Иза иһит сууйар”, “Висса торбос хомуйар” диэн. Кэлин “тэтэрээт көмөтүнэн иитиллэн тахсыбыппыт” диэн күлээччибит. Ол да буоллар өрөбүл аайы ийэбит минньигэс бэрэски эбэтэр бэлимиэн астыыра. Үлэтин быыһыгар сүөһүтэ-аһа, оҕото-уруута, аны сайынын бары тахсан, илиинэн оттуурбут. Ыалдьыт-хоноһо өрүү толору, кэпсэтии-ипсэтии бөҕөтө. Бэйиэт Күннүк Уурастыырап – күтүөбүт, кэргэнэ Надежда Гарильевна – ийэм эдьиийэ. Оччотооҕу тыа сирин учууталлара  тэбэнэ-сахсына сылдьар дьон буолбакка, норуот сайдыытын туһугар бэриниилээхтик үлэлиир, кинилэр ортолоругар олорор, кыһалҕаны билэр сырдык-ыраас дьон этилэр.

– Урукку уонна билиҥҥи учуутал уратылара тугуй?

– Тыа сиригэр муусука оскуолалара аһыллыбыттарыгар ийэлээх аҕам миигин Ытык Күөлгэ фортепиано кылааһыгар биэрбиттэрэ. Онно соҕуруу анал институкка үөрэммит кыыс учууталлыыра. “Оонньуургар бу маны көр, манна сылдьабын дии санаа” диэн, иннибэр Рерих хайалардаах хартыыналарын ууран кэбиһэрэ. Ол – кини  мэтиэдьикэтэ эбит. Фортепианоҕа оонньоотоҕуна, нуоталарын истэн, суруйуохтааҕыҥ. Онон “муусука кыраамататыгар” эмиэ сүрдээх күүстээх үөрэҕи барбыппыт. Мин наһаа умсугуйан дьарыктаммытым, учууталым миигин пианистка гынар санаалааҕа.

Аны оскуолабытыгар Владимир Ильич Кононов диэн физрук баара. Мин тиэннискэ дьарыктанан, улууска наар бастыырым. Олох күнүстэри-түүннэри оҕолору дьарыктыыра. Кылаас аайы отуччалыы оҕо үөрэнэр буоллаҕа, онуоха успуордунан наһаа элбэх оҕо дьарыктанара. Учууталбыт хас биирдии оҕо уратытын учуоттаан, хайа эрэ көрүҥҥэ тардара, барыларыгар ураты сыһыаннааҕа. Таба хайысхалаан, дьарыктаан, успуорт оскуолатыгар туттарара, күрэхтэһиигэ элбэхтик кытыннарара. Онон урукку учуутал хас биирдии оҕоҕо “индивидуальнай” сыһыаны булар эбит. Итинник тыл туттуллубатар да, ол үлэ сүрүн ис хоһооно этэ. Билигин анаан-минээн, “индивидуальный образовательный маршрут” (ИОМ) диэн баар.

– Оччотугар билигин оҕолордуун бодьуустаһар учуутал аҕыйаата дуо?

– Ол саҕана хаачыстыбаны соччо ирдээбэттэрэ буолуо. Билигин биһиэхэ “хаачыстыба” диэн алдьархайдаах ирдэбили туруордулар. Оттон оччолорго оскуола оскуоланы кытта, кылаас кылааһы кытта куоталаһара, бэл, кылаас иһигэр социалистическай күрэхтэһии баара. Ол күрэхтэһиигэ туох барыта киирэрэ – үөрэх, успуорт,  култуурунай-духуобунай сайдыы, бэрээдэк, о.д.а. Ол да дьайара буолуо. Урукку учууталлар хас биирдии оҕо сайдыытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара. Хатылыыбын: дьоҕурдаах, күрэхтэһиилэргэ эрэ кыайар оҕолорго буолбакка, хас биирдии оҕоҕо.

– Тыа оскуолатын биир сүрүн кыһалҕата хамнас диэн этэ. Билигин ол хайдаҕый?

– Урукку учуутал да улахан хамнаһа суох этэ. Ол эрээри мин дьонум дьиэни-уоту аахсыбакка үлэлиир этилэр. Хата, билигин тыа сиригэр саамай улахан хамнастаах – учуутал. Куорат оскуолатыгар оҕото элбэх, онон учуутал хамнаһа үрдүк дии саныыллар – сыыһаллар. Биһиги оскуолабытыгар салайааччы буолан, учуутал хамнаһын үрдэтиигэ лаппа үлэлэстим. Эриэйтин диэн баар,  онно хаачыстыба, олимпиада, кэмпириэнсийэ, оҕону үөрэтии, о.д.а. барыта учуоттанар. Ону саайтынан көрөн олорон быһаараллар. Ити өттүгэр үлэ ыытан, бастыҥ политехническай лиссиэй ахсааныгар киирэн (II миэстэ), сыл түмүгүнэн хамнаспытыгар 25%-ны ылабыт, ол хамнаһы эбэр. Ону таһынан учуутал хамнаһын ааҕарга СТП диэн баар, онно учуутал квалификацията, ыстааһа – барыта киирсэр. Мин үлэлии кэлэрбэр, бу оскуолаҕа СТП 5,7 эбит буоллаҕына, билигин 7,8 буолла. Бу саамай үрдүк диэххэ сөп. Онон тыа сирин учууталын хамнаһа наһаа кыра буолбатах.

Оҕону идэҕэ сирдиир сорук

– Билигин оскуолаттан, учууталтан ирдэбил олус улаатта. Бастакытынан, идэни талан бэлэмнииргэ, үөрэххэ киирэллэригэр тиһиктээхтик бэлэмнииргэ ирдэбил күүһүрдэ. Урут хайа эрэ кэмҥэ чопчуламмакка турбут сыал-сорук дьэ дьэҥкэтик көстөн эрэр. Холобур, 7-8 кылааһы “предпрофилизацияҕа” бэлэмниэхтээххин. Онуоха ханнык эрэ биридимиэттэри дириҥэтэн  үөрэтиигэ бүддьүөт харчытын туһанарга лиссиэнсийэ ылабыт. Ону ылан, бырагырааманы таларга учуоттанабыт. Учуутал “мин бу профилы үөрэтэр кыахтаахпын, онон миэхэ бачча чаас эбии наада” диэтэҕинэ, оччо чааһы ылар. Ол эрээри, урут  ирдэбил турбат буоллаҕына, билигин “эн сыалыҥ-соругуҥ маннык, “предпрофильнай”, “профильнай” кылаастарыҥ, быыбарыҥ, эксээмэннэриҥ бу маннык буолуохтаахтар” диэн чопчу ирдэнэр. Харчыны кытта үөрэх ирдэбилин ситимнээбэккэ сылдьыбыт буоллахпытына, итини, дьэ, саҥа көрөр буолан эрэбит.

Онон “профилизация” иһигэр дириҥник киирии буолан эрэр. Оҕо дьоҕурун, талаанын булан, ону таһааран, идэҕэ сирдиэхтээххин. Дьиҥэ, ити ИОМ (индивидуально образовательный маршрут) туһунан этиллибитэ ыраатта да, сүгүн киирбэккэ сылдьыбыта. Ол чопчуланан эрэр курдук. Оттон урукку учууталларга онто да суох күүстээх ИОМ баар буоллаҕа. Оҕону эргиччи сайыннарар курдук эбии үөрэхтээһин, муусука оскуолата, успуорт дьарыктара барыта баара.

– Учуутал диэн киһи киэн туттар идэтэ дуо?

– СКЭ киириэҕиттэн учуутал идэтигэр саамай намыһах бааллаах оҕолор киирэр буоллулар. Оннук дьон педагог буолан тахсыбыттарын түмүгэ өйдөнөр ини... Оттон урут Минпрос анал пединституту бүтэрбит, саҥа мэтиэдьикэни баһылаабыт, ону туһанар, таһымнаах учууталлары соҕурууттан ыыта олордоҕо. Холобур, ол мин муусукаҕа учууталым курдук. Билигин ким хайдах кыахтааҕынан үөрэтэ олоробут, бэйэбит хааһыбытыгар булкулла сылдьабыт. Михаил Ефимович ол иһин мэлдьи “киин үөрэх кыһаларын кытта бииргэ үлэлэһиҥ, олору кытта сибээстэһиҥ” диирэ. Биһиги  оннук барыахтаах этибит. Онон эмиэ анал пединституттары бүтэрбит, аныгы мэтиэдьикэни баһылаабыт кэлии учууталлар наадалар.

КРСТ, тыа оскуолата, көһүү...

– Тыа сирин оскуолата төһөнөн үчүгэйдик үлэлиир да, соччонон оҕолоро дойдуларыгар төннүбэттэр...

– “Дойдугар бэриниилээх буол, манна кэлэн үлэлээ, олохсуй” диир кыаҕыҥ суох. “Бу бадарааҥҥар олордоору гынаҕын дуо?” диэн саҥардыахтара да суоҕа. Оттон урут “оскуола–производство–үрдүк үөрэх” диэн бачыым баара. Онно майгынныыр, хамнастаах үлэ миэстэтин таһааран туох эрэ дьаһал оҥоһуллара буоллар, тахсыахтара этэ. “Комплексное развитие сельских территорий” – КРСТ диэн баар. Ити  туга эрэ ситэтэ суох курдук. Тугу оҥостоллоруй? Кулууптарын өрөмүөннүүллэр, искибиэр  оҥостоллор... Пааматынньык туруораллар. Онтон туох уларыйда? Ити – туох да туһата суох. Онтон атыны тугу да оҥорор кыахтара суох. Оттон КРСТ тыа сирин эргиччи сайдыытын көрүөхтээх этэ, ол аата киһини эмиэ сыһыаран. Холобур, онно оскуоланы бүтэрэр оҕолорго “бастаан үлэлииргитигэр бу сууманы уурабыт, эһиги тахсан манна олохсуйуҥ, сир биэрэбит, ону оҥостуҥ, үлэлээҥ” диир буоллар, хамсааһын тахсыа этэ.

– Ити уопсай сайдыы – глобализация, урбанизация – түмүгэ  буоллаҕа.

– Холобур, 2006 сылтан Баайаҕаҕа Мандар Уустуун уустары үөрэппиппит. Уус уолаттар 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан, быһах оҥорон атыылыыллара. Дьэ, билигин оскуолаҕа биисинэс-инкубатор тэрийэн, оҕолору харчы оҥорорго, үп сатабылыгар, бородууксуйаны киэргэтэн атыылыырга эҥин үөрэтэ сатыыбыт. Оттон оччолорго ол уолаттар быһах оҥорон, куоракка “Уус-экспоҕа” киирэн атыылаан, сылга мөлүйүөҥҥэ тиийэ үбү эргитэллэрэ. Күрэхтэһии бөҕөтүгэр кытталлара, кыайаллара.

Билигин олор бары куоракка олороллор, мастарыскыай арыандалаһан уһаналлар. Мин ону: “Баайаҕаҕа тоҕо олохсуйбаккыт? Босхо дьиэҕэ быһаххытын оҥоруҥ, куоракка киллэрэн атыылааҥ. Тоҕо тахсыбаккыт дойдугутугар?” – диир буоллаҕым. Ону син биир толору хааччыллыылаах дьиэҕэ, үчүгэй суолга-иискэ наадыйалларын этэллэр. Эдэр дьон син биир сайдыыны кытта толору хааччыллыылаах, күлүмүрдүүр уоттаах-күөстээх сири сибээстииллэр. Онон, ити баар. Уус уолаттар, баҕар, суол-иис тупсан, элэҥнэччи массыынанан куоракка киирэр-тахсар кыах баар буоллаҕына, дойдуларыгар олохсуйуохтара диэн эрэл баар.

Уһуйуу

– Мандар Уус кыһатын уопута тарҕаныан сөп дуу?

– Биһиги бастаан уустары үөрэтэр сайыҥҥы лааҕыр тэрийдэхпит. Онтон нэһилиэк баһылыга Роман Романовичка бырайыак оҥорон киллэрбиппит. “Бу уус кыһата норуот дьиэтэ буолуохтаах” диэн. Кини онно тута дьиэ тутан биэрбитэ. Онтубут билигин Духуобунас киинэ буолла. Ол оскуола иһиттэн, боростуой лааҕыртан үүнэн-үөскээн таҕыстаҕа. Бу уопуту үчүгэйдик үөрэтэн, сир-сир аайы да маннык хамсанан, тэрийэн барыахха сөп этэ. Билигин Баайаҕа нэһилиэгин дьоно бары уустар, бары маастардар. Хайа да дьиэҕэ киир – ким сэлээппэ өрөр, ким көмүһү уһанар, ким быһах охсор, тоҕо диэтэххэ, биһиги лааҕырга барыларын үөрэтэр этибит. Министиэристибэлэргэ ити туһунан кэпсиибин да, өйдөөбөттөр, дойҕох эрэ курдук истэллэр. Оттон ити уһуйуу технологията сылдьар.

– Бу Мандар Уус үөрэтэр ньымата – уһуйуу. Тус киһиэхэ туһуланар (индивидуальнай), дьиҥнээх сахалыы иитии-үөрэтии технологията. Былыр-былыргыттан сахаҕа идэҕэ уһуйуу диэн баара. Билимҥэ чинчийиим тиэмэтэ миэнэ – этнопедагогика, ол иһигэр чопчу уһуйуу. Бэйэм эмиэ уһуйууну барбытым, уһуйааччыларым Мандар Уус, бөлүһүөпүйэҕэ Акулина Серафимовна Попова, Галина Семеновна Попова-Санаайа. Акулина Серафимовна “Олоҥхо  атыгар мэҥэстэн” диэн кинигэлээҕэ. Олоҥхо дьиҥ ис хоһоонун сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта арыйбытыгар, биһиги билигин ол аанын дьэ сэгэтэн, саҥа тиийэ сатыыбыт. Билимҥэ салайааччым – Н.Д. Неустроев, сыанаһытым Г.Н. Волков этилэр. Улуу этнопедагог Г.Н. Волков төрөөбүтэ 100 сылыгар киниэхэ ананар тэрээһиннэри Саха сиригэр эмиэ ыытыахха диибит. Холобур, Тааттаҕа “Иис-уус-ас” бэстибээли дьиҥнээх этнопедагогика бэстибээлэ диэххэ сөп. Манна уустар хайаан даҕаны уһуйар оҕолоох күрэхтэһэллэр. “Арааһа, бүтэһик этнопедагог буолаары гынныбыт дуу, оҕолорбут төрөөбүт тылларынан саҥарбат буолан эрэллэр” дэһэбит. Онон тылы, төрүт дьарыктары, сатабыллары, дьиэ кэргэн туругун барытын таарыйар, көдьүүстээх тэрээһин буолуохтаах диибит.

***

– Уһуйааччыларым сирдээбит суолларынан аргыый айаннаан иһэбин. “Эдэрдэри таһаарбыт киһи” диэн баҕа санаалаахпын. Ол аныгы систиэмэҕэ уустук. Хас быыбар буолла да, дьону барытын уларытыы, “бэйэ хамаандатын” олордуу, хантараакка киллэрэн хабахха тыыннарыы... Ханнык даҕаны профессиональнай таһым, тугу эрэ оҥорбут  аахсыллыбат. Бэрт сыранан кыһаллан үүннэрбит, такайбыт дьонуҥ таах хаалан хаалыахтарын, өр иитиэхтээн оҥоро сылдьар былааныҥ тохтоон хаалыан сөп. Ити баар – саамай куһаҕана. Урукку систиэмэҕэ курдук, каадыры иитэн, бүөбэйдээн таһаарыы, кинини сайыннарыы наада диэн өйдүөхпүт дуо? Утумнааһын баар буоллаҕына эрэ иннин диэки барыы, сайдыы баар буолуоҕа.

Нина ГЕРАСИМОВА.