Саха тустуутун эдэр көлүөнэтин чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Лев Павлов Арассыыйа чөмпүйэнээттэриттэн көмүс уонна үрүҥ көмүс солотуулаах мэтээллэри ылан, саха норуотун үөрдүөн үөртэ! Биир нэдиэлэ иһигэр Кавкаһынан, Москубанан Лев икки улахан түһүлгэҕэ дойду лиидэрдэрин харса-хабыра суох хапсыһыыга кыайталаан, эр дьону да кытта тэҥҥэ киирсэр кыахтааҕын көрдөрдө уонна саха көҥүл тустуута инникилээҕин итэҕэттэ, улахан эрэли үөскэттэ. Бүгүн кинини кытта кэпсэтиибитин ааҕыҥ.
Ийэм миигиннээҕэр ордук долгуйар
Усуйаана Депутатскайыгар күн сирин көрбүтүм, уһуйааҥҥа Казачьеҕа сылдьыбытым. 1-кы кылааска киирэрбэр Мииринэй Арыылааҕар көспүппүт, 2–3-с кылаастарга Таас Үрэххэ үөрэммитим, 4-с кылааска тахсарбар Сунтаар Бордоҥор олохсуйбуппут, 6-с кылааска Сунтаарга бэйэтигэр көһөн киирбиппит. Бииргэ төрөөбүт биэспит: үс бырааттаахпын уонна наһаа “минньигэс” балтылаахпын. Төрөппүттэрбэр элбэх бииргэ төрөөбүтү бэлэхтээбиттэригэр махтанабын! Бырааттарым үһүөн тусталлар, улууска чөмпүйүөннүүллэр – талааннаах уолаттар. Үчүгэй илиигэ түбэстэхтэринэ, төбөлөрүн үлэлэттэхтэринэ, санаалара самныбатаҕына, миигиннээҕэр ордук тустуохтара дии саныыбын. Бу аҕыйах күн сынньалаҥмар дьоммун кытта бииргэ буолуом. Бырааттарбыттан олус тэйдим, улахан бырааппын кытта үчүгэйдик кэпсэппэт да буоллубут: наар дьиэҕэ суохпун, онтон, баҕар, хомойоро буолуо, 15 сааһын туолуохтаах. Оттон аччыгый бырааттарым кэпсэтэ сатыыллар, атаахтыыллар, "ону-маны ыл эҥин" дииллэр. Бу сырыыга кэһиилээх баран иһэбин, онон күүтэн олороллор.
Аҕам өттүнэн эһэм Күүс Өндөрөй диэн киһи баара, кыра эрдэхпинэ 60–70 саастааҕа, оттоон-мастаан тэтиэнэх этэ. Эрдэ суох буолбута. “Кытаанах, күүстээх киһи этэ” диэн өйдүүбүн. 11 оҕолоох: уолаттара бары спортсменнар, кыргыттар эмиэ бэркэ кыаналлар. Холобур, убайдарым Николай Охлопков, Кирилл Павлов ийэлэрэ аҕабын кытта бииргэ төрөөбүттэр. Убайдарым бары кыахтаах дьон, күүс-уох өттүнэн мин саамай судургулара буолуом. Ийэм өттө – туруу үлэһит дьон. Эһэм бокуонньук үлэһит этэ. Кыыс аймах элбэх – бары иистэнньэҥнэр, ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр. Биир убайым Афанасий Милютин тустууга 2012 сыллаахха "Азия оҕолоро" оонньуу чөмпүйүөнэ буолбута. Сунтаарга Николай Романовичка эрчиллибитэ.
Ийэм тустуу быраабылатыгар идэтийэн эрэр, олус күүскэ "ыалдьар". Ол эрээри “мин тустарбын көрбөтө буолуо” дии саныыбын. Миигиннэҕэр ордук күүскэ долгуйар буолуохтаах. Төрөппүттэрим иккиэн судургу дьон, эмоцияларын таһаара, көрдөрө сылдьыбаттар, буолуохтааҕын курдук ылыналлар, сатамматаҕына, өйүүллэр, кыайдахпына, арбаабаттар. Сунтаарга уонча эрэ хонобун. Дьонум өйдүүллэригэр баҕарабын: мээнэ сылдьыбаппын, куһаҕаны тугу да гыммаппын.
Сунтаартан – улахан көбүөргэ
1-кы кылаастан аҕам Семён Андреевич Павлов дьарыктаан барбыта: икки тустууга маастар, бэйэтин кэмигэр үчүгэйдик туста сылдьыбыт, онон кини сүбэтин-аматын истэн улааппытым. Сунтаарга көһөрбүтүгэр аҕам атын дуоһунаска баран, тириэньэрдээн бүппүтэ – успуорт салайааччыта буолбута. Онон Николай Романович Данилов илиитигэр киирбитим. Миигин улахан көбүөргэ кини таһаарда. Барытын ырытан, хараахтарбар сөптөөх тустууну туруорбут диэн сыаналыыбын. Куоракка кэллэхпинэ, Герман Степанович Контоев үлэлэһэр. Сүрүн тириэньэрим – Николай Романович. Саамай аптарытыатым, өйүүр-өйдүүр киһим. Ностуруойданарбар оҕо сырыттахпына эрэ сүбэлии сатыыра, билигин билэр: “Үчүгэйдик ностуруойдан, олорон эрэ толкуйдаа", – диир, ол аата, эрэнэр буоллаҕа дии. Сороҕор онтум үчүгэй түмүккэ тириэрдэр, сороҕор – ити финалга көрдүгүт дии – сыыһа туттунуу тахсан хаалар. Кыра эрдэхпиттэн Сунтаарга дьарыктанабын, "паара суох буолуо" дии саныыллара да, тэҥҥэ тустар, тутуһар-хабыһар уолаттарым тахсан иһэллэр, миэхэ онно үлэлииргэ үчүгэй. Ол-бу аралдьытар суох, харчы бараммат, тириэньэриҥ чугас баар, барыта этэҥҥэ.
Доруобуйа эрэ өттүгэр боппуруостаахпын, куоракка кэлиэххэ наада. Мэдиссиинэ дириҥэтэн көрүүтүн сыл аайы биирдэ-иккитэ Москубаҕа ааһабын. Эдэрдэр күрэхтэригэр харахпын өлөрбүтүм. Кырдьыгы эттэххэ, харах бырааһыгар барыахпын куттанабын. Эрдэ “отслойка” буолбут этэ, онтубун лазерынан "сыбааркалаппытым". Харахпынан эрэ "допуск" ылымыахпын сөп: ууланар, өр төлөпүөнү көрдөхпүнэ, хойут утуйдахпына биллэрэр. Сотору ачыкы кэтэрим буолуо, ырааҕы көрбөппүн, туста сылдьан, таблону нэһиилэ көрөбүн.
Сунтаар технологическай колледжыгар 4 сыллаах ювелир үөрэҕэр үөрэнэ сылдьыбытым, биир сыл хаалбытыгар Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетыгар көһөрөн кэбиспиттэрэ.
Кыһалыннахпына, тугу эмэ чочуйан таһаарыахпын сөп, туһалаах сыллар ааспыттара, элбэҕи билбитим. Олус талааннаах, уус оҕолор бааллара, көннөрү ыччаты кытта үөрэнэр үчүгэй баҕайы этэ, билигин спортсменнары кытта арыый атын соҕус.
Ыксаллаах кэмҥэ албас сатанар
Александр Николаевич Иванову кытта өрүү кэпсэтэбин, кини "утуйуоҥ иннинэ фантазиялаа, дьон “күрэхтэһии иннинэ тустууну санаама, киинэҕэ сырыт, аралдьый” дииллэр, ол – сыыһа. Эн, төттөрүтүн, тустууга утары барыаххын наада, тустар кэмҥэр өсөһө-өсөһө, тулуйа-тулуйа тустуугун эрэ санаа", – диэн Олимпиада призёра сүбэлиир. "Приём олус элбэх, фантазиялаах буоллаххына, албас төбөҕөр хатанан хаалар, онтуҥ ыксаллаах кэмҥэ сатанар" диэбитэ. Миэхэ оруобуна оннук түгэн буолла: Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Начын Монгуһу кытта тустуубар аҕыйах сөкүүндэ хаалбытыгар "кочерга" албас табыллан хаалла. Хаһан эрэ “кочерга" барыан сөп диэн саныыр этим. Онтум “захвата” эмискэ тиийэн кэлбитигэр биирдэ өйдөөбүтүм, киһим "көтөн" хаалбыта. Ити быраҕыы кыайыыга тириэртэ. Финалга Ахмед Идрисовы "лаампалыы" сатаатым. Бэйэм ымсыыбыттан сыыстым. Кылаастаах тустууктар мээнэ “захваты” биэрбэттэр ээ, кини соруйан биэрдэ. "Киитэрэйдэр" диэн кырдьыгы этэллэр эбит, улахан уруок ыллым.
“Олимпиада чөмпүйүөннэриниин күрэстэһэбин”
Улахан спортсменнар интервьюларын интэриниэккэ элбэҕи көрөбүн. Холобур, Хабиб Нурмагомедовы, Бувайсар Сайтиевы, Заурбек Сидакову. Ааспыкка наҕараадалааһын кэннэ Бувайсар Сайтиевы көрөммүн, "Бувайсар Хамидович" диэн ыҥырбыппар, тута истибитэ, кэлэн эҕэрдэлээбитэ. "Лев, маладьыас! Эр киһилии көрүҥнэммиккин, иннигэр улахан сорук турар, кытаат!" – диэн баҕа санаатын эппитэ. Уонна ымсыырар курдук "уу-у, эһигини көбүөргэ өссө хайдахтаах курдук умсугутуулаах олох күүтэрий!" диэбитэ, кыайыы өрөгөйүн өссө да билиэн баҕарар быһыылаах. Мин: "Улахан дьоннуун хайдах тустабын?" – диэн ыйыппытым. "Ситинник туһун, тугу да уларытыма, хараахтаргынан элбэҕи ситиһиэҥ" диэбитигэр астына, киэн тутта көрөр киһим тылларыттан кынаттанан, саастыылаахтарбыттан бэйэбин харыс үрдүктүк санаммытым. Олимпийскай чөмпүйүөннэрдиин күрэстэһэбин, ситиһиибинэн тэҥ буолуохпун баҕарабын! Санаам даҕаны онно тэҥнэһэр буолан эрэр, кинилэртэн туох да уратым суох. Билигин физическэй турукпун уонна уйулҕабын бөҕөргөтөн биэриэхпин наада. Бастаан "аан дойдуга, Дьобуруопаҕа кыайбыт киһи" дии саныыр этим, билигин ол ирдэбилим үрдээбит.
Уйулҕа өттүнэн мэһэй (психологический барьер) барыларыгар баар. Сороҕор киһи утуйбат буолан хаалар, ардыгар үчүгэй баҕайытык аһаран кэбиһэбин. Улахан дьон көбүөрүгэр "чувство" толору кэллэ диэбэппин. Тириэньэрбиниин сылдьарбыт тухары тустуубун ырытабыт, тустуу хаамыытыгар быһаарсар "ыалдьааччылар" туораттан эмиэ сөпкө көрбүт, ырыппыт буолаллар: наадалааҕын ылынабын, сорҕотун истэн эрэ кэбиһэбин.
Былырыын эдэрдэр икки нэдиэлэ улахан дьону кытта дьарыктаммыппыт. Эйгэтэ наһаа үчүгэй! Абдулрашид Садуллаев, Ибрагим Ибрагимов, Абасгаджи Магомедов бааллара, кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим. Чөмпүйүөннэр өйдөрө-санаалара, толкуйдара кытта атын буолар, тутта-хапта, көрө-истэ сылдьаллара эмиэ ураты. Киһиэхэ чөмпүйүөннүү санааны саҕаллар.
Виктор Лебедев сүбэтэ
Атын дойдуттан тустарга элбэх этии киирэр, ону мин манныгы этиэм этэ: көспөппүн. Тиһэҕэр диэри Арассыыйаттан тустуом, Олимпиадаҕа тиийбэт буоллахпына – тиийбэппин. Бэйэбиттэн тутулуктаах. Виктор Николаевич Лебедеви кытта хаста да көрүстүм. "Атын дойдуларга куотан тахсаллар, ол кэриэтин манна кыргыс – санааҕынан быдан күүстээх буолуоҥ! Арассыыйаттан тахса сатаа, ол эйиэхэ кыаллыа", – диэбитэ. Күүстээх ауралаах. Киһи эрэ кэпсэтэ олоруон баҕарар. Наһаа элбэҕи биэриэн сөптөөх киһи сылдьар, ол эрээри сөбүлээбит эрэ дьонун чугаһатар быһыылаах. Мин дьиссипилиинэбин хайгыы көрөрө буолуо. Хараахтарым бэрээдэкпиттэн күүһүрэр курдук. Албастары эҥин соччо оҥорбоппун, кылбар бырахсыылаах кырасыабай тустуулаах буолбатахпын. Хараахтарым көмөтүнэн миэстэлэһэбин дии саныыбын.
“Бэйэм киэммин ыла иликпинэ, төрүт ыһыктыам суоҕа”
“Ыалдьааччылар” хомулларга көмөлөһөллөр. Кэнники эппиэтинэс сүгэртэн куттаммат буолбуппун, дьон ыга сылдьара, төттөрүтүн, туһалаах курдук. Арбаатахтарына, улаханнык саҥардахтарына, ыһыллар киһи ыһыллар. Мин оннук буолбатахпын: халбаҥнаабат, кытаанах санаалаахпын дии саныыбын. Хотторуум да ахсааннаах, "кыайабын" диэн тахсан баран, хотторон хаалабын. Ол аата, тугу эрэ көннөрүөхпүн, уларытыахпын наада. Арассыыйа чөмпүйэнээтин түмүгүн толору астымматым, иккис буолуум уоскутар эрэ. Арыанаҕа аҕам уонна улууспут баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев бааллара. Хотторон баран, көбүөргэ умса түһэн сыта түспүтүм, эмоциябын көрдөрөөччүм суох. Илиибин биэрэн баран, сүүрүүнэн тахсан барааччыбын. Баҕар, дьонум көрөллөрүгэр кыайыахпын баҕарбытым буолуо.
Бэйэм киэммин ыла иликпинэ, ыһыктыам суоҕа, дьарыкпын тохтоппоппун, инним диэки баран иһиэм. Биһигини Дьобуруопа уонна, табылыннаҕына, аан дойду түһүлгэтэ күүтэр. Биллэн турар, дойду ааттаахтара кэлиэхтэрэ, мээнэ турнирдар буолбатахтар, ол эрээри Арассыыйаҕа тустар быдан ыарахан. Биир киһилиин финалга хаста даҕаны көрсүөххүн сөп. Сырыы ахсын финаллыыр ыарахан, утарылаһааччыҥ эйигин үөрэтэр, саҥаттан саҥаны толкуйдаан иһиэххин наада. Оттон билбэт киһигин кытта тустар чэпчэки. Былырыын аан дойдуга хоттороммун, элбэх уруогу ылбытым.
“Кыра уолаттар сотору ситэн-хотон тахсыахтара”
Улахаттарга Арассыыйа күрэхтэһиитигэр билбэт оҕолорум күүскэ “ыалдьыбыттара”. Сахалар эрэ буолбатах, Дагестан, Осетия уолаттара эмиэ бааллара. Бэйэм оҕо соҕус буоламмын, тардыһаллар быһыылаах (күлэр). Билэбин: аҕыйах сылынан миигинниин туста тахсыахтара. Мин Копылов Петялааҕы кытта дорооболоһорум, хаартыскаҕа түһүөхпүн баҕарар этим. Онтум 17 сааспар тэҥҥэ туста сылдьарым. Ол иһин дьарыкпын олох ыһыктыбаппын, сотору ити оҕолор ситэн-хотон тахсыахтара. Чэпчэки ыйааһыҥҥа тустар буоламмын, элбэх уол 57 кг тустан ааһыаҕа дии саныыбын.
Мин дьоҥҥо-сэргэҕэ чугаспын, улаатымсыйбаппын. Сулус “хабыы" диэн суох, көстүбэтинэн билинии диэн эмиэ баар диэбиттэрэ да, билиҥҥитэ оннугу билэ иликпин. Арай туораттан көрөн этэллэр ини, онно да өһүргэниэм суоҕа, көннөрөргө кыһаллыам. "Ыалдьааччыларга", кириитикэлиир дьоҥҥо уонна Үрдүк Айыыларбар махтанабын! Олоҕум суолугар үтүө да, мөкү да санаалаах дьон мээнэҕэ көстүбэттэр – барытын туһаҕа таһаара сатыыбын.
Бу ый бүтүүтэ УМО кэннэ Новогорскайга түмсэр эрчиллии буолуохтаах. Тус тириэньэрим барсыбат, Сунтаарга эмиэ уолаттардаах, миигин эрэ сырса сылдьыан баҕарбаппын.
Лев, Лёва
Лев диэн наһаа официальнай, баҕар, оҕотук буоламмын сөбүлээбэтим буолуо. "Лёва" дииллэрэ быдан истиҥник иһиллэр. "Аатыҥ эрэ күүстээх буолан, баҕар, туста сылдьарыҥ буолуо", “Аатыҥ элбэххэ көмөлөһүө” дииллэр. 16 сааспар диэри аатым дорҕоонноохтук иһиллэрин билбэт этим. Оҕо сырыттахпына, кырааматаҕа өрүү "Лёва Павлов" диэн буолааччы. Билигин, туох да диэбит иһин, киһи астына истэр. Дьонум хахай курдук харса-хабыра суох буоларбар сөптөөх ааты биэрбиттэр.
Кэпсэттэ Айаана Ларионова.