Саха сиригэр бэс ыйын 1 күнүттэн “Азия Оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньуу уотун эстэпиэтэтин үһүс түһүмэҕэ саҕаланар. Эстиэпэтэ бу түһүмэҕэ илин эҥээр, киин уонна соҕурууҥҥу улуустары хабыаҕа уонна бэс ыйын 26 күнүгэр, Оонньуу саҕаланар тэрээһинигэр, “Туймаада” стадиоҥҥа кэлэн түмүктэниэҕэ.
Бэс ыйын 1 күнэ – Кэбээйи улууһа;
Бэс ыйын 3 күнэ – Томпо улууһа;
Бэс ыйын 4 күнэ – Таатта улууһа;
Бэс ыйын 5 күнэ – Чурапчы улууһа;
Бэс ыйын 6 күнэ – Уус Алдан улууһа;
Бэс ыйын 9 күнэ – Мэҥэ Хаҥалас улууһа;
Бэс ыйын 10 күнэ – Амма улууһа;
Бэс ыйын 11 күнэ – Уус Майда улууһа;
Бэс ыйын 15 күнэ – Нерюнгри улууһа;
Бэс ыйын 16 күнэ – Алдан улууһа;
Бэс ыйын 17 күнэ – Нам улууһа;
Бэс ыйын 18 күнэ – Жатай;
Бэс ыйын 26 күнэ – Дьокуускай.
“Азия оҕолорун” уотун эстэпиэтэтэ кулун тутар 20 күнүгэр Хаҥалас улууһуттан саҕаламмыта. Бастакы уонна иккис түһүмэх кэмигэр уоту сиринэн да, салгынынан да 23 улууска сырытыннарбыттара, барыта 32 665 килэмиэтири айаннаабыттара. Ону таһынан, уот Успуорт Москубатааҕы судаарыстыбаннай түмэлигэр эмиэ сылдьыбыта.
Санаттахха, “Азия Оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньуу уотун быйыл кулун тутар 19 күнүгэр Өлүөнэ турууктарын тэллэҕэр умаппыттара. Факелы барыта 550 киһи тутан 37 000 км сүүрүөхтээх.
“Азия оҕолоро” оонньуу дьиҥ таһымнаах саайтыттан.