Киир

Киир

Мунньах кэмигэр эбийиэктэр бэлэмнэрин, Дьокуускай уулуссаларын өрөмүөнүн, көҕөрдүүнү, тупсарыыны, онтон да атыны кэпсэттилэр.

Айсен Николаев эппитинэн, Оонньууларга кыттыахтаах хамаандалар бэс ыйын иккис аҥаарыттан сыыйа кэлэн барыахтаахтар. Кинилэри түһэрэр, аһатар уонна эрчийэр эбийиэктэр онуоха диэри бэлэм буолуохтаахтар.

“Эбийиэктэри хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнар, Оонньуу тэрийэр кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрэ уонна судьуйа кэллиэгийэтэ көрөн-истэн, бэлэм буолбутун тутуохтаар”, – диэтэ Ил Дархан.

Куорат уулуссаларын саҥардар уонна тупсарар үлэ былаан быһыытынан бара турар. Ол гынан баран, сорох өрөмүөннэммэт атыы-эргиэн уонна тэрилтэлэр дьиэлэрин тас өттө бэрдэ суох көстүүлээх. Айсен Николаев ол боппуруоһу быһаарарга соруйда.

Итини таһынан, куоракка сибэкки үүннэриитэ саҕаламмыт. Мээрийэ иһитиннэриитинэн, быйыл 1,5 мөлүйүөн кэриҥэ үүнээйи олоруохтаах.

“Быйыл куйаас сайын буолара сылыктанар. Онон сибээстээн, үүнээйиини көрүүгэ-истиигэ дьоһуннаах болҕомто ирдэнэр. Куорат салалтана ону күннэтэ хонтуруоллуохтаах”, – диэтэ Ил Дархан.

Санаттахха, быйыл “Азия оҕолоро” оонньуу бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллар. Араас дойдуттан уонна бэйэбит Арассыыйабыт эрэгийиэннэриттэн барыта 3,5 тыһыынча ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Андрей Сорокин / СИА.

Бүтэһик сонуннар