РОМАН МИХАЙЛОВИЧ ДМИТРИЕВ ТӨРӨӨБҮТЭ 75 СЫЛЫГАР АНАНАР
80-с сылларга, Москубаҕа ГУМ маҕаһыыҥҥа хоруупсуйаны силиэстийэлииргэ ИДьМ, КГБ, борокуратуура холбоһуктаах биригээдэтин салайан үлэлиирим саҕана, маҥнай “Пекин” гостиницаҕа олорбутум.
Онтон Р.М. Дмитриев Текстильщики уулуссаҕа баар хомунаалынай хоһугар дьиэ кэргэммин кытта олордубута. Икки сыл курдук олорбуппут, биир кэмҥэ хаһаайын кэлэ-бара сылдьыбыта. Араас тиэмэҕэ элбэҕи, ол иһигэр успуорка, көҥүл тустууга кэпсэтэрбит. Роман Михайлович Москубаҕа саамай чугас доҕотторо: Иннокентий Иванович Корякин, көҥүл тустууга успуорт маастара, тырааныспар милииссийэтигэр холуобунай ирдэбилгэ үлэлээн, мойуор сыбаанньалаах астаапкаҕа тахсыбыт, Булуҥтан төрүттээх, нуучча кыыһын кэргэн ылан, үс оҕолонон Москубаҕа олохсуйбут; Валерий Николаевич Колодезников, успуорт маастара, 74 кг Арассыыйа боруонса призёра, Госдума дьокутаата буола сылдьыбыт, 90-с сылларга Нерюнгриттан сөмөлүөтү күрэтиини бохсорго хорсун быһыытын көрдөрөн, «За личное мужество» уордьаннаах, тутааччы-архитектор этилэр. Бары да эт саастыыбыт. Иннокентий уонна Роман биир күн, кулун тутар 7 күнүгэр, төрөөбүттэр. Иннокентий хотуттан талыы балык аҕалтаран хааччыйар идэлээх этэ. Роман Михайлович өссө биир саамай чугас табаарыһа Иван Ярыгин буолара, ону саха дьоно бары да билэллэр.
Сэбиэскэй Сойуус Көҥүл тустууга федерациятын исполкомун, онтон бүрүсүдьүүмүн чилиэнэ буоларбар Саха сиригэр Көҥүл тустуу федерациятын баһылыырбар Роман Михайлович улахан оруоллаах. Үс солбуйааччыбыныын Олимпиада кыайыылаахтарын талбыппыт. Ол кэмҥэ успуорт миниистирэ бэйэтин кэмигэр чаҕылхай тустуук Пётр Егорович Попов этэ. Солбуйааччым уопуттаах бартыыйынай үлэһит Николай Михайлович Винокуров, уруккута Эдьигээн оройуонун исполкомун бэрэссэдээтэлэ этэ. Ол сылларга Америка, Турция, Казахстан, Монголия, Чехия хамаандаларын кытта матчевай көрсүһүүлэри оҥорбуппут. “Саха сирин көмүс кура” диэн үс сыл устата аан дойдутааҕы турниры ыыппыппыт. 1990 с. Арассыыйа чөмпүйээнээтин ыытан, үс кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс, биир боруонса мэтээли ылбыппыт күн бүгүнүгэр диэри хатылана илик. Ити барыта Роман Михайлович, Олимпиада кыайыылаахтарын аптарытыаттарын дьайыыта буолар диэтэхпинэ, сыыстарбатым буолуо. Тус санаам: тустуу федерациятын тустууну үчүгэйдик билэр дьон салайыахтаахтар диибин. Ити – киэҥ тиэмэ, туспа кэпсэтии.
Роман Михайлович дьылҕатыгар мин төрөөбүт Горнайым дьоно улахан оруоллаах буолан тахсабыт. Кини маҥнайгы тириэньэрэ Николай Петрович Габышев туһунан ахтан, элбэхтэ кэпсээн ылара. Ону ыйыталаспытым Горнай киһитэ эбит. Николай Петрович аҕата сэрии кыттыылааҕа, Пётр Фёдорович диэн оройуоҥҥа биллэр киһи этэ. Түөрт оҕолоох, 1936–1941 сс. ГПУ боломуочунайа, ыстаарсай лейтенант. Турбут-олорбут, дьоҥҥо сыстаҕас, сытыы киһи этэ диэн кэпсииллэрэ. 1941 с. от ыйыгар сэриигэ барар. 1942 с. ыараханнык бааһыран, аҥаар илиитин сүтэрэн эргиллэр. Албан Аат уордьан кавалера. Сүрдээх ууһут киһи дииллэрин истэрим. Кыра уола Анатолий – боксуор, өрөспүүбүлүкэ оҕолорго чөмпүйүөнэ, орто оскуолаҕа физруктаабыта уонна военруктаабыта. Эмискэ ыалдьан олохтон хомолтолоохтук туораабыта. Роман Михайлович үбүлүөйүгэр Николай Петровиһы ыҥыран, бэйэтин таһыгар олордубутун өйдүүбүн.
Антонина Софроновна кэргэнэ Роман Дмитриев “Мои тетради” диэн кинигэтин ааҕан баран, маҥнайгы тириэньэр сүдү оруолун сөпкө ахтыбыт дии санаатым. Роман Михайлович Коркин, Преображенскай, Барба курдук улуу тириэньэрдэргэ хатарыллан тахсан баран, маҥнайгы тириэньэрин инники күөҥҥэ тута сылдьыбыта. Николай Петрович Эдьигээн орто оскуолатыгар физкультура учуутала буолан, оҕолору эт-хаан өттүнэн олус мындырдык эрчийэр, такайар эбит. Ол курдук, хайыһардатар, гимнастикалатар, хаҥкылатар, хары баттаһыннарар. Бэйэтэ баҕатынан тустуу сиэксийэтин ыыппыт. Техническэй арсенала суох буолан, Дьокуускайтан Дмитрий Максимов, Владимир Варламов, Николай Алексеев, Анатолий Габышев, Владимир Данилов курдук маҥнайгы көлүөнэ чулуу тустууктары кытта кэпсэтэн, ыҥыран эрчийтэрэн, албастары көрдөртөрөр эбит. Анатолий Габышев биир ый курдук эрчийбит. Төбөҕө тирэнэн баран эргийиини, мостикка түһэн баран тула эргийиини, миэлиҥсэ араас көрүҥнэрин, атахха киирии араас барыйаанын, о.д.а. албастары көрдөртөөбүт.
Николай Петрович эрчиллиигэ сүрүн оруолу биэрэр эбит. Быччыҥҥа аналлаах эрчиллиилэри, акробатика көрүҥнэрин, мээчигинэн оонньуулары, эстэпиэтэлэри аттаран туруоран оҥорторор. Инньэ гынан оҕолору бэркэ көҕүтэр. Бүтэһигэр тардыныы, анньыныы, национальнай ыстаныылар, хапсаҕай уонна сөпкө тыыныыга аналлаах эрчиллии.
Паараҕа туруоран туһун-нарар. Роман кырата бэрт буолан, биирдэ ордон хаалбыт. Тириэньэр өр толкуйдуу барбакка, үс кыра уолу уларыта сылдьан туһуннарбыт. Онтон ыла аны оннук ньыманан туһуннарар буолбут. Албастары туһаныыга эмиэ үс киһини солбуһуннара сылдьан туһуннарар эбит. Николай Петрович эрчийэр ньыматыгар ССРС сүүмэрдэммит хамаандата 1972 с. тиийбит. “Если бы они знали, что такую методику давным давно применил сельский тренер Габышев из далекого Жиганска...” диэн Роман Михайлович кинигэтигэр ахтыыта баар.
Рома 32 кг ыйааһыннаах оҕо 49 кг буолуор диэри Николай Петровичка эрчиллибит. Дьокуускайга кэлэн куорат чөмпүйүөнэ буолар. Уһук Илиҥҥэ бастыыр. Ону көрөн, Коркин Романы убайа Ганяны кытта бэйэтин оскуолатыгар ыҥырар. Ганя оччолорго номнуо күүстээх тустуук эбит. Роман убайыттан элбэххэ үөрэммит. Убайа киниэхэ куруук холобур. Кэлин Ганя ССРС икки төгүллээх чөмпүйүөнэ буолар. Коркин Романы Илларион Федосеевы кытта туһуннарар. Рома кыайан тахсар. Илларион сотору буолаат, аан дойду чөмпүйүөнэ буолар. Коркин онтон Сэбиэскэй Сойуус оҕолорго чөмпүйүөнэ Проня Шестаковы кытта туһуннарар. Эрбии биитин курдук эрийсэн, араа-бараа тусталлар. Онон Роман Коркин илиитигэр киирэригэр сиппит тустуук кэлэр. Ол – Роман Михайлович маҥнайгы тириэньэрэ Николай Петрович өҥөтө. Коркин олус уопуттаах, улуу тириэньэр буолан, Роман кэскиллээҕин таба көрөн, бэйэтигэр хам тута сыппакка, сылтан ордук курдук эрчийэн баран, Москубаҕа Преображенскайга ыытар.
Кэлин улахан тустуук буолбут уолаттар Роман Михайлович курдук маҥнай олук уурбут, суол биэрбит тириэньэрдэрин билинэллэрэ, ахталлара бары өттүнэн хайҕаллаах суол. Маҥнайгы тириэньэр иитэр-үөрэтэр, такайар, успуорка сыһыарар оруола сүдү улахан. Холобур, Степан Контоев уолаттарын: Сашаны, Германы биэс саастарыттан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри бэйэтэ эрчийбитэ. Орто уола Стасигы оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар дуобакка эрчийбитэ, кэлин аан дойду чөмпүйүөнэ буолбута. Павел Пинигин биһикки Маҕараска бара сылдьан, Контоевтарга ыалдьыттаабыппыт. Варвара Контоева кылааһынньыгым, оскуолаҕа спортсменка бэрдэ этэ. Степан биир кылаас үөһэ үөрэммитэ. Ол ыалдьыттыы сылдьан, Павел биэс саастаах Сашалыын тустубута буолбута. Киһитэ Павел атаҕар киирэн баран, арахсыбакка сорун сордообута. Павел «бу уол улахан тустуук буолсу» диэн тойонноон турар...
Улахан тустуук буолар оҕо хараахтара олох кыра эрдэҕиттэн биллэр. Степан Маҕараска олорор эрдэҕинэ, оҕо бөҕөнү успуорка уһуйбута, хандьыдаат, маастар буола үүммүттэрэ. Маҕарас – саамай спортивнай бөһүөлэк. Билигин Хатаска көһөн кэлэн, хайыһар диэни олох билбэтэх бөһүөлэккэ элбэх чөмпүйүөнү үүннэрдэ.
1990 с. Роман Михайлович бэлиитикэҕэ холонон, Саха сирин 12-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин быыбарыгар хандьыдаатынан турар. Пётр Егорович Попов биһикки итэҕэллээх дьоно буолан аҕытаассыйалаһа барсыбыппыт, норуокка биллэр ырыаһыт Наталья Трапезникова кытта баара. Маҥнай орто оскуола дириэктэрин солбуйааччытын кытта эгил-тэгил испиппит. Онтон Сидор Афанасьевич диэн «Таба» хампаанньа салайааччыта кэлэн киирсибитэ. Үгүс аҕытаассыйата суох, оройуоҥҥа икки “бурааны” бэлэхтээбитэ. Оччолорго “бураан” саҥа үөскээн эрэрэ, хоту дойду дьонугар олус наадалаах, бэйэтэ массыына курдук тэрил этэ. Олохтоохтор «олимпийскай чөмпүйүөн биһиэхэ тугу биэрдэ?” диэн буолла. Биһиги утары уунарбыт суох буолан, бүтэр уһугар хотторон тахсыбыппыт. Кырдьыгы этэр буоллахха, Роман Михайлович балай эмэ кэмҥэ тустаах үлэтэ суох сылдьыбыта. Тустууктардаах атын өрөспүүбүлүкэлэргэ олимпийскай чөмпүйүөннэр успуорт миниистирэ эҥин буолаллар. Кэлин Дьокуускай куораттан норуот дьокутаата буолан, Москубаҕа бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ. Киэн туттар сүдү киһибитин тыыннааҕар сыаналыахха баара... Михаил Ефимович Николаевка сүүрбэччэ сыл чугас көмөлөһөөччүнэн сылдьыбыт буоламмын, тыыннааҕар Медцентргэ аатын иҥэрбиттэрин олус сэргээбитин билэбин.
Билигин соҕотох олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин илэ бэйэтинэн сылдьар. Тыыннааҕар киинэ устуохха диэн туруорсубутум ыраатта. Хас биирдии тустуута – хорсун быһыы. Эдэр спортсменнарга, тустууктарга хайдах тулуурдаах, дьаныардаах, тэрээһиннээх, уйулҕа өттүнэн күүстээх буоларга холобур көрдөрөр. Түөрт сыл иһигэр 1-кы эрэсэрээттээх тустууктан олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ буола үүнэрэ киһи өйүгэр баппат холобур. Бириэмэ аастаҕын аайы киһи барыта доҕор-атас, билбит-көрбүт буолар, дьиҥ кырдьыгы көрдөрүүгэ токурутуу тахсар...
Арассыыйа хамаандата баскетболга бүтэһик үс сөкүүндэҕэ баттаһан олимпийскай чөмпүйүөн буолбутун иитэр-үөрэтэр соруктаах киинэ оҥорон таһаарбыттарын көрө-көрө, бүтүн норуот киэн туттар.
Макар Яковлев, Өрөспүүбүлүкэ Көҥүл тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ, ССРС Көҥүл тустууга федерациятын бүрүсүдьүүмүн чилиэнэ (1989–1992 сс.), успуорт маастара.
Хаартыска: интэриниэт аһаҕас источниктарыттан