АЛРОСА үлэһиттэрэ оҕолоругар үлэ эстэпиэтэтин туттараллар
Хайа да тэрилтэ устуоруйатын үөрэхтээх үтүөтэ, үлэһит бэрдэ, талааннаах уонна тус маастарыстыбаларын, дууһаларын хампаанньа сайдыытыгар уурар үлэһиттэр оҥорон, байытан биэрэллэр. Оттон ол бигэ олуга – баай уопуттарын уонна маастарыстыбаларын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэр үлэһит династиялар. АЛРОСА хампаанньаҕа да биир оннук: манна хампаанньа бүттүүнэ киэн туттар, ытыктыыр үлэһит династиялара бааллар. Кинилэртэн биирдэстэрин туһунан бүгүҥҥү суруйууга билсиҥ.
Бу үлэһит династияны төрүттээбит Екатерина Максимова ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар Бүлүү эбэ биэрэгэр түстэммит Сунтаар оройуонун Кириэстээҕэр күн сирин көрбүт. Бу манна 1949 сыллаахха аан бастаан саха алмааһа көстүбүтэ. Чуо бу сиртэн Саха сирин алмааһын эпопеята саҕаламмыта. Күндү тааһы хостуурга Кириэстээх олохтоохторо эрэ буолбакка, Саха сирин арҕаа эҥээринээҕи дьоно көхтөөхтүк ылсан барбыттара.
Екатерина Петровна 1950-1951 сылларга Амакинка эспэдииссийэтин 127 нүөмэрдээх баартыйатын “Счастливый” учаастагар үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго барыта илии үлэтэ этэ. Аны сэрии кэннинээҕи кэм буолан, эр дьон тиийбэтэ. Инньэ гынан дьахталлар сарсыарда тыҥ хатыытыттан күн киириэр диэри үлэҕэ сылдьаллара. Оччотооҕу дьахталлар Саха сирин бытарҕан тымныытын, өҥүрүк куйааһын аахсыбакка, хойгуо, күрдьэх тутан, 5 м дириҥҥэ тиийэ сири, мууһу хаһан үлэлээтэхтэрэ. Ону аныгы дьон өйгө да оҥорон көрөрбүт уустук курдук. Түгэҕиттэн тоҥон хаалбыт өрүс тааһын тиритэ-хорута хостоон, тэлиэгэҕэ хаалаан, баабырыка дэнэр, сири хаһан оҥоһуллубут тутууга илдьэллэрэ. Алмаас онно сууйуллара, таастарга араарыллара.
Оҕо эрдэҕиттэн суоппар буолар ыралааҕа
Екатерина Петровна төрөппүт уола Игорь оҕо эрдэҕиттэн суоппар буолар ыралааҕа.
– Аҕабар туох да тиэхиньикэтэ суоҕа ээ, тоҕо чуо суоппар буолуохпун баҕарарбын өйдөөбөппүн. Арааһа, уол оҕо быһыытынан тиэхиньикэҕэ сыстыахпын, массыынанан айанныахпын баҕаран эрдэҕим. Оскуола кэнниттэн суоппар идэтигэр үөрэммитим, – диэн Игорь Кириллович кэпсээнин саҕалыыр.
Кини массыына ыытар быраабы 17 сааһыгар ылбыт. Ол кэмтэн күн бүгүнүгэр диэри уруултан илиититтэн араара илик. 18 сыл “Кириэстээх” сопхуоска суоппардаабыт, 90-с сс. – баһаарынай чааска. Ол кэнниттэн сельпоҕа үлэлии сылдьан, сарбыйыыга түбэһэр. 2001 с. Накыыннааҕы алмаас баайдаах сиргэ түстэммит Мииринэй-Ньурба хайа-байытар кэмбинээтигэр дьол көрдөһө айанныырга сананар. “Баҕар, ылыахтара суоҕа” диэн, бастаан утаа сэрэхэдийэ быһыытыйбыт. Тыа хаһаайыстыбатын сиринэн, бааһынатынан сылдьыбыт, санаатаҕына, олох атын эйгэ киһитэ аан дойдуга аатырбыт бырамыысыланнас тэрилтэтин үлэһитэ буолара кыаллыа суох курдуга. Таһырдьа ахсынньы аам-даам тымыыта турара. Биир да билэр киһитэ суоҕа. Ол гынан баран элбэх ыстаастаах, чөл олохтоох суоппар наада этэ.
45 сыл уруулу тутан
Оччолорго 16-с №-дээх баабырыка суоҕа, арай баахта бөһүөлэгэ баара.
– Аҕыйах мас дьиэ баара, билигин бүтүн бөһүөлэк үүнэн таҕыста, – диэн Игорь киэн тутта этэр.
Быйыл идэтийбит, уопуттаах суоппар үбүлүөйдээх сыла – суоппардаабыта лоп курдук 45 сыл буолла.
– Үлэбин сөбүлүүбүн, этэргэ дылы, үлэһит буолуохпуттан уруулу эрийэбин. Айаны-сырыыны биһириибин. Большой Невергэ, Золотинкаҕа, Иенграҕа, Нерюнгрига, Дьокуускайга Амма улууһуттан бурдук тиэйэрим, массыына сүүрдэн аҕаларым. Толкуйдаан көрдөхпүнэ, айан уһунун эптэххэ, арааһа, Сир саарын хаста да эргийдэҕим буолуо.
Игорь Кириллович тимир көлөтүгэр доҕорун курдук сыһыаннаһар, туга эмэ моһуогурдаҕына, тыаһыттан, тыаһа уларыйбытыттан тута билэр. Уһун айаҥҥа туруон иннинэ массыынатын кытта хайаан да киһилии кэпсэтэр. Тиийиэхтээх сиригэр этэҥҥэ, алдьаммакка-кээһэммэккэ тиэрдэригэр көрдөһөр. Айанын былаһын тухары сахалыы ырыаны холбоон истэрин сөбүлүүр. Онуоха утуктаабат туһугар тэтимнээх матыыбы ордорор.
Алмаас хампаанньатыгар киирэн баран, Игорь Кириллович бастаан утаа уу таһар массыынаны ыыппыт. Ол кэнниттэн “Уралга”, КамАЗ-ка уонна уазикка суоппардаабыт. Кини А-ттан саҕалаан Е тиийэ категориялаах суоппар. Онон ханнык баҕарар тиэхиньикэни ыытар кыахтаах. Билигин Игорь Кириллович баахта үлэһиттэрин оробуочай бөһүөлэгиттэн Ньурба, Ботуобуйа карьердарыгар уонна олортон төттөрү тиэрдэр үлэлээх. Үлэ чааһа киниэхэ 5 ч сарсыарда саҕаланар. Алта чааска хойутааһына суох баахтаҕа баар буолуохтаах.
– Напарникпын кытта икки симиэнэҕэ уочаратынан сылдьабыт. Напарнигым – бииргэ төрөөбүт быраатым Кирилл. Манна өссө үһүс бырааппыт Геннадий эмиэ суоппардыыр. Манна даҕатан эттэххэ, бииргэ төрөөбүппүт Роза хампаанньаҕа уһуннук үлэлээбитэ, – диир Игорь Кириллович.
Айанныыр морсурууттара, төһө да куруук биир курдугун да иһин, суоппар үлэтэ сэрэхтээх, эриэйсэ кэмигэр туох барыта буолуон сөп. Массыына алдьаныыта, күн-дьыл айаҥҥа олох сөбө суох буолуута баар буолар. Ыксаллаах быһыыга-майгыга барытыгар суоппар бэлэм буолуохтаах, ууга-уокка түспэккэ, төттөрүтүн, пассажирдарын уонна таһаҕаһын, тимир көлөтүн иһин эппиэтинэһэ үрдүгүн быһыытынан, холкутуйан, балаһыанньаттан тахсар суолу тобулуохтаах.
– Бу үлэлээн кэлбит кэмим усталаах туоратыгар үчүгэй, бөҕө-таҕа массыыналарга сырыттым. Билиҥҥи “вахтовкам” – эмиэ туох да ааттаах үчүгэй массыына.
Күн аайы биир морсуруутунан, биир суолунан айанныыр суоппар биир күдьүс айантан, үлэттэн сылайбакка, бигэ туруктаах буолара ирдэнэр. Бу идэтийии хаачыстыбатыгар сыһыаннаах талаан, үөрүйэх барыта Игорь Кирилловичка толору баар.
– Үчүгэй суоппар буолар туһугар киһи ону ис сүрэҕиттэн баҕарыахтаах. Мин сыалым-соругум – тиэрдиллиэхтээх таһаҕаһы, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр чэгиэн, баар туруктарынан этэҥҥэ тиэрдии. Бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын, суоппардыыр ырабын олоххо киллэрэн, олус үчүгэй тэрилтэҕэ үлэлии сылдьабын. Чугас дьонум аттыбар бааллар, улахан ыалбыт, таптыыр кэргэннээхпин, оҕолордоохпун, сиэннэрдээхпин. Киһиэхэ уонна туох наада буолуой! Манна олус үчүгэй! Биһиги дэриэбинэбитигэр маннык үрдүк хамнастаах үлэни булбаккын. Манна үлэлээбитим хайыы үйэ 22-с сылым. Биир ый – Накыыҥҥа, иккис ыйыгар дьиэбэр баар буолабын. Оннук баран иһэр. Бастакы сылларбар дьиэбин ахтар-суохтуур этим. Билигин суотабай сибээс биир кэм баар, хаачыстыбалаах. Онон кэргэммин кытта күн аайы биидьийэ-сибээһинэн кэпсэтэн, дьиэтээҕи сонуну-нуомаһы сонно тута билэ-көрө олоробун, – диэн, мичээрдиир.
Аҕа туйаҕын хатаран
Игорь Кириллович этэринэн, үлэлииргэ, сынньанарга сөптөөх усулуобуйа толору оҥоһуллубут. Эдэрдэр эрчиллэр саалаҕа дьарыктаналлар, быйыл өссө биир успуорт саалата үлэҕэ киирбит.
– Успуордунан дьарыктанаҕын дуу? – таарыйа ыйыталаһабын.
– Суох, дьарыктаммаппын, саас да ылан эрдэҕэ, оттон уонна сарсыарда эрдэ туруохпун наада, – туох баарынан хардарар кэпсэтээччим.
Үлэһиттэри остолобуойга тото-хана аһаталлар, ол гынан баран, этэргэ дылы, ардыгар дьиэтээҕи аһылыгы баҕарарыҥ ханна барыай. Симиэнэ кэнниттэн миигин кытта кэпсэтэригэр Игорь Кириллович ис миинин буһара сылдьара.
– Дьиэ миинин истиҥ да, санаалыын сылаанньыйаҕын! Астына-дуоһуйа, сарсын эрдэ симиэнэҕэ барар киһи быһыытынан, утуйардыы оҥостоҕун, – диэн кини күлэр.
Игорь Кириллович бастаан манна үлэлии кэлэрин саҕана олохтоох каадыр билиҥҥи курдук элбэҕэ суоҕун, оттон билигин хампаанньаҕа олохтоох дьон биллэ элбээбиттэрин бэлиэтиир. Ол курдук кини биһигин ыйаабыт төрүт сириттэн аҕыйаҕа суох киһи үлэлиир. Биир дойдулаахтарын холобурун батыһан, манна кэлбит дьон кэмсиммэттэр: сөптөөх хамнас, олох-дьаһах үчүгэй, дьиэ кэргэн санаата, туруга бөҕөх.
Игорь Кирилловичтаах үс уоллара аҕаларын туйаҕын хатаран, кини тэлбит суолунан АЛРОСА хампаанньа араас тэрилтэлэригэр үлэлии сылдьаллар. Улахан уоллара Петр – НГОК АОН автобазатыгар суоппардыыр, аҕатын аттыгар сылдьар, иккис уол Сергей – АТМ («Алмазтехмонтаж») монтажнига, кыра уоллара Артем – «Алмаздортранс» ХЭУо суоппара. Арай үһүс уоллара, аҕатын аатын ылбыт Игорь, атын хайысханы талан, ИДьМ систиэмэтигэр үлэлээн баран, биэнсийэҕэ тахсыбыт. “Биэнсийэлээх” да диэн ааттаннар, билигин да сааһынан эдэр, туох билиэй, баҕар, ол да АЛРОСА-ҕа үлэлии киириэ турдаҕа.
– Аҕалара үлэтин олус сөбүлүүрүн, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарын кыра эрдэхтэриттэн көрө улаатан, уолаттар суоппар идэтин талбыттара буолуо дии саныыбын. Биһиги аҕабыт хаһан да быар куустан олорбот үгэстээх, оҕолорбут эмиэ кини курдуктар: олус үлэһиттэр, сатабыллаахтар, – диир ийэлэрэ Елена Прокопьевна. – Мин, биллэн турар, кэргэним суоҕуна олус суохтуубун, баахтаттан хаһан кэлэрин кэтэһэн-манаһан тахсабын. Үлэтин, кэллиэгэлэрин олус сөбүлүүрүттэн, талан ылбыт идэтигэр үлэлиириттэн үөрэбин.
Степановтар – үлэни өрө туппут, дьарыга суох таах олорору сөбүлээбэт дьон. Уолаттара бары бэйэлэрэ туһунан ыаллар, хас биирдиилэрэ хаһаайыстыба, дьиэ-уот тэринэн, быр-бааччы олороллор. Төрөппүттэр тус бэйэлэрин холобурдарынан хайдахтаах да үлэттэн туора турбакка үөрэппиттэр-такайбыттар
Соҕотох кыыстара Дарина учуутал идэлээх, дьиэ кэргэнин кытта Дьокуускайга олорор. Степановтар дьиэ кэргэнинэн бары түмсэн, бииргэ бырааһынньыктыылларын сөбүлүүллэр. Уолаттар аҕаларын курдук бары да бултууллар, балыктыыллар.
Игорь Кириллович уонна Лена Прокопьевна уон сиэннээхтэр. Манна даҕатан эттэххэ, улахан сиэннэрэ Айтал соторутааҕыта аармыйаттан кэлбитэ, сыбаарсык идэтигэр үөрэнэн АЛРОСА хампаанньаҕа үлэҕэ киирэр баҕалаах. Онон Степановтар бэлиэр төрдүс көлүөнэлэрэ алмаас эйгэтигэр үлэлиир кэмэ үүннэ.
2023 сылы Ил Дархан Айсен Николаев Үлэ сылынан биллэрбитэ. «Билигин үлэ киһитин аатын үрдэтии олус суолталаах», – диэн, кини хаста да бэлиэтээн турар. Оттон үлэ киһитин аатын, сыаннаһын үрдэтиигэ Игорь Кириллович курдук идэтийбит, талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх, үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар, бэйэлэрин кэнниттэн үлэһит үтүөтэ оҕолору иитэн таһаарар дьон суолталара сүҥкэн.
АЛРОСА үлэһиттэринэн киэн туттар, хампаанньа уонна алмаас бырамыысыланнаһын сайдыытыгар киллэрсэр кылааттарын үрдүктүк сыаналыыр. Хампаанньаҕа бэтэрээннэри эрэ күүскэ өйөөбөттөр, ону тэҥэ саҥа үлэһиттэр хампаанньаҕа үлэлиир интэриэстэрин көҕүлүүр үлэ тиһиктээхтик барар. Каадыр кыаҕын, таһымын, үлэлиир усулуобуйатын тупсаран, саҥа үлэлии кэлээччилэр бэтэрээннэр курдук уһуннук үлэлииллэригэр туһаайан, үтүмэн үлэ ыытыллар.
Алмаас хампаанньатыгар тахсар аһаҕас үлэ миэстэтин туһунан иһитиннэрии АЛРОСА VK баар официальнай аккаунугар хас нэдиэлэ аайы саҥардыллар. Аадырыһа: https://vk.com/alrosasakha. Оттон TГ-ханаалга – https://t.me/Alrosa_news. Ону таһынан «Работа в России» порталга киирэн билсиэххэ сөп.