Киир

Киир

Муус устар 23 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн кинигэ уонна ааптар быраабын күнэ бэлиэтэнээри турар. Кинигэ күнүнэн бу эйгэҕэ сыһыаннаах дьону – суруйааччылары, ааптардары, кинигэ тарҕатааччылары, ааҕааччылары эҕэрдэлээн тураммыт, кылгас сырдатыыбытын ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

Дойду салалтата кэнники кэмҥэ кинигэ ааҕыытыгар, тарҕаныытыгар улахан болҕомтону ууран эрэр. Оҕо, ыччат, эдэр, орто саастаах дьон бүтүн дойду, бэйэлэрэ олорор кыраайдарын устуоруйатын билэр, ытыктыыр буолуулара ааҕыыттан быһаччы тутулуктааҕа көстөн таҕыста.

Өрөспүүбүлүкэҕэ литература уонна тыл сайдыытыгар үгүс үлэ ыытыллар. Ил Дархан А.С. Николаев көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэ Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттан, Саха сирэ дойду "Саамай ааҕар эрэгийиэнинэн" уонна "Кинигэ уонна ааҕыы территориятынан" билиниллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп көрүллэн, социальнай суолталаах литератураттан муниципальнай бибилэтиэкэлэргэ босхо кинигэ бэрилиннэ. Оскуола бибилэтиэкэрдэрэ, учууталлар, төрөппүттэр Үөрэх министиэристибэтэ эмиэ анал үп көрөн, бибилэтиэкэлэрин хааччыйалларыгар баҕаларын этэллэр.

Улуус, нэһилиэк баһылыктара кинигэ, хаһыат идеологияҕа суолтатын өйдөөн, хаһаайыстыбаннай кыһалҕалартан намтата туппат буолан эрэллэрэ үөрдэр. Холобур, Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Дмитриевич Ноговицын санаатын маннык үллэстэр: “Быйыл “Айар” кыһаны кытта алтыспыппыт үһүс сыла буолла. Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн нэһилиэнньэбит, ыччаттарбыт сахалыы тыллаах-өстөөх буолалларын ситиһии. Онно сахалыы кинигэлэр, айымньылар көмөлөһөллөр. Саамай билсэр кыһабыт “Айар” буолар, кинилэр олус айымньылаахтык сыһыаннаһан үлэлииллэр. Ол курдук биһиги нэһилиэкпитигэр, улууска да хас даҕаны тэрээһини ыыттылар, сырыы ахсын формата уларыйан иһэр, дьон сэҥээриитэ улаатан, сылдьааччы ахсаана элбиир. Уопсайынан, тиэмэнэн көрөн үлэлэһэбит. Холобур, быйыл нэһилиэкпитигэр Доруобуйа уонна физическэй култуура сылын биллэрбиппит. Манна даҕатан өрөспүүбүлүкэ биллиилээх хирура Петр Иванович Захаров «Сүрэх хирург хараҕынан» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ доруобуйаларыгар кыһанар, сүрэхтэригэр кэһиллиилээх дьон, ааҕыыны сэҥээрээччилэр кыттыыны ылан, астынан бардылар.

Нэһилиэк үбүлүөйдээх дьонугар, бастыҥ уопсастыбанньыктарыгар, спортсменнарыгар, ситиһиилээх дьонноругар “Айартан” бэлэх быһыытынан сахалыы кинигэлэри туттарар буоллубут, мин аны кинигэттэн атыны бэлэхтээбэт буолан турабын. “Айарга” баҕарыам этэ ааҕааччылара үксээн иһэригэр, үлэлэрэ сыаналанан, кинигэ атыыга хамаҕатык барарыгар».

“Айар” кыһа быйыл суол-иис баарына 13 улууска 48 нэһилиэги хабан сырытта, дьону-сэргэни кытта көрүстэ, кинигэ дьаарбаҥкатын тэрийдэ. Саамай ыраах Өлүөхүмэ улууһун 10 нэһилиэгэр, Мииринэй, Ленскэй, Сунтаар, Уус Маайа, Томпо улуустарыгар кинигэ кэһиилээх ыалдьыттаата. Сыл устата чугас улуустары элбэҕи хабар. Ити сырыыларга кэтээн көрдөххө, нэһилиэк-нэһилиэк араас көрүүлээх, кинигэҕэ интэриэстэрин таһыма атын-атын. Ленскэй, Мииринэй улуустарыгар, төһө да нуучча тыллаахтар түөлбэлээн олордоллор, сахалыы да кинигэлэри үөрэ-көтө ылаллар, сэҥээрэллэр. Оҕо кинигэлэрин, ааҕар кинигэлэри хамаҕатык атыылаһаллар. Оҕолорун сахалыы үөрэтиэн, саҥардыан баҕалаах киһи үгүс. Урут сахалыы кинигэни орто, аҕа саастаахтар үксүн ылар буоллахтарына, кэлин эдэр төрөппүттэр оҕолоругар көрдүүллэрэ үөрдэр. Саҥа таһаарыылары нэһилиэнньэ араадьыйаттан, тэлэбиисэртэн, социальнай ситимнэртэн көрөн билэ олороллор.

IMG 4062 1

Ыраах улуустарга кинигэ дьаар­баҥката тиийэрэ ааҕааччыга барыстаах буолар. Дьокуускайга кэллэхтэринэ “кинигэ ыйааһыннаах” диэн ыла сатаабаттар эбит, онон миэстэтигэр тиийэн атыы тэриллэриттэн үөрэллэр.

Оттон хоту улуустарга, киһи дэбигис айаннаан тиийбэт сирдэригэр, кинигэни тиэрдэн биэрии биир суола – почта буолар. Сакааһы күнүн ахсын төлөпүөн, интэриниэт нөҥүө ылан, уопсай почта тарыыбыгар олоҕуран тиэрдэн биэрэбит.

Патриоттуу иитиигэ, сайдыыга ааҕыы, бибилэтиэкэлэр үлэлэрэ олус суолталаах. Онон кыһа бибилэтиэкэлэри кытта ыкса үлэлиир.

Ол эрээри, хомойуох иһин, сахалыы кинигэни ылбат улуустар бааллар. Ол курдук, Томпо, Кэбээйи, Анаабыр, Аллараа Халыма, Уус Маайа, Усуйаана улуустара үбүлээһин суоҕунан диэн ааттаан, кинигэни ылбаттар. Дьокуускай куорат Кииннэммит бибилэтиэкэтигэр, Национальнай бибилэтиэкэҕэ, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Ньурба, Таатта, Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Сунтаар, Бүлүү улуустарын бибилэтиэкэлэригэр бииргэ үлэлэһиибит иһин махтанабыт. Ааттаммыт бибилэтиэкэлэр нэһилиэнньэҕэ ааҕыыны утумнаахтык көҕүлүүллэр, саҥа кинигэнэн пуондаларын хаҥатыыга үлэни күүскэ ыыталлар.

Уус Алдан улууһун С.С. Васильев -Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ кинигэнэн хааччыйар салаатын сүрүн бибилэтиэкэрэ Мария Михайловна Крылова ааҕааччылар санааларын тиэрдэр: “Уус Алданнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэ "Айар" кыһаны кытта өр кэмтэн бүгүҥҥү диэри ыкса ситимнээхтик үлэлии олоробут. Бу сыллар тухары улууспут ааҕааччылара саҥаттан саҥа тахсар кинигэлэри сэҥээрэллэр уонна кэтэһэллэр. Ааҕааччыга тиийэр алгыстаах кинигэни суруйуу улахан үлэттэн тахсарын бэлиэтииллэр уонна ааҕалларын тухары айар уххаҥҥа куустаран сылдьыахпыт диэн санааларын тиэрдэллэр”.

Нам улууһун киин бибилэтиэкэтин салайааччыта Майя Романовна Софронова: «Тахсыылаах үлэҕэ улахан мэһэй, хааччах баарын көрбөппүн. Салайааччы болҕомто ууран, бириэмэтигэр туруорсан, ханнык баҕарар боппуруоһу быһаарыан сөп. Үп да көрүллэр, салалта да өйүүр”, – диэн санаатын үллэстэр.

IMG 4061

Түмүктээн эттэххэ, дириҥ өй-санаа, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу ааҕыыны кытта ыкса ситимнээх. Дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтата, тустаах тэрилтэлэр, дьон-сэргэ бу санааны өйдөөн эрэллэрэ, көҕүлүүллэрэ хайҕаллаах. Нэһилиэк сайдыыта дьоно-сэргэтэ ааҕыыга сыһыана хайдаҕыттан быһа сибээстээх уонна ырылыччы көстөр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ааҕыыны араас таһымҥа көҕүлүөҕүҥ, өйү-санааны түмүөҕүҥ, сайдыыны саҕыаҕыҥ!