Киир

Киир

Алтаай Өрөспүүбүлүкэтин Чемал оройуонун, Узнезя нэһилиэгэр олорор ХОТОЙ УЙГУН ДЬУЛУУР УОЛА тутуунан дьарыктанар инбиэстэр (инвестор). Кинилиин биһиги куйаар ситиминэн сибээстэстибит.
 
 
ХАМСААБАТ БААЙ-ДУОЛ – СИР
 
 
– Уйгун, билсэн кэбиһиэххэ.
 
– Бииргэ төрөөбүт 5-пит. 4 уол уонна кырачаан сибэкки Айна диэн балтылаахпыт. Бэйэм Дьокуускайга күн сирин көрбүтүм. Кыра эрдэхпиттэн улуустарынан, куораттарынан, маны тэҥэ Дьокуускай 7-с уонна 20-с нүөмэрдээх оскуолаларынан үөрэммитим.
 
2000 сыллаахха Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев анал ыйааҕынан Мархаҕа байыаннай хайысхалаах кадет оскуолата аһыллыбыта. Онно 8-с кылааска үөрэнэ киирбитим уонна 2004 сылаахха бүтэрбит бастакы выпустартан биирдэстэрэ буолабын. Төрөппүттэрим: аҕам Иван Семёнович Дьяконов Ис дьыала министиэристибэтин подполковнига, биэнсийэлээх, ийэм Оксана Александровна Дьяконова олоҕун саамай үтүө сылларын оҕолорун иитиитигэр анаабыт, көрөн-истэн, такайан олох киэҥ аартыгар үктэннэрбит күн күбэй ийэбит буолар.
 
5 11zon
 
 
– Алтаайга хайдах тиийэн хааллыҥ?
 
– Алтаай туһунан 2018 сыллаахха билбитим. Онтон 2019 сыллаахха дьиэ кэргэмминиин сынньана кэлбиппит. Ол сылдьан, дьону кытта билсэн-көрсөн, кэпсэтэн ис дууһабар дьикти иэйии уһуктубута. Онтон ыла бу түүр омук туһунан ааҕан, үөрэтэн, ютуб ситимигэр баар матырыйааллары көрөн-истэн сэргиибин, үөрэтэбин. Түүр омук тарҕаммыт сирэ – Алтаай алтын хайалара диэн буолар.
 
– Билигин тугу дьарыктанаҕыный?
 
– 2020 сыллаахха диэри “Tiger Brand” диэн успуорт суумкаларын оҥорон таһаарар үлэнэн күүскэ дьарыктана сылдьыбытым. Аан дойду таһымыгар атыы-тутуу сүрдээҕин барар этэ. Олимпиада биллэр чөмпүйүөннэрэ, UFC кыттыылаахтара бэркэ сакаастыыллара. Оннооҕор биллэр-көстөр улахан тэрилтэлэртэн “бииргэ үлэлэһиэххэ” диэн этиилэр киирэ сылдьыбыттара. Хомойуох иһин, ол саҕана аан дойдуну аймаабыт хамсык ыарыыта кэлэн, тэрилтэбит уустук балаһыанньаҕа түбэспитэ. Онон кылгас тохтобулга барбыппыт.
 
Ол кэмҥэ арааһы барытын ааҕан-үөрэтэн “түүр омуктар диэн кимнээхтэрбитий, хантан төрүт­тээхпитий, сурукпут-бичикпит хайдах этэй?” диэн ыйытык үөскээбитэ. Онтон “Алтаайга баран олохсуйар эбиппит” диэн быһаарынан, манна олохсуйан олоробут.
 
2. Бэлэм сирдээх тутуллубут дьиэ
 
 
Алтаайга бэлэм, сынньалаҥ дьиэлэрдээх базалары тутан атыылыыбын. Онон сүрүн дьарыгым – дьиэ-уот тутуута, сир атыылааһына, бырайыак оҥоруута, о.д.а. Ол курдук, ханнык оройуоҥҥа сири-уоту ылыахха, дьиэни-уоту хайдах, туох матырыйаалынан тутуохха сөбүн, о.д.а. хайысхаҕа сүбэ-ама биэрэбин. Бэлэм сирдээх тутуллубут дьиэлэри “под ключ” тутан атыылыыбын. Маннык дьиэлэри араас матырыйаалынан, сүрүннээн, бурууһунан эбэтэр каркааһынан тутабыт. Манна мас кууба 16–20 тыһыынчаҕа тиийэ сыаналанар. Тутарга матырыйаал арааһа барыта баар. Ол эрээри сахалар мас дьиэни тутууга улахан уопуттаахпыт.
 
Алтаайдар олорор дьиэлэрин эмиэ маһынан тутталлар (лапыат, буруус, каркаас). Аҕыйах сылтан бэттэх таас тутуу киирэн эрэр. Манна даҕаны сир сыаната үрдээтэ. Холобур, биир суотай сыаната 300–600 тыһыынчаттан үөһээ тахсар. Ол эмиэ оройуонуттан тутулуктаах. Алтаайдар үксүлэрэ тэлгэһэлэрин иһигэр “традиционнай” дьиэлэри туталлар. Сайынын олорор дьиэлэрэ “Аил” дэнэр. Онон өбүгэлэрин дьиэтин-уотун умнубакка тута сылдьаллар, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэллэр.
 
Хаһан баҕарар хамсаабат баай сир буоларын умнар сатаммат. Сир кыһыл көмүстэн итэҕэһэ суох сыаналанар. Онон ким сирдээх-уоттаах быстан-эстэн биэриэ суоҕа. Сир баар буоллаҕына, сыдьааннарыҥ үөскүү-тэнийэ туруохтара. Билигин аан дойдуга кыахтаах инбиэстэр үксэ сиринэн дьарыгырар. Онон мин, кыраттан да буоллар, сиртэн саҕалаабытым. “Сир – хамсаабат баайым” диэтэхпинэ, сыыспаппын.
 
 
“ОҔО БАСТЫҤ ТЫЛА – ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛА” ДИЭН ӨЙДӨБҮЛЛЭЭХТЭР
 
7 11zon
 
 
 
– Дьоно-сэргэтэ хайдаҕый? Итэ­ҕэллэрэ?
 
– Бэйэлэрин “Алтай кижи” дэнэллэр, ол эбэтэр сахалыы “Алтаай киһитэбин” диэн буолар. Дьоно-сэргэтэ сэмэй, үксэ сахалары кытары уруурҕаһар, аҕам саастаах дьон сахалар тустарынан үчүгэйдик билэллэр. Саха кийиит элбэх эбит.
 
Алтаайдар итэҕэллэрэ – айылҕаны кытта алтыһыы. “Итэҕэлиҥ тугуй?” – диэн ыйыттахха, үксүлэрэ “менинг кудайым агашташ, ар-буткен Алтай”, сахалыы тылбаастаатахха: “Мин таҥарам таас уонна мас, Алтаай айылҕата”, – диэн эппиэттииллэр. Итэҕэллэрин күүскэ туталлар. Күндүлүүр, ытыгылыыр сирдэрин оҥоруохха эрэ диэн оҥорботтор. Саламалара хас да өҥнөөх уонна суолталара: маҥан – үүт уонна киһи дууһата, араҕас – күн уонна ый, тэтэркэй – уот, күөх – халлаан уонна сулустар, от күөх – от мас, айылҕа дьүһүнэ. Аны саламаларын мээнэ онно-манна баайбаттар. Хатыҥ, тиит эбэтэр кедр маска эрэ баайаллар. Уоттарын бурдук аһынан, этинэн уонна үүтүнэн күндүлүүллэр.
 
– Тылларын-өстөрүн төһө тутан олороллоруй? Оскуолаҕа бэйэлэрин тылларынан үөрэнэн эрдэхтэрэ.
 
– Тылларын-өстөрүн күүскэ тута сылдьаллар эбит. Ийэ уонна аҕа оҕоло­рун иитиитигэр “оҕо бастыҥ тыла – тө­рөөбүт тыл” диэн өйдөбүллээхтэр уонна ирдэбиллээхтэр. Дэриэбинэ оҕолоро төрөөбүт тылларынан саҥараллара истэргэ наһаа үчүгэй.
 
Хомойуох иһин, биһиэхэ, сахаларга, ити улахан кыһалҕаҕа кубулуйан эрэрэ мэлдьэх буолбатах. Тылын умнубут норуот хаһан баҕарар эстэр дьылҕаланар. Сэҥээрбитим диэн – оскуолаҕа “Хайалаах Алтаай устуоруйата” диэн уруоктаахтар. Маннык үөрэтиини 2000 сылтан саҕалаабыттар быһыылаах, тоҕо диэтэххэ, билигин миигин кытта алтыһар дьонум “оскуолаҕа үөрэтэр этибит” дэһэллэр. Алтаай тыллаах оскуолалар уруоктарын алтаай тылынан үөрэтэллэр. Наһаа үчүгэй буолбатах дуо?!
 
– Биһиэхэ майгынныыр тыллаахтар дуо? Ахсааны ааҕыылара хайдаҕый?
 
– Алтаай алпаабытыгар 37 буукуба баар, 33 сүрүн уонна 4 алтаайдыы буукуба баар. Биһигини кытта майгыннаһар тыллара элбэх, түүр омук буоларбыт быһыытынан син өйдөһөбүт. Ахсааннара бары түүр омуктарга курдук биирдик ааҕыллар. Холобур, бир, эки, уч, торт, беш, алты, Jети (бу j сахалыы “дь” курдук ааҕыллар), сегис, тогус, он. Ада – аҕа, эне – ийэ. Кэпсэтии холобуругар: Слердинг адыгар кем? (аатыҥ ким диэний?), менинг адым (мин аатым), быйан болсун (махтал буоллун), эр кижи (эр киһи), юй кижи (дьахтар), бала (оҕо), уул (уол), кыс (кыыс), дек (суох), эйе (сөп), суу (уу), сют (үүт), эт (эт), күн (күн), ай (ый). Чэ, сити курдук майгыннаһар тыллара элбэх, ол гынан баран кэпсэтэргэ уустук соҕус. Алтаайдар туурактары, кыргыыстары, узбектары, ногайдары, башкирдары, хакаастары кытары үчүгэйдик өйдөһөллөр.
 
– Ахсааннарынан биһигиттэн аһара элбэҕэ суохтар быһыылаах.
 
– Алтаайдар ахсааннара 2021 сыллаахха ыытыллыбыт бүтэһик биэрэпис түмүгүнэн – 78 000 киһи. Ол гынан баран тылларын, култуураларын, өбүгэлэрин төрүт үгэстэрин олус үчүгэйдик билэллэр.
 
Алтаайдарга күн бүгүнүгэр диэри удьуор суолтата “сөөк” диэн баар. Ол эр киһи өттүнэн барар. Эр киһи удьуорунан дьиэ кэргэн удьуора ааттанар. Хас биирдии удьуорга бастакынан кыыл турар, удьуор-удьуор кыыла атын-атын буолар. Холобур, Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр “Иркит” беркут көтөр саамай элбэх ахсааннаах удьуор буолар. Биир удьуортан хаһан да ыал буолбаттар. Ол эбэтэр “Иркит” эр киһи “Иркит” дьахтары кэргэн ылбат. Аны биири бэлиэтии көрбүтүм – араспаанньалара 7-с көлүөнэттэн баар эбит. Ол эрээри барыларыгар буолбатах. Уопсайынан, нууччалыы араспаанньалаах дьон аҕыйах.
 
 
АЙЫЛҔАТА ЧӨЛ ТУРАРА СӨХТӨРӨР
 
6 11zon
 
 
 
– Хайалаах дойду буолан, экология өттүнэн ыраас салгыннаах дойду быһыылаах. Айылҕалара да кырасыабайа...
 
– Хайалаах Алтаай айылҕата кэрэтэ сүрдээх. Манна саамай улахан “Белуха” диэн Сибиир хайата баар. Ону алтаайдар бэйэлэрэ “Уч Сумер” диэн ааттыыллар, сахалыытыгар “Үс төбөлөөх хайа” диэн ааттанар. Үрдүгэ 4506 миэтэрэ. Улахан өрүстэрин аата “Кадын”, сахалыытыгар “Хотун” диэн буолар. Хотуннарын олус убаастыыллар, олохтоохтор онно сөтүөлээбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, аһаан олорор өрүстэрэ, иккиһинэн, уута тымныы, үсүһүнэн, сүүрүгэ сөкүүндэҕэ 10–12 миэтэрэ түргэннээх.
 
Алтаайга тыһыынчаттан тахса эмтээх от үүнэр. Отунан дьарыктанар идэлээх дьон манна сайын аайы кэлэн эмтээх оту хомуйаллар. Алтаай айылҕата чөл турарын бэлиэтии көрөҕүн. Манна бырамыысыланнай улахан тэрилтэлэр суохтар, тимир суол эмиэ суох. Онон айыллыбыт кэрэ көстүүтүнэн турар. Алтаай 3 судаарыстыбаны: Кытайы, Монголияны уонна Казахстаны кытта силбэһэ турар.
 
– Биһиги курдук эти хото сиир буолуохтаахтар.
 
– Түүр омук сирдэринэн сылдьан, астарын амсайбыт буоламмын, “Ас – норуот дьүһүнэ” диэн тус бэйэм санаалаахпын. Холобур, түүр омуктар аспыт үксэ үүтүнэн оҥоһуллар утахтар уонна эт астар (хой, ат, ынах). Алтаайдар астара эмиэ үксэ үүт уонна эт. Саамай интэриэһинэйэ – сибиинньэ ииппэттэр уонна этин сиэбэттэр. Сибиинньэни “кирдээх кыылынан” ааҕаллар.
 
Алтаайдар национальнай астара үксэ хой (бараан) сибиэһэй этиттэн оҥоһуллар. Хойу астаан баран, “Кан” оҥороллор, ол эбэтэр хааны үүтү кытта булкуйан оһоҕоско куталлар уонна ууга буһараллар. Онтон “Кочо” диэннэрэ – сибиэһэй эт миинэ. Алтаайдар сахалар курдук астарыгар туманы соччо туттубаттар эбит. Онтон Киин Азия түүрдэрэ астара үксэ араас тумалаах буолар. Биһиэхэ кымыспыт биэ үүтүнэн оҥоһуллар буоллаҕына, кинилэргэ “айран” диэн ынах эбэтэр коза үүтүнэн оҥоһуллар утахтаахтар. Маннык утах түүр омуктарга барыларыгар кэриэтэ баар буолан, кими да соһуппаккын.
 
– Сыана хайдаҕый?
 
– Саха сиригэр тэҥнээтэххэ, аска-таҥаска, араас өҥөҕө сыана олус чэпчэки. Сыл аайы төрөппүттэрим кэлэн сынньанан, доруобуйаларын тупсарынан бараллар. Чөл олохтоох, доруобай буоларга салгына ырааһа, эмтээх отторо элбэҕэ, хайа өрүһүн ып-ыраас уута, үйэлэргэ тиийэн кэлбит таас хайалара – бу барыта Алтын хайаҕа баар.
 
 
СЫЛААС КИЛИИМЭТ УГУЙАР КҮҮҺЭ
 
3 1 11zon
 
 
 
– Кэнникинэн ити диэки сахалар элбэхтик олохсуйар буоллулар.
 
– Син бааллар быһыылаах. Бэйэм түөлбэбэр кими да кытта бу диэн атах тэпсэн олорон кэпсэтэ, көрсө иликпин. Алтаай Белокуриха куоратыгар олохсуйан олороллорун истэбин. Үксүлэрэ – олохтоох омуктарга кэргэн тахсыбыт кийииттэр. Бэйэм “Түөлбэ” диэн бырайыак оноро сылдьабын. Сотору кэминэн киэҥ эйгэҕэ биллэриилээх тахсыахпыт.
 
– Сылаас килиимэттээх дойду буолан угуйан эрдэҕэ дуу?
 
– Килиимэтэ сылаас соҕус. Кыһынын -20/-25 кыраадыс тымныы, онтон үөһэ хайаҕа тымныыта эбиллэн -40/-45 буолар. Биһиги Чемал оройуонугар олоробут. Бу – саамай сылаас оройуон. Манна кыһынын тэмпэрэтиирэ – 20 эрэ тиийэр. Сайыннара наһаа үчүгэй, бырдах, оҥоойу, буруо диэн отой суох.
 
 
СЫЛГА 2 МӨЛҮЙҮӨН ТУРИСТ СЫЛДЬАР
 
 
– Уйгун, аны туризм хайысхатыгар киирдэххэ...
 
– Туризм өттүгэр кэнники кэмҥэ олус сайдан эрэллэр диэххэ сөп. Кэнники 10 сылга туристар сырыылара элбээн, олохтоохтор атыҥырыы көрбөт буолбуттар. Туризмҥа үп-харчы бөҕөтө көрүллэр буолбут. Онон үксүлэрэ туризм хайысхатыгар үлэлииллэр. Ол курдук, тимир көлөнөн хайа суолларынан сырытыннараллар, атынан хатааһылаталлар, о.д.а. хайысха элбэх.
 
Алтаайга Сбербаан быйыл Арассыы­йаҕа саамай улахан биэс сулустаах көстүүнэйин Манжерок хайалаах сиригэр тутан бүтэрдэ. Манна хайа хайыһарын успуордунан дьарыктанар, хатааһылыыр дьон элбэхтик кэлэллэр. Сынньанарга усулуобуйа барыта баар. Алтаайдар саамай киэн туттар сирдэрэ – “Уч Сумер” хайата, нууччалыытыгар “Гора Белуха”, үрдүгэ – 4506 миэтэрэ. Маны сэргэ “Телецкое озеро” баар. Байкал кэнниттэн 2-с миэстэҕэ турар тууһа суох күөл. Күөл устата – 78 км, кэтитэ араас сиринэн 2,5-5 км тиийэ кэтириир. “Чуйский тракт” айан суола Монголия кыраныыссатыгар диэри барар, былыргы “Солко суолу” хатылыыр. Бу суолу аан дойдуга биир саамай кырасыабай суолунан билиммиттэрэ.
 
Сылын аайы Алтаайга 2 мөлү­йүөнтэн тахса турист сылдьар. Чугас сытар буолан, ордук Новосибирскай, Барнаул, Кемерово, Красноярскай куораттартан сайынын хас өрөбүл аайы кэриэтэ кэлэллэр. Бу куораттарга сөмөлүөтүнэн айан бириэмэтэ – 1–2 чаас кэриҥэ.
 
– Сахалар туристыы кэлэллэр дуу? Хас хонукка кэлэн, хайдах, туох сирдэринэн сылдьалларый?
 
– Быйылгыттан Алтаай кэрэ сирин-уотун, айылҕатын, хайаларын көрдөрөр сыаллаах-соруктаах “Алтай Саха Тур” диэн хайысханан үлэбин саҕалаатым.
 
Сахалар Алтаай сирин, дьэ, билэн-көрөн эрэллэр. Онон инникитин Дьокуускай – Хайалаах Алтаай хайысханан сөмөлүөтүнэн сырыы баар буоларыгар эрэниэххэ. Биһиэхэ кэлэр туристарбыт 5–7 хонукка сынньана кэлэллэр. Алтаай кэрэ сирдэрин интэриэһиргээн, сөбүлээн кэлээччи сылтан сыл элбии турар. Чемал оройуона – туристар саамай элбэхтик сылдьар сирдэрэ. Манна киһи сөҕө-махтайа көрөр халлааҥҥа харбаспыт хайалара, Катунь өрүстэрэ, араас үрдүктээх күрүлгэннэр, хайа хаспахтара, “Остров Патмос” таҥараһыттар арыылара, о.д.а. бааллар. Манна таастаах хайа үрдүгэр 18-с үйэ ортотугар биир манаах кэлэн, үөһээ тааска “Икона божьей матери” оҥорбут. Онон сылын аайы бу сиргэ баһаам таҥараһыттар кэлэн бараллар.
 
Чемал оройуонун кэрийэн баран, биир саамай киэн туттар “Чуйский тракт” диэн суолларынан айан суола тыргыллар. Бу суолунан Алтаай бииртэн биир кэрэ айылҕатын хартыына курдук көрө-көрө, Монголия кыраныыссатыгар айанныыбыт. Айаннаан иһэн, айылҕа дьикти түмэлин көрөн ааһабыт. Аһаҕас халлаан анныгар хайа үрдүгэр 7–8 тыһыынча сыл анараа өттүгэр оҥо­һуллубут уру­һуй­дар уонна бүтэ­һик уруунанан түүр омуктар суруйан хаалларбыт суруктара бааллар. Дьэ, бу курдук дьикти, интэриэһинэй сирдэр Алтаайга бааллар. Онон Алтаай түүр омук үөскээбит сирэ диэн мээнэҕэ эппэттэрин өйдүүгүн. Монголия кыраныыссатыгар чугаһаан истэххэ, хаар төбөлөөх Актуру хайаны көрөбүт. Тус бэйэм манна үчүгэй сири булан мэлдьи хонон-өрөөн, күөс күөстэнэн, аһаан-сиэн сынньанан, күүспэр күүс, санаабар санаа эбинэн, сынньанан ааһарбын сөбүлүүбүн.
 
Бу сотору кэминэн атырдьах ыйыгар Алтаайтан Монголияҕа диэри хас да хонуктаах туур оҥороору сылдьабын. Бу күннэргэ көрө-үөрэтэ барыахтаахпын. Кыраныыссаны туоруурга улахан уочарата суох блок-пост баар.
 
 
АЙЫЛҔАҔА, ТААС ХАЙАЛАРГА СҮГҮРҮЙЭЛЛЭР
 
4 11zon
 
 
 
– Итэҕэлгэ сыһыаныҥ?
 
– Итэҕэлэ суох киһи күннээҕинэн олорор дии саныыбын. Алтаай омук итэ­ҕэлэ – айылҕа ситимэ. Сирдэрин-уоттарын мэлдьи күндүлүү сылдьаллар, таас хайаларыгар сүгүрүйэ тахсаллар, уу хотуннарыттан күүс эбинэллэр. Алтаайдарга “Ээзи” сахалыы тылбааһыгар “Алтаай хаһаайына, маҥан таҥастаах кырдьаҕас эһээ” диэн буолар. Кинини убаастаан, хайа хаспаҕар тахсан, анаан-минээн салама баайаллар.
 
Алтаай­дарга 4 бы­раа­һынньык­таах­тар: Эл Ойын – саха ыһыаҕар май­гынныыр, Чага Байрам – Алтаай Саҥа дьыла, олунньу ый бүтэһигэр ылаллар, Дьылгайак – нууччаттан хаалбыт Масленица бырааһын­ньыга уонна Курултай кайчи. “Кайчи” – бу сахалыы Олоҥхо диэн өйдөбүллээх. Дьэ, бу күн Алтаай олоҥхоһуттара кэлэн, күн тохтоло суох олоҥхолууллар, күрэстэһэллэр. Холобура, “Кайчи” бу – саамай убаастанар киһи. Ыраастаныан баҕарар киһи кэлэн, олоҥхо истиэн сөп. Бу эмиэ – наһаа үчүгэй холобур. Сахалар мантан эмиэ үөрэниэх тустаахпыт. Олоҥхо былыр-былыргыттан түүр омуктары айылҕаны кытары алтыһарга, дьону кытары сыһыаҥҥа, таптал истиҥ иэйиитигэр, оҕону иитиигэ үөрэтэр. Бу барыта олоҥхоҕо (Кайчи) иһиллэр. Онон олоҥхо истибит киһи ис туруга эмиэ ыраастанар.
 
– Олоҕуҥ хаппахчытын сэгэтэ түстэргин...
 
– Бэйэм сунтаардар күтүөттэрэбин. Кэргэним Анджелика Вадимовна эһэтэ Николай Гаврильевич Архипов Сунтаар Кутанатын култуура дьиэтигэр үлэлээбит, эһиги хаһыаккыт саамай эрэллээх сурутааччыта этэ. 3 оҕолоохпут, улахан уолбут 12-лээх, орто кыыспыт 11-дээх, саамай кырачаан уолбут балтараатын ааста. Алтаай салгынын, сирин-уотун, айылҕатын, дьонун-сэргэтин сөбүлээтибит. Бэйэбитин олохтоохторбут диэн сананабыт.
 
– Дойдуҥ дьонугар санааҥ кыыма...
 
– Саха буоларгытын умнумаҥ, айыл­ҕа ситимин сүтэримэҥ! Үрдүк Айыы­ларгытын мэлдьи күндүлүү сылдьыҥ! Дьөһөгөй Айыыны хомотумаҥ. Төрүү-үөскүү кэлэр көтөрдөрү барыларын кыргымаҥ! Оччотугар Саха норуота ахсаана өттүнэн элбиэҕэ. Биир сыаллаах, биир тыыннаах буолуоҕуҥ. Оччоҕуна кыым тахсыа, эрэл баар буолуо!
 
Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Бүтэһик сонуннар