Киир

Киир

Александр Гаврилович Габышев (02.12.1899-21.05.1942 с.) 1928 сылга БСК(б)П Саха сиринээҕи обкуомун сэкирэтээринэн, 1934-1938 сылларга Саха АССР ЯЦИК-н бэрэссэдээтэлинэн, ол эбэтэр Саха өрөспүүбүлүкэтин муҥутуур үрдүк дуоһунастарыгар үлэлээбит киһи. Ол үлэтин чэрчитинэн, ССРС ЦИК-н чилиэнэ, ССРС I ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата уо.д.а. буола сылдьыбыта.
 
 
Александр Гаврилович 5.02.1939 с. тутуллан хаайыллыбыта, бастаан ытылларга бириигэбэрдэнэ сылдьан баран, 17.05.1941 с. 8 сыл болдьоххо хаайыыга ыытыллыбыта. Чукоткаҕа ГУЛАГ хаайыытыгар ”буруйун боруостуу”сылдьан, хос баайсыыга түбэһэн, 21.05.1942 с. ытыллыбыта.
 
28.07.1956 с. реабилитацияламмыта. Ол да эрээри, 1989 с. диэри кини үлэтин-олоҕун сырдатар, кэпсиир суруйуулар тахсыбатахтара, кини аатын үйэтитэр биир да дьаһал ылыллыбатаҕа. Арай, 1989 с. Дьокуускай куорат Пушкин аатынан бибилэтиэкэтигэр кини 90 сааһыгар анаммыт тэрээһин буолбута. Ол кэнниттэн 20-ччэ сыл тохтуу сылдьан баран, А.Г. Габышевка анаммыт тэрээһинннэр, төгүрүк остуоллар буолуталаатылар, 2 кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.
 
rpt
 
Мантан көстөрүнэн, бу А.Габышев дьиҥнээх олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын үчүгэйдик билэр баартыйа, үлэ бэтэрээннэрэ, устуоруктар (Е.Е. Алексеев, В.Н. Иванов, А.А. Иванова, А.П. Данилова уо.д.а.), илэ туоһулар баар эрдэхтэринэ кини аатын үйэтитиигэ туһуламмыт биир да күттүөннээх тэрээһин ыытыллыбатах. Габышев аатын кэриэстээһин кинини билэр дьон суох буолбуттарын эрэ кэннэ саҕаламмыт. Чахчы, көлүөнэ солбуйсан, уруккуну билэр дьон “барбытын” кэннэ урут улахан дуоһунаска үлэлии сылдьыбыт дьону ол дуоһунастарын эрэ эридьиэстээн, тус үлэлэрин-кылааттарын ахтыбакка эрэ, оччотооҕу өрөспүүбүлүкэ ситиһиитин барытын кинилэргэ сыбаан суруйар үгэс баар буолла...
 
Тоҕо Саха сирин уопсастыбаннаһа, реабилитацияламмытын да кэннэ, Габышев аатын өрө туппат этэй?
 
Александр Габышев саха омугар былаҕайдаах 1927-1928 сс. төрөөбүт норуота ылыммыт позициятын тутуспакка, бэйэтин халбаҥныы сылдьар, түөрэккэй, сирэй-көрбөх бэлиитик быһыытынан көрдөрбүтэ. Норуотун өйүгэр-санаатыгар кини оннук үйэтитиллибитэ.
 
 
ОНУ ТУГУНАН ДАКААСТЫЫБЫТ?
 
 

I

1922 с. кулун тутар ыйыттан Саха сиригэр “хаҥастыйыы” бэлиитикэтэ тохтоон, саҥа байыаннай-бэлитиичэскэй куурус саҕаламмыта. Маннык уларыйыылар олоххо киирбиттэрэ: 1. Бастаанньаҕа кыттыбыт дьон бары амнистияламмыттара. 2. Саха интэлигиэнсийэтин туоратыы, сойуолаһыы тохтоон, кинилэри сэбиэскэй тутууга, үлэҕэ кытыннарыы саҕаламмыта. 3. Сэбиэскэй былаас, баартыйа уорганнара, чекистэр нэһилиэнньэни түүрэйдиир, баайдарын былдьыыр бэлиитикэлэрэ тохотуллубута. 4. Кыһыл террор, кыһыл бандьыыттааһын тохтообута. 5. Саҥа экэнэмиичэскэй бэлиитикэ олоххо киирэн барбыта.
 
Саха сиригэр ыытыллар байыаннай-бэлитиичэскэй кууруһу РКП(б) Киин Кэмитиэтин Сиббюрота, Сибревком уонна РСФСР ВЦИК-э сөптөөҕүнэн аахпыттара, өйөөбүттэрэ. Ону таһынан, Саха АССР салалтата тоҥустар бастаанньаларын эйэлээх тохтотууга үлэтин Москубаҕа уонна Сибииргэ биһирээбиттэрэ.
 
Ол эрээри, 1920-с сыллар иккис аҥаардарыгар дойдубут салалтатыгар И.В. Сталин былааһа күүһүрэн, балаһыанньа уларыйан, тоталитаризм, баартыйа диктатурата олохтонон барбыта. Саха сиригэр П.Ксенофонтов хамсааһына тохтообутун кэннэ, 12.02.1928 с. Дьокуускайга РСФСР ВЦИК-н бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ян Полуян (1891-1937) баһылыктаах ВЦИК хамыыһыйата кэлбитэ. Бу хамыыһыйа Саха АССР салалтата (И.Барахов, М.Аммосов, П.Ойуунускай, С.Аржаков уо.д.а.) 1922-1927 сылларга ыыппыт бэлиитикэлэрин үгүс өттүн сыыһанан аахпыта. Ол иһигэр, 1921-1922 сс. бастаанньа кыттыылаахтара эйэлээх олоххо төннөллөрүгэр бэриллибит харчынан көмөнү, кинилэр хамандыырдарын амнистиялааһыны, саха “националист” интэлигиэнсийэтин салайар үлэҕэ ылыыны уо.д.а. “уҥа оппортунизм” диэн сыаналаабыта. Саха сирин салалтата 1922-1927 сс. ыыппыт бэлиитикэтэ “сыыһа” аатырбытыгар биһиги салайар үлэһиттэрбититтэн А.Г. Габышев бэрт улгумнук сөбүлэспитэ.
 

271981080_9b1cb6d4ddf177dbe81d901dd781df43.jpg

 
II
 
 
И.Барахов, М.Аммосов, С.Васильев 1927-1928 сс. күөдьүйбүт “ксенофонтовщина” хамсааһынын  хаан тохтуута суох эйэлээхтик тохтоторго дьулуспуттара. Сахалыы өйдөрүнэн-санааларынан салайтаран, өрө туруу кыттыылаахтарын кыдыйыыны, кинилэр салайааччыларын дьакыйыыны, саха интэлигиэнсийэтин олоҕо суох буруйдааһыны, нэһилиэнньэни күүһүнэн куттаан ыгыыны утарбыттара. Норуоттарын сэймэктэтиэхтэрин баҕарбатахтара. Оттон Полуян хамыыһыйата “ксенофонтовщина” үөскээбит төрүөтүнэн Саха АССР салалтата ыыппыт “сыыһа” бэлиитикэтин аахпыта. А.Габышев Я.В. Полуян хамыыһыйатын түмүгүн бэркэ биһирээбитэ, Бараховы, Аммосовы, Васильевы уо.д.а. “уҥа диэки охтубуттар” диэн кириитикэлэһэн барбыта, эргийэн биэрбитэ.
 
 
III
 
 
27.03.1928 с. БСК(б) обкуомун уонна Уобаластааҕы хонтуруоллуур хамыыһыйа холбоһуктаах пленума буолбута. Онно көрүллэр боппуруос барыта эрдэ кистэлэҥ киксиинэн быһаарыллыбыт буолан, пленум бэрт түргэнник барбыта. Мунньах түмүгүнэн, И.Н. Барахов обкуом сэкирэтээрин дуоһунаһыттан ууратыллыбыта (кини оннугар быстах А.Г. Габышев анаммыта), Эверстов обкуом тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйин үлэтиттэн тохтотуллубута, кини үлэтин хос толорооччунан эмиэ А.Г. Габышев талыллыбыта. Ол эбэтэр, кини бэйэтин дьонун таҥнаран биэрбит үлэтэ дьоһуннук сыаналаммыта.
 
Бу пленумҥа М.Аммосов 1927-1928 сс. буолбут “ксенофонтовщина” туһунан дакылаат оҥорон баран уураах барылын киллэрбитэ да, пленум ону утарбыта. Кини оннугар А.Г. Габышев, С.Ф. Гоголев бэлэмнээбит уураахтара биһирэммитэ.
 
Онон бу пленум Ньурба бааһынайын, начаалынай эрэ үөрэхтээх А.Г. Габышев “сулустаах чааһа” буолбута. Баартыйа диктатурата сабардаан турар кэмигэр кини Саха АССР саамай үрдүкү былаастаах салайааччыта буолбута. Сэкирэтээр буолаат, кини утарсар дьонун (оппоненнарын) тута кум-хам тутан барбыта.
 
 
IV
 
 
3.04.1928 с. баартыйа обкуомун бюротун мунньаҕа буолбута. Онно урукку састаап 8 чилиэнэ (Барахов, Аммосов, Васильев, Кочнев, Ойуунускай уо.д.а.): “Саха обкуомун 1922-1927 сс. үлэтэ, төһө да кыра алҕастардааҕын иһин, сүнньүнэн сөптөөх, сиэрдээх этэ. Кини үлэтин Сиббюро, Сибревком өйүүллэрэ. Бу саҥа ылыллыбыт пленум уураахтара сыыһалар, улахан алдьархайы тоҕо тардан эрэллэр”, -- диэн бэйэлэрин позицияларын Киин Кэмитиэт иннигэр көмүскүүр бэрэстэбиитэли ыытары туруорсубуттара. Ону А.Г. Габышев көҕүлээһининэн, бюро утарбыта. Бу 8 чилиэни Габышев “пленум уураахтарын билиммэт буоллаххытына, эһигини “тэрээһиннээх антипартийнай бөлөх” курдук көрүөхпүт” диэн кытаанахтык сэрэппитэ, сааммыта. Онон, бюро уурааҕынан, Барахов, Аммосов, Васильев Москубаҕа кырдьыктарын таһаарына бараллара бобуллубута.
Дьиҥинэн, бу үс киһини Саха сириттэн ким да анаан үүрбэтэҕэ, кыйдаабатаҕа. Ол эрээри А.Г. Габышев олус өһүөннээх киһи буолан, кинилэр Саха сиригэр салгыы үлэлээбэт усулуобуйаларын тэрийбитэ. Бу үс киһи, биллэн турар, саха норуотун иэдээҥҥэ умса тэппит пленум уурааҕын кытта сөбүлэспэтэхтэрэ. Кинилэр ыыппыт, норуоттарын харыстыыр бэлиитикэлэрин өйүүр киһи Саха сиригэр элбэх этэ.
 
18.06.1928 с. БСК(б)П КК Тэрийэр бюротун уурааҕынан, Аммосов, Барахов, Васильев Москубаҕа үлэҕэ ыҥырыллан барыылара “саҥа тахсан эрэр, эдэр, кэскиллээх салайааччы” Александр Габышевка улахан кыайыы, ситиһии этэ. Ити кэмҥэ Москубаҕа үөрэнэ, үлэлии сылдьар Саха сирин хомуньуустара Аржаков, Бояров, Илья Винокуров, Гуляев, Иванов, Колосов уонна Цугель “баартыйа обкуомун 1922-1927 сс. ыыппыт бэлиитикэтэ сөптөөх этэ” диэн аһаҕастык туруорсаллара. Онон, Габышев тэрийиитинэн, Саха обкомун кэмитиэтин бюрота (10.06.1928) аны кинилэри дьүүллээбитэ, кинилэр “бэрээдэктэрин” баартыйа уобаластааҕы хонтуруоллуур хамыыһыйатын көрүүтүгэр биэрбитэ.
 
 
V
 
 
1928 с. муус устар ыйыгар Я.Полуян хамыыһыйата А.Габышев салайааччылаах пленумнар биһирээбит уураахтарын уо.д.а. илдьэ Москубалаабыта. Ол тиийэн Я.Полуян 18.06.1928 с. Москубаҕа БСК(б)П КК Оргбюротун мунньаҕар хамыыһыйа үлэтин отчуоттаабыта.
 
Бу кэнниттэн 1928 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр саха омугун сир-буор сирэйдээбит, репрессияларга умса аспыт, баттыгастаах “Саха сиринээҕи тэрилтэ балаһыанньатын туһунан” диэн БСК(б)П КК уурааҕа тахсыбыта. Онон, бу балыырдаах уураах тахсыытыгар сахалар (Габышевтаах) бэйэбит эмиэ көмөлөспүппүт. Бэйэтин норуотун утары БСК(б)П КК уурааҕын таһаартаран, Габышев күнэ эмиэ тахсыбыта.
 
Бу суостаах уураахха олоҕуран... 1. Саха национальнай интэлигиэнсийэтин, “омугумсуйарын быһыытынан”, салайар үлэҕэ ылбат буолбуттара. 2. “Сахалар – националистар” диэн дьаралык ыйанан, тутуу-хабыы дириҥээн барбыта. 3. Бу уураахха олоҕуран, саха омуга сайдыытын харгыстыыр атын араас дьаһаллар, быһаарыылар тахсыбыттара. 4. Ити уураахха олоҕуран, ССРС национальнай бэлииитикэтигэр тосту уларыйыылар барбыттара, Саха сирэ ону олоххо киллэрэр эспэримиэн былаһааккатыгар, полигоҥҥа кубулуйбута. Бу көстөн турар сымыйа суолга тирэҕирбит уураах түмүгэр төһө киһи олоҕо алдьаммытын, тутуллубутун-хабыллыбытын, үлэтиттэн үүрүллүбүтүн уо.д.а. ким да ааҕан ситэр кыаҕа суох.
 
 
VI
 
 
Саха обкуомун VI кэмпириэнсийэтэ (2-11.09.1928) БСК(б)П КК балыырдаах уурааҕын олоххо киллэрии боппуруоһун торумнаабыта. А.Габышев салайбыт кэмпириэнсийэтигэр обкуом урукку састаабын, чуолаан Бараховы, Аммосовы, Васильевы, “уҥа оппортунистар”, “буржуазнай националистар идеологтара” диэн кытаанахтык хоруотаабыттара, кинилэри өйүүр дьону “отщепенцы” диэн дьаралыктаабыттара. Бу кэннэ Саха сиригэр Аммосовтааҕы холуннарыы аһара дириҥээн, кэҥээн барбытыгар, бэл, БСК(б)П Киин Хонтуруоллуур хамыыһыйатын кэллиэгийэтэ Москубаҕа бу боппуруоһу хат көрөн, 30.04.1929 с. “баартыйа урукку обкуомун аһара хараардыы -- мөкү өрүттээх” диэн буойарга күһэллибитэ.
 
КК уурааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн, ЯЦИК урукку 49 чилиэниттэн баара-суоҕа 13 эрэ киһи оннугар хаалбыта, 20 хандьыдааттан – 2 киһи. Атыттар бары туоратыллыбыттара. Салайар үлэҕэ уопуттаах урукку бартыыйынай уонна сэбиэскэй үлэһиттэн, интэлигиэнсийэттэн 54 киһи бэлитиичэскэй буруйдааһыҥҥа тиксибиттэрэ, төһө киһи репрессияҕа түбэспитин ким да билбэт. Арай, кэлин 1430 киһи реабилитацияламмыта эрэ биллэр. А.Г. Габышев кэлин бэйэтэ эмиэ репрессияламмыта.
 
 
 
АХТЫЫЛАР, ДОКУМУОННАР КИНИГЭЛЭРЭ
 
13842
 
 
 
А.Г. Габышев туһунан тахсыбыт кэнники кинигэлэр, сүнньүнэн, биир ис хоһоонноохтор. Онно кини үлэтин ырытыы, сыаналааһын суох, дуоһунастарын эрэ эридьиэстииллэр. Ити иһигэр толоос алҕастар бааллар. Холобур, “саха бастакы революционера – А.Г. Габышев”, “А.Габышев – Аммосов, Ойуунускай, Барахов, Васильев соратниктара”, “А.Габышев – САССР Конституциятын ааптара (1937)” эҥин диэннэр. Мантан көрдөххө, Габышевы бэйэтин хайгыыр чопчу төрүөт суох буолан, кинини Аммосовы, Бараховы, Ойуунускайы, Васильевы кытта бииргэ сөрүү, Саха АССР 1928-1938 с. ситиһиитин барытын киниэхэ сыбыы сатыыр үгэс баар курдук. Холобур, кинигэҕэ туттуллубут “норуот эрэллээх уола”, “халбаҥнаабат бассабыык” эҥин диэн универсальнай халыыбы ханнык баҕарар бэлиитиккэ туттуохха сөп.
 
(Силиэстийэ кэмигэр А.Габышев Саха АССР НКВД-тын силиэстийэлиир чааһын начаалынньыгар суруйбут сайабылыанньата (17.06.1939) баар. Онно кини:
 
“Я стал проявлять двурушническую борьбу против их (Аммосова и Барахова) руководства. Мне удалось войти в доверие комиссии ЦК ВКП(б), так как я был известен в партогранизации своей борьбой против Аммосова и Барахова. Поэтому меня избрали сенкретарем обкома вместо Барахова...” диэн суруйар.
 
НКВД силиэстийэтин кэмигэр этиллибит-суруллубут тыл улахан ыйааһына суох да буоллар, мантан да сиэттэрэн А.Габышевы “Аммосовтаах, Бараховтаах соратниктара” диир хайа да өттүнэн табыгаһа суох.
 
 
***
 
А.Г. Габышев 1922-1927 сс. оччотооҕу Саха сирин салалтатын кытта биир хамаандаҕа үлэлээн, барытыгар сөбүлэһэ сылдьан баран, Полуян хамыыһыйата кэлэн тугу диирин кытта барытыгар сөбүлэһэн, бэйэтин дьонун куолаһан барбыта, таҥнаран барбыта кинини киэргэппэт.
 
Бастаанньа (1921-22,  1923, 1924-25, 1927-28 сс.) кыттыылаахтарыгар уонна хамандыырдарыгар хаҕыс сыһыана; 1936-38 сс. туох да былааһа суох, бэлиитикэҕэ кыттыспатах П.Ойуунускайы сойуолааһына; 1937-1938 сс. кини бэйэтин иннинэ эрэ “норуот өстөөҕө” аатыран репрессияҕа түбэспит, субу аҕай бииргэ үлэлээн кэлбит табаарыстарын саралааһына, буруйдааһына А.Габышевы сүрдэээх халбархай, түөрэккэй, кими баҕарар таҥнаран биэрэр кыахтаах салайааччы быһыытынан көрдөрөллөр. Ону мэлдьэһиэххэ табыллыбат. Ол да иһин, кини төрөөбүт төгүрүк дааталарын өрөспүүбүлүкэ 1989 сылга диэри биирдэ да бэлиэтээбэтэҕэ.
 
Арай, бу кэлин “өрөспүүбүлүкэ уһулуччулаах салайааччыта”, “Саха сирин киэн туттуута”  А.Г. Габышев туһунан кинигэлэр сурукка-бичиккэ киирэн үйэлэргэ хаалар дьылҕаланнылар.
 
Николай Николаев, үлэ бэтэрээнэ, Дьокуускай.   

Бүтэһик сонуннар