Киир

Киир

Бассаапка Аан Илин омуктарын курдук сирэйдээх дьон ходуһаҕа 100 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээти тутан турар хаартыскалара тарҕанар. Кэлэйбит киһи хаартысканы “Омуктар күүлэйгэ кыайбыттар. От охсор киһи суох буолбут, Дьааҥы сахаларыгар” диэн кэмэнтээрийдээбит.

“Дьокуут сайыны быһа шоу”

Итини батыһыннара: “Сахалар сүрэҕэ суох буоллубут дуо? Аллараа Бэстээххэ маҥан бытыктаах, түбүтүөйкэлээх  хара омуктар сүөһү бөҕө иитэр буолбуттар. Сахалар күһүн сэбирдэх түһүөр диэри Дьокуускай куорат пааркатыгар  үҥкүүлээн тэйии бөҕөлөр...

Хаһан өйдөнөр дьон эбиппит буолла? Күн аайы түүҥҥү кулуупка “Сахалар бааргыт дуо?” – диэн хаһыытыы-хаһыытыы шоу да шоу.... Атын омуктар тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнии бөҕөлөр... Дьокуут онно эрэ наадыйбат – үөрүү-көтүү, оһуохай, көрү-нары сырсар. Кэлии аһы аһыыр, күнүс эбиэккэ диэри утуйар. Оҕолор, ыччаттар аны бары ньаалаҕай курдук төлөпүөҥҥэ хам сыстыбыттар... Астара  кока-кола, чипсы, окорочка... Сөҕөн да төһөнү сөҕөөрү, бэркиһээн да төһөнү бэркиһээри...”, – диэн курдук айманар суруйуулар тарҕаналлар. Кэпсэтиэҕи, мөккүһүөҕү итини кимнээх тарҕаталлара биллибэт, сүөһү иитэр саха эбитэ дуу, куорат даачатын дьыбааныгар сытар куолуһут дуу? Сотору бассаапка киһи регистрацияланар, аата көстөр буолуо дииллэр. Оччоҕо чиэһинэй, кырдьыктаах сонуннар тарҕанар буолаллар ини...

Остоолбо күүлэйин омуктар аатыртылар

Ити хаартыска кырдьыгын-сымыйатын туһунан Үөһээ Дьааҥы улууһун дьонуттан ыйыталастым. Этэллэр: “Бу былырыыҥҥы хаартыска. Остоолбо нэһилиэгин Улахан Сыһыы диэн сиригэр сыл аайы күүлэй ыытыллар. Онно былырыын Баатаҕайга тутууга үлэлии сылдьыбыт таджиктар кыттан, хамаанданан бастаабыттара. Дьиҥэ улуус үчүгэй отчуттара кыттыбат күүлэйдэрэ. Бэйэлэрин сирдэригэр оттуу сылдьар буоллахтара.

WhatsApp Image 2024 08 06 at 13.14.13

Бу күүлэйгэ сүнньүнэн Баатаҕай тэрилтэлэрин уонна сайын онно баар дьонноро кытталлар. Быйылгы Остоолбо күүлэйигэр 1 миэстэни Остоолбо бөһүөлэгин  (3,18 гаа сири охсубуттар), 2-һи – Үөһээ Дьааҥы дьаһалтатын (2,41 гаа), 3-һү Үөһээ Дьааҥы куоратын (2,35 гаа), 4-һү “Хотугу Полюс” ТХПК (1,85 гаа) хамаандалара ылбыттар. Бастыҥ охсооччунан 1,27 гааны нэлэппит Иннокентий Кузьмин буолбута.

WhatsApp Image 2024 08 06 at 13.14.13 2

 

Омуктар былырыын от охсуутугар кыттан биирдэ бастаабыттара туох буолуой, күрэх аата күрэх буоллаҕа. Хата хайҕыахха эрэ сөп. Оттон киин улуустарга “оннук-маннык” диэн холуннаран тарҕаталлара үчүгэйэ суох”, – дииллэр.

Урут биир күн уонча гаа сири илиинэн охсон нэлэтэр Остоолбо күүлэйин туһунан өрөспүүбүлүкэҕэ ким да билбэтэ чахчы. Онон таджиктар бастаабыттара биир сыл хойутаан да иһилиннэр, Саха сирин соһутта. Остоолбо күүлэйэ анал маркетолог да үлэтэ суох өрөспүүбүлүкэҕэ аатырда. Эһиил үчүгэй бириистээн, хоту сир сайдыытыгар дьон болҕомтотун тардан, Остоолбоҕо Ил Дархан дуу, ТХМ дуу күүлэйин тэрийиэххэ баар эбит.

Мас тардыһыытын санааҥ эрэ

Саханы кыһыттахха, туохтан да иҥнибэт, кимҥэ да хотторбот гына собуоттанааччы. Тэһэ барыах курдук үллүбүт былчыҥнаах Нерюнгри бухатыыра Николай Колодко мас тардыһыытыгар хаардыы хаампыт кэмнэрин санааҥ. Анатолий Баишевтаах сорунан дьарыктанан кыайбыттара. Онтон ыла мас тардыһыытыгар, аан дойдуга даҕаны, сахалар иннибитин биэрэ иликпит. Колибабчук курдук бухатыыр биһиги дьоммутун кыайа сатаан, илиитин эчэтиэр диэри киирсэн кыайбатаҕа.

WhatsApp Image 2024 08 06 at 13.26.26

Онон т/х сайыннарарга, дьону көҕүлүүргэ оттооһуну, бородууксуйа оҥоруутун, тыыннаахтыы төрүөҕү ылыыны урукку соцкуоталаһыы курдук көрүҥнээн тилиннэрэр сөп этэ. Омуктар да көххө кытынныннар ээ, чиэһинэй күрэххэ хоттохпутуна саныахпытыгар да астык буолуо.

Владимир Степанов.

Бүтэһик сонуннар