Дьокуускайга бэҕэһээ, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, «Сокровищница Якутии» быыстапкалыыр былаһааккатыгар АЛРОСА уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Гохрана «АЛРОСА – Саха сирин алмааһын историята» кыттыһан тэрийэр быыстапкаларын официальнай үөрүүлээх арыллыыта буолла. Быыстапка Арассыыйа уонна бүтүн аан дойду алмаас хостуур салаатын историятын тутаах түгэннэриттэн биирдэстэригэр – Саха сиригэр бастакы алмаас көстүбүтэ 75 сылыгар ананар.
Быыстапка арыйыы мээнэҕэ атырдьах ыйын 7 күнүгэр былааннамматаҕа. Ити күн, 1949 сыллаахха Амакинка эспэдииссийэтин геологтара Саха сирин арҕаа эҥээригэр, Бүлүү эбэҕэ аан бастакы алмааһы булан, аҕа дойду алмаас хостуур салаатыгар бигэ олугу уурбуттара. Анаабыт курдук, биэс сыл буолан баран, 1954 сыллаахха, сэбиэскэй геолог Лариса Попугаева Саха сиригэр «Зарница» диэн кимберлиттээх туруупканы арыйбытын билэргит эрэбил. Оттон бу трубка – биһиги дойдуга булуллубут аан бастакы төрүт алмаастаах сир буолар. Итинник бэлиэ түгэн буолбута бу дьыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр лоп курдук 70 сыла туолар.
Быыстапка тутаах экспозициятыгар алмаас хостуур бырамыысыланнас атаҕар туруутун түгэннэрэ, 1954 сыллаахха арыллыбыт “Зарница” трубкаттан саҕалаан, быйыл, 2024 сылга Арассыыйа алмааһын тутаах куоратыгар – Мииринэйгэ геолог байытар холбоһугун (геологический обогатительный комплекс) саҥа тутуутун олоххо киллэрии түгэнигэр диэри историята киэҥник сырдатыллыбыт. Быыстапкаҕа кэлбиттэр, дьон алмаас уонна алмаас хайдах ситэн-хотон, үөскээн тахсарын, тустаах салаа тутаах түгэннэрин, күндү минераллары хайдах быһыылаахтык хостуулларын, таҥастыылларын туһунан элбэҕи билиэххит. Арассыыйа алмаас баайдаах сирдэрин, алмааһы сыаналааһын тутаах бириинсиптэрин, Саха сирин сайдыытыгар алмаас хостооһуна уонна АЛРОСА хампаанньа суолтатын билсиэххит.
Быыстапка тутаах киэргэлэ – алмаас, бирилийээн уонна ювелир оҥоһуктарын быыстапката буолара саарбаҕа суох. Ол курдук АЛРОСА кэлиэксийэтигэр баар ханна да суох, хатыламмат, бэрт ураты моһуоннаах, дьүһүннээх алмааһы илэ хараҕынан көрөр түгэн тосхойдо. Олор истэригэр, холобурдаан эттэххэ, олус дьикти тутуллааҕынан, быһыылааҕынан, өҥүнэн аатырбыт «Сулус», «Дьиктилээх хонуу (Поле чудес)», «Собо», «Чыычаах» алмаастар бааллар. Ону тэҥэ “Саха сирин судаарыстыбаннаһа төрүттэммитэ 100 сылыгар – сүүс алмааска анал аат» бырайыак чэрчитинэн Сахабыт сирин биллэр-көстөр, ытыктанар, үтүө үлэһит дьонун аата иҥэриллибит алмаастара туруоруллубуттар. Быыстапка кыттааччыллара киһи эрэ астына-дуоһуйа көрөр, хампаанньа талааннаах маастардара кырыылаан, нарылаан оҥорбут дьикти кэрэ, сонун бирилийээннээх оҥоһуктарын – олохтоох ювелирдар бреннэрин, АЛРОСА ааттара-суоллара киэҥ сирдэринэн айаатаабыт үс бирилийээнин репликаларын (реплик диэн – дьиҥ бэйэлэрин оннугар үүт-үкчү үтүктэн оҥорууну) сөҕө-махтайа көрөллөрө чахчы. Ол ханныктарый диир буоллахха: 14,8-карааттаах оруоһабайдыҥ өҥнөөх «Призрак Розы», 20,7-карааттаах мүөттүҥү өҥнөөх «Жар-птица», дьэ, уонна Арассыыйаҕа көстүбүт муҥутуур улахан – 100-карааттаах (!) «The Spectacle» бирилийээннэр репликаларын көрдөрүүгэ аҕалбыттар.
Өссө бу быыстапкаҕа, бастакы алмаас көстүбүтэ 75- сылыгар анаан, АЛРОСА үлэһиттэрэ, санаан көрүҥ, уопсайа 7 тыһыынчаттан тахса карааттаах (!) алмаастартан панно оҥорбуттара баар.
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев быыстапка арыллыытыгар сырытта. Тыл этэригэр:
«Алмаас бырамыысыланнаһын олохтонуута, атаҕар туруута, сайдыыта Саха сирин историятын, олоҕун-дьаһаҕын олохтоохтук уларыппыта. Уонунан тыһыынча алмаас аартыгын арыйбыт бастакы алмаасчыттар, геологтар, алмаас хостооччулар таһаарыылаах үлэлэрин, сыраларын-сылбаларын түмүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит бырамыысыланнаска ис кыаҕа биллэ-көстө улааппыта. Күн бүгүн АЛРОСА биһиэхэ – өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтин туллар тутааҕа – флагмана. Социальнай хайысхалаах хампаанньа быһыытынан үтүө холобурга сылдьар, тыһыынчанан үлэ миэстэтин таһаарар, сүҥкэн суолталаах социальнай бырайыактары өйүүр-үбүлүүр, өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүн дохуотун үс гыммыт биирин хааччыйа олорор», – диэн эттэ.
Алмаас хампаанньатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай:
«АЛРОСА хампаанньа Саха сирин кытта быстыспат сибээстээх историятынан киэн туттар. Хампаанньа историятыгар биһиги хампаанньабыт, өрөспүүбүлүкэбит эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду алмааска салаатын сайдыытыгар дьайбыт биллэр-көстөр сүдү ааттар, арыйыылар, ситиһиилэр элбэхтэр. Биһиги Сахабыт сирин олохтоохторугар аҕа дойду алмаас хостуур историятын тутаах, бэлиэ түгэннэрин, ону тэҥэ биһиги хас да көлүөнэ үлэһиттэрибит үтүөкэн үлэлэрин түмүгүн сырдатар, билиһиннэрэр кыахтаахпытыттан олус диэн үөрэбит. Хас биирдии алмаас үтүмэн үлэнэн ситиһиллэри өйдүөх тустаахпыт. Баара эрэ биир кырачаан күндү тааһы мөлүйүөнүнэн туонна урууданы хостоон, тиэйэн-таһан, сууйан, ыраастаан, булаҕын. Алмаас историятын усталаах-туоратыгар алмаас хостуур үлэҕэ сүүһүнэн тыһыынча үлэһит таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан кэллэ. Ол курдук, АЛРОСА-ҕа оҥорон таһаарыы биир күн тохтобула суох, күннэри-түүннэри барар, кэнэҕэһин да оннук салҕана туруоҕа.
Бу быыстапка көрөөччүлэргэ элбэх умнуллубат түгэни, билиини биэриэҕэр уонна Саха сирин алмаастаах летопиһыгар өссө биир чаҕылхай тэрээһин буолуоҕар эрэллээхпин», – диэн, тыл этиитигэр үллэһиннэ.
АЛРОСА бэтэрээнэ, Саха АССР үтүөлээх геолога Георгий Балакшин:
«Бүгүн АЛРОСА дириҥ силистээх-мутуктаах, бөҕө-таҕа тутуллаах саха хампаанньата буолан, уһун кэм устата олоҕурбут үгэстэргэ тирэҕирэр. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр улахан үбү-харчыны киллэрэр, онон биһиги өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын “локомотива” диэн ааттыырбыт сиэрдээх.
Бу маннык быыстапканы арыйан эрэрбититтэн олус үөрэбин. Бу түгэн, туох хайа иннинэ алмаас салаатын бэтэрээннэригэр дириҥ ытыктабыл, убаастабыт бэлиэтэ диэн сыаналыыбын. Кинилэргэ – аан бастакы алмаас суолун арыйбыт, алмааһы булбут дьоҥҥо. Устата-туората биллибэт киэҥ нэлэмэн тайҕа устун, олус уустук усулуобуйаҕа, тымныыны-куйааһы аахсыбакка алмаас суолун сонордоһон булбут, фабрикалары, алмаас хостуур салаа эбийиэктэрин, бүтүн бөһүөлэктэри туппут, суолу солоон, тимир көлө сылдьар гына бэлэмнээбит, уот ситин тардыбыт үтүөкэн үлэһиттэргэ барыларыгар ананар. Кинилэр буолаллар – саха алмааһын хостуур салаа дьиҥнээх дьоруойдара», – диэн тыл этэригэр анаан бэлиэтээтэ.
«АЛРОСА – Саха сирин алмааһын историята» быыстапка, эрдэ суруйбуппут курдук, Дьокуускай куорат Киров уулуссатын 12 нүөмэригэр турар «Сокровищницы Якутии» быыстапка холбоһугун былаһааккатыгар буолар. Эһигини бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр, атырдьах ыйын 8 күнүттэн саҕалаан, алтынньы 31 күнүгэр диэри хайаан да, бириэмэ булан, сылдьаргытыгар сүбэлиибит. Маннык интэриэһинэй, баас ис хоһоонноох быыстапка сэдэхтик буолар. Онон бэлиэ тоҕооһу мүлчү тутумаҥ, оҕолоргутугар да көрдөрүҥ.
Быыстапка каассатын төлөпүөнэ – (4112) 42-52-90. Киирии билиэти https://www.expo-gx.ru/book/ сигэни баттаан, эрдэттэн бронньатар кыахтааххыт. Холобур, улуустан кэлээччилэргэ бу – олус табыгастаах.
kyym.ru