Киир

Киир

Таатта улууһун Туора Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо, 26 саастаах Родимир Максимов сахаттан 8-с киһинэн Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылла! Хорсун буойун күн күбэй ийэтэ, И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын, оскуолаҕа киирэ илик оҕону иитэр-үөрэтэр салааҕа муусука уһуйааччытынан үлэлиир Варвара Николаевна Максимовалыын кэпсэтиибитин билиһиннэрэбин.

Оҕо иитиитэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар

Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуу.

– Түөрт оҕолоохпун. Үс уол, биир кыыс. Кэргэним Дмитрий Иванович сылгы иитиитинэн утумнаахтык дьарыктаммыта, сыбаарсык идэлээҕэ. Хомойуох иһин, икки сыллааҕыта ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ. 

Улахан уолум Василий тыа хаһаайыстыбатын техникумун “Государственное муниципальное управление” идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитэ. Эрдэ дьиэтиттэн арахсан барбыта эрээри, аҕабыт ыалдьыбытыгар сылгыбытын, хаһаайыстыбабытын көрө-истэ төннөн кэлбитэ. Онтон ыла бара илик. Кыра быраатын, балтын атахтарыгар туруорарга көмөлөһөр, биһигини көрөн-истэн олорор. Билигин сылгы иитиитинэн дьарыктанан эрэр. Эмиэ сыбаарсык, сорсуннаах булчут. Ыал буола илик.

Соҕотох кыыс Дарина 8-с кылааска үөрэнэр. Чинчийии үлэтинэн утумнаахтык дьарыктанар, тыл өттүгэр талааннаах, КВН хамаандатын чилиэнэ, актыбыыс, үчүгэй үөрэнээччи. Оҕом ситиһиитин ааҕан сиппэппин. Уҥа илиим, кыра сааһыттан дьиэни-уоту көрөр кырачаан хаһаайка, быраатын ньээҥкэтэ, туллар тутааҕа, убайдарын маанылара.

Мурун бүөтэ Вадим. (Варя уонна Дима диэн ааппытыттан таһаарбыппыт). 4-с кылаас үөрэнээччитэ. Уһуйаантан саҕалаан, эмиэ чинчийиинэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Бүтүн Арассыыйатааҕы “Я–исследователь” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр кыттан ситиһиилэнэн турар. Уол оҕо сиэринэн убайын кытта от-мас үлэтигэр, сылгы көрүүтүгэр, булка сылдьыһар. Бастакы куһун 8 сааһыгар бултаабыта. Тыраахтар, массыына буоллун – барытын ыытарга холонор. Убайын уол оҕону иитии оскуолатыгар иитиллэр, сайынын эмиэ убайын лааҕырыгар сылдьар.

2. Дьиэ кэргэнэДьиэ кэргэнэ. Хаҥас - Родимир

– Бэйэҥ тугу үлэлиигиний?

–  Оҕо уһуйааныгар муусука салайааччытабын. Таатта улууһугар муусука салайааччыларын салайабын. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах сэминээрдэри, маастар-кылаастары салайан ыытабын. ХИФУ пединститутун кытта ыкса сибээстээх үлэлээн, куурустары ыыттарабын, бэйэм лиэксийэ ааҕабын. Өрөспүүбүлүкэ орто оскуолаларын 1993 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар лиидэрдэрэбин.

Дьиэнэн 2019 сыллаахха “Семья года” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска “Семья хранитель традиций” номинацияҕа 1-кы миэстэ буолбуппут. Онно Кузьминнар, ийэм, аҕам, бииргэ төрөөбүттэрим уонна оҕолорбут буолан кыттыбыппыт.

– “Оҕо иитиитэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар” диэн эһиги курдуктары этиэххэ сөп эбит.

– Оҕолорум араас куонкуруска, билим-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр кытталларыгар барытын дьиэ кэргэн эйгэтиттэн таһааран, тиэмэлээн кытыннара сатыыбын. Учууталларын кытта ыкса ситимнээх үлэлэһэбин, барытын тэҥҥэ оҥорсобун, оҕолорбун бэлэмниибин. Холобур, кыыспыт тиэмэтэ – эбэтин түмэлэ, биһиги аймах төрдүбүт-ууспут. Уол тиэмэтэ – ахсааны кытта сылгы иитиитин дьүөрэлээһин. Оҕо этинэн-хаанынан билбитин, тутан-хабан оҥорбутун, бэйэтигэр чугас тиэмэни чинчийэрэ ордук уонна ылынарыгар да чэпчэки буолар. Маны сэргэ оҕо дьиэ кэргэн дьарыгын, төрдүн-ууһун билэ, өрө тутан улаатыахтаах дии саныыбын. Уопсайынан, оҕо иитиитэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, кини инникитэ, бастатан туран, төрөппүттэриттэн тутулуктаах дии саныыбын.

7. Турция Анталия куоратыгар Аан дойдутааҕы куонкуруска Гран при аатын ылбыттара. Салайааччы эбэтэ А.И.КузьминаТурция Анталия куоратыгар Аан дойдутааҕы куонкуруска Гран прини ситиспиттэрэ. Салайааччы - эбэтэ А.И. Кузьмина

Оҕолорум бары күүстээх лиидэр хаачыстыбалаахтар. Бу хаачыстыба биһиги “Бурхаат” аймахха барыбытыгар баар. Ону таба тайанан, этэҥҥэ эрэ сырыттыннар диэн, ийэ быһыытынан саамай баҕарар баҕа санаам.

Төрүүрүгэр 4.900 киилэлээх, 59 см уһуннаах бухатыыр этэ

– Родимир хаһыс оҕонуй?  

– Родимир иккис уол оҕонон 1997 сыл ахсынньы 17 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Төрүүрүгэр 4.900 киилэлээх, 59 см уҥуохтаах бухатыыр этэ. Кыра сааһыттан элбэх саҥалаах, барыны-бары билэ-көрө сатыыра, эт-хаан өттүнэн сайдыылааҕа. Үрдүк уҥуохтаах буолан, бары бэйэтин сааһыттан улахан курдук көрөллөрө. Родик – эбэ, эһэ оҕото. Үөрэххэ барбыт кэммэр бэйэлэрэ көрбүттэрэ. Биирдэ эмэ ыарытыннарбыттарын өйдөөбөппүн. Күннэрэ-ыйдара сиэннэриттэн тахсара. Билигин да оннук.

Туора Күөлгэ “Кэскил” оҕо уһуйааныгар сылдьыбыта. Иитээччилэриттэн Тимофей Васильевич Саввины күндүтүк саныыр. Биһиги ыал кинини “уолу уол оҕо курдук иитиигэ үлэлэспит бастакы педагог” диэн билинэбит. 2005 сыллаахха Туора Күөл орто оскуолатыгар үөрэнэ киирэр, бастакы учуутала О.Е. Сыромятникова этэ. Октябрина Егоровнаҕа биһиги дьиэ кэргэнтэн Родимир, кыыспыт Дарина уонна билигин кыра уол Вадим үөрэнэр.

– Аҕата баара буоллар, Дьоруой уолунан төһөлөөх киэн туттуо этэй!

– Бэйэтэ Дьоруой буолбут курдук үөрүө да үөрүө этэ. Олус таптыыра, оҕотун туһугар мэлдьи ыалдьара. Үөрэҕин бырахпытыгар наһаа чугастык ылыммыта. Ол эрээри уолун өйөөбүтэ. Оҕолорун туһугар тугун барытын туран биэрэр үтүө киһи этэ. 

АҕатыныынАҕата бэйэтэ Дьоруой буолбут курдук үөрүө да үөрүө этэ

Родик: “Миинэлээх хонуунан сүүрэн иһэн, үөһэ көрө-көрө “уолгун араҥаччылаа, көмөлөс” диэн аҕабыттан көрдөспүтүм”,  – диэн кэпсээбитэ. Мин эмиэ кэргэммин күн сириттэн барыаҕыттан “оҕолоргун, миигин  араҥаччылыы сырыт” диэн мэлдьи көрдөһөбүн. Олус оҕомсоҕо, оҕолорун туһугар олорбута. Дьиҥнээх эр киһи хаачыстыбалааҕа. Булара-талара, ууһа, сатабыла... ааҕан сиппэккин. Хаһан да хара ас быстыбата. Аҕабытынан олорбуппут. Билигин аҕабытын улахан уолаттарым солбуйаллар.

Үлэни, сынньалаҥы бииргэ тутан...

– Родимир кыратыттан ыллыыр дуу?

– Айар куттаах дьиэ кэргэммит. Оҕолор кыра саастарыттан бары ыллыыллар. “Үлэни, сынньалаҥы бииргэ тутан” диэн дэбиистээхпит. Сир аһыгар, булка, үлэҕэ-хамнаска күргүөмүнэн сылдьабыт.

Кыра сааһыттан ыллыыр дьоҕурдааҕа биллибитэ. Ол иһин 2-с кылаастан Ытык Күөл муусукатын оскуолатыгар фортепиано кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Онно 2-с №-дээх орто оскуолаҕа үөрэммитэ. Хомойуох иһин, дьиэбитигэр уустук балаһыанньа үөскээн, 2009 сыллаахха төннөн кэлэн, төрөөбүт дэриэбинэтигэр үөрэммитэ. Ордук тыл өттүгэр үчүгэйэ. Араас таһымнаах хоһоонньуттар, араатардар, олоҥхо ааҕыытыгар куонкурустарга, билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр кыттан кэккэ ситиһиилээх.

Мин ийэм, эбэлэрэ Анна Ивановна Кузьмина сиэннэрин оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр ырыаҕа уһуйан, ансаамбыл тэрийэн ыллаппыта. Үс уол трионан ыллыыр этилэр. Араас таһымнаах куонкуруска кыттан, ситиһиилэрэ үгүс. Саамай улахан ситиһиилэрэ Турция Анталия куоратыгар ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ Гран-при буолбуттара буолар.

– Бэйэтин кыанар спортсмен буолуо, бука?

– Кыра сааһыттан бэйэтин кыанар. Путбуолунан утумнаахтык дьарыктанан, улуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн оскуолатын, улууһун чиэһин элбэхтэ көмүскээбитэ. Маны сэргэ хапсаҕайга эмиэ кэккэ ситиһиилээх.

– Туох идэлээҕий? Аармыйаҕа ханна сулууспалаабытай?

– 9-с кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы муусука колледжын “академическай вокал” отделениетыгар үөрэнэ киирбитэ, ол эрээри бүтэрбэтэҕэ. “Сөбүлээбэт үөрэҕим” диэн бырахпыта. Хайыахпытый, “суолун булунар” диэн туорайдаспатахпыт. 2017 сыллаахха дойдутугар ытык иэһин толорон, РФ салгынтан көмүскэниигэ радиотехническай чааһыгар Хабаровскай кыраай Князе-Волконскай байыаннай чааһыгар сулууспалаабыта.

“Бурхаат” – аймах киэн туттуута

– Анал байыаннай дьайыыга (АБДь) хаһан барбытай?

– 2023 сыл ахсынньытыгар хантараакка баттаһан, Саҥа дьыл иннинэ Южно-Сахалинскай куоракка тиийэн, ыйтан ордук үөрэммиттэрэ. Үксэ сахалартан турар 39-с биригээдэ иһигэр киирсэн, олунньуга Украинаҕа бараллар. Онно тиийэн, миэстэтигэр бэлэмнэниини ааһаллар. Бастаан идэтинэн сибээс чааһыгар киирбитэ. Кэлин баҕа өттүнэн “Шторм – 1” киирэн, байыаннай сулууспатын саҕалыыр. Уопсайа төһө бойобуой сорудахха сылдьыбыттарын хаһан да кэпсээбэттэр. Эрдэ бааһыра сылдьыбытын ийэ киһи сэрэйэбин эрэ... 

Онно позывнойдарынан эрэ ыҥыраллар, биллэллэр. Оҕом позывнойун син балачча толкуйдаабыта уонна “Бурхаат” диэн ааттаммыта. Бүтүн аймах сүгэр, өбүгэтин аатын ылынар эппиэтинэстээҕин санаан, бэрт уһуннук толкуйдаан баран ылыммыт буолуохтаах. Оҕобор аата бэркэ барсар. Бүтүн Бурхаат аймах киэн туттуута, төрүттэрин, аймахтарын үйэлэргэ аар-саарга ааттатта диэн сэмээр үөрэбит, киэн туттабыт.

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Новомихайловка оройуонун Марьинскай хайысхатыгар саха буойуна, 68 армейскай куорпус “Шторм” этэрээтин бүлүмүөтчүгэ Родимир Максимов (“Бурхат”) хамаандатын кытары икки суукка устата Украина сэбилэниилээх күүстэрин (ВСУ) тирэх пуунун ылбыттара, түөрт атааканы тохтоппуттара. Онтон тус бэйэтэ 27 боевигы кыдыйбыта.

3. Ийэтинээн

Дьоруой буолууга тиэрдибит түгэнин кэпсиэҥ дуу?

– Быйыл муус устар ый саҕаланыыта штурмовиктар бойобуой сорудахха барбыттар. Онно этэрээтин хамандыыра улаханнык бааһыран, бөлөҕү бэйэтэ салайарга тиийбит. Оҕом, улаханнык бааһырбытын аахсыбакка, доҕотторун кытта икки күнү быһа ылбыт үрдэллэрин көмүскээн, түөрт кимэн киириини тохтоппуттар. Бүтэһигэр бааһырбыт уолаттарын быыһаары, миинэлээх хонуунан сүүрбүтүн санаатахпына, сүрэҕим ыалдьар. Бу күннэри оҕом да, биһиги да улаханнык саныы сатаабаппыт. Куһаҕан түүл курдук ылынабыт.

– Дойдутугар кэлэн барда дуо? Сибээскэ баар дуу? 

– Билигин Украинаҕа баар. Ааспыт ый бүтүүтэ кылгас уоппускаҕа кэлэн барбыта. Биир дойдулаахтарбыт истиҥник көрсүбүттэрэ. Баайаҕаҕа Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус алгыһын ылан, күүһүгэр күүс эбинэн кэлбитэ. Улуус баһылыга А.С. Бурцев илиититтэн Ил Дархан саха быһаҕын бэлэх туппута. Бэйэбит дьаһалтабыт үлэһиттэрэ, баһылыкпыт О.Д. Осипов дойдутун аһын астаан, саха быһаҕын бэлэх уунан, истиҥник кэпсэтэн-сэһэргэһэн көрсүбүттэрэ. Чугас аймахтара көрсүһүү тэрийбиттэрэ. Убайдарын, бырааттарын кытта айылҕаҕа тахсан сынньаммыта. Бу барыта сэрииттэн кэлбит киһиэхэ олус күндү буоллаҕа. Төрөөбүт дойдутун ыраас салгынын көҥүл тыынан, астынан, сэргэхсийэн, сынньанан барбыта. Наҕараадатын туттаралларын долгуйа күүтэбит.

Мандар УустуунБаайаҕаҕа Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус алгыһын ылан, күүһүгэр күүс эбинэн кэлбитэ

“Ийээ, мин тоҕо тыыннаах хаалбытым буолуой?”

   – Доруобуйатын туруга этэҥҥэ дуу?

   – Кэминэн. Сиһигэр баар оскуолага ылылла илик. Бакаа куттанан ылбаттар эбит. Кэллэҕинэ, “үчүгэйдик көрдөрөн, ылларар ини” диэн саныыбыт.

– Ыал дуо?

– Эрдэ ыал буола сылдьыбыта. Роберт диэн уоллаах. Кэлин ыал буола илик, сөбүлүүр кыыстаах.

– Ийэ киһи буолан, уолуҥ туһугар сүрэҕиҥ ыалдьан, мэлдьи кэтэһэ сырыттаҕыҥ. 

– Оҕом дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун истэн, ону биидьийэҕэ көрөн баран, наһаа куттаммытым, уйулҕам көтө сыспыта. Хас да түүн аанньа утуйбакка эрэйдэммитим. “Оҕом ити түгэҥҥэ суох буолуон сөп этэ” диэн санаа үүйэ-хаайа туппута.

Бойобуой сорудахха барарыгар “Бардым” диэн суруйар, онон бүтэр. Онно дьэ саҕаланар, күнүстэри-түүннэри төлөпүөнү өрө мыҥаан олоруу... Өйүм-санаам барыта “оҕом хайдах сылдьара буолла?” диэн буолар. Кэллэҕинэ, “смайлик” ыытар уонна охтон хаалаллар, утуйаллар. Сынньанан турбутун кэннэ, дьэ кэпсэтэбит.

Ол иһин миэхэ хас сорудахха баран кэллэҕин аайы төлөпүөҥҥэ ыытар смайлигыттан күндү суох... 

Оҕом анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут уолаттарын наһаа суохтуур, мэлдьи ахтар. “Ийээ, мин тоҕо тыыннаах хаалбытым буолуой?” – диэн биирдэ ыйытан турардаах. Ону: “Ол аата, эн бу Орто дойдуга өссө туох эрэ улаханы, суолталааҕы оҥороору, суох буолбут уолаттарыҥ ситэ олорботох олохторун олороору, кинилэр ааттарын үйэтитээри хаалбыккын”, – диэбитим.

– Оҕоҕунан киэн туттан эрдэҕиҥ.

– Тааттаттан бастакынан Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты сүкпүтэ икки төгүл үөрүүлээх, долгутуулаах уонна эппиэтинэстээх. Алдьархайдаах ууну-уоту, өлөр өлүүнү этинэн-хаанынан билэн ааспыт киһи, бу улахан аатын уһун сылларга үтүө суобастаахтык сүгүө диэн ийэ киһи эрэллээхпин. 

 – 26 саастаах эрэ сылдьан Дьоруой буолбут. Истэн, хайдах ылыммытай, долгуйдаҕа, итэҕэйбэтэҕэ буолуо, бука.

– Оҕом Дьоруой буолбутун, биллэн турар, итэҕэйбэтэҕэ. Олус долгуйар.

Күүс-көмө буолар волонтёрдарга махталбыт улахан

– Биир дойдулаахтара көмө, өйөбүл буолан эрдэхтэрэ.

– Бу дьайыыга (АБДь) саллааттарга күүс-көмө буолар, тыылга күнүстэри-түүннэри түбүгүрэр волонтёрдарга ийэлэр ааттарыттан улахан махталбын тиэрдэбин. Оҕом барарыгар, Дьокуускайга үлэлии-хамсыы олорор “Боевые шелкопряды Якутии” эбэлэр хамсааһыннара күүс-көмө буолбуттара. Уоппускаҕа кэлэ сырыттаҕына көрсүбүттэрэ, оҕом этэрээтигэр аадырыстаах көмө оҥорбуттара туохха да тэҥнэммэт, хайҕаллаах суол. Докучаевскай куораты чөлүгэр түһэриигэ үлэлии сылдьыбыт СӨ Тырааныспарын министиэристибэтин үлэһит уолаттарыгар, чуолаан А.Н. Потаповка, махталым  муҥура суох. Кинилэр оҕом сылдьар 39-с биригээдэтигэр баар саха уолаттарыгар көмөлөрө үгүс. Маны сэргэ бааһыран госпитальга сыттахтарына, туохха наадыйалларын хааччыйан абыраабыттара.

Нэһилиэктэринэн, улууһунан аадырыстаах көмө тиһигин быспакка барар. Биһиги улуус Анал байыаннай дьайыы (СВО) ыстаабын салайан олорор кыргыттарбыт А.П. Ионова, Я.И. Винокурова салалталарынан биир дойдулаахтарбытыгар көмө бара турар. Онон махталбытын олохтоох дьаһалтабытыгар, баһылыкпыт О.Д. Осиповка, солбуйааччыта Л.В. Ефимоваҕа тиэрдэбит. Биһиги оҕобутугар харчынан көмөлөһөн,  наадалаах малын-салын ылыммыта. Ол, биллэн турар, саллаат уустук олоҕор төһүү күүс, улахан көмө буолара саарбахтаммат.

5. Нэһилиэк баһылыга О.Д.Осиповтыын 1 1
 
Дьэ, ити курдук  Родимир хос эһэтэ Дмитрий Максимов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Москуба куораты көмүскүүр кыргыһыыга хорсуннук охтубута. Ийэтин өттүнэн хос эһэтэ Бүөтүр Щукин уонна Дьөгүөр Куһумууннар-Бурҕааттар аатырбыт мас уустара этилэр. Онон кинилэр сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Родимирга – Бурхаакка – Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, дойдуга таптал өбүгэлэриттэн утумнаммытын саарбаҕалаабаккын.

Саргылаана БАГЫНАНОВА.