Киир

Киир

Уруккуттан даҕаны хас кылаас аайы уруокка учууталы болҕойон истибэт, аралдьыйа олорор, уруогу сүгүн ыыттарбат мэник оҕолор баар буолаллар. Кинилэр, биллэн турар, атын оҕолорго эмиэ мэһэйдииллэр. Инньэ гынан учууталтан сэмэлэнэртэн, буойуллартан, мөҕүллэртэн атыны билбэттэр. Кинилэр чахчы атаахтаан, мэниктээн уруогу ыһаллар дуу эбэтэр доруобуйаларыгар туох эрэ кэһиллиилээхтэр дуу?

Ол туһунан бүгүн чинчийэн үлэлии сылдьар педагог-психолог Туйаара ЛЕПЧИКОВАны кытта сэһэргэһэбит. Биллэн турар, үгүс төрөппүт, учуутал, иитээччи мунаахсыйар боппуруоһа буолара өйдөнөр. 

– Туйаара Владимировна, туох идэлээххиний уонна идэҕинэн ханна үлэлии сылдьаҕыный?

– 2009 сылтан уйулҕа идэлээҕэ буолабын. Билигин СӨ Саҥа технологияларын институтугар доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору тэйиччиттэн үөрэтэбин.

– Хас көлүөнэ аайы оскуолаҕа “баппат” дьаралыктаах мэник оҕолор баар буолаллар. Бу оҕолор уруогу ыһаллар, учууталы истибэттэр, биир сиргэ таба олорботтор, мэниктииллэр. Бу соруйан быһыыланыы дуу, доруобуйа кэһиллиитэ дуу?

– Үксүгэр учууталлар, оскуола салалтата, уопсайынан, бары кэриэтэ мэник оҕону “соруйан уруогу ыһар” дии саныыллар. Чахчы, учуутал көрдөҕүнэ, бу оҕо мэһэйдиир, сүгүн олорбот курдук буоллаҕа. Хомойуох иһин, хас көлүөнэ, хас оскуола, кылаас аайы маннык оҕолор баар буолаллар. Ол кистэл буолбатах. Билигин өссө элбээн иһэр курдуктар. Дьэ, бу мантыбыт – СДВГ (синдром дефицита внимания и гиперактивности) диэн психоневрологическай кэһиллии, ыарыы. Сүрүннээн, кыра оҕолорго өйдөөн көрүөххэ сөп. Ыарыыны биир үксүн көннөрү быһыыны-майгыны кытта булкуйаллар. Маннык ыарыылаах оҕолор болҕомтолоро түргэнник ыһыллар, эмискэ-эмискэ хамсаналлар, олоппоско сүгүн олорботтор, биир кэм хачайдана, хамсана олороллор, киһи этэрин өйдөөн истибэт да курдук буолаллар. Мэниктиир, баппат, уруогу ыһар, оҕолору тыытар, улахан дьон тылын истибэт буолууну оҕо бэйэтин баҕатынан дии саныыллар.

– Дьиҥэ, оннук буолбатах буол­лаҕа?

– Биллэн турар, оннук буолбатах. Ити – ньиэрбэ ыарыыта, СДВГ-лаах оҕо­лор мэйиилэригэр кэһиллии баарыттан итинниктэр. Ол иһин, төһө да баҕарбыттарын, мөҕүллэллэрин биллэллэр, кыайан туттунаахтаабаттар. Манна улахан дьонтон сөптөөх көмө ирдэнэр. Оҕо судаарыстыбаннай үөрэх эйгэтигэр сылдьар буолла да, төрөппүттэр эрдэ-сылла анал исписэлиистэргэ көрдөрөн тэҥҥэ үлэлэһэллэрэ наада. Билигин үксэ улахан дьон хайдах гыналларын билбэттэр. Ол иһин оҕолоругар сыыһа эппиэттэһэллэр, мөҕөн-этэн, кириитикэлээн, «оо дьэ, эмиэ эн өйдөөн истибэтэххин» диэн тыллар иһиллэр буолаллар. Куруук итинниги истэр оҕо, “самооценката” түһэр, мөлтөх, итэҕэс курдук сананар уонна үчүгэйгэ тардыспат буолар, бэйэтин көннөрө сатыыра аччыыр.

– Бу ыарыы бэлиэлэргэ арахсар дуо?

– СДВГ, сүрүннээн, үс бэлиэлээх: бастакытынан – гиперактивнай, ки­һит­тэн таһынан элбэхтик хамсаныы; иккиһинэн – болҕомтото суох буолуу; үсүһүнэн – импульсивнай буолуу, эмискэ-эмискэ хамсанан кэлэр. Хамсаныы бэлиэлэрин уһуйааҥҥа сылдьар кэмнэригэр өссө өйдөөн көрүөххэ сөп. Аны туран, биир үксүн уолаттар эрэ элбэхтик хамсаналлара биллэр. Кыргыттар хамсаныы өттүгэр барыларыттан улахан уратыта суох буолаллар, кинилэр ыарыылара кэнники оскуолаҕа биллэр. Болҕомтолоро кылгас, өр биир сиргэ олорбот, өйдөөн истибэт бэлиэлэр кэлэллэр. Бу бэлиэ (иккис бэлиэ) үөрэнэр саастарыгар уолаттарга уонна кыргыттарга тэҥинэн кэлэр.

– Уруокка аҕыйах мүнүүтэ сатаан олорбот оҕо хайдах үөрэнэр?

– Бу бириэмэҕэ оҕоҕо туспа сыһыан наада. Холобур, уруок 40 мүнүүтэ буол­лаҕына, СДВГ-лаах оҕобут 15 эрэ мүнүүтэ тулуйуо. Онтон ис-иһиттэн күүрэн, ыгылыйан киирэн барар, бол­ҕом­тотун кыайан туппат, учуутал тугу этэрин истибэт, өссө арыт олох даҕаны ойон туран, хааман киирэн барыан сөп. Маннык хамсанан кини иһинээҕи күүрүүтүн төлөрүтэр, санаатын уоскутар, уонна мэйиитигэр иҥэмтэлээх бэссэстибэни киллэрэр. Дьэ, оччоҕуна эрэ оҕо уоскуйан, уруокка интэриэһин ууран, 15 мүнүүтэ үөрэниэн сөп.

– Оччотугар, бу оҕо 15 мүнүүтэ буола-буола хамсаннаҕына, уруогу ыһар буоллаҕа?

– Ол иһин учуутал СДВГ-лаах үөрэ­нээччи хамсанан атын оҕолорго мэһэй­дээбэтин, уруогу ыспатын наадатыгар киниэхэ сөптөөх сорудахтары биэриэн сөп. Холобур, дуосканы аныгыскы тиэмэҕэ бэлэмнээн сотторуон эбэтэр тэтэрээттэри үллэриэн, оҕолор үлэлэрин хомуйуон сөп. Дьэ, маныаха кинини өссө кыратык хайҕаан “маладьыас” диэтэхтэринэ, бу оҕо аны 15 мүнүүтэтигэр кыһаллан үөрэнэр. Бу маннык сорудаҕынан оҕону үчүгэйгэ, туһалаахха тардыы холобурун көрдүбүт. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор эмиэ үчүгэй, наадалаах буолуохтарын баҕараллар, оччоҕо эрэ бэйэлэрин итэҕэйэн, “мин эмиэ сатыыбын” диэн эрэл киирэр. Хомойуох иһин, учууталлар маннык ньыманы билбэттэр. Ол иһин синдромнаах үөрэнээччилэрин мөҕөн-этэн өссө күүскэ уруогу ыстаран кэбиһэллэр.

– Биллэн турар, бу оҕолору ос­куо­лаҕа сөбүлээбэттэр. Ордук учууталлар, оҕо төрөппүттэрэ эрэйи кө­рөр буолуохтаахтар. Кинилэри кы­тары үлэлэһэҕит дуо?

– Бу оҕолору аҥаардас мөҕүү-этии, сыыһаларын эрэ көрдөрүү, накаастабыл – олох сыыһа дьайыы. Кинилэри төһө кыалларынан өйдүү, харыстыы сатыахха наада. Кэмиттэн кэмигэр киһиргэтэн, “маладьыас” диэн хайҕаан бэриллиэхтээх. Биллэн турар, маннык оҕоҕо кыра да болҕомто ууран сатыырын өрө туттахха, оҕо хабан ылан өйдүүрэ үксүүр. “Бэйэбин көрүнэн, үчүгэй быһыыбынан-майгыбынан дьон болҕомтотун ылар эбиппин”, – диэн толкуйга тиийиэн сөп. Оттон кини куһаҕанын эрэ этэ, мөҕө, сэмэлии сырыттаххына, ньиэрбэ ыарыыта да суох оҕо санаата түстэр түһэн иһэрэ өйдөнөр. Ол иһин кини өссө эбии өсөһөн, өрөлөһөн куһаҕан буолара биллэр.

– Уопсайынан, бу туохтан үөс­кээбит “ыарыы” буоларый? Оҕо ийэ иһигэр сылдьыаҕыттан бэриллэр дуо?

– Бу ыарыыны араас өттүттэн барытыттан көрүөххэ сөп. Ийэ хат сылдьан ыалдьан да хаалбытыттан үөскүөн, генетическэй да буолуон сөп. Оҕо билигин иитиллэ сылдьар усулуобуйата эмиэ дьайыан сөп.

– Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор эмтэнэнэн “көнөр суолга тураллар” дуо?

– Олох ааһан, сүтэн хаалар диир кыахпыт суох. Ол гынан баран төрөппүттэрэ өйүүр, учууталлар (уһуйааччылар) өйдүүр, атын оҕолор ылынар буоллахтарына, биллэн турар, бэттэх кэлэллэр. Ону сэргэ, сүрүнэ диэн, оҕо бэйэтэ көмөнү ылыммыт, быһыытын-майгытын көрүнэргэ үөрэммит буоллаҕына, доруобуйатынан хааччахтааҕа харахха быраҕыллыа суоҕа. Тулалыыр дьонун, атын оҕолору кытта тэҥҥэ үүнэр-сайдар, үөрэҕи ылар кыахтанар.

– Бу оҕолору үөрэххэ хайдах гынан иһитиннэриэххэ, бэрээдэктиэххэ, сэргэхситиэххэ сөбүй?

– СДВГ-лаах оҕолор болҕомтолорун тардар уустук. Кинилэр иһитиннэриини кулгаахтарынан эрэ кыайан ылыммыттар. Маныаха эбии өй-санаа уорганнарын холбоон үлэлэттэххэ, билиини, үөрэҕи ылынара үксүүр, интэриэһи тардар.

– Маныаха туох көмөлөһүөн сө­бүй? Остуол оонньуута, успуорт эбэтэр дьарык, кэпсэтии?

– Болҕомтону өр тутар оонньуулар сайыннараллар. Холобур, өйдөөн көрүү, сөптөөх уруһуйу булуу, тэҥ хартыыналары көрдөөһүн курдук дьарыктар көмөлөһүөхтэрэ.

Уһуйааҥҥа сылдьан болҕомтону ууруутун сайыннардахха, оскуолаҕа киирэригэр, бэйэтин хонтуруоллуурга, этин-сиинин истэргэ бэлэм соҕус буолан киирэр. Оччотугар учууталга үөрэҕи-билиини биэрэригэр быдан чэпчиир.

– Уруокка сүгүн олорбото, биллэн турар, үөрэҕи толору ылыммата, онтон сылтаан үөрэҕэр мөлтүүрэ өйдөнөр. Онтон сылтаан бу оҕо улаатан инники дьылҕата алдьаныан да сөп. Маныаха төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Хомойуох иһин, маннык диагнозтаах оҕолор билигин олус элбэхтэр. Оҕоҕо көмөлөспөккө, дьаалатынан ыытан кэбистэххэ, биллэн турар, оҕо үөрэҕи толору ылбакка, оскуоланы нэһиилэ бүтэриэн, барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһыан сөп. Онон төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ: оҕону кытта олох кыра эрдэҕиттэн кэпсэтэн, тэҥҥэ оонньоон, киһи этэрин истэргэ үөрэтиэххэ наада. Оҕо улааппытын эрэ кэннэ маннык “ыарыылааҕын” билбит эбэтэр сэрэйбит буоллаххытына, кими да буруйдаабакка, күүһү оҕону ылыныыга, өйүүргэ ыытыахтааххыт. Киниэхэ өйдүүр, таптыыр төрөппүттэр олус наадалар.

– Маннык ыарыылаах оҕолор невролог учуотугар тураллар дуо?

– Оҕо ханнык балыыһаҕа, поли­кли­никаҕа көрдөрөрүнэн неврологка, пси­хиатрга учуокка туруохтарын сөп. Быраас анаабыт эминэн эмтэниэхтэрин, чөлүгэр түһэрэр (реабилитациялыыр) кииҥҥэ киирэн дьарыктанан, уйулҕаһыкка сылдьан тэҥинэн эмтэниэхтэрин сөп. Бу ыарыы ааһан хаалбат, көннөрү олох күүрэ сылдьар кэмигэр көмөлөстөххө, эмтээтэххэ намтыан сөп.

– Бу күннэргэ “Сайдыс” нөҥүө ыраахтан сэминээр дуу, кэпсэтии дуу ыытар биллэриигин көрөн аһарбытым.

– Сэминээри учууталлар, уһуйаан иитээччилэрэ киирэн иһиттилэр, ыйытыыларын биэрдилэр. Төрөппүттэр оҕолоро маннык синдромнааҕын өйдөөбөттөрүн туһунан эттилэр. Холобур, иитээччи дуу, учуутал дуу оҕо хайдах быһыылааҕын кэтээн көрөн баран “идэлээх исписэлиистэргэ, быраастарга көрдөрүөххэ наада” диэн төрөппүккэ эттэҕинэ, ону төрүт билиммэттэр, ылымматтар, өйдөөбөттөр эбит. Ону хайдах төрөппүттэри кытта кэпсэтэбит, быһааран биэрэбит диэн мунаахсыйан ыйыталаһаллар. Төрөппүт бэлэмэ суоҕуттан оҕото доруобуйатыгар кэһиллиилээҕин, хааччахтааҕын, уратытын ылыммат, өйдөөбөт. “Өскө оҕобут кэһиллиилээҕин билиннэхпитинэ, уопсастыба туоратыа” дии саныыллар. Устунан бэйэлэрэ санааҕа ыллараллар, кэргэнниилэр тыл тылга киирсибэккэ кыыһырсаллар, айдаарсаллар, устунан арахсыахтарын да сөп. Сорохтор “тоҕо маннык буолла, мин буруйдаахпын” диэн сабынан кэбиһиэхтэрин сөп. Онтулара, биллэн турар, оҕолоругар да, бэйэлэригэр да, оҕолорун кытта сыһыаннарыгар, төрөппүттэр икки ардыларыгар эмиэ күүскэ дьайыан сөп.

– Аныгы кэм буоллаҕа дии, кэһиллиилээх оҕолор төлөппүөҥҥэ, көм­пүүтэргэ өр олордохторуна бэргииллэр дуо?

– Төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ өр олоруу, бэл, доруобай да оҕону ыһар, куһаҕаннык дьайарын бары да билэбит. Биллэн турар, маннык синдромнаах оҕоҕо өссө күүскэ куһаҕаннык дьайара, бэргэтэрэ баар суол. Өссө маннык буолуон эмиэ сөп: оҕо төрүүрүгэр доруобай да буоллаҕына, иитиититтэн, төрөппүт дьарыктамматаҕыттан, кэпсэппэтэҕиттэн, наһаа элбэхтик төлөпүөҥҥэ, тэлэбиисэргэ, көмпүүтэргэ олороруттан эмиэ үөскүөн сөп. Бу аата, “приобретеннай” диэн буолар.

– Дьэ, чахчы даҕаны, маннык синдромнаах оҕолоох төрөппүттэргэ, учууталларга, иитээччилэргэ сы­һыаннаан эттэххэ, олус туһалаах кэп­сэтии буолла. Сүбэҥ-амаҥ иһин махтал буолуохтун. Төрөппүттэр ааҕан туһаныахтара дии саныыбын.

Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.

Бүтэһик сонуннар