Өбүгэ саҕаттан сахаҕа кийиит кыыс кэлиитэ улахан сонун буолара. Хантан, хайдах кийиит кэлбитэ дьон киэһээҥҥи кэпсээнэ, ыал ыаһаҕа, оҕо-уруу көрүүтэ-истиитэ буолара.
Кийииттэр барахсаттар... Хайа эрэ ыал аанын аһан, кийиит аатын сүгэн киирэн кэлбит алаһа дьиэҕитигэр аан бастаан эһигини хотуҥҥут, кэргэҥҥит ийэтэ көрсөр. Кини эһигини хайдах көрсөрүттэн кэргэннии олоххут улахан тутулуктаах. Мындыр, өйдөөх Ийэ Хотун уолун дьоллоох олоҕун түстүүр, төлкөтүн торумнуур буоллаҕына, кийиитин үөрэ-көтө көрүстэҕинэ – ол аата олоххут суолун сөпкө таба тайаммыккыт. Оттон кырыы хараҕынан кынчыатыы, сөбүлээбэт тылларынан сулуйан көрүстэҕинэ, хайыаҥый, олоххун бэйэҥ илиигэр ыларгар тиийэҕин.
Эр киһи «ыал улахан оҕото»
Уол оҕо, эр киһи хаһан баҕарар, ханнык баҕарар түгэҥҥэ ийэтигэр «ыал улахан оҕотун» курдук ааттанар. Төһө да кини бытыгын быһа үктүүр сааһыгар тиийдин, син биир кини ийэ оҕото. Көрө-билэ, истэ сырыттахха, үксүгэр ийэ хотуттар кийииттэриттэн наар иҥнэн тахсаллар, кини мөлтөх өрүтүн ырыталлар, сөбүлээбэтэхтэрин араастык биллэрэллэр. Хотун, кийиит сыһыаннарыттан, кинилэр икки ардыларыгар өйдөспөт буолууттан, тымныы сыһыантан төһөлөөх эдэр-эмэн ыал олохторо огдолуйара буолуой?! Оттон тыыннаах тулаайахтар ааттарын сиэн оҕолор сүгэллэр. Оннук буолбатах дуо?
Ийэ хотуттар үксүлэрэ уолаттарын олоҕор орооһоллоро баар суол. Чэ, сөп үтүө тылынан сүбэлии-амалыы, ардыгар туох эмэ сыыһа-халты таҕыстаҕына өйдөтө, үөрэтэ сырыттыннар. Ону ким да баалаабат. Оттон кийииттэрин сөбүлээбэтэхтэрин биллэрэн, хадьардаһа, араас кир-хох тылларынан үөхсэ, кэнниттэн мөҕө-этэ сырыттахтарына, хайа бэйэлээх тулуйуоҕай, суох буоллаҕа.
Хайа эрэ кийиит хотунун үчүгэй сыһыанын үөрэ-көтө аймах-билэ дьонугар кэпсиэ, оттон хотунуттан үтүө сыһыаны көрбөтөх кийиит барахсан эрэйдээх олоҕун кини дьиэтин түөрт истиэнэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Уол оҕо, эр киһи дьиэ кэргэнин олоҕо кини ийэтэ кийиитигэр сыһыаныттан улаханнык тутулуктаныан сөп.
Баҕар, ким эмэ хаһыат сирэйигэр санааҕытын үллэстиэххит буолаарай диэн санааттан, икки кийиит олохторун дьылҕатын эһиэхэ тиэрдиим дуу...
Баҕа санаам ымыыта туолбатаҕа
Мин 20-чэ сыл анараа өттүгэр 7 оҕолоох ыал улахан уолларыгар, ыал иккис оҕотугар, кэргэн тахсан, кийиит аатын сүгэн алаһа дьиэлэригэр үктэммитим. Оччолорго араас ыра санаа үчүгэйэ барыта миэхэ баара: кийиит буолан сөбүлэтиэм, хотуннаах тойоммун бэйэм төрөппүттэрим курдук таптыам, убаастыам, бииргэ төрөөбүттэригэр, чугас хаан уруу аймахтарыгар истиҥник саныыр кийииттэрэ, саҥастара буолан ытыс үрдүгэр сылдьыам дии саныырым.
Ыал буолаат, бур-бур буруо таһааран, мин дойдубар олорбуппут. Атын-атын улууска олорор буолан, кэргэним төрөппүттэригэр сыл баһыгар-атаҕар сылдьар этибит. Тойонноох хотунум симик, киһини киирээти кытары аһара уруйдаан-айхаллаан көрсүбэт бэрт сэмэй майгылаахтара, аҕыйах кэмчи саҥалаахтара. Оттон мин саҥаны-иҥэни айылҕа барахсан хатаҕалаабыт киһитэбин. Ол иһин буолуо, оҕотуттан эмэнигэр тиийэ кими баҕарар кытта судургутук уопсай тылы булар идэлээхпин.
Кэлин чугастык билсиһэн истэҕим аайы үөрэтэн билбитим, бэйэлэрэ оннук майгылаахтар эбит. Туора дьоҥҥо истиҥ сыһыаны биллэрбэт, туох да кэтэх санаалара суох, бэйэлэрэ-бэйэлэригэр сылдьар дьон. Ол иһин төрөппүт оҕолоро бэйэлэрин икки ардыгар тоҥуй сыһыаннара дьонноруттан удьуорунан бэриллибит, оннук эйгэҕэ иитиллибиттэр. Билигин да сылдьыспаттар, дьөрү хайдах да олороллорун да туоһуласпаттар. Дьэ, дьикти.
Иитиллииҥ эйгэҕиттэн биллэр
Онтон мин кинилэртэн атын быһыыга-майгыга, эйгэҕэ иитиллибит буоламмын, барытын бэйэм дьиэ кэргэммэр тэҥнии тутан көрөрүм, оннук да саныырым. Ол курдук, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ кийииттэр, күтүөттэр тута дьиэ кэргэн дьиҥнээх чилиэнэ буолан, «саҥастан, кийииттэн, күтүөттэн» атыннык ааттамматтара.
Ийэбит барахсан тута уопсай тыл булан кийииттэрин кытта олус тапсара, төрөппүт кыргыттарыттан итэҕэһэ суох сыһыаннаһара, таптыыра. Билиҥҥэ диэри биһигини барыбытын үөрэтэр, такайар «кийиит уонна күтүөт бу эмиэ ыаллар тапталлаах оҕолоро буолаллар, онон хаһан да кийиити, күтүөтү куһаҕаннык саҥарбат, хомоппот, атарахсыта, туора көрбөт буолуҥ» диэн этэрэ-тыынара. Билигин кийииттэрэ киниэхэ сиэн, хос сиэн бөҕөтүн бэлэхтээн удьуорун ууһаттылар, хаанын хаҥаттылар. Хас биирдии кийиитин истиҥник саныыр, манньыйа ахтар, куруук кэлэ-бара, билсэ тураллар, күннэтэ санаан-ахтан ааһыталыыр.
Истиҥ сыһыаны күүппүтүм
Ол иһин буолуо, мин эмиэ кэргэним дьонуттан итинник истиҥ сыһыаны, убаастабылы эрэйэрим, кэтэһэрим. Баҕам хоту билиҥҥи олох сиэринэн элбэх сиэни бэлэхтээтим. Хаһаайка быһыытынан сирдэрэрим суох, киһиргээбэккэ эттэххэ, миэхэ тэҥнээх дьахтар тарбахха баттанар буолуохтаах. Көмүс чыычаахтарым бары этэҥҥэлэр – ким устудьуон, ким оскуола оҕото.
Кэргэним дьонугар баара-суоҕа иккиэйэх кийииппит. Ол эрээри диирбэр тиийэбин, мин ол кийииттэрин кытта чугастык айах атан кэпсэппэтэх дьоммут, бэйэ-бэйэбитигэр сылдьыспаппыт, эгэ, оҕолорбут билсиһиэхтэрэ дуо? Суох буоллаҕа. Билигин Аан ситим нөҥүө, баҕар, көрдүүр ньыманан (поисковик) ааттарын-суолларын кунуопка нөҥүө баттаан тобугуратан билсэллэрэ, мөссүөннэрин көрсөллөрө буолуо. Билбит суох. Икки өттүттэн ыал буоларбытыгар кэргэттэрбит бэйэ-бэйэбитин кытта үчүгэйдик билиһиннэрбэтэхтэрэ. Онон оннук тоҥуй, хаҕыс сыһыан икки ардыбытыгар олохсуйан хаалбыт. Бииргэ төрөөбүттэрин кытта сылдьыспаппыт.
Биир түгэни кэпсээн аһардахха, аҕыйах сыллааҕыта кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга оптуобус тохтобулугар оҕолорбун кытта турдахпына, биир дьахтар дорооболоһон баран «хайа, билбэтигит дуо?» диэн саҥа аллайда. Бастаан утаа, кырдьык, бэйэм эмиэ билбэтим. Онтон өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, кэргэним улахан эдьиийэ турар эбит. Төһө да биир куоракка олордорбут, көрбөтөҕүм 10-тан тахса сыл буолбут.
Интэриэһинэйэ диэн, төрөппүттэрбит уулусса нөҥүө-маҥаа олороллор. Кэргэним дьонун, бииргэ төрөөбүттэрин туох да диэн мөкүтүк саҥарбаппын, тоҕо диэтэххэ, мин кинилэри чугастан олох билбэппин. Боруоста аҕыйах саҥалаахтар, олус сэмэй аймахтар, тылга тииһэ сылдьыбаттар. Бары олохторугар, оҕолоругар, дьиэлэригэр-уоттарыгар, үлэлэригэр-хамнастарыгар ситиһиилээх, табыллыбыт нус-хас олохтоохтор. Итэҕэстэрэ диэн – түмсүүтэ суохтар, кэпсэтэри сатаабаттар. Кэргэммэр олорорум былаһын тухары куруук этэ сатыыбын «Бииргэ төрөөбүттэр бэйэ-бэйэҕитигэр сылдьыһыҥ, оҕолоргутун чугаһатыҥ» диэн. Киһим, хата, эппиэтэ бэлэм «Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук, биһигини ким да тыыппат, биһиги эмиэ кимиэхэ да наадыйбаппыт» диэн. Бүттэхпит ол.
Кийииттэр бары тыаттан төрүттээхпит
«Хотунуҥ сыһыана эйиэхэ хайдаҕый?» диэн, аны биир билэр дьахтарбыттан ыйыталаспыппар маннык кэпсээтэ.
«Кэргэмминиин олорбуппут 20-тэн тахса сыл буолла, оҕолордоохпут. Ыал буолуохпуттан хотунум миэхэ хара ааныттан соччото суохтук сыһыаннаспыта. Тыаттан сылдьарым иһин сөбүлээбэтэҕэ. Төрөппүт үс уоллаах, уолаттара үөрэҕэ суохтар. Мин кини иккис уолугар кэргэн тахсыбытым. Үс уолун кэргэттэрэ, ол аата киниэхэ кийииттэрэ буоллахпыт, бары илин эҥээртэн төрүттээхпит. Хотуммут хайабытын да сөбүлээбэтэҕэ.
Хотунум 70-тан лаппа тахсыбыт, үйэтин тухары куоракка олорбут «куорат эмээхсинэ», оҕонньоруттан 10-ча сыл балыс этэ. Уонча сиэннээх, аны хос сиэннэр кэлэн эрэллэр. Эһэбит өлбүтэ быданнаата. Онон оҕонньоро өлбүтүн кэннэ, иккитэ эргэ тахса сылдьыбыта да, табыллыбатаҕа. Билигин төһө да кырыйдар, оҥостон туттан-хаптан, кырааска-самааска бөҕөтө. Биир да оһуокайы көтүппэт, ыллыырын-үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Биир тылынан эттэххэ, олоххо актыыбынай позициялаах эмээхсин. Миигин хотунун куһаҕаннаан, кэнниттэн мөҕүттэ сылдьар дии санаамаҥ. 20-чэ сыл илдьэ сылдьыбыт хом санаабын этинэбин.
Хотуммут, биһиэхэ үс кийиитигэр, тыаттан төрүттээх буруйбутугар хаһан да сээн диэн сыһыаннаспата, сиэннэрин ымманыйа көрсүспэтэҕэ. Хотунум ийэтэ, эбэбит буоллаҕа, биһиэхэ ол оннугар ийэлии истиҥник сыһыаннаспыта. Кини баарыгар барыбытын түмэн олорбута, 80-гар тиийэн баран Орто дойдуттан барбыта. Онон биһиги кийииттэр хотуммутунааҕар аҕа тойоммутун уонна кырдьаҕас эбэбитин кытта бэркэ тапсан, кинилэр өйөбүллэринэн олорбуппут. Күндү дьоммут суох буолбуттарын кэннэ билигин эбэбитин кытта син биир тапсыбаппыт, киниэхэ мээнэ кэлэ-бара сылдьыбаппыт.
Хотунум сыһыаныттан кэлэйэбин, хомойобун
Эбэбит үс хостоох толору хааччыллыылаах дьиэҕэ соҕотоҕун олорор. Биһигиттэн кими да чугаһаппат. Арай ыарыйдаҕына, биһиги икки кийииттэрэ эмп тэрилтэтигэр үлэлиибит, онон ыксаан, укуоллатаары гыннаҕына, онно наадыйан түргэнник ыҥыртарааччы. Укуол биэрэ тураммын, хотунум сирэйин-хараҕын кыайан утары көрбөппүн, биһигини кэлэппитэ, хомоппута элбэҕэ бэрт. Билиҥҥэ диэри наһаа улаханнык хомойбут санаабын испэр тута сылдьабын.
Үчүгэйэ диэн, уолаттарын үчүгэйдик иитэлээбит: ийэлэрин тылыттан хаһан да тахсыбаттар. Кини тугу эппитинэн сылдьаллар. Хотуммут наар биһигини, үс кийиитин, кэннибититтэн сылдьан дьоҥҥо түһэрэн кэпсиир, араас буолар-буолбат тылынан саҥарталыыр. Истэргэ наһаа хомолтолоох. Куруук кийииттэриттэн иҥнэн тахсар. Кэргэммэр: «Тоҕо хаһан да көмүскээбэккин, көҥүл үөхтэрэ сылдьаҕын?» – диэн саҥардахпына, туох да диэбэт.
Сиэннэрэ ыалдьыттыы тиийдэхтэринэ: «Бу баҕайылар эмиэ кэллилэр дуу?» – диэн наар сөбүлээбэтин биллэрэр. Ол иһин сиэннэрэ эбэлэригэр сылдьыахтарын олох баҕарбаттар. Төһө да билигин хос сиэн сытын билэ сырыттар, син биир «ирэ» илик. Мин онтон наһаа хомойобун. Тулаайах иитиллэммин, ийэ истиҥ сыһыанын билбэтэх буоламмын, оннук сыһыаҥҥа наадыйар буоллаҕым.
Саргылаана БАГЫНАНОВА.