Сахалар өлүү сирин «анараа дойду», «ол дойду» диэн ханарыта ааттыыллар. Өлбүт кута ол дойдуга аттанара бу диэн этэргэ күчүмэҕэй: сорох саныырынан – ийэ кута, сорох өйдүүрүнэн – буор кута. Арай биир биллэр: ол сиргэ үчүгэйдик, «киһилии» эрэ өлбүт киһи кутун ылаллар.
Өлүү сирэ-уота Орто уонна Аллараа дойду икки ардыгар хотугулуу-арҕаа тайаан сытар диэн өйдүүллэрэ. Саха итэҕэлин сүнньүнэн, анараа дойду күн сириттэн улахан уратыта суох, дьоно-сэргэтэ урааҥхай сахаҕа ханыылыылар, олохторун тутула айыы дьонун сиэринэн, син биир дьиэ-уот тэринэн, буруо таһааран, сүөһү ииттэн, ыал буолан олороллор диэн.
Сахалар өлүү кэнниттэн олох туһунан өйдөбүллэрин холбоон, таҥан көрдөххө, анараа дойду оҥоһуута күн сирин таҥнары туппут курдук киэптэнэн тахсар. Ол дойдуга айыы киһитэ илэ абааһыга кубулуйар: кинини холорукка холууллар, дьүһүнүн көрбөттөр, саҥатын истибэттэр, чугаһаатаҕына ыалдьаллар. Онон олох өлүү кэнниттэн тохтоон хаалбат, атын көрүҥҥэ кубулуйан салгыы сайдар. Айыы киһитэ өлөн да баран айыы сиэрин-майгытын ыһыктыбат, таҥаратын умнубат, Орто дойдуга уһуйуллбут идэтинэн айаҕын ииттинэр, ыал буолан ньир-бааччы олох тэринэн олорор. Ол эрээри өлүү кэнниттэн олох хаамыыта туспа, кэм-кэрдии иннин диэки сайдыбат, төттөрүтүн, таҥнары салаллар. Өлбүт сааһа эбиллибэт, салгыы кырдьан эмэҕирбэт, төттөрүтүн, киһи кутун саҕа буолуор диэри сыыйа кыччыыр, тиһэҕэр тиийэн үрүҥ үрүмэччигэ кубулуйар. Ити курдук, киһи кута анараа дойдуга тиийэн хаттаан иитиллэн, үрүҥ үрүмэччи буолан эргийэн төрүүр буоллаҕына, аньыыны-хараны оҥорбут, куһаҕаннык өлбүт киһи кута тыыннаах икки өлөр икки ардынан сылдьар сорго-муҥҥа тэбиллэр. Кини кута олоххо кыайан эргийбэт, ол дойдуга тиийбэт, дьабыҥҥа көппөт. Ону «кырамаҥҥа этиллибит» дииллэр. Кыраман удьуордаан аньыылаах киһи оҕолоругар, сиэннэригэр бэриллэр. Кыраман «кырыыс» уонна «кыраммыт» диэн тыллары кытта биир ситимнээх. Онон саха «киһилии» өлүүнү олох култууратыгар киллэрэн, күннээҕи моһоллоруттан толлубакка, мэһэйдэртэн иҥнибэккэ эрэйи эҥээринэн тэлэн, бүтэһик уһукка диэри айдарыллан кэлбит аналын толорон, дуоспуруннаахтык күн сириттэн арахсыыны ытык иэһинэн ааҕара. Оччотугар ол дойдуга олох салҕанан барар...
Розалия Бравина «Олох. Дьылҕа. Өлүү» кинигэтиттэн