Киир

Киир

Киһи күн сиригэр айыллан, ананан кэлбит олоҕо кимиэхэ да маарыннаабат туспа буолар эбит. Дьылҕа Хаан анаабыт кэрэ олоҕун толору олоруу, Айыылартан бэриллибити барытын аналынан ситэрэн сатаан туттан бар дьонугар туһалаан, дурда-хахха, өйөбүл-тирэх буолан, бэйэ ис кыаҕын арыйан олорбут олох уус киһи мындырдык ойуулаан, сиэдэрэйдик чочуйан оҥорбут дириҥ ис хоһоонноох дьикти айымньытын курдук.

Киһи күн сиригэр айыллан, ананан кэлбит олоҕо кимиэхэ да маарыннаабат туспа буолар эбит. Дьылҕа Хаан анаабыт кэрэ олоҕун толору олоруу, Айыылартан бэриллибити барытын аналынан ситэрэн сатаан туттан бар дьонугар туһалаан, дурда-хахха, өйөбүл-тирэх буолан, бэйэ ис кыаҕын арыйан олорбут олох уус киһи мындырдык ойуулаан, сиэдэрэйдик чочуйан оҥорбут дириҥ ис хоһоонноох дьикти айымньытын курдук.

Оннук дириҥ ис хоһоонноох оло­ҕу олорон ааспыт тапталлаах күн­дү кэр­гэним, ытыктыыр аҕабыт, эһэ­бит, хос эһэбит, Чурапчы улууһун, Соловьев нэһилиэгин бочуоттаах олох­тооҕо, “Бочуот Знага” уордьан кавалера, күөгэйэр күннэрин тыа хаһаайыстыбатын ыарахан үлэтин чэпчэтэргэ, тупсарарга,төрөөбүт дойдута чэчирии сайдарыгар анаабыт 45 сыл мэхэньисээтэринэн тыраахтарга, хамбаайын курдук уустук тиэхиньикэҕэ эҥкилэ суох үлэлээбит, үлэ, успуорт бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото Николаев Гаврил Данилович ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ ыам ыйын бастакы күнүгэр төгүрүк сылын туолар.

Аҕабыт 1938 сыллаахха тохсунньу 3 күнүгэр Чурапчы оройуонун Соловьев нэһилиэгин Мырыла сэлиэнньэтигэр Данил Тимофеевич, Марфа Софроновна Николаевтарга бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Дьоно кыаммат буолан, ийэтигэр көмөлөһөөрү үөрэҕин быраҕан, уон алта сааһыгар «Молотов» холкуоска үлэтин саҕалаабыта. 1957 сыллаахха Чурапчыга МТС-ка тыраахтар кууруһугар үөрэнэн тырахтарыыс идэтин баһылаабыта. Дьэ, мантан саҕаламмыта аҕабыт барахсан тимир көлөнү биэс уонча сыл доҕор оҥостубута. ДТ-20 тыраахтартан саҕалаан К-700-ту, хамбаайыны баһылаабыта. Маас­тар-тырахтарыыс буол­бута.

Эдэр сааһыттан көҥүл тустуунан, волейболунан дьарыктаммыта. Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ буоларынан киэн туттара, астынара. Дойдутугар кэлэн оҕолору, эдэр ыччаты көҥүл тус­тууга дьарыктаабыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоҥҥа кэккэ си­тиһиилэммитэ.

1960 сылтан Мы­рылаҕа холкуос­ка, онтон «Субуруус­кай» сопхуоска кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска өрө күүрүүлээхтик үлэлээбитэ. Кыайыгас-хотугас, сүрэхтээх буолан, ханнык да үлэни тулуппат, олус эппиэтинэстээх уонна бүгүрү, сатабыллаах үлэһит бастыҥтан бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэрэ. 1980 сыллаахха Одьулуун СПТУ-тугар К700 тыраах­тары ыытарга үөрэммит. Онтон ыла «Субуруускай», «Мындаҕаайы» соп­хуостарга үрдүк үүнүү звенотугар К-700, МТЗ-83 тыраахтардарга, “Нива”, “Сибиряк” хамбаайыннарга үлэлээбитэ, звенону салайбыта. Амма кырыс уонна оһорбо сирдэрин туһаҕа таһааран, үрдүк үүнүүнү хомуйан, сыл­гы-ынах сүөһү дороххой аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат хамсааһынын биир бастыҥ уһуйааччыта, көҕүлээччитэ этэ. Оро­йуон, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөн бурдук үүннэрээччитэ, рекордсмена буолбута. Сыралаах үлэ кэмигэр сөпкө сыаналанан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин курустаал куубагын хаһаайына буолан, САССР Миниис­тирдэрин Сэбиэтин Бочуотунай кыраамататынан, оччотооҕу кэм саамай үрдүк бэлэҕинэн «Москвич» массыына пуондатынан наҕараадаланан, биир бас­такынан бэйэ бас билэр массыынатын хаһаайына буолар дьолу билбитэ.

1990 сыллаахха биир гааттан 26 ц бурдугу хомуйбуттара. Сыра­лаах үлэ сыаналанан, Михаил Горбачев ыйааҕынан “Бочуот Знага” уор­дьан кавалера буолбута. Тыа сирин ыара­хан үлэтин тиэхиньикэ күүһүнэн түргэтэтэн дойдутун, оройуонун, өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар туох баар сыратын, сатабылын ууран, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар кылаата муҥура суох.

Ыһыллыы-үрэллии да кэмигэр мындырдык дьаһанан, чугас аймахтарын түмэн «Ситим» бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, 1993 сылтан 2001 сылга диэри хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанан, уустук, түһүүлээх-тахсыылаах, үп-харчы өттүнэн олус кырыымчык ыктарыылаах кэми этэҥҥэ туруулаһан, аймах дьонугар, доҕотторугар, дойдутугар өссө төгүл төһүү күүс буолбута. Кыһынын от-мас таһан, саас оҕуруот сирин хорутан, быыһа суох үлэ үөһүгэр сылдьара.

1963 сыллаахха Мындаҕаайы ос­куолатыгар бииргэ үөрэммит кыыһа Петрова Анна Ивановнаны көрсөн ыал буолбуттара. Алта оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, тапталлаах ийэ-аҕа буолан, Мырыла ортотугар уһаайба сирэ ылан, биир бастакынан улахан дьиэ туттан, оҕолорун улаатыннаран, үөрэхтээх дьон оҥорон Мырылаҕа биир ытыктанар ыал буолан, 58 сыл бииргэ өйөһөн-өйдөһөн олордулар. Аҕа, эһэ, хос эһэ буолар дьолун биллэ.

Күндү киһибит, аҕабыт уһун үйэлэнэн биһигини көрөн-истэн бүөбэйдээн, суон дурда, халыҥ хахха буолан, бачча сааспытыгар диэри аҕа тапталын билэр дьоллоннубут.

Оҕо сааспыт быыһын сэгэтэн көрөр эбит буоллахха, аҕабыт остуоруйатынан утуйарбыт. Дуобат, саахымат оонньуутугар киэһэ аайы күрэх буолара. Сорох хотторон хомойоро, ытааһын да баара. Сорох кыайан, үөрүү-көтүү буолара.

Сарсыарда оһох оттуллар тыаһыттан уһуктан, сылаас оһох иннин былдьаһан сүүрэрбит. Өрөбүл ахсын кэнсиэр көрдөрөн сэргэхситэрбит, үлэттэн кэлэрин кэтиирбит. Күүстээх үлэ кэнниттэн уруокпутун ааҕарга, чуолаан ахсааны суоттуурбутугар көмөлөһөрө. Үчүгэйдик суоттуура, ааҕара. Куруук ыксыы сылдьара.

Соловьев отделениетыгар өр сылларга идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Саҥа дьыл саҕана отделение үлэһиттэрин оҕолоругар элбэх оонньуур аҕалбытыгар ымсыырарбыт, сэмээр бэлэх кэтэһэрбит. Оҕолоругар сымнаҕас, хаһан да мөҕө-этэ сылдьыбат. Уолаттарын батыһыннара сыл­дьан тиэхиньикэҕэ кыра саастарыттан сыһыарбыта, элбэххэ үөрэппитэ. Киэҥ билиилээҕэ, куруук кинигэ, хаһыат ааҕара.

Аҕабыт үчүгэй үлэһит буоларын кыра сааспытыттан билэрбит, киэн туттарбыт. Атын нэһилиэктэргэ тиий­дэхпитинэ, ким оҕотоҕунуй диэн ыйыттахтарына, “Николаев Гаврил оҕотобун” диэтэхпитинэ, “убайбыт, бырааппыт Уол Хаан оҕото” дииллэриттэн соһуйарбыт, киһи барыта билэрин сөҕөрбүт.

Аҕабыт олус оҕомсоҕо, барыларын биир тэҥник күүскэ таптыыра, хос сиэннэрэ бу Орто дойдуттан барыар диэри эһэлэрин сыллыы сылдьаллара, кэллилэр да, хоһугар эһээ-эһээ дии-дии сүүрэллэрэ.

Биһиги аҕабыт киэҥ аймах туллаҥ­наабат тутааҕа, истиҥ-иһирэх сүбэһитэ этэ. Дьоно-сэргэтэ мэлдьи кини ыллыктаах, олохтоох тылынан салайтараллара. Олус уруумсах, биир кэм кэһиилээх-тутуурдаах, эйэҕэс, сахалыы аһаҕас, киэҥ-холку, сымнаҕас буолара. Бииргэ төрөөбүттэригэр олус кыһамньылааҕа, истиҥ сыһыаннааҕа.

Аҕабыт сырдык аатын ыччаттара, кэнэҕэски кэнчээрилэрэ салгыахтара, олоҕун суолун ыраас ыырын баты­һыахтара. Кини сырдык мөссүөнэ, сытыы өйө, сырдык сыдьаайдаах эйэҕэс хараҕа өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр куруук баар буолуоҕа.

Ыарахан ыарыы аҕабытын булбутун аан бастаан 2016 сыллаахха билбиппит, ол кэмтэн тыына быстыар диэри кини хорсуннук кииристэ. Биир да түгэҥҥэ бэринэр туһунан санааны кыбыппата, санаа түһүүтүн чугаһаппата. Кинини эмтээбит, олоҕун уһаппыт быраастар – Чурапчы киин балыыһатын хирургия отделениетын бары үлэһиттэрэ, хирург-онколог Андрей Егорович Захаров, Соловьевтааҕы учаскыабай балыыһа бары үлэһиттэрэ, чуолаан бырааһа Анна Гаврильевна Бахчанен, биэлсэрэ Юлия Титовна Брызгаева. Кинилэр кыһамньыларынан, сатабылларынан аҕабыт күн сиригэр олоҕо уһаата. Кинилэргэ биһиги барыбыт аатыттан махтанабыт.

Тиһэх суолугар атаарыыга күүс-көмө буолбут нэһилиэкпит дьаһалтатыгар, сүбэ-ама биэрэн көмөлөспүт абаҕабыт Михаил Данилович Николаевка, көмүс уҥуоҕун көтөҕөр бары үлэтигэр көмөлөспүт убайдарбытыгар, бы­рааттарбытыгар, аймахтарбытыгар, барыгытыгар, дьиэ кэргэммит аатыттан муҥура суох махталбытын тиэрдэбит.

Кэргэнэ Анна Ивановна, оҕолоро, сиэннэрэ.