Чинчийэр хаһыылары Саха сирин Билим академиятын эспэдииссийэтэ Чурапчы улууһун Хонду үрэҕин кыйа ыытта.
Манна көстүбүт булумньулар истэригэр носорог, бөрө, бизон, антилопа, үүс, сэлии уонна кыыл таба уҥуохтара бааллар. Ону сэргэ, килиимэт уларыйыытыгар дьүһүн кубулуйар кутуйах бииһин уҥуохтара көстүбүттэр. Бу уҥуохтарынан кыыллар төһө саастаахтарын быһаарыахтара. Билигин итилэр хойукку плейстоцен кыылларыттан аҕа саастаахтара сабаҕаланар.
Учуонайдар, көрдүүр үлэни кэҥэтэн, түҥ былыргы киһи олорбут сирин булуохтарын баҕараллар. Онуоха бу сиргэ көстүбүт түҥ былыргы үлэ тэриллэрэ төрүөт буолаллар.
Хаартыска: @yk24ru
Бэйэ кэр.