Икки тыһыынча тоҕус сыллаахха абаҕам бииргэ үлэлиир кэллиэгэтэ көрдөһөн, ороскуотун барытын уйунан, УАЗ микро-оптуобуһунан Үөһээ Бүлүү Далырыгар дуу, Дүллүкүтүгэр дуу туох эрэ таһаҕас, мал-сал илдьэн биэрбитэ уонна төннөн иһэн аныгы кэмҥэ киһи сөҕөр, эмиэ да дьулайа истэр быһылааныгар түбэһэн, өлө сыспыттаах.
Уопсайынан, дьон үксэ абааһыны-иччини үксүгэр былыргы кэми, уруккуну кытта эрэ ситимнээн өйдүүр. Ол гынан баран айылҕаҕа көстүбэт күүс, биллибэт эйгэ билигин даҕаны сүтэ-симэлийэ илик диэххэ сөп. Биир бэйэм абааһыны-дэриэтинньиги илэ көрбөтөрбүн даҕаны, ол-бу тыаһы-ууһу, күлүгү хаста даҕаны көрбүт буоламмын, бэркэ итэҕэйэбин.
Чэ, маннык буолбут.
Абаҕам Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан таһаҕаһын тиэрдэн баран соҕотоҕун төннөн испит. Сарсыарда буолуута утуктуу-утуктуу, улахан эрэйинэн да буоллар, Маҕараска кофелаан баран, син сэргэхсийдим дии санаан салгыы айаннаабыт. Арай син балачча барбытын кэннэ, биир сиргэ кэлэн эмискэ маассыыната бөтөн, кирдиэхтэтэн баран, тохтоон умуллан хаалбыт.
Дайыыл (абаҕам) көлөтө туох буолбутун өйдөөбөтөх, хайдах-хайдаҕый диэн бэркэ дьиибэргээбит. Капотун арыйан, онтун-мантын тардыалаан көрбүтэ эмиэ да барыта этэҥҥэ, таһырдьа тахсан бэрэбиэркэлээбитэ үчүгэй курдук үһү. Онон олорон табаахтаан, «тугум буоллаҕай?» диэн ону-маны эргитэ санаан баран собуоттаан көрбүтэ, массыыната туох да буолбатаҕыныы «быр» гынан кэлбит. Инньэ гынан үөрүүнү кытта айаннаабыт.
Ырааппатах. Сэргэхсийээри муусукатын балачча улаханнык холбоон, тэҥҥэ ыллаһа олорон, хайдах эрэ этин сааһа аһыллан «дьар» гыммыт, иэнэ кэдэҥнээбит, устунан дьагдьайан барбыт. Ону «бу киһи хайдах-хайдах буоллум, аһара кофелаан сүрэҕим хамсаары гынар дуу, үөдэн» дии санаан улахаҥҥа уурбатах. Ол иһэн арай массыына иһинээҕи салону көрдөрөр сиэркилэҕэ хараҕын кээспитэ, доҕоор, куп-кубаҕай сирэйдээх, сайыҥҥылыы таҥастаах дьахтар олорор үһү. Оо, ону көрөн баран, Дайыыл сүрэҕэ уолугунан тахсан бара сыспыт, соһуйбутун, куттаммытын уоҕар илиитин-атаҕын быччыҥнара хамсаппаттыы күүрэн хаалбыттар, ону кытта массыына көрдө-көрбүтүнэн суолтан көппүт.
Ону кини «дьиҥэр, улаханнык куттаммытым, соһуйбутум эрээри, син уруулбун тутуохтаах этим. Ол эрээри киһи аһара улаханнык соһуйдаҕына, быччыҥа барыта күүрэн хаалар эбит, бэйэҥ да билбэккинэн. Мин ол иһин уруулбун хам тутан, гааспын түгэҕэр диэри үктээн суолтан көппүтүм. Хата, арыый бытааннык испитим. Уонна биир дьиктитэ диэн, санаабар, наһаа уһуннук сууллубутум. Хайдах эрэ барыта бытааран, массыына-мотуор тыаһа кыччаан хаалбыт курдуга» диэн кэпсээбиттээх.
Дайыыл массыыната түҥнэстэн сытарын КамАЗтаах дьон булан өрүһүйбүттэр этэ. Массыыната төһө даҕаны кэнсиэрбэ бааҥката хомуллубутун курдук буоллар, дьолго уонна киһи соһуйуох, абаҕам тугун да өлөрбөтөх. Арай көлөтүттэн ороон таһааралларыгар бап-бабыгырас уонна манна, куоракка аҕалыахтарыгар диэри, баттаҕын аҥаара маҥхайан тахсыбыта үһү.
Билигин баттаҕа бүтүннүү маҥан уонна ол күнтэн ыла долгуйдаҕына-ыксаатаҕына, кэлэҕэйдээн барар буолбут.
ВИЛЬЯМ.