Киир

Киир

   Бу түбэлтэни мин аҕыйах сыллааҕыта сылгыһыттар базаларыгар хаартылыы олорон истибитим. Биир оҕонньор кэпсээбитэ. Кырдьык буолуохтаах. Сымыйаччы дьүһүнэ суох кырдьаҕас этэ. Ол кэпсээни хайдах истибиппинэн тиэрдэбин.
 
   – 50-с сыллар бүтүүлэригэр дьонум холкуос ферматыгар, нэһилиэк кииниттэн 5 килэмиэтирдээх Хардаҕас Балаҕан диэн сиргэ олорон үлэлииллэрэ. Инньэ гынан, оскуолаҕа сатыы сылдьан үөрэнэрим. Дьиҥинэн, интэринээккэ олорон да үөрэниэххэ сөп этэ да, мин үксүн сатыы кэлэ-бара сылдьабын. Таһаҕас гыммаппын. Кыһын улахан тымныыларга эрэ бөһүөлэккэ баар аймахтарбар хоно-өрүү түһэбин, онтон атын кэмҥэ көр-нар кэриэтэ элэстэнэбин. Үксүн, фермаҕа олорор оҕолору кытта хаһыа да буолан аргыстаһан сылдьабыт. Оскуолаҕа биһигини, Хардаҕас Бас ферматын оҕолорун, судургутук «хардаҕастар» диэн ааттыыллара.
   Ол дьыл мин 7-с кылааска үөрэ­нэрим. Оскуолабыт 7 кылаастаах буолан, оскуоланы бүтэрэр сылбар этэ. Онон улахан киһибин. Сааһым, бука, 16-м эҥин буолуо, икки сыл кылааспын хаалбытым. (Ол саҕана кылааһыгар хаалбатах оҕо да диэн бэрт дэҥҥэ баар буолара)... Ити билиҥҥинэн «Кириһиэнньэ тымныыта» дэнэр кэм быһыылааҕа. Таҥаһым-сабым мөлтөх киһи, дэлби тоҥон-хатан, Хардаҕаһым диэки сүүрэ-хаама былаастаан бэдьэйэн истим. Соҕотохпун. Илиим тоҥоро бэрдин иһин, үөрэнэр бартыбыалбын аара хаарга көмөн кэбиһэн баран, сарсыныгар ылан ааһабын. «Дьиэҕэ үлэ» эҥин диэннэрин букатын да толорбот быһыылааҕым.
   Кыһыҥҥы күн бэрт түргэнник ха­раҥаран барда. Быһалыыбыт диэн ааттаан, биһиги оҕолор сыарҕа суолунан буолбакка, ойуур быыһынан барар кыракый омоох суолунан сылдьабыт. Онно аара чагдаҕа баар былыргы киһи уҥуохтара – суолбут саамай кутталлаах учаастага. Мин киһи уҥуохтаах сиһи төлө түһэн, улахан от үрэх ырааһыйатыгар киирдим. Мантан фермабыт баара-суоҕа 1 килэмиэтир эрэ курдук. Түргэтээтим. Арай, көрдөхпүнэ, суолум ортотугар туох эрэ харааран көстөр... Чугаһаан кэлэн көрбүтүм, олус куһаҕан таҥастаах, төбөтүгэр былааттаах, 7-8 саастаах кыра уол оҕо суолум ортотугар кэриэтэ, тоҥуу хаарга олорор эбит! Бачча түптэлэс тымныыга ким аара суолга быраҕа барбыт оҕото эбитэ буолла! Үлүйэн өллөҕө! Сүүрэн кэриэтэ тиийэн, уолбун туруору тартым. Ыйааһына наһаа чэпчэки курдук санаабытым. Тугу гына олорорун, кимин-тугун ыйыталаһа сатаатым да, уолум дэлби тоҥон уоһа ыпсыбат, саҥарар да кыаҕа суох. «Сиэнчикпин» эрэ диэбитин истэн хааллым. Уҥуох сула сирэйэ дэлби тоҥон, омунугар, харааран хаалбыкка дылы этэ. Ити курдук үлүйбүт дьүһүннээх киһини кэлин хаһан да көрбөтөҕүм.
Уолу илиититтэн харбаан ылан, дьиэм диэки дэллэриттим. Сүүрэр-хаамар икки ардынан иһэбит да, уолум хата хаалсыбакка тэҥҥэ түсүһэн иһэр. Сотору фермабыт дьиэлэрэ барыаран, кыымнара сандааран көһүннүлэр...
   Мин, бука, кинини хас да ыал дьу­каахтаһан олорор бэйэбит уопсай дьиэбитигэр илдьиэм эбитэ буолуо да, уолум дэлби тоҥон бөҕүөрбүт уоһунан «Ньукууһалаахха барабын» диэтэ. «Ээ, хата, билэр дьонноох эбит дии... Ээ, Ньукууһа ыаллыы нэһилиэккэ аймахтардаах дииллэрэ. Олор оҕолоро кэлэн бу муна сырыттаҕа буолуо», – дии санаатым. Ньукууһа диэн кырдьаҕас от тиэйээччи оҕонньор эмээхсинин кытта иккиэйэҕин биһиги Хардаҕас Балаҕаммытыгар олороллоро. Туох да оҕото-уруута суох дьон. Кэлин Ньукууһа улаханнык ыарытыйар сураҕа баара.
   Уолбун сиэппитинэн бэйэм барыахтаах суолбуттан туораан, хотоннор кэннилэригэр, тыа саҕатын диэки баар Ньукууһалаах балаҕаннара барыйан турарыгар тиийдим. Ол дьон былыргылыы көмүлүөктээх балаҕаҥҥа олороллор этэ. Ити кэмҥэ халлаан лаппа хараҥарда. «Дьэ, кэллибит, манна олороллор», – диэн баран уолбар балаҕаны ыйан көрдөрдүм. Уолум туох да саҥата-иҥэтэ суох, бэрт сорунуулаахтык балаҕан диэки бэйэтэ салгыы хааман бара турда. Хайдах эрэ, оҕоҕо майгыннаабаттык догдоччу туттарын-хаптарын, атаҕын наһаа чэпчэкитик өрө көтөҕөлүүрүн кэнниттэн көрөн туран, тоҕо эрэ, ис испиттэн этим сааһа тымныйталаан, дьагдьайан ыллым. Уолум хараҥаҕа тиийэн көстүбэт буолбутун кэннэ, дьиэм диэки түһүнэн кэбистим...
   Дьиэбэр кэлэн эбэм эмээхсиҥҥэ аара суолтан биир оҕону булан Ньу­кууһалаахха аҕалбыппын кэпсээбитим да, сэҥээрбит быһыыны биллэрбэтэҕэ. Аахайбатаҕа.
   ... Сарсыныгар бөһүөлэккэ үөрэнэ сылдьан, биһиги фермабытыгар Ньукууһа оҕонньор өлбүт сураҕын истэн соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум. Бөлүүн түүн өлөн хаалаахтаабыт. Кэлин истибитим, ол кини өлөр киэһэтигэр ханнык да оҕо ыалдьыттыы кэлбэтэх. Арай, оҕонньордоох былыр эдэр эрдэхтэринэ 7-8 саастаах уоллара кыһын ойбоҥҥо сүөһү уулата сылдьан ынахха кэйдэрэн баран үлүйэн өлбүт үһү. Ол оҕо эрэйдээх ынахха кэйдэрэн баран, тымныыга хаар устун дьиэтин диэки сыылла сатаан баран, бэрт кыранан тиийбэккэ үлүйэн өлөн хаалаахтаабыт. Ол уолларын аата Сэмэн, атыннык эттэххэ, Сиэнчик диэнэ эбитэ үһү.
   Быһата, ол оҕо аҕата өлөрүн түүйэн (баҕар, «илдьэ бараары» буолуо) аара баар былыргы киһи уҥуохтарыттан «тахсан» олорорун, мин сирдээн тиэрдэн биэрбиппин.