Киир

Киир

Аныгы үйэҕэ дьон кирэдьиити, сойуому элбэхтик ылан туһанар. Дьиҥэр, сатаан туһанар дьоҥҥо бу олус көмөлөһөр. Ол түмүгэр, биир киһи эбэтэр бүтүн дьиэ кэргэн хас даҕаны кирэдьиити төлүүр түгэнэ үөскүүр. Онтулара араас баантан үрдүк бырыһыаҥҥа бэриллибит кирэдьииттэр буолуохтарын сөп. Бу үлэҕэ-хамнаска, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр охсуулаах буолара саарбахтаммат. Сорох дьон, ону эрдэ өйдөөн, баан «хаттаан үбүлээһин» (рефинансирование) диэн ааттаах өҥөтүн туһаналлар. Cудургутук быһаардахха, бу үрдүк бырыһыаннаах кирэдьиити эбэтэр хас даҕаны кирэдьиити сабарга анаан бэриллэр быдан барыстаах саҥа кирэдьиит буолар.

Ол туһунан сиһилии быһаарыыны олохтоох «Алмазэргиэнбаан» биэриэҕэ.

Хаттаан үбүлээһин (рефинансирование) хайа түгэҥҥэ ирдэнэрэ

  • Хас даҕаны кирэдьиити ылан баран, төлөбүрүн ыарырҕатар түгэҥҥэ

Араас болдьохтоох, кээмэйдээх хас даҕаны кирэдьиити төлүүр уустуктардаах. Сууматын оросчуоттуурга да, болдьоҕун тутуһарга да табыгаһа суох. Бутуллан да барыахха сөп. Дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр охсуулаах буолара саарбахтаммат. Ол иһин хаттаан үбүлээһини ылан хас да кирэдьиити биир кирэдьиит оҥорон, төлөбүр кээмэйин кыччатыахха уонна биир күҥҥэ төлүөххэ сөп.

  • Кирэдьиит болдьоҕун уһатан ыйдааҕы төлөбүрү кыччатар кыһалҕа үөскээтэҕинэ

Манна төлөбүр уопсай сууммата (болдьох бүтүүтэ бырыһыанын барытын ааҕан туран) улаатыан, оттон ыйдааҕы төлөбүр биллэрдик кыччыан сөп. Онуоха кирэдьиити сорҕотун эбэтэр барытын эрдэ төлөөн сууматын кыччатар кыах баарын умнумаҥ.

  • Бырыһыан төлөбүрүгэр барыһырыаххытын баҕардаххытына

Үксүгэр кирэдьиит хаартатын лимиитэ хамнастан төһө эмэ улахан буолар, оттон төлөнөн бүтэр болдьоҕо чопчута суох. Бэриллибит чэпчэтиилээх кэмҥэ сууманы барытын ууран биэрэр ардыгар кыаллыбат. Оччоҕуна толору бырыһыаннаах төлүүргэ тиийиллэр. Ыйдааҕы булгуччулаах төлөбүр бырыһыаҥҥа барар, сүрүн иэс көҕүрээн испэт. Итинник хаамыынан иэһи сабыы болдьоҕо уһаан-кэҥээн хаалар. Ол иһин кирэдьиит хаартатын чопчу болдьохтоох уонна кыра бырыһыаннаах хаттаан үбүлээһин (рефинансирование) ньыматынан сабыахха сөп.

Хаттаан үбүлээһин (рефинансирование) көннөрү кирэдьииттэн уратыта

Хаттаан үбүлээһин (рефинансирование) диэн тус сыаллаах кирэдьиит буолар, онон атын кирэдьииттэри сабарга эрэ бэриллэр. Ол эбэтэр, баан урукку кирэдьииттэргит чахчы сабыллыбыттарын–суоҕун бэрэбиэркэлиир.

Көннөрү кирэдьиити биэриэх иннинэ баан дохуоккут төһө чааһа кирэдьииккэ барарын ааҕар-суоттуур. Иэскит төһөнөн аҕыйах да, оччонон көннөрү кирэдьиити ылар кыах улаатар. Иэскит элбэх буоллаҕына, олох даҕаны биэрбэттэр. Оттон хаттаан үбүлээһини ааҕыыга сабыахтаах кирэдьииккит кээмэйин иэс ахсааныгар киллэрбэттэр. Маны таһынан, сорох бааннар килийиэннэргэ эбии чэпчэтиилэри туһаналлар.

Холобура, «Алмазэргиэнбааҥҥа» бастакы төлө­бүр болдьоҕун эһиги баҕаҕытынан үс ыйга тиийэ сы­ҕарытыахтарын сөп. Ол эбэтэр, хаттаан үбүлээһини муус устар ыйга ылан баран, бастакы төлөбүрүн бэс ыйыгар төлүөххэ сөп.

«Алмазэргиэнбаан» хаттаан үбүлээһини кирэдьиит атын көрүҥнэригэр эмиэ туһанар

Хаттаан үбүлээһини туһанан кирэдьиит маннык көрүҥнэрин сабыахха сөп:

– күннээҕи кыһалҕаҕа туттуллар (потребительскэй) кирэдьииттэри,
– кирэдьиит хаарталарын уонна овердрафтары,
– потребительскэй кээпэрэтииптэр, тыа хаһаайыс­тыбатын кээпэрэтииптэрэ биэрбит сойуомнарын,
– ипэтиэкэ кирэдьииттэрин (холобура, хамсаабат баайы-дуолу солуоктан босхолоон түргэнник атыылыырга).
 

Маны сэргэ, «Алмазэргиэнбаан» биэрбит кирэдьиитигэр эмиэ хаттаан үбүлээһини туһаныахха сөп. Хаттаан үбүлээһин иитинэн үбү эбии уу харчынан иэс ылыы көрүллэр.

Сиһилии «Алмазэргиэнбаан» аан ситимигэр билсиҥ: https://www.albank.ru

*Төлөбүрдээх матырыйаал