Хоту дойду дьоно барахсаттар урут табанан аһаан-таҥнан, бур-бур буруо таһааран, төрөтөр оҕону төлкөлөөн олордохторо. Омуна-төлөнө суох эттэххэ, табаларын үҥэр таҥара оҥостоллоро. Бөрүкүтэ суохха, мэһэйгэ-харгыска түбэспит буоллахтарына, ийэ-хара көлөһүннэрин тоҕон туран быыһыыр, өрөһүйэр аатыгар түһэллэрэ.
Үөһээ Дьааҥы Боруулааҕар олорор Василий Юмшанов-Хонтой уола икки суруйуутун «Сонорго» таһаарабыт. Табаһыттар тустарынан. Олоххо, чахчы, буолбут түбэлтэлэр.
Суор
Кыһын. Хараҥанан эргийэр кэм. Дьиҥэ, баччаларга бүтэй чуумпу күн-дьыл туруохтаах этэ да, бу аҕыйах хонукка хаардаан, тибэн ылла. Суор хаалбыт сириттэн суол таһаара сатаан, уһаан хааллым.
Биирин туола илик уолум таба тэллэххэ аҕыйах хардыыны оҥорорун ис-испиттэн манньыйа көрөбүн.
– Аҕаҕар бар эрэ, – диэт, ийэтэ уолун илиитин сэрэнэн ыытар. Оҕо, аҕыйах хардыыны оҥороот, тутан ыларбын билэр – ыытынан кэбиһэр. Тэҥҥэ үөрсэр. Өссө хаамтарыам этэ да, ийэтэ «оҕо сылайыа» диэн тохтотор.
Кылгас күннэргэ таба ыыра кыарыыр. Бүтэн турарын кэриэтэ. Тэйиччи турар суума табаны көрө бардым. Суолу-ииһи таһынан хайан баран төннүөх курдук, тумул үрдүнэн хаамтардым. Ол иһэн син ыраахтан суордар көтө-көтө түһэллэрин көрөн, бөрүкүтэ суох туох эрэ буолбутун сэрэйдим.
* * *
Чугаһаан истэхпинэ, икки суор саҥара-саҥара көтөн тахсан хаппыт тииккэ олордулар. Тыһы таба төбөтө хамсыыр. Аҥаар хараҕын дьөлө хаһан, түүтүн тула ыспыттар. Ойоҕоһун диэкинэн тэһэн, быарын-бүөрүн тоҥсуйбуттар. Кэннин орообуттар. Табаны тэһэ кэйэн, эмсэ сирин таарыйбыттар. Маннык түбэлтэ дэҥҥэ буолааччы. Таба өлөрүн кэтэспэккэ, кыаммат буолбутун туһанан, суордар кэбилээтэхтэрэ сүрүн. Туоһапкабын хаба тардан ылаат, суордар диэки туһаайаат, ытан саайдым. Таптым дии санаабатым эрээри, биир суор тарыкынайан түстэ. Ытым бараары гыммытын буойдум. Кынатын тосту ыттарбыт суор кирийэн, төбөтүн ньыкытан хаарга олорорун көрдүм. Уучах тайаҕын төбөтүнэн аспыппар саҥара-саҥара хаампытынан барда.
– Мин эйигин көтөрдөртөн эрэ сүдүлэрэ дии саныыр этим. Эр бэрдэ буолан, итии дойдуга кыстыы барбакка, бу тус хоту сири таптаан, төрөөн-ууһаан олордоҕо дии саныырым. Онтум ханна баарый?! Айыы табатын ити курдук кэбилээбиккин. Саатар, өлөрүн кэтэспэтэххин, – дии-дии, уучаҕынан тирээн, батыһан иһэбин. Суорум этиһэр курдук, биир кэм саҥара иһэр.
– Табаны эрэйдээбитиҥ, аны эн кини кэбин кэт, – диэн баран, суорбун алыы ортотугар тыыннаахтыы хааллардым. Иккис суор хаһыыта балачча ыраатыахпар диэри иһиллэ хаалла.
* * *
Балааккабар тиийбитим, дьонум ытаһа олороллор.
– Оҕобут эмискэ туох эрэ буолла. Таһырдьа мас кыстыы сырыттахпына, холорук тыал кэлэн ааста. Олус соһуйдум. Баччаларга холорук түһэр эбит дуу диэн санаан истэхпинэ, оҕом өрө сарылыы түстэ, – диэн кэпсээннээх буолла кэргэним.
Оо, дьэ, саҕаланна эбээт, туймарҕаннаах олох. Оҕо көтөхтөн түспэт. Үс күннээх түүн чүмэчи курдук өрө тута сырыттыбыт. Утуйуу да, киһилии аһыыр да диэн суох. Маҥнай утаа арыый сэниэлээх эрдэхпитинэ, этиһиэх курдук этибит да, ол да кэлин мэлийдэ. Тыа сирэ, онно эбии мин үчүгэйим-куһаҕаным барыта ахтылынна. Дьахтар тура ытыырга барда. Оҕо букатын нукаай буолан хаалаахтаата. Күн-түүн булкулунна.
* * *
Киирэ-тахса сылдьан, санаабар эбитэ дуу, суор саҥатын истэргэ дылы гынным. Саҥата-иҥэтэ суох хомуммутунан бардым. Хаһан да арахсыбат ытым бу күннэргэ күрүө намыһахтыы мөҕүллүбүт, таарыллыбыт быһыылаах, ылы-чып сылдьар. Батыһыах курдук буолан иһэн, хааллар-хаалан, кутуругун кумуччу туттан дьиэтин диэки хайыста. Ыҥыран көрдүм, кутуруга дьиэтин диэки субуруйа турда.
Суор хаалбыт сириттэн суол таһаара сатаан мэлийдим. Кэлтэ эбитэ буоллар, суоллаан булуо этэ диэн ыппын мөҕөбүн. Үс күн утуйбатах киһи, төбөм куу-хаа. Тугу гыныахпын да билбэт курдукпун. Суор саҥатын иһиттим. Илэ-чахчы. Көрбүтүм – нөҥүө тумулга, тииккэ суор олорор. Суор диэки туһаайыынан хааман истэхпинэ, ньаҕаччарбыт суор кынатын соһон барбыт суола дьэ көһүннэ. Сыгынах анныгар киирэн өлбүт. Хайдах эрэ хараҕым сырдаан ылла. Уот оттон чэй оргутуннум. Билэрбинэн-билбэппинэн сир-дойду иччилэрин алҕаатым. Урукку өбүгэлэрбин барыларын аҕынным. Сыыспыппын билинним. Күүс-көмө буолалларыгар көрдөстүм. Суорум тумсугар сыа кыбытан, тириигэ суулаан баран, тиит төргүү мутугар ыйаан кэбистим. Иккис суорга сыалаах эт хааллардым.
* * *
Тыаһы-ууһу истэ-истэ, сэрэнэн балааккабар кэлбитим – уу чуумпу. Оһох турбатыттан кыым тахсыбат. Хабыс-хараҥа. Кэлбиппин биллэрэн обургу соҕустук ыппын мөхпүтэ буоллум, тыастаахтык тэбэнэн балааккабар киирдим. Оһох үрдүгэр турар күөс, чэй сойбута ырааппыт. Чүмэчи умайан бүппүт. Саҥа чүмэчини уматтым. Оһохпун тыастаах соҕустук аһан-сабан отуннум.
– Оҕобун эмнэрэ олорон, олус күүскэ утуйан хаалбыппын. Хайдах сыппыппын өйдөөбөппүн, – диэтэ кэргэним.
Кэргэммин сыллаан ыллым. Онтон уолум сүүһүгэр төҥкөйөн истэхпинэ, кэргэним: «Оҕону уһугуннараайаҕын», – диэн мөхпүтэ буолаахтаата.
* * *
Буспут эмис эт сыта муннубар билиннэ, оргуйбут чаанньык хаппаҕа омуннаахтык лабыгыраан барда.
Бөрө бытата
Нөксөлгөн. Таба ыстаадата. Төрүөх этэҥҥэ ааһан, сааскы көһүү саҕаланна. Тыаҕа, ордук ыстаада турар сиригэр, саас барахсан өрүһүспүттүү, омуннаахтык кэлэр. Ол быыһыгар хаардаан да турдаҕына көҥүл. Сарсыарда уллуҥаххын эрэ сабар уу, кыратык ардаатаҕына, киэһэ төннөргөр мотуоктаан, хаайан кэбистэҕинэ да соһуйбаккын.
* * *
Таба – олус дойдумсах кыыл. Сыл аайы тохтоон ааһар сирбитигэр көһөн кэлэн балааккаларбытын туруортаатыбыт. Суума табаны (үөр табаны) сурт таһыгар эргитэ сырыттахха, саҥалара-иҥэлэрэ хойдор. Этэҥҥэ кыһыны туораан, төрөөн-ууһаан билэр сирдэригэр кэлбиттэрэ тута көстөр. Уоскуйан, сыта түһэн баран, тумулларыгар таҕыстылар.
Саҥа кэлбит сирбитигэр бөрө баара билиннэ. Күнүс табалары хомуйан балааккалар диэки үүрэн истэхпитинэ, туора ойоллоруттан үрэх кумаҕын киирэн көрдүбүт. Икки бөрө баар эбит диэн быһаардыбыт. Күнү быһа табаларбытыгар сылдьабыт. Киэһэ онон-манан улахан уот оттобут. Өр буруолаатын диэммит, инчэҕэй бөдөҥ мастары охторон уокка эбэбит. Дулҕалаах арыылары өртүүбүт. Өртөммүт сиргэ таба таптаан сиир ото, хара төбөлөөх чуурукта көрөн турдахха, быгыалаабытынан барар.
Үһүс күммүтүгэр Сахаар бөрөлөр быталарыгар түбэспиппитин эттэ. «Түүн оҕолоругар кэлиэхтэрэ. Тоһуйа туран ытыахха», – диэн сүбэлэстибит. Киэһэ аҕа саастаахпыт Ылдьаа хоно барда. Сарсыарда: «Эмискэ кэлэн, ыппакка хааллыбыт. Атыыр бөрө үс атахтаах. Адьырҕалара сүр. Киһиттэн толлубакка кэлииһилэр», – диэтэ. Иккис түүммүтүгэр эдэр уол Валера барда. Сарсыарда уолбут: «Түүн олус тоҥоммун, чэй оргутунан иһэ олордум. Ол кэмҥэ түбэһэ кэлэннэр, үрдүлэринэн эрэ ытан хааллым. Туоһапканан ыппытым буоллар, саатар, биирдэстэрин табыам этэ», – диэн кэпсээтэ.
Үһүс түүн Сахаардыын бардым. Бөрө бытатын урут көрө илик киһи долгуйарым сүрдээх. Үрэх иһигэр, мин көрдөхпүнэ, уу алдьаппыт куолаҕайын намыһах хайаҕаһыгар, тыһы бөрө киирэн төрөөбүт. Биир бэйэм өйдөөн көрүө суох эбиппин. Быта иһэ кыараҕас. Бөрө оҕолоро биир сиргэ суулаһан сыталлар. Киһи илиитэ холкутук тиийэр кыахтаах. Сахаар тоһоҕо мас саайан баран, бөрө оҕотун таһааран, өртөөн кэбистэ. Бөрө оҕото ньааҕынаабытынан барда. Бөрөлөр хантан кэлэллэрэ биллибэт. Онон икки аҥыы олордубут. Мин долгуйуу, кэтэһии бөҕө буоллум. Киһим урут ытара буоллар, дии саныыбын. Мин сыыһа ытан кэбистэхпинэ, сылы быһа арахпакка ыыстыахтара диэн сэрэнэбин.
* * *
Ити икки ардыгар халлааммыт хаардаан барда. «Кэл, чэйдиэххэ» диэн киһим хаһыытаабытын үөрэ иһиттим. Өртөммүт бөрө оҕото көһүйэн, саҥата иһиттэн кыайан тахсыбат буолбут. Инчэҕэй хаар тохтоло суох түһэр буолан, уоппутун быспатыбыт. Бөрөлөр биллибэтилэр. Бөрөлөр кэлбит да буоллахтарына, уот оттунан уучахтаах олорор дьоҥҥо хайаан чугаһыахтарай.
Сарсыардааҥҥа диэри биир эрэ бөрө оҕото тыыннаах тиийээхтээтэ. Ол даҕаны биллэр-биллибэттик тыынан сырдыргыыр. Бөрө оҕолорун сүлэн, дьааттаталаан баран, бэйэлэрэ дьаһайдыннар диэн, быталарыгар угаттаан кэбистибит. Хомуна туран көрбүтүм, киһим сирэйэ-хараҕа уларыйбыт, кута-сүрэ тостубут көрүҥнээх. «Өй быһаҕастар улахан сыыһаны оҥордубут быһыылаах», – диэтэ. «Ээ, чэ, ону-маны иччилээн. Кинилэр даҕаны кыһыннары-сайыннары сорбутун сордууллар», – диэччи буоллум. Сэбиэскэй оскуоланы ааспыт хомсомуол буоларбынан өттөйөн.
* * *
Ити итинэн ааста. Дьоммутугар тиийбиппит, көһөөрү бэлэм олороллор эбит. Сис нөҥүө атын үрэххэ түһэн хааллыбыт. Аҕыйах хонукка кэтэннибит да, бөрөлөр биллибэтилэр.
Сайын кэлэн, кэм-кэрдии биллибэккэ устан истэ. Эппит бүтээри хаайан, Миитэрэйдиин биир хонук эрдэлээн, саҥа сиргэ тиийдибит. Бултаан хоннубут. «Бу бэйэлээх ардахха көс дьоно кэлбэттэр ини» дэһэ олордохпутуна, дьоммут соһуччу тиийэн кэллилэр. Хаамара чугаһаабыт, бары олус таптыы көрөр оҕобут – Сахаар этиргэн оҕото – улаханнык ыалдьыбыт. Икки-үс хонук көһүтэн көрдүбүт да, оҕо өрүттүбэтэ. Араадьыйа сибээһинэн бөртөлүөт ыҥыран, Сахаардаах дьиэнэн көтөн хааллылар. Сайын бүтүүтэ оскуолаҕа киирэ илик кыыстарын эрэ сиэтэн кэлээхтээтилэр.
* * *
Ыстаада олоҕо диэн, кыһыннары-сайыннары биир да өрөбүл күнэ суох тура атаҕыҥ үрдүгэр сылдьар үлэ. Кыһын Чэбилик диэн сиргэ быыс бүтэйгэ балааккаланан харабыллыы сытабын. Халлаан сырдаата да, быыс бүтэйбин кыйа кэрийэн көрөбүн. Утары бараммын, табалары өрө үүрэн кэбиһэбин. Киирэ-тахса сылдьан, уҥуоргу ойуурга хараҕым хатанан ылар. Онно киһи араҥаһа баар. Саллар курдукпун. Түүн бөрөлөр улуйдулар. Араҥас баар сирин диэки.
Түүн сыарҕалаах табанан Сахаар кэргэниниин кэллилэр. Миигиттэн аллараа масчыт нууччалар, «лазолар», кыстаан сыталлар. Кинилэргэ сылдьыбыттар. «Ыарыйдым. Сарсын Баатаҕайдыыр буоллубут», – диэтэ дьахтар. Тумуу да киирэн ылбат дьахтара эмискэ ыалдьыбытыгар соһуйдум. Уку-суку чэйдээбитэ буолаат, дьонум бардылар. «Этэҥҥэ буолаа инилэр» диэн санаалаах кэннилэриттэн батыһа көрөн хааллым.
Хойутуу Сахаар соҕотоҕун тахсан хомунна. «Сирим-дойдум кырыы хараҕынан көрдө. Сатаныа суохпун. Сыһыыга киирииһибин» диэн арахта.
Бэлэмнээтэ, сурукка тистэ Диана КЛЕПАНДИНА.