Кулун тутар 14 күнүгэр Табаҕа тумуһугар баар “Улуу Тоҕой” этно-култуурунай комплеска үс дьоһун тэрээһин буолан ааста. Ол курдук “Кубок Льда – 2020” диэн суола-ииһэ суох сиринэн айанныыр массыыналарынан экстремальнай трек-квест уонна Булуҥ улууһа төрүттэммитэ 90 сылыгар, Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт Дьокуускай-Дьааҥы-Тиксии хайысханан экстремал-хайыһардьыттары ыраах айаҥҥа атаарыы сиэрэ-туома ыытылынна. Ону таһынан, “Вкус Арктики” диэн балык миинин бэстибээлэ үгүс дьон болҕомтотун тарта.
“Кубок Льда – 2020” айан маршрута Дьокуускайтан саҕаланан Тиксии бөһүөлэгэр Ледовитай акыйаан биэрэгэр түмүктэниэхтээх. Кыттааччылар туундаранан, суола-ииһэ суох сирдэринэн, уопсайа 5574 км айанныахтара. Хас биирдии кыттааччы кэрдиистэр ыккардыларыгар маршрутун бэйэтэ оҥостор уонна хонтуруоллуур туочукаларга бэлиэлэри хаалларар. Быйылгы күрэхтэһиигэ алта хамаанда кыттар: Василий Смолин – Toyota Land Cruiser 105, Евгений Муратов – Nissan Pathfinder, Алексей Тухватуллин, Дмитрий Кунченко – Toyota Hiace, Андрей Кунченко, Денис Кунченко – Toyota Hiace, Егор Кардашевский – УАЗ, Владимир Коваленко – Toyota Land Cruiser .
Тэрийээччилэр: Булуҥ улууһа, Арктическай кластеры сайыннарар бырайыактыыр офис, “Якутская Арктика” ” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү, “Улуу Тоҕой” этно-култуурунай комплекс, СӨ урбаанын, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ, “Ситим” медиа-бөлөх. Сүрүн бирииһи “Восход” ХЭУо туруорда.
Хамаандалар 1.000.000 солк уонна “Кубок Льда” ылар иһин күрэхтэһэллэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, СӨ урбаанын, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирин бастакы солбуйааччы Максим Карбушев, СӨ Арктика сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Сергей Неустроев, Булуҥ улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Аркадий Алексеев, норуот дьокутаата Мария Христофорова, “Якутская Арктика” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү бэрэсидьиэнэ, норуот дьокутаата Владимир Членов ыалдьыттаатылар, баҕа санаа бастыҥын эттилэр.
ДьУоКХ хамаандата икки массыынанан кыттар. Ол туһунан хамаанда чилиэттэрэ Ян Чириков уонна Василий Смолин маннык кэпсииллэр: “Биһиги УАЗ уонна Toyota Land Cruiser 105 массыынанан айаҥҥа турунаары сылдьабыт. Икки экипажтаахпыт. Бастакы кыттыыбыт эрээри, билэр суолбут буолан улаханнык долгуйбаппыт, тулуһар инибит диэн эрэллээхпит, 100 % бэлэммит. Кыттааччыларга көнө суолу баҕарабыт. Ким күүстээх ол кыайдын!”.
Тиксиигэ диэри хайыһарынан...
Биэс киһилээх экстремал-хайыһардьыттар экспедицията Уус Алдан, Томпо, Дьааҥы, Булуҥ улуустарынан, икки ый курдук быһа холоон 2500 км айанныахтара. Былаан быһыытынан ыам ыйын 9 күнүгэр Тиксиигэ тиийиэхтээхтэр.
Экспедиция салайааччыта, СӨ үөрэҕин туйгуна, СӨ физическэй култуура туйгуна, Булуҥ улууһун бочуоттаах олохтооҕо Валерий Самойлов. Хамаанда чилиэттэрэ: Василий Самойлов –Тиксиитээҕи култуура уонна спорт киинин (КСК) тренерэ, Сим Шамаев – КСК тренерэ, Максим Кириллин – байыаннай сулууспалаах, Иван Голиков – Таймылыыр орто оскуолатын физкултуура учуутала.
Айаҥҥа төһө бэлэмнээхтэрин туһунан Сим Шамаев маннык кэпсиир: “Мин Булуҥ улууһун Күһүүр нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Билигин Тиксиигэ үлэлии-хамныы сылдьабын. Биһиги сыл аайы учаастактарынан, дэриэбинэлэринэн хайыһардыыбыт. Онон бары үөрүйэхтээх уолаттарбыт, спортсменнарбыт. Бу айаҥҥа хас биирдиибит волокушалары соһон барыахпыт. Манна саамай наадалаах малбытын-салбытын ыллыбыт. Ол курдук утуйар таҥаспыт, мөһөөччүкпүт, уларыттар таҥаспыт, табабыт тириитэ, икки балаакка, аһыыр иһиппит. Аспытын кууһунан атыылаһан Кылайыга ыыппыппыт уонна хас дэриэбинэ аайы ас атыылаһан аһыахпыт. Ону таһынан, икки саалаахпыт. Утуйарбытыгар биир киһи харабылга олорор буолуоҕа. Оннук иккилии чаас бэйэ-бэйэбитин солбуйса сылдьан айанныахпыт. Харабыл киһи уот оттон итии чэй куруук баар буоларын хааччыйыахтаах. Тиксиигэ ыам ыйыгар диэри хаардаах буолар. Онон онуоха диэри хайыһарынан айаннаан тиийиэхтээхпит”.
Салайааччы Валерий Самойлов: “Хамаандам олус эдэр. Биһиги бу ыраах айаҥҥа турунарга бэлэммит. Бу экспедиция Улуу Кыайыы 75 сылыгар, Булуҥ улууһа төрүттэммитэ 90 сылыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бэриниилээх буолуу сылыгар ананар. Мин ыам ыйыгар 60 сааспын туолабын. Онон үбүлүөйдээх айаным буолар”.
Бэлиэтээн этэр буоллахха, Валерий Васильевич бу хайысханан биэс төгүл айаннаабыт улахан үөрүйэхтээх киһи. Онон бу айан ситиһиилээх буолара саарбахтаммат.
Балык миинин бэстибээлэ
Ону таһынан, “Вкус Арктики” диэн эрэгийиэннээҕи Арктика күнүгэр анаммыт, балык миинин куоҥкурус-бэстибээлэ ыытылынна.
Манна Аллайыаха улууһун биир дойдулаахтар түмсүүтэ уонна Булуҥ улууһуттан төрүттээх, урбаанньыт Алексей Птицын “Хоту балык” диэн тэрилтэтинэн кытыннылар. Людмила Казак хамандыырдаах Аллайыаха хамаандата үс араас балык миинин, ону таһынан, балыктаах бурдук ас арааһын оҥорон мустубут дьону күндүлээтилэр. Аллайыахалар саамай түмсүүлээх буолалларын өссө төгүл бигэргэттилэр.
Оттон аҕыс киһилээх Алексей Птицын хамаандата бары бииргэ төрөөбүттэр. Кинилэр Булуҥ улууһун Сииктээх нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр. 12 киилэ ыйааһыннаах тууччах (нельма) балыгы аҕалан үгүс дьону соһуттулар.
“Балыгынан дьарыктаммыппыт номнуо үс сыл буолла. Улууспут аатыттан кытта сылдьабыт. Биһиги ордук арктическай уомулу атыылыыбыт. Оттон манна балык арааһын аҕаллыбыт”, – диэн Алексей кэпсиир.
Кыттааччылар бэлэмнээбит астарын “Седьмое небо” эрэстэрээн шеф-повара Иван Решетников уонна урбаанньыт, алтыс эрэсэрээттээх повар Николай Слепцов дьүүллээтилэр. Ол түмүгүнэн доҕордоһуу кыайда.
Тэрээһини “Күндээрэ” ырыа ансаамбыла уонна Тулагытааҕы култуура дьэтин “Тэтим” үҥкүү бөлөҕө киэргэттилэр.
Күн иккис аҥаарыгар “Улуу Тоҕойго” СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, СӨ урбаанын, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Ирина Высоких ыалдьыттаатылар. Кинилэри Муусука үрдүкү оскуолатын үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ эдэр кэскиллээх салайааччыларын алгыстааһын сиэрэ-туома ыытылынна.
““Северная мозаика” өрөспүүбүлүкэ биир ураты, историческай сирэ буолар. Манна уопсастыбаннай уонна култуурунай тэрээһиннэр ыытыллаллара олус үчүгэй. Туристическай комплекс уонна 1,5 сылынан олоххо киириэхтээх оҕо лааҕыра инникитин сайдыылаах буолалларыгар эрэллээхпин. Өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илиҥҥи уокурук олохтоохторо манна кэлэн Саха сирин төрүт култууратын билсиэхтэрэ, төрүт аһы амсайыахтара уонна кэрэ айылҕаҕа дуоһуйа сынньаныахтара диэммин бүк эрэллээхпин”, – диэн Владимир Солодов баҕа санаатын эттэ.
Венера ОХЛОПКОВА