Киир

Киир

Быйыл кулун тутар 11 күнүгэр саха ынаҕын туһунан икки түһүмэхтээх хоһоон, ырыа айыыга күрэх биллэриллибитэ.

Тэрийээччилэр

“Төрүт баай” уопсастыбаннай тэрилтэ, “Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэтэ, “Кыым.ру” саайт.

Ырыа түһүмэҕэ бүгүн ыам ыйын 22 күнүгэр – Сайылык күнүгэр түмүктэннэ.  Барыта 15 ырыа айыллан киирдэ. Балартан икки ырыа хоһоон түһүмэҕэр киирбэтэхтэрэ даҕаны, тэрийээччилэр саха ынаҕын туһунан ырыа элбиирин туһугар дьон көрүүтүгэр таһаарбыппыт.


ДЬҮҮЛ СҮБЭТЭ

Түсчүт:

Гуринов Афанасий Гаврильевич-Арчылан – «Күрүлгэн» сурунаал уонна «Кыым» хаһыат «Кулуһун» уус-уран сыһыарыытын дьаһабыла.

Дьүүлдьүттэр:

Степанов Владимир Николаевич – «Ситим» Медиабөлөх уонна «Төрүт баай» УоТ салайааччыта;

Лукин Василий Тимофеевич – «Саха сүөһүтэ» хааһына тэрилтэтин солбуйар салайааччыта;

Калининский Алексей Кириллович-Луҥха Өлөксөй – композитор;

Ченянов Семён Павлович – композитор.


ТҮМҮК

 Кыайыылаахтары ааттыыбыт.

ДЬОН-СЭРГЭ БИҺИРЭБИЛЭ

«Эриэҥкэйим барахсан» - Ылдьаа кыыһа Кээтии тыла, Елена Ильина-Нам-Чы матыыба, Михаил Перетёртов аранжировката. Толорор Елена Ильина-Нам-Чы.

Бу биһирэбил «Кыым.ру» саайтка уонна «Кыым» инстаграмыгар ыытыллыбыт куоластааһыннары холбуу ааҕыы түмүгүнэн ананна. Бирииһи саха ынаҕын улахан патриота, “Саха сирин сельхозтехниката” хампаанньа салайааччыта Ньургун Васильевич Гольдеров туруорда.

КЫЛААН ЧЫПЧААЛ ГРАН ПРИ

«Саха ынаҕа» - Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ тыла, Иван Неустроев матыыба. Толорор Иван Неустроев.

Саха ынаҕын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит үтүөлээх Олег Петрович Марков аатынан бу биһирэбили Марковтар дьиэ кэргэттэрэ туруордулар. Ол быһыытынан ырыа кыайарыгар кинилэр санаалара учуоттанна.

I ЧЫПЧААЛ

«Саадьаҥкабын таптыыбын» - Маргарита Егорова тыла, Саргылаана Стручкова матыыба. Толорор Варя Аманатова.

II ЧЫПЧААЛ

«Сахабыт ынаҕын туойабыт» - Римма Корякина-Хотууна тыла, Михаил Пестряков матыыба. Толорор Михаил Пестряков.

III ЧЫПЧААЛ

«Саха ынаҕа» - Ирина Колодезникова-Ымыы тыла, Александр Дмитриев-Таммах матыыба. Толорор Александр Дмитриев-Таммах.


Эбии быһаарыы

Күрэх кэмигэр биир ырыаны плагиат дуу диэн саарбахтааһын тахсыбытыгар, ырыалаах киһини кытта сибээстэһэ сырыттыбыт. Кини былыр өбүгэлэрбит оҕус, ат хаамыытын тэтимигэр сөп түбэһэн ыллыыллара, ити ырыа биһиги пьесабытыгар ылламмыт ырыаҕа майгыннаабат, күрэхтэн сыыйбаккытыгар көрдөһөбүн диэн эппиэттээтэ.

Бастатан туран бары кыттыылаахтарга улахан махталбытын биллэрэбит! Кыттааччыларга барыларыгар Туоһу сурук электроннай почтанан ыытыллыа.

Кыайыылаахтары барыгытын улахан ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит!

Санаттахха, хоһоон түһүмэҕин кыайыылаахтарынан тахсыбыттара:

1 ЧЫПЧААЛ

«Сахабыт ынаҕа барахсан» - Римма Иннокентьевна Корякина-Хотууна  (Чурапчы).

2 ЧЫПЧААЛ

«Алачайбыт, Маҥааспыт” - Вячеслав Иванович Хон  (Дьокуускай).

3 ЧЫПЧААЛ

«Саха ынаҕа» - Ирина Колодезникова-Ымыы  (Таатта).


Наҕараадалааһын

Наҕараадалааһын ыам ыйын 26 күнүгэр, сэрэдэҕэ, күнүс 3 чааска Дьокуускай к. Курашов аат. уулусса, 28-гар, ТХМ аактабай саалатыгар ыытыллыа. Хамсыгы сэрэтэр бобууну тутуһан ыытыллар, дьон ахсаана хааччахтанарын өйдүүргүтүгэр көрдөһөбүт.

Уларыйыы киирдэҕинэ, эбии биллэриэхпит.

Тэрийэр бөлөх.

Атын ыарыалары бу сигэнэн көрүҥ:

Саха ынаҕын туһунан ырыа куонкуруһа

Бүтэһик сонуннар