Киир

Киир

Сайыҥҥы үлэ-хамнас үмүрүйэн күһүҥҥү ыраас, ичигэс күннэр үүннүлэр. Бу күннэри мүччү туппакка, дьиэбит таһыгар мас арааһын, талах эгэлгэтин олордуоххайыҥ. Айылҕабыт барахсан көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх сэдэх үүнээйитинэн толору. Ол туһунан Ирбэт тоҥ буордаах зона биология проблемаларын институтун ботаническай саадын ыстаарсай научнай үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата Иннокентий Федоров кэпсиэҕэ.

 

Иннэлээх мастар арасстара

Күөх харыйа голубая ель

Саха сирин киин улуустарыгар күөх харыйаны (голубая ель), Айаан харыйатын, пихтаны, сыалаах маһы (кедр), болбуктаны (кедровай стланигы) ситиһиилээхтик үүннэриэххэ сөп. Бу үүнээйилэр Саха сирин соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр (Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ) тыаҕа бэйэтигэр үүнэллэр. Киин улуустарга бу үүнээйилэр суохтар. Ол эрээри киһи көрүүтүнэн-харайыытынан тэлгэһэҕэ эмиэ үүннэриэххэ сөп.

Бастатан туран, бу мастары анал болдьохторун тутуһан олордуу ирдэнэр. Сөрүүн кэми сөп түбэһиннэрэн: саас – ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри; күһүн – атырдьах ыйын 15 күнүттэн сир тоҥуор диэри көһөрөн аҕалан олордоллор.

Иккиһинэн, үүнээйи буорун (почвенная смесь) табыгастаах гына оҥоруохха наада. Ордук бэс чагда кырса барсар. Иннэлээх (хвойнай) боруода мастар аһыы реакциялаах (кислая реакция) буору сөбүлүүллэр. Ол аһыыны оҥорор боростуой: 10 л ууга кыра ньуосканан 70 %-наах уксууһу кутан нүөлсүтэбит. Сайын устата уксуустаах ууну куталлар.

Үсүһүнэн, үүнээйи олордуллар сирэ хортуоппуй бааһынатын курдук сыыс ото суох ыраас буолуохтаах. Төһө даҕаны Сахабыт сирин үүнээйилэрэ буоллаллар, киин сир айылҕатыгар син биир кэлии үүнээйи кэриэтэлэр. Ол иһин кинилэргэ кыра даҕаны күрэстэһии наадата суох. Анныларыгар кыра даҕаны сыыс от үүнэр буоллаҕына, өлөн хаалыахтарын сөп.

Төрдүһүнэн, ити эппит соҕурууҥҥу уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарбытыгар, ортотунан, 350-450 мм сөҥүү түһэр. Ол аата – киин улуустардааҕар икки төгүл элбэх. Ол иһин мастар өлгөм ууга наадыйаллар. Ол дойдуга ардах өрүү-өрүү түһэр буолан, өссө «сөтүөлүүллэрин» сөбүлүүллэр. Онон үүнээйи төбөтүттэн саҕалаан, бүтүннүү ууну кутуохха наада.

Саха сиригэр күөх харыйа икки көрүҥэ үүнэр:

  1. Боростуой Сибиир харыйатын күөх көрүҥэ (голубая разновидность обыкновенной сибирской ели).
  1. Таҥса харыйа (Айаан күөх харыйата).

Сыа мас талахтыҥы соҕус көрүҥэ (кедровый стланик, «сосна стелющаяся»). Бары чугас аймахтыылар. Ол иһин олордорго эмиэ бэс чагда кырса барсар. Аһыы реакциялаах буору сөбүлүүр.

Сэбирдэхтээх боруодалар

Тиэргэҥҥэ чозения диэн сэбирдэхтээх мас бэркэ сөбүлээн үүнэр. Саха сирин айылҕатыгар, Алдан хайаларыгар 30 м диэри тиийэ уһаан үүнэр. Хатырыга харахадьыыл тириитин курдук олус кырасыабай, сэдэх көстүүлээх. Сэбирдэхтэрэ үөт сэбирдэҕин курдук уһун синньигэстэр. Эдэригэр умнаһын үрдүкү аҥаара маҥан өҥнөнөр. Бу мас саад көстүүтүн олус тупсарар.

Моонньоҕон. Саха сирин соҕуруу өттүгэр сылдьар дьон хайа тэллэҕиттэн моонньоҕон араас көрүҥүн булуохтарын сөп. «Каменистая смородина» – сүрдээх кырасыабай талах. Ол эрээри аҕыйах отону биэрэр. Ол иһин киэргэл (декоративнай) эрэ курдук олордуохха сөп. Тыыннаах олбуор эбэтэр газон ортотугар (солитерная посадка) соҕотохтуу олордоллор эбэтэр 3-4 үүнээйини бөлөхтөөн үүннэриэххэ сөп.

Тамылҕан (свидина белая). Уратыта диэн, кып-кыһыл умнастаах, оттон отоно мап-маҥан буолар. Күһүн эрдэ, бастакы хаһыҥ кэнниттэн сэбирдэхтэрэ кыһыллыҥы-күөх (фиолетовай) өҥнөнөр. Онон күһүҥҥү саады олус киэргэтэр.

Тамылҕан свидина белая

«Курильский чай» (кустарниковый) – сэппэрээк аҥаардаах талах. Миэтэрэҕэ тиийбэт намыһах. Тыа тэллэҕэр сүрдээх өлгөмнүк үүнэр. Билигин коттедж туттар дьон элбээтэ. Кинилэр бу үүнээйини бордюрдуу (бордюрная посадка) эбэтэр тыыннаах бүтэй (живая изгородь) курдук үүннэрэр буоллулар. Эмиэ тула өттө ыраас, сыыс ото суох буоллаҕына, табыллан үүнэр. Бу үүнээйи уһун кэм устата сибэккилиир.

«Рябинник рябинолистный». Сарбынньахха олус майгынныыр эрээри, уһаатаҕына, 1,5 м тиийэр үрдүктээх, сиргэ намылыйан үүнэр сэппэрээк-мас. Сэбирдэҕэ оруобуна сарбынньах сэбирдэҕин курдук. Оттон сибэккитэ маҥан өҥнөөх буолар. Өрүстэр, үрэхтэр кытыыларыгар киин да, соҕуруу да улуустарга үүнэр.

Рябинник рябинолистный

Кэнники кэмҥэ сорох ыал түүбүктэни (жимолость съедобная) үүннэрэр буолла. Түүбүктэ «Кыһыл кинигэҕэ киирбэт». Онон тыаттан түөрэн аҕалан тэлгэһэҕэ олордуохха сөп. Эдэр үүнээйи, 60 см-тан үрдүгэ суох буоллаҕына, саҥа сиргэ ордук табыллан үүнэр. Бу талах минньигэс уонна хабархай амтаннаах отонноох диэннэргэ арахсар. Талах оҕолорун ыларга, кыра минньигэс астаах үрдүк талахтар аттыларыттан ылыахха наада. Ол гынан баран аһыы отонноҕо – ордук элбэх эмтээх. Сүрэхтэрэ ыалдьар, үрдүк дабылыанньалаах дьон барыанньалаан сиэхтэрин сөп. Тымыр күүрэрин уоскутар, холкутатар, сүрэх бопторбот буолар, тымырдары кэҥэтэр. Ону таһынан элбэх битэмииннээх.

Түүбүктэ

Алдан өрүс төрдүгэр Поздняков рябинокизильнига диэн ааттаах талахтыҥы мас үүнэр. Мас да, талах да буолбатах. Икки аймахтыы буолбатах боруода: сарбынньах (рябина) уонна тураах отоно (кизильник) саҥа көрүҥү биэрбиттэр. Бу үүнээйи ураты көрүүнү-харайыыны ирдээбэт. Сарбынньаҕы, бузинаны, акацияны үүннэрэр дьон сатаан үүннэриэхтэрэ. Бу үүнээйи сэдэх буолан, сыаната эмиэ оннук ыарахан. «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит үүнээйи буолан, тыаттан түөрэн ылан үүннэрэр бобуулаах.

Поздняков рябинокизильнига

Тураах отоно (кизильник). Тэлгэһэҕэ сүрдээх үчүгэйдик үүнэр. Үрдүгэ 1,5 м тиийэр, хара отонноох буолар. Отоно минньигэһэ суох эрээри, эти-сиини бөҕөргөтөр, киһи туругун тупсарар аналлаах.

Соҕуруу Саха сиригэр «Родонедрон даурский» диэн үүнэр. Бу үүнээйи таастаах композицияларга ордук үчүгэйдик көстөр. Сибэккитэ – оруосабайдыҥы (сиреневэй) буолар. Сайын эрдэ, бэс ыйыгар сибэккилэнэр. Бу үүнээйи эмиэ аһыы реакциялаах буору ирдиир.

Үөт, тирэх (тополь) маһы билигин көҕөрдүүгэ туттубаттар.Улахан куораттарга кытаанахтык боболлор. Тоҕо диэтэххэ, бу үүнээйилэр түү бөҕөтүн таһааран ыһаллар. Ол түүттэн үгүс киһи аллергиялыыр уонна баһаар барыан сөп.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар