Киир

Киир

Петунияны олордорго сананным. Туохтан саҕалыыбын?

Араас өҥүнэн тэтэрчи үүммүт сибэкки бастаан көрүүтэ-харайыыта уустугун да иһин, тулуурдааҕынан уонна ис-иһиттэн тахса турар кэрэтинэн кэрэхсэтэр. Ыйаммыт иһиттэн намылыйан түспүт “ампельнай” петуниялары таһынан, бөдөҥ сибэккилэрдээх хороччу үүнэр петуниялар эмиэ бааллар. Сайын үгэнин баттаһа сибэккилиирин курдук, петунияны эрдэ арассаадалыыр ордук. Сылаас дойдуга тохсунньу ыйтан саҕалаан олордуохха сөп буоллаҕына, Саха сиригэр олунньу уонна кулун тутар ыйдар – петунияны олордорго саамай табыгастаах ыйдар.

petunia seedling

Сибэкки буоруттан тутулуктаах

Сибэкки олорор буорун күһүн бэлэмнээн, тоҥорон кэбиһэр ордук. Онуоха хара буору, тэпилииссэ буорун уонна кумаҕы 1:1:2 өлүүлээн ууруллар. Оннук хааччымматах буоллахха, маҕаһыынтан бэлэм буору атыылаһыаххын сөп. Аһыйбыт, эргэрбит буор петунияҕа барсыбат. Сибэкки олоруохтаах буора салгын уонна уу ааһарын курдук сахсархай буолуон наада.

Иһити эмиэ көрөн талыллар

Петуния сиэмэтэ бытархай, үнүгэһэ намчы. Онон сибэкки олорор иһитэ улахан буолара наадата суох. Сибэкки иһитин, буору кутуох иннинэ, ыраастыыр, сууйар ордук. Таас иһит буоллаҕына, марганка суурадаһынынан эбэтэр оргуйбут уунан сайҕаныллар. Иһит кыра дьөлөҕөстөрдөөх буолуон наада. Бүтэй иһиккэ сибэкки тумнастар.

Хайдах олордобут?

Петуния сырдыгы сөбүлүүр. Сибэкки сиэмэтэ кумааҕы бакыаттарга эбэтэр капсулаларга атыыланар. Бакыакка хараҥа уонна анаан бэлэмнэниллибэтэх сиэмэлэр, оттон капсулаҕа, биирдиилээн маҥан хааҕа, бэлэмнэниллибит сиэмэлэр угуллаллар. Бакыаттаах сиэмэни буор үрдүгэр тэниччи кутан баран, пинцетинэн тарҕата ууруллар. Оттон капсулалаах сиэмэни буор үрдүгэр тарҕатыллар. Кэлин торфтаах табылыаккаларга үүннэрии тэнийэн эрэр. Табылыаккалары, иһирдьэ киириилээх өттүнэн үөһэ гынан, уурталаан баран, иһиккэ сылаас ууну кутуллар. Табылыаккалар көрөн турдаххына үллэн тахсыахтара. Үллэн бүппүттэрин кэннэ хас биирдиитигэр биирдии сиэмэни сэрэнэн ууруллар. Сиэмэни буорга эбэтэр торфтаах табылыаккаҕа олордон баран, хайаан да салапаанынан эбэтэр тааһынан бүрүйүллэр.

Көрүү-харайыы түбүктээх

Буору булбут сиэмэ 20-25 кыраадыс сылааска туруон наада. Онтон кыра кыраадыска үнүгэс бытааннык тахсар. Үнүгэс таҕыста да, салапааны, тааһы күҥҥэ аҕыйахтыы мүнүүтэҕэ арыйан, дьиэ салгыныгар үөрэтиллэр. Онтон сыыйа толору босхолонуллар. Петуния үнүгэһэ олус намчы буолар. Онон санаатах аайы уу кутар сатаммат. Киниэхэ испирииһинэн эбэтэр тарбаҕынан таммалатан ууну кутуохха наада.

Петуния бытааннык үүнэр. Онон кэмин иннинэ санааны түһэримиэххэ наада. Сибэккини аһара куурдар эбэтэр уунан хадаҕалыыр наадата суох. Үнүгэс тахсыбыта 2,5 нэдиэлэ буолбутун кэннэ эбии аһатыахха сөп. Анал маҕаһыыннарга эбии аһылык арааһа атыыланар. Атыылааччыттан ыйыталаһар эбэтэр таһыгар баар суругун үчүгэйдик ааҕар наадалаах.

Хаһан сири булларабыт?

Петунияны Саха сиригэр бэс ыйын саҥатыгар таһырдьа таһаараллар. Үүнээйи атыҥыраабатын курдук, былыттаах, сөрүүн күҥҥэ таһаарар ордук. Маны таһынан, хаһыҥтан эмиэ харыстыахха наада. Таһырдьа даҕаны сибэкки эбии аһылыкка наадыйар. Аһара күүстээх ардахтан петунияны харыстаан, тугунан эмэ сабар ордук. Биир сыл петунияны этэҥҥэ олордубут киһи иккис сылыгар хайаан даҕаны өссө олордор. Ити сибэкки тардар абылаҥа оннук күүстээх.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар