Соторутааҕыта эрэ тыыммыт бурҕачыйара, иэдэспит кытарара. Ол бэйэбит билигин тиритэн-хорутан, “һуу-һаа” дэһэн, күлүк сири былдьаһар аакка түһэбит. Мэдиссиинэ билимэ этэринэн, тымныы, уһун кыһыннаах дьон эрдэ кырдьаллар, кэрэ аҥаардар сирэйдэрин тириитэ отуттарыттан мырчыстыбытынан барар үһү. Аны туран, тымныыбыт эрэ буолбакка, чаҕылыччы тыгар күммүт уота эмиэ тириини “кырытыннарар”. От ыйын өҥүрүк куйаас күннэрэ, от үлэтэ, сир аһа – иннибитигэр.
Онон, кэрэ аҥаардар, бу тэттик сүбэлэри туһанаргытыгар сүбэлиибит.
Ордук сырдык тириилээх дьон күн уотугар “умайан” эрэйдэнэллэр. Өр күн уотугар сырыттахха, тирии харыстыыр дьоҕурун сүтэриэн сөп. Сорох дьон тириитэ ону тулуйбакка аллергиялыыллар. Тириигит кытарбыт, кыһыйан ыалдьар буоллаҕына, көрдөрүнэ охсуҥ. Бастакы көмөнү маннык оҥоруҥ. Сөрүүн уунан аргыый аҕай тириигитин сотон ылаҕыт. Бааһырбыт сиргитин алоэ сүмэһининэн эбэтэр сиикэй хортуоппуйунан сотуҥ. Итиэннэ бааскыт оһуор диэри күҥҥэ тахсымаҥ.
Чаҕылхай күннээх итии күннэргэ сэлээппэни, ачыкыны бастыҥ астык оҥостуҥ. Сэлээппэ төбөҕүтүн эрэ буолбакка, сирэйгитин эмиэ күнтэн харыстыыр. Оттон ачыкы харах таһынааҕы тириини күн сардаҥатыттан көмүскүүр. Харах кыратык даҕаны күүрэр буоллаҕына, эрдэ мырчыстар.
* * *
Дьахтар айылҕатынан, этэ-сиинэ анал тэтимҥэ (биоритмҥа) бас бэринэн үлэлиир буолан, түбэһиэх кэмҥэ ыраастыыр, “аһатар” табыгыһа суох. Сирэйгитин көрүнэргитигэр маны болҕомтоҕо ылыҥ:
– Сарсыарда 5 чаастан 8 чааска диэри гормуоннар күүскэ үлэлииллэр. Ол иһин тирии кубарыйар, харах анна иһэр. Эпидермис уута сүүрэр, тирии үрүт араҥата хатар буолан тирии мырчыстаҕастара ордук биллэллэр. Лимфодренажнай систиэмэ түргэнник үлэлиирин туһугар ороҥҥо таалалаан сыппакка, уһуктаат, тута туруохха наада. Ол да гыннар эт-сиин уһуктубутун кэннэ чаас аҥаарынан биирдэ сирэйгит тириитин ыраастаныҥ.
– Сарсыардааҥҥы макияжка саамай табыгастаах кэм – 6-7 чаас. Суунан баран мууһунан соттуохха, күнүскү кириэми биһиэххэ сөп. Сарсыарда 7-8 чааска диэри сирэй тириитэ араас кэсмиэтикэни куһаҕаннык иҥэринэр.
– 10-12 чааска диэри маасканы, пилиҥи оҥосторго табыгастаах кэм. 10 чаас саҕана сыа быччархайын үлэтэ күүһүрэр. Хатааллаах дьон, бу кэмҥэ ыраастаннаххытына, ордук туһалаах буолар.
– 12-15 чааска диэри тугу да оҥостумаҥ, улаханнык туһалаабат.
– 17-18 чаас спа-процедураҕа, массааска үчүгэй кэм. Үлэҕитигэр олорон эрэ сирэйгитин массаастанан ылыаххытын сөп.
– 19-21 чааска киэһээҥи ыраастаныы кэмэ. Утуйуоххут 40 мүн. иннинэ хайаан да кырааскаҕытын суунуҥ, аһатар кириэми соттуҥ.
– Киэһэ 23 чаастан сарсыарда 5 чааска диэри эпидермис килиэккэлэрэ чөлүгэр түһэр кэмнэрэ. Өскөтүн дьиэҕитигэр олус хойутаан кэллэххитинэ, мааска, пилинг оҥосто сатаамаҥ. Кырааскаҕытын суунан баран, кириэми эрэ бистиэххитин сөп.