Турцияҕа туристыырга виза ирдэммэт. Аны, сөмөлүөтүнэн көтөргө, көстүүнэйгэ да түһэргэ – HES-код (о.э. турист туһунан кодтаммыт иһитиннэриилээх QR-код), анал халыыбы толоруу да ирдэммэт буолбут. Сүрүнэ, онно тахсаргар кыраныысса таһыгар сылдьар пааспар дьайар болдьоҕо бүтэрэ өссө да 120 күнтэн итэҕэһэ суох кэм хаалбыт буолуохтаах. Ол аата, 4 ый “саппаастаах” буолуохтааххын умнума.
Ковидка сыһыаннаах кэккэ ирдэбил билигин да баар. Үчүгэйэ, 12 сааһыгар диэри оҕоттон пааспартан ураты ковидтан туох да ыспыраапка, сэртипикээт, тургутук түмүгүн ирдээбэттэр.
Оттон 12 сааһыттан – 18 диэри оҕоҕо бу этиллэр 3 докумуонтан биирэ булгуччу баар буолуохтаах.
1. Аангылыйа тылынан суруллубут ПЦР анаалыһа “отрицательнайын” туһунан ыспыраапка. Онуоха Турция пааспары хонтуруоллуур сиригэр тиийэргэ ыспыраапка бэриллибит кэмиттэн 72 чаас ааспатах буолуохтаах. Ыспыраапка электроннай көрүҥнээх түгэнигэр булгуччу QR-кодун ыйыталлар. Оттон кумааҕы ыспыраапкаҕа – бэчээттээх буолла да сөп.
2. COVID-19 антиген суоҕун, о.э. “отрицательнайын” кэрэһилиир экспресс-тест ыспыраапката. Бэрэбиэркэ кэмигэр ыспыраапка бэриллибит кэмэ 48 чаастан ааспатах буолуохтаах. Эмиэ электроннайга QR-кодтаах, кумааҕы ыспыраапкаҕа – бэчээттээх буолуохтаах. Маныаха АНТИГЕНЫ кытта антителаны БУТУЙУМА¢: антитела киэнин буолбакка, АНТИГЕН киэнин көрөллөр..
3. 12-тин ааспыт сокуоннай сааһын туола илик оҕо, ковидтыы сылдьыбыт түгэнигэр тургутук ирдэммэт. Госуслугаттан ковидтаабытын туһунан сэртипикээт аангылыйалыы тыллаах барыйаанын көрдөрөҕүт. Ол сэртипикээт дьайар болдьоҕун маннык суоттууллар эбит: ыалдьыбыт күнтэн (бастакы “положительнай” ПЦР ылыллыбыт күнэ) Турцияҕа тахсыахха диэри 28-тан кылгаһа уонна 180-тан уһуна суох кэм ааспыт буолуохтаах.
Оттон, дьэ, 18-тан аҕа саастаах дьон загранпааспары сэргэ түөрт докумуонтан биирин илдьэ бараллар. Үөһэ оҕолортон, суруллубут курдук, докумуоннартан биири эбэтэр “Спутник V “ быһыыны ылбыты кэрэһилиир сэртипикээти (бу түгэҥҥэ тургутук ирдэммэт).
БОЛ¡ОЙ: “Спутник V”-тэн атын быһыыны, бэл, “Суптник Лайты”, “Ковивагы”, “Эпиваккоронаны” ылбыт түгэҥҥэ эйигиттэн син биир тургутуктаах ыспыраапканы ирдииллэр.
“Спутник V” сэртипикээтин Госуслугаттан, аангылыйа тылынан суруллубуту бэчээттээн ылаҕыт. Онно загран дааннайдара, вакцина аата уонна QR-кода булгуччу баар буолуохтаах.
Сэртипикээт дьайар болдьоҕо бүтэ илик буолуохтаах. Ону тэҥэ вакцина ылбыт күҥҥүттэн 14-тэн итэҕэһэ суох күн ааспыт түгэнигэр эрэ таһаараллар. Тоҕо диэтэххэ, икки нэдиэлэнэн биирдэ харыстыыр күүстэнэр. Онон, айанныырдаах буоллаххына, эрдэттэн дьаһанар ордук.
Билигин Турцияҕа ковидтан сэрэнии хааччаҕа балай да сымнаабыт. Дойду иһинэн айанныырга ПЦР-тургутук, сэртипикээт ирдэммэт. Уопсастыбаннай миэстэҕэ, көстүүнэйгэ да көрдөөбөттөр. Хамсык иннинээҕи кэмҥэ курдук, холкутук сылдьаллар. Маасканы мэдиссиинэ, үөрэх тэрилтэлэригэр, уопсастыбаннай тырааныспарга (о.и. сөмөлүөккэ) ирдииллэр. Көстүүнэйгэ олоҕурбут үгэһинэн, шведскэй остуол, өстүөкүлэнэн сабыллыбатах битириинэ туттуллар. Ыам ыйыттан хааччаҕы өссө сымнатыахтарын сөп.