Киир

Киир

Ааспыт нэдиэлэ субуотатата (атырдьах ыйын 13 күнэ) – Физкультурник күнэ. Ону көрсө, 50-тан аҕа саастаах дьоҥҥо успуорт тириэньэрдэрин уонна инструктордарын сүбэлэрин ааҕыҥ, тускутугар туһаныҥ!

Дмитрий Горохов

Дмитрий ГОРОХОВ, чөл олох бырапагандьыыһа, йога инструктора:

– Билиҥҥи үйэҕэ араас мэтиэдьикэни, бырагырааманы эҥин киһи кэбэҕэстик булар. Онон, итинниктэри чопчулаабакка, уопсай санаабын этиим. Айылҕа сокуонунан киһи 55-60 сааһын диэки мөлтүү быһыытыйар. Ол да иһин, дьону биэнсийэҕэ утаараллар буоллаҕа.

Өбүгэлэрбит “Киһи – санаатынан” диэн мээнэҕэ эппэттэрэ. Тигинэччи үлэлии сылдьыбыт киһи, биэнсийэҕэ тахсаат – биллэ мөлтөөн-ахсаан барааччы. Онуоха эбии: “Сааһырдым, тугу да кыайбат буолан иһэбин”, – эҥин диэн санааларга оҕустарыа суохха наада. Сааһырбыт, биэнсийэлээх да буол – олоххо интэриэстээх, идиэйэлэрдээх, сыаллаах-соруктаах буолуохтааххын.

Сорохтор сааһыран, ыарыыларга баалатан баран, дьэ, сэрээккэлии, хаама, сүүрэ, хаалыктаах хаамыынан эҥин дьарыктана сатааччылар. Оннук дьон, бэйэлэрин дьиҥ чахчы уларыта тутуохтарын, “физкультураны” доҕор оҥостуохтарын баҕардахтарына – ааһан иһэн буолбакка, өйдөрүн-санааларын, күүстэрин-күдэхтэрин түмэн туран дьарыктаныахтаахтар. Талан ылбыт көрүҥнэринэн. Сүүрүү буоллун, хаамыы буоллун, йога буоллун, ушу буоллун, хаалыктаах хаамыы буоллун. Бэйэҥ кыаххынан көрөн, кыра-кыратык эбэн дьарыктаныахтааххын. Киһи туохха эмэ санаатын уурдаҕына, дьарыктаннаҕына – эбиллэн иһэр. Кутуйах хаамыытынан да буоллун.

Арыгыттан, табахтан букатыннаахтык аккаастанар ордук. Ол гынан баран, дойдубар, Дьааҥыга, табахтарын уоба сылдьар 90-чалаах кырдьаҕастар бааллар. Кинилэр, бастатан туран, мэлдьи айылҕаҕа хамсыы-имсии сылдьаллар. Иккиһинэн, санаалара-оноолоро бөҕөх. Дьон быстах санааҕа оҕустарарын, араас кыһалҕалартан стресскэ киирэллэрин – истэ-көрө сылдьабыт. Онон, бастатан туран, санааны муоһулуохха наада.

Сорох саастаахтар эдэрдэри кытта тэҥҥэ ыарахан үлэҕэ түһүнэн – доруобуйаларын алларытааччылар. Холобур, дьиэ тутуутугар, от охсуутугар, ыарахан тиэхиньикэнэн үлэҕэ... Бэйэ күүһүн учуоттаан, сынньанан ыла-ыла, үлэлиир ордук. Бэйэҥ кыаххынан.

Мин күн аайы кэриэтэ куорат уулуссаларынан сүүрэбин. Сүүрүүм бэрт эрдэттэн, сарсыарда биэс чаастан саҕаланар. Соҕотоҕун, уулуссаларга киһи-сүөһү, массыына суох эрдэҕинэ сүүрэбин диэн чопчулуубун. Икки күн итинник сүүрэн баран, үһүс күнүгэр цигун, йога хамсаныыларын оҥоруунан муҥурданабын. Ити хамсаныылары сүүрэр да күннэрбэр оҥоробун. Аһара арыылааҕы, сыалааҕы, ыһаарыламмыты сиир туһата кыра. Уонна олус тото аһаамаҥ диэн сүбэлиибин.

Йогаҕа судургу эрчиллиилэри асааналар диэн ааттыыллар. Сорох хамсаныылар көрөргө бэрт судургу курдуктар эрээри – күүһү-кыаҕы, хапсаҕай, сымса буолууну ирдииллэр. Судургу асааналары ыарырҕаппакка, чэпчэкитик оҥорор буоллаххытына эрэ – арыый уустук хамсаныыларга көһүөххүтүн сөп. Эти-сиини чэбдигирдиигэ уонча итинник асаананы оҥоро сылдьыы улахан туһалаах. Бу хамсаныылар сарын, тараһа, агдака, тоноҕос, моой былчыҥнарыгар уонна сүһүөхтэргэ туһалаахтар.

Петр Наумов 1

Петр НАУМОВ, хары бат­та­һыытыгар аан дойду чөм­пүйүөнэ:

– Талан ылбыт көрүҥҥүн кытта үйэҥ тухары дьарыктаныахтааххын. Бэйэҕэр толору барсар, сөптөөх көрүҥү талыы – эн дьолуҥ. Билигин 27-28 саастаах тустууктары, боксуордары, сүүрүктэри бэтэрээннэр диибит дии. “Саха хойут, отут сааһыгар ситэр” диэн санаалаахпын. Эдэр киһи улахан успуортан тэйбитин да иһин, сөбүлээн, талан ылбыт көрүҥүнэн салгыы дьарыктана сылдьыахтаах.

50 эрэ саастаах киһи – өссө кыахтаах киһи. Ол эрээри биллэн турар, кини түргэн-тарҕан туттунуута мөлтүү быһыытыйар. Оттон “хара күүс” хаалар. Мас тардыһыытыгар күрэхтэһиэххин, ыстаанганы көтөҕөлүөххүн сөп. 60 сааскыттан, дьэ, чахчы, мөлтүү быһыытыйаҕын. Ханнык баҕарар киһи мөлтүүр-ахсыыр. Биһиги, бу Орто туруу бараан дойдуга букатын кэлбит дьон буолбатахпыт. Ол эрээри тыыннааҕыҥ тухары хамсыыгын-имсиигин, дьарыктанаҕын буоллаҕа. Нууччалыы эттэхэ: “Жизнь – это движение”.

Пандемия кэмигэр “Спорт – норма жизни” диэн девиһи киэҥник туттар буоллулар. Ити оннугар мин “Физкультура – норма жизни” диэм этэ. Успуорт диэн, доруобуйаны алларытан да туран – киһи муҥутуур кыаҕын туһана сатааһын буоллаҕа. Улахан успуорт эчэйиитэ эҥин суох буолбат. Оттон, эт-сиин култуурата (физкультура) аныгы киһи олоҕун нуормата буоларыгар – икки илиибин өрө көтөҕөбүн. Талан ылбыт көрүҥҥүтүн олоххут аргыһа оҥостуҥ, күн­нэтэ эккитин-сииҥҥитин бөҕөр­гө­төргө кыһаныҥ!

Светлана Ядреева

Сардаана ЯДРЕЕВА, хаалыктаах хаамыы инструктора, доруобуйа кулуубун салайааччыта:

– Мин, биир үксүн саастаах дьону кытта үлэлиибин. Бастаан дьарыктанан саҕалыырга элбэх ымпыгы-чымпыгы билиэххэ наада. Саастаах киһи, доруобуйатын туругун кэтээн көрө-көрө дьарыктаныахтаах.

Бастаан дьарыктана кэлбит дьоҥҥо күүстээх ноҕурууска биэрбэт буола сатыыбын. Сааскы ылааҥы күҥҥэ аргыый аҕай хайыһардаан кэллэххэ – киһи олус үчүгэй турукка киирээччи дии. “Тыый, тоҕо эрдэ дьарыктаммакка сылдьыбыппыный”, – диэх курдук. Ол курдук, бастаан хаалыктаах хаамыынан дьарыктанааччылар сибиэһэй салгынтан, эттэрэ-сииннэрэ итийэн-кутуйан кэлбититтэн астынан, төһө баҕарар хаама-сиимэ сылдьыах курдук буолааччылар. Дьарыгы тохтото сатаатахпына – сөбүлээччилэрэ суох.

Бастакы күннэргэ күүскэ түһүнэн баран, өйүүнүгэр эҥин эттэрэ дэлби көһүйэн, уҥуохтара-иҥиэхтэрэ ыалдьан – устунан дьарыктарын быраҕан кэбиһээччилэр. Онон, эти-сиини ноҕуруускаҕа сыыйа-баайа үөрэтэр ордук. Дьарыктыыр дьонум бары кэриэтэ тыа сириттэн төрүттээхтэр. Оҕо эрдэхтэриттэн ноҕуруускаҕа үөрэммит дьон.

Аны дьарык бары ирдэбилин хайаан да тутуһуохтаахпыт. Бастаан “имитии-хомутуу” (разминка) түһүмэҕэ. Бу түһүмэххэ сүһүөх гимнастикатын элэмиэннэрин туһанааччыбын. Хаалыктары туһанан, хаалыктар көмөлөрүнэн эти-сииннэри ууннарар хамсаныылары оҥоруохха сөп. Урут чэпчэки атлетиканан, хайыһар успуордунан дьарыктана сылдьыбыт дьон тута биллэллэр. Кинилэр төһө да саастаах буолбуттарын иһин, атыттардааҕар сөпкө хамсаналлар. Эттэрэ-сииннэрэ да “маннык хамсанар ордук” диэн ыйан-кэрдэн биэрэр буоллаҕа.

Мин оскуолаҕа сылдьан физкультура уруоктарыгар сылдьыбат этим ээ. Быраастар боболлоро. Сүрэхпинэн. Ону сарсыарда аайы сэрээккэлиирим, төһө кыалларынан хамсана-имсэнэ сатыырым.

Светлана Кобякова

Светлана КОБЯКОВА, ушу уонна цигун тириэньэрэ, инструктора:

– Ушу хамсаныылара саастаах дьоҥҥо ордук барсаллар. Биһиги дьарыктарбытыгар 70-80 да саастаах кырдьаҕастар сылдьаллар. Ушу чэбдигирдэр систиэмэ быһыытынан сүрүн уратыта – аа-дьуо, намыыннык, сымнаҕастык хамсаныы. Ол гынан баран туох баар болҕомтоҕутун, өйгүтүн-санааҕытын ууран туран дьарыктаныахтааххыт. Хас биирдии эрчиллиигэ быччыҥнары аргыый аҕай ууннарар, ууннары тардыалыыр хамсаныылар бааллар. Итинник хамсаныылар быччыҥнарга эрэ буолбакка – киһи уҥуоҕар-иҥиэҕэр эмиэ олус туһалаахтар.

Кытайга: киһи этигэр-сиинигэр (омос көрүүгэ көс­тү­бэт) ханааллар бааллар, олор устун “ци” эниэргийэ эргийэ сүүрүгүрэр диэн өйдө­бүллээхтэр. Онон, ушу хамсаныыларын сөпкө толордохпутуна “ци” эниэргийэ эппитигэр-сииммит устун сөптөөхтүк сүүрүгүрүүтүн ситиһэбит. Оччотугар доруобуйабыт биллэ тупсар.

Бэрт судургу хамсаныылар, онон, бу эрчиллиилэри ким баҕарар холкутук толоруон сөп. Төһө да намыыннык, сымнаҕастык, холкутук хамсаннарбыт – болҕомтобутун, өйбүтүн-санаабытын быччыҥ­нарбыт уунан ылыыларыгар ууруохтаахпыт. Саамай сүрүнэ – хамсанарбытыгар олоххо мэлдьи тыына сылдьарбыт курдук эрээри, дириҥник эҥсэн тыыныахтаахпыт.

Ушу хамсаныыларын сөп­кө оҥорор туһугар биэс сүрүн ирдэбили хайаан да тутуһуохтааххыт. Бастатан туран, эккитин-сииҥҥитин күүрдүбэккэ, тыҥаппакка эрэ холкутук, сымнаҕастык хамсанарга кыһаныҥ. Иккиһинэн, төбөҕүтүгэр атын ханнык да санаалар киириэ суохтаахтар. Бары болҕомтоҕутун сөпкө хамсанарга, быччыҥнаргытын сөпкө ууннарарга ууруохтааххыт.

Үсүһүнэн, “инь-ян” диэн өйдөбүллэр сөпкө үлэлиэх­тээхтэр. Кытай бөлүһүөпү­йэтигэр “инь” уонна “ян” диэн өйдөбүллэр баалларын туһунан истибит буолуохтааххыт. “Инь” уонна “ян” омос көрүүгэ утарыта өйдөбүллэр курдуктар эрээри бииргэлэһэр өрүттээхтэр. Итинтэн биирэ сүттэҕинэ-симэлийдэҕинэ – иккиһэ тахсан биэрэр. Онон бэйэ-бэйэлэрин толорсон, ситэрсэн биэрэллэр. Холобур: күн – ый, күнүс – түүн, итии – тымныы, сайын – кыһын, хамсаныы – сынньалаҥ. Онон – түллүү, күүрүү кэнниттэн быччыҥнаргытын холкутатыахтааххыт.

Төрдүһүнэн, холкутук уонна биир тэҥҥэ тыыныахтааххыт. Бэсиһинэн, утумнаахтык, систиэмэлээхтик, төһө кыалларынан күн аайы дьарыктаныахха наада.

Ушу хамсаныыларын күн аайы оҥоро сатааҥ, оччоҕуна кыра-кыралаан да буоллар эбиллиэххит. Киһи айылҕата оннук. Ханнык баҕарар эйгэҕэ систиэмэлээх дьарык инниҥ диэки сыҕарыйыыны, ситиһиини түстүүр. Доруобуйаҕыт да биллэ тупсан барыа.

Федор РАХЛЕЕВ.