Киир

Киир

Балаҕаны саха үс көрүҥун туттан олорор үгэстээх: кыстык балаҕан, сайылык, отордуур балаҕан диэн. Балартан саамай кичэллээхтик, биллэн турар, кыстык балаҕан оҥоһуллар.

Балаҕан ыйыгар отордуур балаҕаҥҥа олоро түһэн баран, Сэмэнэптэн (Сибэтиэй Симеон Столпник күнүттэн) кыстык балаҕаҥҥа көһөллөр, ол аата балаҕан ыйын 14 күнүгэр. Ыал үксэ, отторун үлэтэ бүтэн, «кыдама сууйуута» диэн алаадьы сииллэрэ. Мас сэбирдэҕэ түһэр. Тайах, таба сүүлэ саҕаланар, өрүс балыга муораҕа айанныыр. Кылгас кэмҥэ, сайын иккистээн эргийэн, дьахталлар «быттанар» үтүө күннэрэ үүнэллэр.

Ый 21-с күнүгэр «сырдык» уонна «хараҥа» тэҥнэһэр, мантан ыла түүн баһыйан барар, онон күн-дьыл хонугунан ааҕыллар буолар. Былыргынан эттэххэ, эргэ дьыл саҕаланар. Балаҕан ыйа кулун тутар ыйы батыһар. Ый өксүөннээх уонна 20-с чыыһыла диэки сайын эргийэр, ону «дьахтар быттанар кэмэ» дииллэр. Икки ардахтаах: кус барар уонна от-мас ииктэтэр (ый бүтүүтэ эбэтэр алтынньы саҥатыгар). Оту-маһы хайдах ииктэтэринэн кэлэр сааһы билгэлииллэр. Тыала биир: көтөҕө түһэрэр тыал. Балаҕан ыйынан кыһын хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.

Балаҕан ыйын билгэтэ

 Балаҕан ыйа - Улуу Суорун Айыы ыйа. Сырдык аҕыйыыр, хараҥа улаатар кэмэ. Балаҕан ыйын кулун тутар батыһар.

Балаҕан ыйын 3 күнэ. Күннээх буоллаҕына, аччаабыта өссө түөрт нэдиэлэ үчүгэй күн-дьыл туруоҕа.

Балаҕан ыйын 5 күнэ. Хаһыҥ түһэр.

Балаҕан ыйын 8 күнэ. Сарсыарда дьыбардаах буоллаҕына, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс буолар. Хортуоппуйу хостооһун саҕаланар.

Балаҕан ыйын 10 күнэ. Көмүс күһүн. Собо тиксэр (күөл кытыытыгар тахсар).

Балаҕан ыйын 13 күнэ. Туруйа барар.

Балаҕан ыйын 14 күнэ. Сэмэнэп таҥара, саха ыала отордууртан кыстыкка көһөр кэмнэрэ. Куорат ыала дачаларыттан дьиэлэригэр куораттааҕы дьиэлэригэр көһөллөр. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.

Балаҕан ыйын 14-21 күнэ. Дьахтар сайына саҕаланар, дьахтар сайынын бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына – ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ – кураан күһүн.

Балаҕан ыйын 19 күнэ. Хаар хаһыҥ түһэр. Үөл кус балаҕан ыйын 30-гар диэри барар, аҕарым буолар.

Балаҕан ыйын 20 күнэ. Хаастар бараллар, аҥыр хаһыытыыр.

Балаҕан ыйын 24 күнэ. Ый туолуута. Силбик түһэр.

Балаҕан ыйын 27 күнэ. Иһийээнэп Сир тоҥор таҥарата. Эһэ арҕаҕар, моҕотой хороонугар киирэллэр. Муора хааһа соҕуруу баран бүтэр. Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар

Балаҕан ыйын 28 күнэ. Үүнээйи силис тардара тохтуур. Эһэ сэттэ күн устата аһыырын баанан, утуйарга оҥостор. Анды оҕото барар. Хотуттан тыалырдаҕына, курас, тымныы күһүн буолар.

Тускул балаҕан ыйыгар толору билгэтин "Кыым" хаһыат саҥа нүөмэригэр ааҕаарыҥ.

Бүтэһик сонуннар