Өйдүүргүт буолуо, аҕыйах сыллааҕыта ол-бу “Кэшбери”, “Максирайз”, “Финико” курдук үп пирамидалара күннээн-күөнэхтээн турдахтарына, саха дьоно оннооҕор кыбартыыраларын, массыыналарын эҥин атыылаан туран, кирэдьииккэ киирэ-киирэ, чэпчэкитик байаары, хабалаҕа киирэн умайбыттарын. Бу пирамидалар салайааччылара социальнай ситимнэринэн киһи бөҕөнү угуйан, ол-бу “матрицалар”, “инвестордар” тустарынан кутан, өйдөрүн үлтү сүүйэн баран, отуойкаҕа олордуталаабыттара.
2018 сыл балаҕан ыйыгар Саха сиригэр “Матрица” (GMMG) диэн “инвестиционнай хампаанньа” баар буолбута. Кинилэр бэйэлэрин криптовалюталарын батараары, ол бу “инвестиция, трейдинг” эҥин диэн киһи мээнэ өйдөөбөт тылларынан кутан, “Колумбияттан силистээх, аан дойду таһымнаах тэрилтэ” аатыран, аҕыйах күн иһигэр саха дьонун өйүн сүүйбүтэ. Онуоха биир үксүн биэнсийэлээхтэр, саастаах дьон үптэрин үлүннэрээри сүүрбүттэрэ. Биллэн турар, кинилэр “криптовалюта”, “трейдинг” эҥин туһунан өйдөбүллэрэ суох буолан, ону ааһан “тус кэбиниэти” да сатаан арыммат буолан, бу “инвестиция хампаанньата” эстэр суолга үктэммитэ. Итинник пирамида син биир сууллар ыйаахтааҕын быһыытынан, бу “Матрица” (GMMG) өр-өтөр буолбакка сабыллыбыта. Ону кытары сөпсөспөккө, ити пирамида кыттыылаахтара – аны икки Мотуруона – Матрена Саввина уонна Матрена Терентьева (Ефремова) “Саха потоковая матрица” диэн уочараттаах пирамиданы “төрөтөн” таһаарбыттара.
Мотуруоналар куорат киинигэр – Поярков уулуссатыгар офис куортамнаабыттара уонна дьэ уочараттаах пирамидаҕа киһи бөҕөнү угуйан барбыттара. Кинилэр үлэлэрин исхиэмэтэ атын эстибит пирамидалартан туох да уратыта суоҕа: Мотуруоналар угуллубут харчыны аҕыйах күн иһигэр үлүннэрэ охсон, килийиэннэрин дохуоттарын үрдэтиэх буолаллар, онуоха киирбит киһи харчытын укпутун таһынан, хайаан да салгыы “партнер” диэн ааттаан, эмиэ харчы угар дьону угуйуохтааҕа. Били, сыап салҕанан барарын курдук. Онуоха пирамида чыпчаалыгар турааччылар, чахчы, харчыны баспытынан барбыттара...
“Саха потоковая матрица” хайдахтаах курдук дьону эмискэ байытарын, үгүөрү үптүүрүн туһунан Мотуруоналар социальнай ситимнэринэн салгыбакка кэпсээбиттэрэ. Кинилэргэ киирэн “байбыт дьоллоохтор” хаартыскаларын таһаара-таһаара, дьону ымсыырдыбыттара. Бары бэркэ билэр бассааппытыгар бөлөхтөрү тэрийэ-тэрийэ, чэпчэкитик байарга угуйбуттара: “Уон тыһыынча солкуобайы угуҥ уонна икки нэдиэлэнэн номнуо 20 тыһыынчаланыҥ!” диэн. Дьэ, ол кэннэ, биһиги дьоммут омуннара бөҕө, байа охсоору таах быар куустан олоруохтара дуо, Мотуруоналар хонтуораларыгар ыстаммыттара. Аймахтарын, доҕотторун, кэллиэгэлэрин соспутунан... Үс нэдиэлэ үлэлээбит “Саха потоковая матрицаҕа” 5 тыһыынчаатан тахса киһи киирбит!
Лидия, куорат олохтооҕо:
– Оччолорго ол-бу үп пирамидалара тэллэй курдук үүнэ турбуттара. Дьиҥэ, мин итинник пирамида син биир суулларын билэр этим. Онон, баҕа өттүбүнэн кутталга киирбитим. Били, “Дьол хараҕа суох” дииллэрин курдук. Латырыайа билиэтин тардар тэҥэ буоллаҕа. Мин бастаан 20 тыһ. солк. укпутум уонна дьүөгэлэрбин киллэрбитим. Икки нэдиэлэнэн номнуо 40 тыһ. солк. ылбытым. Ханнык да бааҥҥа итиччэ бырыһыаннаах угуу суох буоллаҕа. Чахчы ылбыппын өйдөөн уонна дьон тоҕуоруһарын билэн, аны уоппускам харчытын олоччу – 100 тыһ. солк. – укпутум. Тыаттан биир дойдулаахтарбын эҥин киллэртээбитим. Дьон балтараа мөлүйүөннүүнү кытары угалларын сөхпүтүм. Матреналарга харчыларын үлүннэрбит дьон махтаналларын хаста да истибитим. Кинилэри олох таҥара курдук көрөллөрө. Сорохтор 500 тыһ. уган баран, сымыйа партнердары аҕалаллар этэ, кими да салгыы аҕалыахтарын баҕарбакка. Инньэ гынан, сыап быстан хаалбыта, салгыы угар киһи суох буолан, матрица сууллубута. Дьиҥэ, тэрийээччилэр ону хонтуруолга ылбыттара буоллар, баҕар, билигин да үлэлии туруо эбитэ буолуо. Онон итинник “халявщиктар” буруйдарыттан пирамида начаас таҥнары курулаабыта. Муус устар 6 күнүгэр бастакы “сбой” буолбута. Нөҥүө күнүгэр атын ньыманы тобула сатаабыттарын дьон өйдөөбөтөҕө. Ити оруобуна өрөбүл күн этэ. Онтон бэнидиэнньиккэ дьон офиска тиийэн аҕыс айдааны тардыбыттара, ыһан-тоҕон барбыттара. Мин, баҕа өттүбүнэн өйдүү-өйдүү харчыбын илдьибит буолан, көрдүү эҥин сатаабатаҕым. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар кинилэри хайдах да эппиэккэ тардыахтара суоҕа дии санаабытым.
Хайдахтаах да пирамида син биир сууллар ыйаахтааҕынан, бу пирамида муус устар саҥатыгар эстибитэ. Били, байа охсоору соруммут, бүтэһик харчыларын биэрбит дьон, харчыларын төнүннэрээри Мотуруоналар хонтуораларыгар тиийбиттэрэ. Харчыларыттан ытыс соттон хаалбыт дьон туох санаалаах кэлэллэрэ өйдөнөр. Ол кэннэ Мотуруоналар пирамида сууллубутугар килийиэннэрин буруйдаабыттара уонна маннык биллэриини тарҕаппыттара:
“Дьэ, биһигини араастаан холуннарбыккытыгар, үөхпүккүтүгэр эппиэттэтиэхпит. Хас күн ахсын, хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри эһиэхэ төлөбүрдэри ыытабыт. Кэргэттэрбитин, оҕолорбутун, чугас дьоммутун умнан туран, түүнү быһа эһиги тускутугар үлэлиибит. Эһиги, харчы ылбыт дьон, ону бары бэркэ билэҕит. Харчытын төнүнэрбэтэх киһи диэн суох ээ. Ону ол диэбэккэ, офиска кэлэн айдаан таһаардыгыт. Инньэ гынан, биһигини үлэлэппэтигит. Итини барытын эһиги – партнердарбыт – оҥордугут! Барытыгар бэйэҕит буруйдааххыт. Дьаабы дьон эбиккит. Биһиги үлэлээбиппит. Ону барытын бэйэҕит тохтоттугут, ыстыгыт, буортулаатыгыт. Биһигини буруйдуу да сорунумаҥ!”
Буруйдарын “партнердарга” сыбыы сатаабыттара табыллыбатаҕа. Сыарҕа сыҥааҕын, эрбии биитин курдук тэҥ санаалаах Мотуруоналар эппиэтинэстэн кыайан куотумматахтара. “Саха потоковая матрица” сууллаатын кытары, отоойкоҕо олорбут дьон аны Мотуруоналар хонтуораларыгар буолбакка, полицияҕа тыллыы уочараттаабыттара. Дьахталларга “бөдөҥ суумаҕа түөкүннээһин” диэн ыстатыйанан холуобунай дьыаланы көбүппүттэрэ. Мотуруоналартан ураты өссө эппиэккэ биир кыттыгас дьахтар – Туйаара Нюргусова – тардыллыбыта.
Мотуруоналар, биллэн турар, буруйдарын билиммэтэхтэрэ. Силиэстийэ кэмигэр буруйу арыйарга көмө буолуохтаах дакаастабыллаах матырыйааллары – докумуоннары, чиэктэри эҥин суох оҥоро сатаабыттар уонна баайдарын-дуолларын кистииргэ түһүммүттэр. Силиэстийэ сабаҕалыырынан, дьахталлар дьону албыннаары биирдии бэйэлэрэ тус-туспа оруолу толоро сылдьыбыттар. Хайалара эрэ килийиэннэри кытары дуогабар түһэрсэр, анарааҥҥыта хаассаны үлэлэтэр, үһүстэрэ дьону угуйар эбээһинэстээхтэр эбит. Биллэн турар, дуогабарга дьон харчытын “баҕа өттүнэн биэрэр” диэн эбии суруйуулаах. Дьон ити улахан суолталаах пууну тоҕо болҕомтоҕо ылбатахтара буолла? Алыптаах тылга киирэн биэрии дуу эбэтэр байар туһугар тугу барытын умнуу дуу?
Мэлдьи буоларын курдук, ордук тэрийээччилэр байа түспүттэрэ. Дьону түөкүннээн ылбыт харчыларынан дьахталлар баай-дуол бөҕөтүн ылыммыттар. Холобур, “Тойота Лэнд Крузер”, “Рав-4” курдук джиптэри, күндү таастардаах кыһыл көмүс оҥоһуктары, ноутбуктары ылыммыттар, хомунаалынай өҥөлөрүн, кирэдьииттэрин төлөөбүттэр.
Ис дьыала министиэристибэтин пресс-релиһиттэн:
– Баара-суоҕа биир ый иһигэр уорбаланааччылар сыаналаах массыыналары, көмпүүтэр тиэхиньикэтин уонна да араас баай-талым олох малын-салын атыыласпыттар. Силиэстийэ быһаарбытынан, ити баайы-дуолу кинилэр кириминээл суолунан ситиспиттэр. Ити иннинэ кинилэр 2019 сыллаахха олунньуга сууллубут атын үп пирамидатыгар “үлэлии” сылдьыбыт уопуттаахтар. Ити чэпчэки харчыны өлөрөр суоллара сабыллыбытыгар биир дьахтар “кэллиэгэлэригэр” аны бэйэлэрэ итинник ньыманан үлэлииллэригэр этии киллэрбит. Түөкүттэр ити дьыалалара ситиһиилээх буолуоҕар эрэллээх эбиттэр: онуоха туһааннаах уопут, биллэр исхиэмэ баар буоллаҕа. Кинилэр бэйэлэрин пирамидаларын тэрийиэхтэрин иннинэ үлэлээбит “тэрилтэлэригэр” дьону угуйууга ситиһиилэрин учуоттаан, оннооҕор Сочи куоракка ол “тэрилтэ” үбүлүөйүгэр ыҥырыллан тиийэ сылдьыбыттар. Кинилэр “үтүөлэрин” сыаналаах бэлэҕинэн бэлиэтээбиттэр.
“Саха потоковая матрица” пирамидатын арыйалларыгар, кинилэр социальнай ситимнэринэн, мессенджердэринэн эрэкэлээмэ эгэлгэтин ыытан, дьону угуйтаабыттар. Гражданнарга өлгөм харчыны эрэннэрбиттэр: “сибилигин 10 тыһ. солк. ук уонна баара-суоҕа икки нэдиэлэнэн онтугун икки бүк үлүннэрэн, 20 тыһ. солк. түс” диэбиттэр. Онуоха харчы угар дьон “финансистары” кытары ханнык да дуогабарынан сыһыаннара олохтоммотоҕун үрдүнэн кэлэ турбуттар. Биир ыйынан кинилэр килийиэннэрэ номнуо 500-кэ тиийбит. Ол эрээри. Кинилэр бары соһуччу байа түспэтэхтэр. Саха сирин 456 олохтооҕо дивиденнэрин эрэ буолуо дуо, укпут харчыларыттан кытары мэлийбиттэр. Силиэстийэ быһаарбытынан, уорбаланааччылар гражданнартан 20 мөл. солк. тахса үбү иҥэриммиттэр.
Билигин холуобунай дьыала силиэстийэлэнэн бүтэн, Дьокуускай куораттааҕы суукка көрүллүбүтэ номнуо сыл буолан эрэр. Тоҕо эрэ суут силиэстийэтэ олус бытааннык барар. Сууттанааччылар баайдарын-дуолларын тутан тураллар. Ол эрээри ол баай-дуол албыннаппыт дьон иэстэрин бүтүннүү сабыа дуо? Саарбах соҕус.
“Финико”, “Максирайз” эҥин курдук пирамидалар тэрийээччилэрин тутан хаайбыттарын кэннэ, билигин маннык дьыалаҕа ылсар түөкүттэр чуумпурдулар курдук. Аны билигин атын түөкүттэр – ол-бу “баан үлэһиттэрэ”, интэриниэт массыанньыктара – күннүүллэр. Төһө эмэ “баан хаартатын дааннайдарын туора киһиэхэ этимэҥ” дииллэрин үрдүнэн, дьон син биир өйдөммөт.