Киир

Киир

Аныгы мэдиссиинэ сайдыылаах үйэтигэр, былыргыттан тилэх баттаһан кэлбит биир дьикти эмтэнэр көрүҥ – гирудотерапия, ол эбэтэр ынах тылынан эмтэнии. Сорох дьон маннык эмтэниини ыраахтан тумнан ааһар, атыттар «улаханнык туһалаабата буолуо», эбэтэр «хайдах туһалыыра буолла?» диэн мунаахсыйаллара баар суол.

Онон, бүгүн кэпсэтиэхтээх киһим - терапевт, токсиколог, гирудотерапевт, элбэх сыл уопуттаах, аҕам саастаах быраас Назарова Татьяна Михайловна-Санаа ынах тылынан эмтэниигэ сыһыаннаах ыйытыыларбар хоруйдуур.

- Гирудотерапия диэн тыл туох суолталааҕый?

- Гирудотерапия диэн тыл гирудин диэн тылтан тахсыбыт. Гирудин диэн медицинскэй ынах тыла таһаарар, хааны аспириннааҕар да күүскэ убатар айылҕа бэйэтэ оҥорбут ураты ферменэ буолар.

- Дьэ, бу ынах тылынан эмтэнии туохха туһалыырый? Ханнык ыарыыларга абыраллааҕый?

- Ынах тылынан эмтэнии туһата диэн - ферменнэр киһи этигэр-хааныгар киирэннэр хаан, лимфа эргиирин тупсараллар, онон, элбэх ыарыыга туттуохха сөп. Билигин 40% ыал дьон араас мөлтөх дьайыылартан кыайан оҕоломмоттор, ардыгар дьахталлар төрүүр-бууһуур уорганнарыгар тымныйыыттан "спайкалаах, искэннээх (кисталаах) буолаллар, оннук түбэлтэҕэ ынах тыла барахсан искэн туһаайыытынан (локально) үлэлээн, бөлүөҕүрбүт хааны оборон таһааран, искэни суох оҥоруон сөп. Арай, хаан ыарыылаахтарга, үрдүк кыраадыстаах сыстыганнаах ыарыыларга ынах тылынан эмтээһин барбат. Онон, эмтэниэн баҕарааччылар хаан анаалыстаах буолалларын ситиһэ сатыыбыт.

- Ынах тыла наһаа күүскэ ыстыыр, хаан бөҕө кэлэр дииллэр. Арай, бастакы санааҕа, туһалыа суоҕун курдук дии. Ити үөммүт ыстаатаҕына, төһө элбэх хаан кэлэрий?

- Ынах тыла үс сүүс тиистээх, олорунан эрбээн дириҥ хайаҕастары оҥорор уонна ол хайаҕастар устун сүүстэн тахса эмтээх ферменнэрин хааҥҥа, лимфаҕа кутар. Биллэн туран, уонча мүнүүтэ ыалдьар, онтон ыарыыны үмүрүрүтэр ферменнэр киирэннэр, ыалдьыбат оҥорон кэбиһэллэр. Ыалдьар сиртэн хаан элбэх кэлэр, биир ынах тыла 10 мл курдук хааны оборор. Хаан бөлүөҕүрүүтүн анаалыһа үчүгэй (свертываемость) буоллаҕына, биир суукка устата хаан кэлиэн сөп. Оттон эр дьон наһаа куттанан, суһал көмөнү ыҥырааччылар бааллар. "Кэргэнин хас күн көрүнэрий"? – диэн кэргэттэрин ыйдааҕыларын туһунан ыйыттахха, дьэ, уоскуйаллар. Хааны кытта стрептоккоктар, стафилоккоктар, вирустар эттэн-хаантан тахсан, ыарыыны, искэни, хаан бөлүөхсүбүт тромбаларын намыраталлар. Хаан убаатаҕына, иммуннай систиэмэбит лейкоциттэрэ, фагоциттара, лимфоциттара тута убаҕас хааҥҥа "уһукта" түһэллэр, бактериялары, вирустары эккирэтэллэрэ түргээтииллэр. Ханнык баҕарар ыарыы үтүөрүүтэ хаантан олус тутулуктаах...

WhatsApp Image 2022 02 16 at 14.42.19

- Эн бэйэҥ хаһааҥҥыттан ынах тылынан эмтээһининэн дьарыктанаҕыный?

- Урут, мин ийэм төбөтүн аҥаара, хараҕа эмискэ наһаа күүскэ ыалдьан кэлэллэрэ. Ону харах бырааһа көрөн-истэн баран, глаукома диэн диагноһы туруорбута уонна ынах тылынан эмтэнэригэр сүбэлээбит этэ. Ол кэмҥэ мин 14-15 саастааҕым. Аптекаҕа ынах тылын атыылыыллара. Балыыһабыт ыраах буолан уонна наһаа ыалдьарын иһин, кыһалҕаттан ийэм массаастаан, кытарбыт сирдэринэн - хараҕын тула, чэчэйигэр, сүнньүгэр ынах тылын түргэнник уурарым, чаас аҥаарынан ийэм ыарыыта ааһан, хараҕынан көрөн кэлэрэ. Кини глаукоманан сүүрбэттэн тахса сыл ыалдьан, 67 сааһыгар хараҕа суох буолбута... Ол эмп-том суох кэмигэр ынах тылынан эмтээһин олус көмөлөспүтэ. Онтон ылата, маннык ньыманан эмтэниини интириэһиргиир буолбутум.

Оттон бэйэм буоллаҕына ынах тылынан эмтээһининэн 1994-95 сылтан дьарыктанабын. Биэнсийэҕэ тахсан бараммын, дьоҥҥо туһалыыр санаам баһыйан, арааһынай хамыыһыйаны ааһан, «урбаанньыт быраас» буоларга көҥүл ылбытым. Мин ынах тылынан эрэ эмтээбэппин, дьоннору истэрин-үөстэрин ыраастааһынынан эмиэ дьарыктанабын, “тюбаж” диэн процедураны оҥоробун. Маннык ньыма биһиги эрэ үлэбитигэр баар быһыылаах. Дьиҥинэн, үгүс ыарыы ис уорган уонна хаан киртийиититтэн үөскүүр.

- Холобура, биир ынах тыла сыаната төһө буоларый? Ордук ханнык кыһалҕалаах дьон эйиэхэ тиийэллэрий?

- Биир ынах тылын ууруу 400 солкуобай. Билигин дьон хамсык кэмигэр төбөлөрө, сүһүөхтэрэ ыалдьара элбээтэ. Хааннарын баттааһына үрдүк буолар, ону тонометра суох дьон бэйэлэрэ да билээхтээбэттэр. Төбөлөрүгэр, сүнньүлэригэр ынах тылларын ууран, түргэнник хаан баттааһынын түһэрэбит.

- Ол аата, ынах тылынан эмтэнии Ковид-19 ыарыынан ыалдьан ааспыттарга туһалаах буолан тахсар эбит дии!

- Ковид-19 ыалдьыбыттар хааннара хойдон, тромбоз буолаахтыыллар. Туох баар бөх атахтарга түһэр, онон, атахтарын тымырдара үллэн, иһэн тахсаллар. Ол - олус кутталлаах. Ону өйдөөн, атахтарыгар ынах тыла уурдара сатыыллар... Биһиги буоллаҕына, эмтээһини ыраахтан саҕалыыбыт, хааннарын баттааһына үрдээбитин быһаардахпытына, анаалыстарга ыытабыт. Аны онно быардарын анаалыстара мөлтөх буолааччылар, онон, Ковид-19 элбэх уорганнар үлэлэрин мөлтөтөр эбит. Утуйбат уонна наһаа умнуган да буолаллар. Кылгатан кэпсээтэххэ, ыалдьыбыт дьон уһуннук эмтэниэхтэрин, эти-сиини чөлүгэр түһэрэр комплекснай реабилитацияны барыахтаахтар. Ынах тылынан эмтээһин онуоха улахан оруолу ылар.

- Ынах тылларын хантан аҕалаҕыный?

- Ынах тылларын Москубаҕа баар Международный центр диэнтэн сэртипикээттээх, бэтэринээринэй сибидиэтилистибэлээх ылабыт. Аэропуорка манна көтөн кэлэр киһини көрдөһөн, эрэйдээх соҕустук аҕалабыт.

- Ынах тылынан эмтэнии дьоҥҥо олус көмөлөспүт холобурдарын кэпсииргэр көрдөһөбүн.

- Мин, уопсайынан, мэдиссиинэҕэ үлэлээбитим 50-н тахса сыл буолла. Олох куруутун уурайыахпын саныыр этим. Оннук сылдьан хаста даҕаны ыарыйдым, сиспин даҕаны тосту түһэ сырыппыттааҕым. Ол иһин, уурайдахха табыллар диэн, дьэ биирдэ, өр баҕайы үлэлээбэккэ сыттахпына, биир дьахтар Маҕантан ытыы-ытыы эрийдэ уонна: “Мин олох өлөөрү гынным, температурам наһаа үрдээтэ, атаҕым бөскөччү иһэн хаалла, көҕөрдө, кытарда, кыайан хаампаппын, бэйэм бырааспын”, - дии-дии суланна. Дьэ, мин сиспэр кэрсиэт кэтэн баран, тиийдим. Киниэхэ 10-ча ынах тылын уурдум. Арай, үөннэрим ыстаан бүтэллэрин кэтэһэ турдахпына, 20 мүнүүтэ иһигэр тотоннор, тууллан түстүлэр. Бырааһым буоллаҕына дабылыанньата уонна температурата түһэн, бэттэх кэллэ, бэл, настарыанньата тубуста... бу киһи миэхэ билигин даҕаны дөрүн-дөрүн эмтэнэр. Кини атаҕар варикозтаах, тромбозтаах. Онтукатыгар олус көмөлөһөр. Дьэ, кини үтүөрбүтэ миэхэ дьайан, корсеппын кэппитинэн үлэбэр тахсан, салгыы үлэлээтим. Инньэ гынан, быраас дьахтары эмтээммин, дьону ынах тылынан эмтиир үлэбэр төннүбүтүм.  

Аны биирдэ, эдэр дьахтар мэдиссиинэ киинигэр көрдөрүнэ сылдьан, уҥа эмиийигэр искэн буллаттарбыт, кинини анаалыстаан-анаалыстаан, эпэрээһийэҕэ ыыппыттар... Эдэр дьахтар уорганнарын ылларыан баҕарбакка миэхэ кэлэн, "ынах тылларынан (пиявкаларынан) оботторуохха" диэн көрдөс да көрдөс буолла... Кырдьык, тутан көрдөххө куурусса сымыытын саҕа, кып–кытаанах искэн сылдьаахтыыр, дьэ мин ол туһаайыытынан аҕыстыы ынах тылын уура-уура эмиэ хааннааһынан дьарыктанарбар тиийбитим. Онтукам баара искэммит кыччаан-кыччаан, бүтэһигэр рис куруппа курдук тахсыбат дуо? Искэн хаҕа, дьэ, хайдыбыта быһыылааҕа. Онно баччааҥҥа диэри көрбөтөхпүн көрбүтүм. Аҕыс сеанс кэнниттэн ыарыһаҕым маммографияҕа барбыта - "фиброзная тяжистость" эрэ буолан хаалбыт, искэммит суох! Үөрүү бөҕө буоллубут.

Дьиҥинэн, ынах тылыттан эмтэммит, абыраммыт дьон устуоруйата олус элбэх, ону барытын кэпсээтэхпинэ, быйыл бүппэппит...

WhatsApp Image 2022 02 16 at 14.47.29

- Эйиэхэ ынах тылынан эмтэнэ тиийэр киһи хайдах бэлэмнэнэн тиийиэхтээҕий? Эбэтэр, улахан бэлэмнэнии наадата суох дуу?

- Эмтэнээччи хаан анаалыһын туттаран баран кэлэрэ булгуччулаах. Соторутааҕыта тугунан ыалдьа сылдьыбытын туһунан балыыһаттан выпискалаах кэлиэҕин сөп. Маны сэргэ, бырастыыналаах, хаан оборор быракылааккалаах, үчүгэй настарыанньалаах кэлиҥ диэн эмтэнээччилэртэн көрдөһөбүт.

- Эмтээн бүппүккүн кэннэ, ынах тыллара хайдах буолалларый? Быраҕаҕыт дуу, салҕыы иитэҕит дуу? Ынах тылларын киһи бэйэтэ ылан, туттуон сөп дуо?

- Москваҕа үөрэнэ сырыттахпытына, ынах тылларын 20 мүнүүтэнэн ылан кэбиһиэххитин сөп диэн үөрэппиттэрэ. Оттон манна ынах тыллара бытааннык үлэлииллэр, сорох дьоҥҥо икки чаас, сороххо үс да чаас сытыахтарын сөп. Биһиги ону тууран ылбаппыт, бэйэлэрэ тууллан бүтэллэрин кэтэһэбит. Уонна, дьон биһигини ынах тылларын хос-хос тутталлара буолуо дии саныылларын иһин, ынах тылларын бакыакка эбэтэр бытыылкаҕа уган бэйэлэригэр биэрэбит. Сорохтор ол ону тоҥороннор, бэйэлэрэ маас курдук туттуохтарын сөбүн туһунан кэпсээн-сүбэлээн биэрэбит. Эбэтэр бааҥкаҕа ууга уганнар, иккилии-үстүү күн буола-буола, ууларын уларытаннар иитиэхтэрин сөбүн туһунан эмиэ кэпсиибит. Оннук иитэн, сорох кыаммат биэнсийэлээхтэр биэс-түөрт ыйынан кэлэннэр, биһиэхэ ииппит ынах тылларын босхо уурдараллар. Уонна, сорохтор эмиэ ити туттуллубут ынах тылларын илдьэ бараллар. Онон, ити курдук, ынах тылын хос-хос туттар дьон баар. Аны туран, ынах тылларын атыылаһан ылан туһанааччылар. Варикозтаах дьон ынах тылларын атахтарыгар бэйэлэрэ ууран эмтэнээччилэр. Маныаха, биһиги кинилэри үөрэтэн, ыйан-кэрдэн биэрэбит.

- Били биһиги айылҕабытыгар баар ынах тылларбыт эмиэ көмөлөөхтөр дуо? Тоҕо ити үөннэри тутуу бырамыысаланнаһа Саха сиригэр сайдыбата буолуой?

- Биһиги айылҕабытыгар баар ынах тыллара кутталлаахтар. Тоҕо диэтэххинэ, онно ынах-сүөһү, ыт-кус, кыыл-сүөл, атын үөн-көйүүр сылдьар. Ынах тыллара үөскээбит ууларыгар эҥин арааһынай ыарыы вирустара, баалычкалара баар буолуохтарын сөп. Инньэ гынан, айылҕаҕа баар ынах тылын туттуллубат. Арай, сэрии кэмигэр, антибиотик, араас эмп-том суох эрдэҕинэ, элбэх баастаах, гангреналаары гыммыт дьону күөллэртэн ынах тылларын ылан, эмтээбит түбэлтэлэрэ баар. Билигин оннук адьас көҥүллэммэт.

Ынах тылларын иитэр, улаатыннарар фабрикалар Иркутскайга, Барнаулга бааллар, ол гынан баран, ону Москва сөбүлээбэт. Ол иһин, бэрэбиэркэ бөҕө ыытан, саҥа үөдүйээри гыммыттары үксүгэр саптараллар, ол иһин ынах тылын иитии кыаллыбат.  

WhatsApp Image 2022 02 16 at 14.44.15

- Эмтиириҥ таһынан туох эбии дьарыктааххыный?

- Кэлиҥҥи сылларга быраастары үөҕэллэрэ элбии сылдьыбыта. Ол санаа үүйэ-хаайа тутан дуу, хайдах дуу, кэлин иллэҥ кэммэр суруйуунан дьарыгырар буолбутум. Хомойуох иһин, көмпүүтэргэ кыайан суруйбакка, бу быычыкаайык төлөпүөммэр бичийэбин. Хараҕым олус түргэнник сылайан хаалар буолан, кэпсээннэрим олус кылгастар. Ол гынан баран, дьоҥҥо тиийимтиэтик ис хоһоонун табан, олус түргэнник суруйан кээһэбин. Олохпор наһаа элбэх ыарыһаҕы эмтээбитим, үгүс үчүгэй дьоннуун алтыспытым, кэргэммин кытта 53 сыл бииргэ дьоллоохтук олорон кэллим. Инньэ гынан, олохпор көрсүбүт уопуппун, араас санаабын-онообун суруйабын. Дьон сөбүлээн ааҕар.

- Мин ыйытыыларбар хоруйуҥ иһин барҕа махтал. Дьоҥҥо туһалаах, үтүө суобастаах үлэҕэр ситиһиилэри, дьон билиниитин баҕарабын.

Кэпсэттэ Ираида Коркина-Чугдаара