Ньиэби, гааһы хостуур “Роснефть” национальнай хампаанньа иһинэн тэриллэн үлэлиир “Таас Үрэх Нефтегазодобыча” тэрилтэ өйөбүлүнэн “Наш лес” экологическай аахсыйа тэрилиннэ.
****
Бу тэрээһин СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ тэрийэр «Зеленая Россия» Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай субуотунньук чэрчитинэн ыытылынна. Дьокуускай волонтёрдара, судаарыстыбаннай былаас уорганнарын уонна тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ куораттан чугас сиргэ, Маҕанныыр суол 7-с килэмиэтиригэр, ойуурдаах сири өрө тардар, бөҕүн-сыыһын хомуйар сыаллаах муһуннулар.
«Таас Үрэх Нефтегазодобыча» тэрилтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччытын солбуйааччы Алена Брызгалова экология аахсыйатын кыттааччыларыгар туһаайан тыл эттэ. Тэрилтэ эрэгийиэн сирин-уотун, айылҕатын харыстыырга улахан болҕомтотун туһаайарын бэлиэтээн туран: «Биһиги аахсыйабытын өйөөн кэлбит дьоҥҥо барыгытыгар тэрилтэ кэллэктиибин аатыттан истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин. Күрэхтэһии көрүҥүнэн ыытыллар бэрт сэргэх бырагырааманы бэлэмнээтибит. Хамаандаларга көхтөөх үлэни, үчүгэй настарыанньаны баҕарабын», – диэн эттэ.
Кыттааччылар былаастык, алюминий, тимир, өстүөкүлэ уонна атын туһаттан тахсыбыт бөҕү-сыыһы (ол иһигэр хордуону, кумааҕыны, о.д.а.) наардаан төһө түргэнник хомуйарга күрэхтэстилэр. Бөх көрүҥүттэн көрөн хас биирдии мөһөөччүгү араас өҥнөөх анал лиэнтэнэн бэлиэтээтилэр. Хомуйбут бөхтөрө хайдах хаачыстыбалааҕын, төһөнү хомуйбуттарын, ыйааһыннарын көрөн кыайыылаахтары быһаардылар.
Аахсыйаҕа араас тэрилтэттэн, судаарыстыбаннай биэдэмистибэттэн, үөрэх тэрилтэтиттэн уопсайа 55 киһилээх 11 хамаанда кытынна.
Күрэх түмүгүнэн маҥнайгы миэстэни СӨ Баһылыгын дьаһалтатын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын хамаандата ылан, кыайан таҕыста. Иккис миэстэни СӨ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ ылла. Бочуоттаах үһүс миэстэҕэ Идэтийбит үөрэхтээһин сайдыытын институтун хамаандата тигистэ. Кыайыылаахтар хампаанньа брендовай бириистэринэн наҕараадаланнылар. Тэрийээччилэр «Саамай ураты булумньу», «Саамай уопуттаах кыттааччы», «Саамай эдэр кыттааччы» анал ааттары ылбыт кыттааччылары эмиэ бэлиэтээтилэр.
– Биһиги хамаандабыт экологияҕа сыһыаннаах, билиҥҥи кэмҥэ улахан суолталаах күрэххэ үөрэ-көтө кытынна, – диэн «Не дай огня!» волонтёр бырайыактыыр бөлөҕүн кыттыылааҕа Андрей Попов санаатын үллэһиннэ. – Кыттааччылар бөҕү наардыыр кэмнэригэр айылҕабытын ыраастык тутары таһынан туһаттан тахсыбыт малы-салы сөпкө наардыыр суолталааҕын өйдөөтүлэр.
Аахсыйа түмүгэ – ыраас ойуур уонна толору бөхтөөх 103 куул. Бөхтөөх мөһөөччүктэри куорат полигонугар туттардылар.
Тулалыыр эйгэни харыстыыр стратегическай сыалы-соругу ситиһэргэ «Таас Үрэх Нефтегазодобыча» айылҕаны кытары саҥа ньымалары туһанар, экологическай тэрээһиннэр хабааннарын кэҥэтэр. Тэрилтэ үлэһиттэрэ «Чистые берега» уонна «Зеленая весна» Бүтүн Арассыыйатааҕы субуотунньуктарга сылын аайы кытталлар. Айылҕаны чөлүгэр түһэрэргэ Ленскэй оройуонугар 113-тэн тахса гектардаах сиргэ 160 тыһыынча маһы олордубуттара. Бүлүү өрүскэ сэттэ сыл устатыгар 4 мөлүйүөнтэн тахса балык ыаматын ыыттылар.