Киир

Киир

Дойду үрдүнэн оҥорон таһаарыы түмүгүн хойутаан таһаараллара – баар суол. Онон кэнники бэриллибит чахчыларга  олоҕурарга тиийиллэр. РФ ТХМ саайтыгар инньэ ахсынньы 19 к. иһитиннэриитигэр дойду тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ биир сууккаҕа 51,7 тыһ. т үүтү туттараллара этиллэр. Бу көрдөрүү –  2021 сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ, 3,6 тыһ. туоннанан (7,4%) үгүөрү.

Муҥутуур элбэх үүтү (сууккаҕа 1,5 туоннаттан элбэҕи) Татарстан, Удмурт, Краснодар кыраайа, Воронеж, Киров, Свердловскай, Новосибирскай, Белгород, Ленинград уонна Москуба уобаластара туттараллара бэлиэтэммит. Хас күн аайы биир ыанньыктан ортотунан 20,07 л ыан, иннинээҕи сылтан  1,27 л үгүөрү үүт ылыллыбыт. Оттон бастыҥнарынан ааттаммыт эрэгийиэннэргэ 25 л тахсалыыны ыыллар. 

Оттон табаарынай үүт бэлэмэ 2022 сыл инники 11 ыйыгар, быһа барыллаан ааҕыынан, 2021  сыл туһааннаах кэмиттэн 3,4% үрдээн, 20,8 мөл. солк. тэҥнэспит. О.и. тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ ыыр үүттэрэ 5 % үрдээн, 15,4 мөл. т буолбутун Milknews Аналитикалыыр киинин отчуотугар көрөбүт.

Үүт бэлэмигэр, ис-иһигэр киирдэххэ, иллэрээ сыл, былырыын даҕаны уустук, туорай мас буолар мэһэй дэлэй этэ. Ол курдук, хамсык хааччаҕын кэннинээҕи сылга үүт бэйэҕэ турар сыаната быһа холуйан 16-20% үрдээн, үүтүнэн дьарыктанааччылар биллэ-көстө долгуйан ылбыттара. Арассыыйаҕа сааҥсыйа биллэриллэн, логистика өттүгэр уустугуруу тахсыыта, тас дойдулартан киирэр технология сыаналаныыта, тардыллан кэлиитэ, онно эбии уматык, уот  сыаната үрдээһинэ, ыанньык ахсаана аҕыйааһына онуоха төрүөт буолбута. Ол дуораана манна да биллэ охсон, кэлии үүт үгүс өттө сыаналана сылдьыбыта. 

Тустаах отчуокка суруллубутунан, 2022 сыл бүтүүтэ балаһыанньа тупсубут. Оннук эрэ буоллун! Иккис өттүттэн, сорох сиргэ сүөһү аһылыга сыаналанан, үүт бэйэҕэ турар сыаната эмиэ үрдээн да ыллаҕына көҥүл диэн, сэрэнэ соҕус сабаҕалаабыттар. 

Тас дойду технологиятын туһаныыга хааччах-мэһэй билигин да тохтуу илигин быһыытынан, балаһыанньа мантан салгыы тупсар аатыгар барыа диир күчүмэҕэй. Ол эрээри балаһыанньаны учуоттаан, табаарынай үүт бэлэмигэр сыһыаннаах инвест-бырайыактарга субсидия көрүллүбүтэ эрэли саҕар.

Аны, milknews.ru  суруйарынан, 2022 с. сэтинньитин саҕаланыытыгар дойду бары көрүҥ хаһаайыстыбаларыгар ынах ахсаана иннинээҕи 2021 сылтан 1,1 % аҕыйаан, 7,77 мөл. буолбут. Ол аата, биир сыл иһигэр дойду үрдүнэн ынах 86 тыһыынчанан аҕыйаабыт.  Ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 4,4 тыһ. (0,1%) аҕыйаппыттар. Кинилэргэ 3,22 мөл. ынаҕы иитэллэр.

Ынах аҕыйааһына ордук Башкортостан тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр көстөр: 8,1 тыһыынча көҕүрээбит! Уобаластартан Оренбург –  5,3 тыһыынчанан, Новосибирскай  4,9 тыһыынчанан аҕыйаппыт.

Ол гынан баран, ынах төһө да аҕыйаатар, дьиктитэ, тыа хаһаайыстыбаларын бөдөҥ тэрилтэлэрэ биир ынахтан ылар үүттэрэ 2022 сыл инники 10 ыйыгар ортотунан  6,7 % (+428 л) үрдээбит. Ону кинилэр сүөһүлэрин аһылыга (рациона) биллэ тупсубутунан, үүт сыаната үрдээбитинэн, оттон сүөһү аһылыгын сыаната эбиллибэккэ турарынан быһаарбыттар. Ол курдук, чуолаан Ярославскай (+1 424 л), Псков (+1 400 л) уонна Иваново (+1 223 л) уобаластар ыанньыктара үүт биэрэр кыахтара улааппыта этиллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 сыл 11 ыйын түмүгүнэн, үүт баалабай ыама 148 тыһ. туонна этэ. Итинтэн 60,4 тыһ. туонна (+3,7) үүт соҕотуопкаламмыт. ЛПХлар туттарар үүттэрин холбоон, уопсайа 61 855 туонна үүт тутуллубут. Сыл түмүгүнэн уопсайа 62 тыһ. туонна үүт соҕотуопкаланара былааннаммыта. Бу – 2021 сыл киэниттэн 4,75 тыһ. т үгүөрү. Ол сыл ыаммытынан үүт соҕотуопкатыгар 2,8 млрд солк. көрүллүбүтэ. Оттон 2022 сылга, үүт субсидията үрдээбитин, былаан улааппытын суотугар улуустарга 3,1 млрд солк. субвенция тыырыллыбыта.

Бу үүммүт сылга тэрээһиннээхтэр туттарар л үүттэрэ 50 солкуобайтан 60 солк. буола үрдүүр. Оттон ЛПХ-ларга ынахтарыгар 37 тыһ. солк. көрүллүөхтээх. Ону таһынан өссө үүт туттаран, эбиниэхтэрин сөп. Кинилэр, л үүтү, соҕотуопкаһыт уонна сорох улуустар лиитир үүккэ үбүлээһини көрөллөрүн суотугар ортотунан 30 солк. туттарыахтара диэн сабаҕалааһын баар.

Үүммүт сыл уратыта – олохтоох оҥорон таһаарыыны көҕүлүүр уонна түмүктээх сыаната үрдээн тахсыбатын наадатыгар диэн ааттаан, премьер Андрей Тарасенко көҕүлээһининэн бороһуок үүтү астааһыҥҥа ылсар буоллубут. Бу иннинэ Дьокуускайдааҕы үүт собуота эрэ бороһуок үүтүнэн астыыра. Анал куонкуруһу ааспыт өрөспүүбүлүкэ 18 астыыр тэрилтэтэ бороһуок үүтү атыылаһалларыгар субсидия ылыахтара. Онно Ленскэй, Үөһээ Дьааҥы, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Томпо, Таатта, Мэҥэ, Бүлүү, Сунтаар, Ньурба, Амма, Дьокуускай үүтү астыыр тэрилтэлэрэ хапсыбыттар.  Бу сыалга бүддьүөтүттэн 51,2 мөл. солк. былааннаммыт. Онон олохтоох бородууксуйа бэлэмэ 15-20 % үрдээн, 1086 т тиийиэ диэн суоттааһын баар. Онтон сиэттэрэн астыыр тэрилтэлэр киллэринэн үптэрэ эмиэ эбиллиэ үһү.

ТХМ бороһуок үүттэн бэлэмниир бородууксуйатын бэйэҕэ турар сыаната, ортотунан, 63,3 солк. буолан, бэлэмнэнэр үрүҥ ас сыаната 75-90 солк. иһинэн халбаҥныа, түмүгэр рентабельность 20-30% тэҥнэһиэ диэн суоттаабыт.

Кырдьыгынан эттэххэ, дьиҥ үүттэн бэлэмнэммитин да иһин, бороһуок аата бороһуок, Маҥаачыйа сибиэһэй үүтүгэр туох тэҥнэһиэ баарай? Арай сыаната удамыра сэҥээрдиэ турдаҕа. Онон кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ынах төбөтүгэр субсидияны ылан баран, ньирэйдэри ыытан кэбиспэккэ, кыалларынан ыан, бэйэлэрин, дьоннорун үрүҥ илгэнэн аһаталлара ордук этэ. 

2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өтөрүнэн бэриллибэтэх үгүөрү үп –  14 млрд 200 мөл. солк. – көрүллэр буолбута Арассыыйаҕа тиийэ дуорайда.

Итинтэн 6 млрд 303 мөл. солкуобайа (45 %-тан тахса) улуустарга бэриллибит боломуочуйаларын толороллоругар субвенция быһыытынан тиийэр. Оттон онно сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыы уонна сүөһү бигэ кыстыгын тэрийии дьаһалларыгар анаммыты аахтахха, 7 млрд 163 мөл. солк. (үп 62%) улуустарга тиийэр. Саха сирэ дойду тыа хаһаайыстыбатын өйүүр 10 бастыҥ эрэгийиэнин иһигэр киирсэр, ананар өйөбүл кээмэйинэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бөдөҥ тэрилтэлэрдээх Татарстан, Брянскай уобалас курдук субъектарга чугас турар диэн буолла.

Биллэн турар, импилээссийэ (мантан инньэ өссө төһө-хачча буолан турара биллибэт), уматык, уот-гаас сыаналаныыта ити үрдээһини “ыйыстан” кэбиһэр куттала суох буолбатах. РФ Экэниэмикэҕэ сайдыытын министиэристибэтин сэтинньигэ тахсыбыт сабаҕалааһынынан, импилээссийэ 2022 сылга – 12,4%, оттон 2023 сылга 5,5% буолуон сөп диэн этэ. Оттон киин баан туһааннааҕынан, 12-13% уонна 5-7% импилээссийэни сабаҕалаабыт этэ.

Ол эрээри үрдээһин аата үрдээһин, субсидия эбиллиитэ – улахан көмө. Импилээссийэ наһаалаан да турдаҕына, быыс-хайаҕас көстөн, олохтоох оҥорон таһаарыы хайаан да өйөнүө диэн эрэнэбит.

Татьяна Захарова-Лоһуура.

Бүтэһик сонуннар