Киир

Киир

Сунтаарга бара сылдьан, дьэ, дьоһуннаах, ыллыктаах өйдөөх-санаалаах, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх эдэрчи киһини көрүстүм. Урут сири, ходуһаны, бааһынаны таҥастыырынан, оҥорорунан бүтүн тэрилтэ дьарыгырар этэ. Оттон бу көрсүбүт киһим кыратыттан эһэтин үлэтин көрө улааппыт. Сиэн киһи кырдьаҕас мындыр көрүүтүгэр салайтаран, уопутугар тирэҕирэн, билиитигэр уһуйуллан, дьоҕурун утумнаан, эһэтин үлэтин салгыы сылдьар. Үлэ сылынан, тыа сиригэр чахчы харатынан үлэлии сылдьар бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Станислав СЕМЁНОВЫ көрсөн кэпсэтэбит.

5a89bd5b 9950 4b98 a03e ac1d7375f6ab

– Станислав, дорообо! Эдэр киһи диэтэххэ, тыа хаһаайыстыбатыгар сыстан, үлэ бөҕөнү үлэлии сылдьар эбиккин. Хаһаайыстыбаҕын хаһан, хайдах тэриммиккиний?

– 2013 сылтан аан бастаан үс кустан саҕалаан, көтөр иитэн барбытым. Куурусса, хонуу курупааскыта (перепел), кус, хаас. Көтөрбүн улам элбэтэн, икки сылынан ИП буолбутум. Перепелкабытын 200-кэ тиэрдэ сылдьыбыппыт. Билигин да бааллар. Урут дьиэм аттыгар тутар этим. Билигин барытын Бүлүүчээҥҥэ көһөртөөтүм. Сэлиэнньэҕэ көтөрү, сүөһүнү тутарга сокуон өттүнэн хааччах киирэн, көһөрөргө күһэлинним. Онно улахан көтөр дьиэтин тутуохтаахпыт. Индюк, бройлер куурусса, перепелка. Көтөр этэ, сымыыта эмиэ атыыга хамаҕатык барар, маҕаһыыҥҥа туттарабыт.

– Хортуоппуйунан уонна көтөрүнэн дьарыгыраҕын дуу?

– Былырыыҥҥыттан үс баа­һынай хаһаайыстыба (быраатым уонна табаарыһым) холбоһон үлэлии сылдьабыт. Кинилэргэ баар – миэхэ суох, миэхэ баар – кинилэргэ суох. Ол иһин бэйэ-бэйэбитигэр кө­мөлөсүһэ таарыйа диэн, бө­дөҥ­сүйүүгэ, сомоҕолоһууга бардыбыт. Бииргэ төрөөбүт быраатым Иван Семенов Дьаархаҥҥа сүөһүнэн дьарыгырар, 60-ча төбөлөөх. Алта сыл иһигэр аймаҕынан бары саба түһэн, дьиэтин-уотун, хотонун бүтүннүү туппуппут, оттуур ходуһатын, мэччитэр сирин барытын оҥор­буппут. Бүлүүчээҥҥэ Андрей Максимов диэн табаарыспар хортуоппуй уонна көтөр базата тутуллан үлэлээн эрэр. Итинник кыра-кыралаан бөдөҥсүтүүгэ баран эрэбит. Бастаан көтөр­төн саҕалаан баран, 2015 сылтан хортуоппуй киирбитэ. Оттон билигин, сүрүннээн, сир үлэтинэн дьарыгырабыт.

0a3b763a d1bf 43ce 8731 b6f146b270edАндрей Максимов

– Ол аата, сиргэ тугу гы­наҕыт, хайыыгыт?

– Кормовой база. Сир тиэрэн, оҥорон өр сыллаах оту ыһабыт. Быраҕыллыбыт сири ылан, дулҕатын астаран, арыт маһын, ойуурун кэрдэн, барытын хаттаан ыраастаан, хорутан оҥоробут. Сири ыллыҥ даҕаны, түргэн баҕайытык оҥорон кэбиспэккин. Хас эмэ сылынан оҥоһуллар. Холобур, 2015 сыллаахтан 17,5 гаалаах сир үлэтигэр биэс сыл үлэлээбиппит. Маһын солоон, силиһин түөрэн, хорутан, көбүтэн. Аны мантыбытын соҕурууттан анал сиэккэ атыылаһан күрүөлээбиппит. Онно өр сыллаах оту уонна күөх маассаны ыһан, сенаһы боруобалаан көрбүппүт. Биир үксүн хайдах үүнэрин, төһө оту биэрэрин билээри, быһата, кэтээн көрөргө чинчийэр үлэ ыыппыппыт. Ол сиргэ өссө хортуоппуй ыспыппыт. Онон олох биир даҕаны лоскуй сири хаалларбакка, барытын туһаҕа таһаарбыппыт. Күдээринэ ыһан кэбиспэппин, сылдьарым тухары чинчийэ, үөрэтэ, кэтээн көрө сылдьабын.

– Бэйэҥ сүөһү ииттибэккэ сылдьан, сир оҥоһуутунан дьарыктаммыт эбиккин.

– Мин сири оҥорорбор быраатым өссө үөрэҕин бүтэрэ илик этэ. Кини сүөһүнэн дьа­рыктаныаҕын билбит курдук, сирбитин оҥорбут эбиппин. 2018 сыллаахха дьоммут сааһыраннар, кинилэр сүө­һүлэрин бүтүннүү бырааппар көһөрбүппэр ылсан киирэн барбыта. Оттуур ходуһатын, мэччитэр сирин барытын оҥорон биэрбитим. Бу иннинэ дьоммут сирдэрин атын дьонтон уларсыкка ылан оттууллара. Сир олох суох этэ. Ол иһин Сойуус саҕана быраҕыллыбыт, үйэтигэр оттоммотох тараҕай эбэтэр бүтүннүү дулҕа, ойуур сирдэри оҥорбуппут. Сүөһү ииттэр киһи өлгөм үүтү ылыан баҕарар буоллаҕына, бастатан туран, сирин оҥостуохтаах, нүөлсүтүөхтээх, элбэх сыллаах от ыһыахтаах, ол быыһыгар сенаж, күөх маасса бэлэмниэхтээх. Ыһыы оту күүскэ кыайа туттахха, өлгөм үүтү ылар буоллаҕыҥ.

a454b083 596f 4908 8743 9646271a8c43Станислав Семенов аҕата, оҕото уонна доҕоро

– Сир-дойду аайы тө­һө­лөөх элбэх итинник сир бы­раҕыллан сытара буолуой?! Киһи бэйэтин кыаҕынан оҥор­доҕуна да, син чөлүгэр түһэр эбит дии.

– Мин 2015 сыллаахха саҕа­лыырбар КТР диэн бырагыраама баар эбит. Ол аата, судаарыстыба сирин ылан оҥордоххуна, ороскуотун 50% төлөнөр. Оччолорго итинник бырагыраама баарын билбэккэ, кирэдьиит ыла-ыла оҥорбутум. Биир сири оҥорорбор 1,5 мөлүйүөн курдук ороскуотурбутум. Дьон хамнаһа, сэлээркэҥ... аҥаардас сиэккэбэр 300 тыһ. солкуобай барбыта. Күрүөлүүргэ дьон килэмиэтиригэр 75 тыһ. солк. үлэлииллэрэ. Тэллэйдиир ойуур маһын солоон, силиһин түөрэн оҥордохпут дии. Ороскуота элбэх этэ. Дьиҥэ, уруккута сопхуос эрдэхтэринэ бааһына, буола буоллаҕа. Онтон туттуллубакка, быраҕыллан, бүтүннүү ойуур буолан хаалбыт. Онтубар хортуоппуй, онтон сенаж, күөх маасса ыспыппыт. Хайатыгар даҕаны өлгөм үүнүүнү биэрбитэ. Күөх маассаны алтынньыга охсон баран, соннук күөхтүү тоҥорон кэбиһэҕин.

– Бэйэҥ туох идэлээххиний, үөрэхтээххиний?

– ХИФУ автодорожнайыгар үөрэммитим. Дьиҥэ, сиргэ, сүөһүгэ туох да сыһыаным суох, идэбинэн агроном да, зоотехник да буолбатахпын. Эһэм үөрэҕэ, такайыыта буоллаҕа. Онтон улам интэриэһиргээн, сэҥээрэн барбытым. Сири хайдах таҥастаан өр сыллаах оту, күөх маассаны үүннэриэххэ сөбүй диэн мэлдьи архыыбы хаһан тахсарым. Билигин 60–70 сс. ньымалары туһанан үлэлиибин. Эһэм Семенов Иван Прокопьевич уордьаннаах тырахтарыыс этэ. Быйыл Үлэ сылынан сибээстээн, Дьаархан нэһилиэгэр эһэбит өйдөбүнньүк бүүһүн оҥорторон туруортарыахтаахпыт.

758cd42d e60f 4bbe b37d f90742bb806fДьаархан бастакы тырахтарыыһа Уйбаан Сэмэнэп бүүһэ

– Атыттар эн курдук сирдэрин оҥороллор дуу?

– Мин саҕалыырбар Сунтаарга ким даҕаны оҥорбот этэ. Билигин ким баҕалаах, кыахтаах оҥостор буолбут. Маннык үлэлээн бардаххына, түмүгүн көрдөхтөрүнэ, дьон син биир батыһаллар. Бу оҥорорбун, тугу гынарбын, чинчийиибин, уопуппун, билбиппин-көрбүп­пүн – барытын уста сылдьабын уонна ютуб-ханаалбар угабын. Тугу гынаргын барытын сэргиир дьон арыйан көрөллөр. Соҕуруу быыстапкаларга мэлдьи кыттабын, уопут атастаһабын, үөрэтэбин. Холобур, күөх маассаны Саха сиригэр уруккуттан үүннэрэллэр буоллаҕа. Оттон соҕуруу үүм­мэт. Кинилэргэ тиийэн кэпсээтэххэ, аһара сөҕөллөр. Биһиги кыһыҥҥы тымныыбытын туһа­нан хаачыстыбалааҕы ылабыт. Кинилэргэ сылаас буолан, күөх маасса буһан киирэн барар. Холобур, сылгылаах дьон бааһынаҕа от ыйыгар ыһан баран, хомуйбакка хаар анныгар хаалларан кэбиһэллэр. Онтуларын сылгылар бэйэлэрэ хаһан сииллэр. Ньурбалар маннык ньыманы аһара тутталлар. Ырбыт сылгы күөх маассаҕа тута чөлүгэр түһэр. Күөх маасса бэйэтэ туһунан эйгэлээх, күннээх-дьыллаах. Ыһыыга киирэргэ эмиэ ыйын-күнүн үөрэтэн баран биирдэ түһүнүөххэ наада. Аны хомуйарга биир оннук, күнүн табан оттуохха, кэбиһиэххэ. Мин кэбиһиилээх от курдук эрээри, түөрт муннуктуу кэбиһэн баран, тула салапаанынан бүрүйэн кэбиспитим.

– Ити эн бэйэҥ чинчийииҥ, уопутуҥ дуу?

– Суох, уруккуттан баар ньыманы архыыбы хасыһан туһанабын. Аны туран, Саха сирэ бүтүннүү маннык ньыманы туһанар. Ол гынан баран кинилэр уста-уста тарҕата сылдьыбаттар. Мин дьоҥҥо тиэрдээри, устан баран, ютубка уган тарҕатабын. Сырдатар үлэтэ барыахтаах. Былырыын сүөһү аһыыр аһын соҕотуопкалыырга киирсэн, “Вреда” диэн өр сыллаах оту аҕалбыппыт. Биһиги улууска урут суох этэ. Бэйэбэр эрэ буолбакка, улууспут атын бааһынай хаһаайыстыбалара туһанныннар диэн, итинник улахан оборудованиелары туруорсан аҕалтарбыппыт. Мээнэ хаһаайыстыба итиччэ үлүгэр сыаналаах тэрили ылан от ыспат. Ол иһин кинилэргэ ыһан биэрэбит.

Өрөспүүбүлүкэҕэ, сорох сыл курааннаан, от үүммэтэҕин айдаана буолар, арыт сыл аһара ардаан, аны ходуһалар ууга бараллар.

– Айылҕа содула хаһан баҕарар кутталлаах. Биһиги даҕаны ходуһабыт ууга барыан сөп. Ол гынан баран кураан дьылга итинник күөх маассаны ыһан быыһаныахха сөп. От ыйын 5–10 ыстахха, айылҕа сиигэ түһэн, бэйэтэ үүннэрэр. Улахан хаһаайыстыбалар уу ыстаран эҥин отторун үүннэрэллэр. Кыралар уу ыстарары уйумматтар. Ол иһин кинилэргэ күөх маасса ордук барсар эбит диэн көрөбүн. Күөх маасса от курдук куура хатан хаалбат, сиикэйдии хомуллар буолан ыйааһыннаах. Холобур, көннөрү от – 30%, сиилэс 50% эбит буоллаҕына, сенаж уонна күөх маасса 70–80 % битэмииннээх, иҥэмтэлээх. Ол иһин сүөһүгэ, сылгыга абыраллаах ас. Кыһын тымныыга сиэтэллэр. Аны туран, саас күн уота тыкта, халлаан сылыйда да, буһан киирэн барар. Онуоха диэри кыһын сиэн бүтэрэ охсуохтаахтар.

ad0442cf e118 4e92 bd8c cc179c541a15

– Хаһаайыстыба бэйэтэ-бэйэтигэр туспа сылдьара табыгастаах буолбатах дуо? Бөдөҥсүйэҥҥит, тугу туһанныгыт?

– Үс бааһынай хаһаайыстыба холбоһон, бөдөҥсүйэн баран, үлэлиир сирбит-уоппут кэҥээтэ, үс аҥыы сиринэн уунан сылдьабыт. Соҕотох киһи хайдах даҕаны бу үлүгэр үлэни кыайбат. Нэһилиэккэ баар бааһынаҕа, сүөһү көрүү­түгэр, күрүө тутуутугар дьон үлэлииллэр, ону көрүөххэ-истиэххэ, хонтуруоллуохха наада. Ол иһин үһүөн күүспүтүн холбоон үлэлиибит. Уолаттар хаһаайыстыба өттүн көрөллөр: биирдэрэ – көтөрү, хортуоппуйу, иккиһэ – сүөһүнү. Мин бородууксуйаны батарыыга, докумуон оҥоруутугар сылдьабын. Холобур, Бүлүүчээҥҥэ көтөр тутабыт. Хортуоппуйу, моркуобу, сүбүөкүлэни эмиэ онно үүннэрэбит. Дьаархаҥҥа үүннэрэ сылдьыбытым дьоммор охсуулаах курдуга. Сайын оттуу сылдьан, тэҥинэн хортуоппуйу көрбөккүн-истибэккин. Оҕуруот аһа үлүгэрдээх бириэмэни, сыраны эрэйэр. Дьаархаҥҥа сыччах сүөһүнэн барыахпыт. Оттон манна атыылыыр база курдук буолуо. Бөһүөлэккэ үлэ тахсар, дьон харчыланар. Хортуоппуй хостооһунугар субуотунньук курдук нэһилиэнньэ кэлэн хомуйар уонна бэйэлэригэр кууллаах хортуоппуйу босхо ылаллар. Биир ыалтан хас даҕаны буолан кэллэхтэринэ, кыстыыр хортуоппуйдарын булуналлар. Былырыын нэһилиэнньэ сүүстэн тахса куулу илдьэ барбыта. Икки хаһаайыстыба холбоспут буолан, суох тэрил да баар буолар. Онон сомоҕолоһон үлэлиир быдан табыгастаах.

– Күһүн хостообут хортуоппуйгун батаран бүтэн эрэҕин дуу?

– Нэһилиэнньэҕэ хортуоппуйу куулунан тиһигин быспакка атыылыы олоробут. Маҕаһыыннарга эмиэ туттарабыт. Ону сэргэ оскуолаларга, уһуйааннарга туттарабыт. Кэргэним социальнай хантараакка киирсэн, сүбүөкүлэбитин, моркуоппутун түөркэлиир тэрил ылбыппыт. Урукку курдук, моркуобу, сүбүөкүлэни бэйэтин атыылаабакка, түөркэлээн, салапааннаан атыылыыбыт. Дьыссааттар, оскуолалар эмиэ оннугу ылаллар. Сууйа, хахтыы сатаабакка, бэлэми астыыллар. Көтөрбүт этин барытын анал тэрилгэ ваакумнаан атыылыыбыт.

f0e70796 6f66 4bcf 88d0 2c66578c8bf1

– Дьэ, кырдьык, үлэ бөҕө­нү үлэлии сылдьар киһи эбиккин. Сүрүнэ, сири оҥо­роргун, туох оту ыһаргын кэтээн көрөн, уопут оҥорон кэскиллээх дьыаланан дьарыктанаҕын. Инникитин да ситиһиини баҕарабын.

 Кэпсэттэ
Туйаара СИККИЭР.
Сунтаар–Дьокуускай–

Сунтаар.

Бүтэһик сонуннар