Киир

Киир

Бу күннэргэ бэлиитикэ билимин хандьыдаата, Арассыыйа географическай уопсастыбатын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, норуоттар икки ардыларынааҕы Тенгрини чинчийии пуондатын дириэктэрэ, “Айыы Таҥара итэҕэлэ” тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, элбэх аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэлэр, Хотугу Индиянан, Непалынан, Тибетинэн, Кытай Синцзян-Уйгурскай провинциятынан, Орто Азиянан, Сибииринэн, Монголиянан элбэх эспэдииссийэ  тэрийээччитэ, салайааччыта Л.В.  Федорова “Тенгризм” диэн сүҥкэн улахан манагыраапыйата бэчээттэнэн таҕыста.

Итэҕэлбит аата Пекарскай тылдьытыгар баар

– Лена Валерьевна, эйигин бассаапка “Саха сиригэр Айыы үөрэҕин уонна Аар Айыы Таҥара оннуларыгар Тенгри итэҕэлин киллэрээри сылдьар” дииллэр. Оттон эн кинигэҥ эпиигирэбэр “Биһиги өбүгэлэрбит бастыҥ – таптаан да туран дьарыктанар дьарыктара баара – Айыы Таҥара үөрэҕэ” диэн суруллубут ити тугуй?

– Итилэр атын-атын итэҕэл буолбатахтар, төрүт былыргылара Айыы Таҥара үөрэҕэ буолар. Тэрис да, Кондаков да миигиннээҕэр өссө дьаарай тенгрианецтар. Иккиэннэрин үчүгэйдик билэрим. Миэхэ бэйэлэрэ суруйан бэлэхтээбит кинигэлэрэ элбэх. Кинигэм биир баһын кинилэр суруйан хаалларбыттарыгар  олоҕуран суруйдум.  Кинигэм эпиигирэбинэн Э.К. Пекарскай тылдьытын 1-кы туомун 796 столбеһынан сылдьар былыргы сахалар “Биһиги былыргыларбыт бастыҥ – таптаан да туран дьарыктанар дьарыктара баара – Айыы Таҥара үөрэҕэ” диэн эппиттэрэ киирбитин ыллым. Тылдьыт  өссө ыраахтааҕылаах Арассыыйа эрдэҕинэ тахсыбыта. Онон, ити Таҥараны-Тенгрини мин айбыт буолбатахпын. Төрүттэрбит төрүт итэҕэллэрэ Айыы Таҥара үөрэҕэ эбит.

Пекарскай тылдьытыгар бүтүн хамаанда,  Ионова, Новгородов, Оросин, Трощанскай, Приклонскай курдук оччотооҕу үөрэхтээх дьон бары үлэлээбиттэр. Оттон  Айыы Таҥара туһунан үөрэхтээх киһи К.Г. Оросин суруйан биэрбит буолуохтаах. Пекарскай кинини көрдөһөн “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” суруйбута. Ол сүүстэн тахса сыллааҕыта тылдьыты таһаарыыга матырыйаалы хомуйбут үөрэхтээхтэрбит Айыы Таҥара үөрэҕэ баарын, норуокка кэпсэнэри киллэрэллэр, бэйэлэриттэн айбаттар.

Кинигэни билиһиннэрии: Кинигэ сүрдээх халыҥ, 596 сирэйдээх, “Тенгризм төрдө”, “Тенгризм устуоруйата, мифологията” диэн икки разделлаах. Олорго сэттэ: “Тенгризмы быһаарыы”, “Тенгризм детерминацията”, “Тенгризм элэмиэннэрэ уонна тутула”, “Тенгризм култуура систиэмэтигэр”, “Тенгризм функцията уонна оруола”, “Тенгризм үөскээһинэ уонна көстүүлэрэ”, “Тенгризм мифологията уонна сиэрдэрэ-туомнара”, “Тенгризм универсальнай итэҕэл” диэн бастардаах. Ааптар бу кинигэ матырыйаалын 20-тэн тахса сыл хомуйбут, 2,5 сыл суруйбут. Үбүлээһинигэр үс тэрилтэ, табаарыстара, аймахтара көмөлөспүттэр.

Лена Диам хасидтары утары

–  Бэйэҥ, тутааччы үөрэхтээх киһи, саха былыргы итэҕэлигэр, өссө дириҥээн Тенгризмҥэ хайдах тиийэн хааллыҥ?

– Мин М.А. Алексеев Үөһээ Бүлүүтээҕи физмат оскуолатын бүтэрбитим. Онтон СГУ ИТФ бүтэрбитим. “Якутгражданпроекка” проектант-конструкторынан үлэлээбитим. Онтон Саха сиригэр алмааһы кырыылааһын саҕаламмытыгар, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьон  “Туймаада Даймонд” тэрилтэтигэр үлэҕэ киирбиппит. Алмааһы кырыылааһын хайысхатыгар 10 сыл үлэлээбитим. Бирилийээн атыытынан, маркетинынан аан дойдуну кэрийэрим. Билэр дьонум “Лена Диам” диэн ааттыыллара. Ол курдук, Израильга ый аайы барарым. Пуорка көрүстэхтэринэ, табаарыстарым дьээбэлээн  “Федорова, эмиэ историческай дойдугар баран эрэҕин дуу?” диэччилэр.

Биирдэ Израиль кырыылыыр тэрилтэтин офиһыгар “эйигин кытта хасидтар кэпсэтээри гыналлар” диэтилэр. Көрдөхпүнэ, хара көстүүмнээх, сэлээппэлээх, бытыктаах оҕонньоттор олороллор. Олус дьиктиргээтим. Киирбиппэр остуол тула олорон, миигиттэн ыйытан бардылар. Бастаан: “Эһиги тоҕо алмаас кырыылааһыҥҥа, атыылааһыҥҥа – былыргыттан биһиги дьарыкпытыгар – киирэҕитий? Табаһыттаргыт дии, табаҕытын ииппэккэ”, – диэтилэр.  Мин онно өсөһөн турдум: “Биһиги, сахалар, табаһыт буолбатахпыт, сылгыһыттарбыт. Мин алмаас таастарынан оҕо эрдэхпинэ Бүлүү өрүскэ оонньообутум, алмаас – биһиги дойдубут баайа, онон кимтэн да тугу гынарбытын ыйытар санаабыт суох”, – диэн кытаанахтык эттим. Дьиҥэр, табаһыппыт эрэ, сылгыһыппыт эрэ – ону наадыйбаттар буоллаҕа. Иккиһин: “Нэһилиэнньэҕит хаһый?” – диэтилэр. “350 тыһыынчабыт”, – диэн киэн тутта эттим. Дьонум дьиктиргээбиттии, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр, мүчүк гыннылар. Үсүһүн: “Туох итэҕэллээххитий?” – диэтилэр. Мин ол саҕана кимнээхпитин-туохпутун билбэт буоллаҕым, сэбиэскэй дьон бары атеист этибит, онон эмиэ киэн тутта:  “Язычниктарбыт”, – диэтим. Онно хасидтар күлсэн ыллылар. Төрдүһүн: “Эһиги тылгыт ханныгый?” – диэтилэр. Ону билэбин: “Түүрдүү тыл”, – диэтим. Онуоха: “Түүрдэр былыргы цивилизациялаах, сайдыылаах норуоттар, ол эһиги Сибиир түгэҕэр хайдах тиийэн хааллыгыт?” – диэн  соһуйдулар. “Оттон тиийэн хааллахпыт дии, аттаах дьон буоллахпыт”, – диэтим. 

Ол кэннэ “ити хасид оҕонньоттор  дьыалабын ыйыппакка, алмаас биисинэһигэр сыһыана суоҕу тоҕо ыйыттылар?” диэн, улахан толкуйга түспүтүм. Кэлин өйдөөбүтүм – кинилэр “бу сахалар аҕыйахтар, итэҕэллэрэ суох, ол аата кинилэри киһи итэҕэйбэт дьоно уонна  биһиэхэ алмаас биисинэһигэр конкурент буолбат эбиттэр” диэн быһаарбыттар, сэнээбиттэр. Ити санааларын арай түүр буоларбыт саарбахтаппыт быһыылаах. Дэлэҕэ дьиктиргиэхтэрэ, интэриэһиргиэхтэрэ дуо? Кэлин өйдөөтөххө, омуктар улахан устуоруйалаах норуоту ытыгылыы көрөллөр.  Биһиги дириҥ силистээх норуот буоларбытын мин ол саҕана билбэккэ  сырыттаҕым.

Өбүгэ итэҕэлэ Тибиэккэ илтэ

– “Дьэбириэй Соломуон муударай оҕонньотторо тылбытын, итэҕэлбитин тоҕо ыйыталларый?” диэн улаханнык соһуйан, төрүттэрбин интэриэһиргээн барбытым. Ол кэмҥэ, 2000 сыллар диэки, “АиФ” хаһыакка Э.Мулдашев Тибиэккэ сырыыларын туһунан интервьюлара бэчээттэммиттэрин умсугуйан ааҕарым.  Биирдэ Москубаҕа Ньурба баһылыгын урукку солбуйааччытын Макар Сэмиэнэби көрсүбүтүм. Кини Мурад Аджи “Полынь половецкого поля” диэн кинигэтин ааҕа сылдьар эбит. Туох эрэ “бу кинигэни хайаан да аах” диэн хааммын оонньотто. Сарсын биэриэх буолан, тылбын биэрэн уларыстым. Утаппыт курдук, биир түүн ааҕан бүтэрдим. Ол кэннэ биһиги, сахалар, сүрдээх улахан итэҕэллээх, судаарыстыбалаах омуктар сыдьааннара эбиппитин билэн, хараҕым аһылынна. Мулдашев этэрин кытта тэҥнии тутан, төрүт сирбит онно быһыылаах диэн санаа төбөбөр киирдэ.

Оччолорго көрбүөччү Наталья Дмитриевна Иванованы кытта билсэн дьүөгэлэспиппит. Кини биирдэ Ньааппал диэн сиргэ барыахпын баҕарабын диэтэ. “Неаполь диигин дуо” диибин. Суох Ньааппал, хайалардаах диир. Непалы этэр эбит. Айылҕалаах киһи тугу эрэ толкуйдаабыта буолуо. Москубаҕа турагенство булан, бөлөххө киирэн барар буоллубут. 2000 с. балаҕан ыйыгар 4 саха дьахтара буолан бардыбыт. Индиянан Непалга киирдибит. Тибиэти көрбүтүм – арай олох ханна эрэ истибит, аахпыт, бэркэ билэр сирим курдук. Онтон санаан кэллим. Сунтаарга ыалбыт тойуксут Сафонов Ньукулай-Дьырылы “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо быластыыҥкатын муҥутуур улаханыгар туруоран баран, мас хайыта сылдьан истэрэ. Ол миэхэ ыалын 5–6 саастаах оҕотун мэйиитигэр олус дириҥник хатаммыт. Ол олоҥхоҕо Тибиэт сирин хайалара,  ото-маһа, дьоно-сэргэтэ барыта хоһуйуллан ойууланара көстөр. Кайлас хайатын анна хаптаҕай плато, биһиги курдук тымныы соҕус, аллара курдук итии буолбатах. Моҕол ураһабыт үүт-үкчү Кайлас хайатыгар майгынныыр. Наһаа сөхтүм!

Олоҥхом арыллан истэ

– Дьокуускайга кэлэн баран, анаан литэрэтиирэ көрдөөн, үөрэтэн бардым. СГУ-га Римма Иннокентьевна Томскаяҕа  бардым. Кини Блаватская кинигэлэрин биэрдэ уонна Илиҥҥи дойдулары үөрэппит биллэр учуонай Е.С. Сидоровка “киниэхэ матырыйаал барыта баар” диэн ыытта. Егор Сидорович К.Г. Оросин олоҥхотун былыргы нууччалыы-сахалыы суруллубут кинигэтин уларсык биэрдэ. Ойуунускай онно олоҕуран “Дьулуруйар Ньургун Боотурун” суруйбута. Аахтым уонна “олоҥхоҕо кэпсэнэр барыта – төрүттэрбит сирдэрэ-уоттара, олохторо, бу сылдьар эбит” диэтим.

Урут олоҥхону сэргээбэтим, тылын-өһүн ыарырҕатарым. Бу сырыыга олох утаппыт курдук ааҕан бүтэрдим. Олохпут бөлүһүөпүйэтэ олоҥхо мифологиятыгар иҥэ сылдьарын өссө төгүл итэҕэйдим. Онтон Сидоровка кинигэбин илдьэн биэрдим. “Бу кинигэни бэйэбэр хантан эмэ булбут киһи” дии сырыттахпына, Натальям эрийдэ. “Эйиэхэ сөптөөх кинигэ кэлэ сытар” диэтэ. Ол ити көрдүүр, 1947 с. тахсыбыт олоҥхом кинигэтэ эбит. Эмтэнээччи нуучча дьахтара эргэ кинигэ быраҕылла сытарын “наадалаах дьон баар буолуо” диэн аҕалбыт. Кэлин электроннай барыйаанын булбутум. Бу кинигэҕэ баарга  олоҕуран, манагыраапыйабар туһаммытым.

Боруонсаттан – тимир үйэтигэр

– Олоҥхоҕо киһи аймах тыһыынчанан сыллаах сайдыыта бэрт судургутук кэпсэнэр. Ити эппит былыргы олоҥхобутугар биһиги эрабыт 6-8 тыһ. сыл иннинээҕи матриархат кэминээҕи, патриархакка үктэнии саҕанааҕы, өбүгэлэрбит ыраах Тибиэт,  Гималай хочолоругаргар олохторо кэпсэнэр.

Матриархакка бары удаҕаннар, ол иһин олоҥхоҕо ойуун эр киһи суох. Олоҥхоҕо патриархакка киирии кэм эр дьону уһулуччу дьоруойдуу быһыыларын ойуулааһынынан көстөр.

Боруонсаттан тимир үйэтигэр киирии түүр-монгуол уопсай Өргөнөкүн диэн хочоҕо хайа хаспаҕынан киирэн саспыттарын, олохсуйбуттарын туһунан дастаннарыгар кэпсэнэр. Сахаларга ол түгэн Оросин олоҥхотугар Ньургун Боотур хайа хаспаҕыттан абааһы уола Уот Уһутаакы 35 Айыы бухатыырын хаайбытын албаһынан киирэн быыһыыра көстөр. Уот Уһутаакы хас да төбөлөөх уотунан уһаарар моҕой буолар.

Бу олоҥхоҕо Айыы сирин сахалар “Күн өркөн хочото“ дииллэр. Ол аата, күн уотун сардаҥата хайалары быыһылаан киирэр.

Атын түүрдэргэ, монгуолларга Эргэнэ күн,  Өргөнө күн диэн дастан баар. Онно ини-биилэр өстөөхтөрүттэн туох эрэ таас хайа кыараҕас хайаҕаһынан уһун хочоҕо киирэн саһаллар. Онно олорон аллараа хочо биистэрин уустарын, олохтоох аборигеннары кытта алтыһаллар, дьахталларын, сүөһүлэрин, сылгыларын уорсан-талаһан байаллар. Ынах сүөһү биһиги мифологиябытыгар эмиэ Аллараа дойду баайа. Дойдуларыгар төттөрү тахсаары гыммыттара – баппаттар. Ол хайаҕаһы мас мунньан, уматан таас хаспаҕы ууллараары гыналлар.  Уот аспыттара салгын тардан ылан, уһуурар улахан уот турар. Сорохторо өлөллөр, элбэх соххор-доҕолоҥ буолар. Уот үөһээ мууһу уулларан, муустаах уу түһэр. Уоту умулларар, итийбит таастар дэлбэритэ баран сууллаллар, ону өйдөөн көртөрө – тимир болгуолар сылдьаллар. Тимир үйэҕэ киирии дастаҥҥа, олоҥхоҕо итинник көстөр.

Тимири ылан өбүгэлэрбит сайдыылара олус үрдүүр. Сэрии сэбин, ат тэрилин оҥорор буолаллар.  Аттыларынааҕы биистэри-уустары кыайаллар. Тимир уһаарыытын баһылаабыт Сүҥ хаан уустара, биллэн турар, гегемон буолаллар. Эр дьон сэрии сэптэнэллэр, ат көлөлөнөллөр, тимир уустара бас-көс Дархан буолаллар. Патриархат кэмэ кэлэр.

Онон Кудай Бахсы тимир ууһа Тенгризм төрдүгэр сытар. Кудай Бахсыларбыт Үрүҥ Аар (Айыы) Тойон диэн таҥаралаах биис уустара. Ол этии кылгаан Айыы Таҥара буолан сылдьар. Кудай Бахсы  диэн аҕа уустара, оттон биистэрин ууһа – Сүҥ хаан уустара (кытайдыы - сюҥну) диэн ааттанар. Төрүттэрбит сюннулар, хуннар Евразия устун тэнийбит тимир уустара.

Айыы Таҥара диэн бачымах элбэх сулустаах халлааны, күнү, ыйы, сири-дойдуну, киһи аймаҕы, айылҕаны айбыт сүдү күүһү ааттыыллар. Былыргы Кытай историктара сюннар таҥараларын Ченли диэн суруйаллар – Теҥири диэн тылы сатаан ааттаабакка.

***

Ыһыахпыт, күнү көрсүү былыргы төрүттэрбит, онтон  салгыы улахан судаарыстыбалаах өбүгэлэрбит хуннар Айыы Таҥараҕа итэҕэллэрин сиэриттэн-туомуттан ордубута сылдьар. Ити Саха сиригэр ыраас хааннаах хуннар монархическай, судаарыстыбаннай Айыы Таҥараҕа итэҕэллэрин илдьэ көһөн кэлбиттэрин көрдөрөр. Олус күүстээх итэҕэл, өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник иҥэн, сэбиэскэй да кэмҥэ ыһыах ыһарбыт, күнү көрсөрбүт.

Моҕол – хуннар тыллара

– Сайыҥҥы ыһыах сиэрэ-туома Моҕол ураһаттан саҕаланар. Кытай былыргы суруктарыгар «хуннар таҥараларын Моҕол (Дракон) хараама, куораттарын Моҕол куората диэн ааттыыллар» диэн сылдьар. Моҕол диэн мифологическай сүүнэ улахан эриэн үөн. Моҕой диэн орто, кыра эриэн үөн.

Тоҕо Моҕолу итэҕэлгэ киллэрэн өрө туттулар? Матырыйаалы үөрэттэххэ, икки: Үөһээ дойду, халлаан-куйаар Моҕоло уонна Аллараа дойду Моҕоло бааллар. Уот Уһутаакы – Аллараа дойду уотунан уһуурар Моҕоло. Өбүгэлэрбит били хайа хайаҕаһынан киэҥ сиргэ тахсалларыгар умаппыт, тимир болгуону биэрбит баһаары үөһээ хочолортон көрдөхтөрүнэ, уот хайа хаспаҕын устун эриллэн, сүүнэ уот моҕой буолан көстөрө.

Оттон Үөһээ дойду Моҕоло хантан кэллэ? Биһиги эрабыт 5–6 тыһ. сс. иннинэ халлаан сулустара атыннык көстөллөрө. Хотугу Сулуһунан Моҕол сулустарын бөлөҕүн альфа сулуһа  Йота этэ. Сир киинэ  иҥнэйэн (прецессия), Йота сулус сыҕарыйан, аа-дьуо Хотугу сулус халлаан оройугар тахсыбыт. Прецессия хатыланар, 27 тыһ. сылынан Йота эргиллиэхтээх.

Өбүгэлэрбит Моҕол ураһа аһаҕас үөлэһинэн көрдөхтөрүнэ, Йота сулус тула түүҥҥү сулустаах халлаан, Моҕол сулустарын бөлөҕө хамсыы эргийэрэ. Ол иһин Айыы Таҥара Моҕол аттаах диэн саныыллара. Айыы Таҥара миинэр Моҕол атын баайар маһа буолан, мифологиябытыгар Алтан сэргэ, Аал Луук Мас уобарастара бааллар. Аймах түүр омуктарбытыгар эмиэ Таҥара анньыбыт кыһыл көмүс ат баайар сэргэтэ – Алтан  Казык баар (Золотой кол).

Халлаан Моҕолун уобараһын өбүгэбит Гималай систиэмэтигэр киирсэр Сивалик сис хайаларын хочотуттан көстүбүт динозаврдар тааһырбыт уҥуохтарыгар майгыннатан таһаарбыт буолуохтаах. Сылдьар сирдэрэ.

Арийдар. Гитлер булкуллуута

– Ньиэмэс нацистара киһи аймаҕы араасаҕа арааран, Европа дьоно, чуолаан ньиэмэстэр, хотугу норманнар (викиннэр) «арийдар бастыҥ арааса буолабыт» диэн сымыйа өйдөбүлү киллэрбиттэрэ. Арийдар саамай үрдүкү сайдыылаахтар, оттон атыттар намыһах сайдыылаахтар диэн түөрүйэлээхтэр. Арийдар, дьиҥэр, кимнээхтэрий?

Сир олоҕо куйаар-халлаан дьайыыларыттан улахан тутулуктаах. Бэрт былыр Араал муоратын хоту өттүгэр халлааҥҥа астероид эстэр. Аму-Дарья өрүс, уутун хайысхата уларыйан, Каспийга түһэр, Тогыз кратера, Араал муората үөскүүллэр. Каракорум, Гиндукуш, Гималай хайалара Евразия таас дьапталҕата (плита) Индостан таас дьапталҕатын (плитатын) үрдүгэр тахсан барчаланан үөскээбит хайалар. Ол эстии күүһэ Гиндукуш хайаларын охсон, таас дьапталҕа кыратык доргуйан сыҕарыс гыныан сөп. Элбэх киһи өлөр, ол иһин  Пакистаҥҥа Гиндукуш хайаларын «индустар өлөрүөхсүттэрэ» диэн ааттыыллар. Астероид аспыт суолунан куосмас радиацията киирэн буолуо, эстибит сирин кытыытыгар олорооччуларга мутация барар. Дания генетиктэрэ үөрэппиттэринэн, 10 тыһ. сыл анараа өттүгэр Хотугу Афганистаҥҥа күөх харахтаах, сырдык баттахтаах бастакы киһи үөскээбит. Ол киһи сыдьааннара дьону нацистар арийдар дииллэр. Памир, Гиндукуш, Тянь-Шань чугас буолан, онно олохтоох омуктарга меланиннара уларыйан буолуо, күөх харахтаах, сырдык баттахтаах дьон эмиэ бааллар. Ньиэмэстэр нацистыы түөрүйэлэрин аҕата Герман Вирт диэн филолог учуонай ХХ үйэ саҕаланыыта фриз диэн Голландия кыра норуоттарын, ньиэмэстэр фольклордарын, тылларын үөрэтэн, бу норуоттар төрдүлэрэ Хотугу Индияттан эбит диэн онно үөрэнэ барар. Кини, чахчы, нордическай арааса Тибеттэн, Хотугу Индияттан тахсан, Хотугу Европаҕа тиийбиттэр диэн быһаарыытыгар олоҕуран национал-социалистар арааса түөрүйэтин олохтуу, сайыннара сатаабыттара.

– Аненербэ диэн эсэсовецтар тэрилтэлэрэ ол иһин төрдүлэрин көрдөөн, Тибеккэ эспэдииссийэ ыыта сырыттаҕа.

– Гитлер ити сымыйа түөрүйэни сайыннараары, Тибеккэ эспэдииссийэ  ыытар, лаамалары аҕалар. Төрдүлэрин көрдөөһүннэрэ төһө да сыыһа түмүккэ тиэртэр, син биир ону хаһаллар. Арийдарбыт дэнэ сатыыр омук элбэх, славяннарга кытта баар. Ол иһин Наталья Гусева диэн биллэр индолог учуонай «нууччалар арий буолбатахпыт, арийдар аттаах көс омуктар, оттон биһиги сири оҥорооччуларбыт, кинилэр биһиги ыалларбыт, аймахтарбыт» диэн дэлэҕэ этиэ дуо. Син элбэх норуот төрүттэрэ Иран, Хотугу Индия диэкиттэн утумнаахтарын билим бигэргэтэр. Славяннар, Европа атын да омуктарын тыллара былыргы хинди, санскрит тылын кытта сибээстээх. 

Ол эрээри чинчийии көрдөрөрүнэн хуннар тылларын кытта эмиэ сибээстээх. Холобур, Швеция Лундскай университетын 18-с үйэтээҕи бэрэпиэссэрэ Свен Лагербринг “Один буойуннара түүрдүү саҥараллара” диэн суруйар. Нуучча старообрядецтарыгар Дырниктар диэн Тенгригэ үҥэр сиэктэ баар. Мин Тенгризм кэмпириэнсийэлэрин ыстатыйаларын, дакылааттарын чинчийиилэригэр тирэҕирэн славяннар, ньиэмэстэр, скандинавтар языческай итэҕэллэрин тэҥнээн көрбүтүм, Тенгризмҥэ  майгынныыллара элбэх. Онон кинигэбэр «Тенгризм универсальнай итэҕэл эбит» диэн суруйдум.

Арийдар диэн тыл Тибеттэн Индияттан Аар Айыы Таҥара сүгүрүйээччилэрэ диэнтэн тахсыбыт. Аар Айыы – таҥараларын аата, теоним, ол аат биис ууһун аатыгар кубулуйан, арийдар диэн этноним, норуот аата буолбут.

Жан Поль Ру диэн француз итэҕэли, тылы, устуоруйаны чинчийээччи тюрколог, монголовед учуонай 1956 с. билим эргииригэр «тенгризм» диэн  тиэрмини киллэрэр. Кини чинчийэн, үөрэтэн «тенгризм – монархическай, судаарыстыбалаах норуоттар итэҕэллэрэ» диэн түмүктүүр.

Патриархат үйэтэ кэлиитигэр биһиги өбүгэлэрбит «сиргэ биир хан, халлааҥҥа биир таҥара» диэн тутуспут өйдөбүллэрэ сайдан, тенгризмҥэ – монотеизмҥа, кэлэр. Онон сахалар былыргы сүрдээх үрдүк сайдыылаах, судаарыстыбаннай итэҕэл төрдүн илдьэ сылдьабыт. Теософ Е.П. Блаватская эмиэ сахалары сөҕөн “бу «таас үйэ дьоно» хайдах итинник уустук космическай итэҕэллээхтэрий?” диэн суруйар. Кини Өксөкүлээҕи аахпыт эбит.

Хуннар, чахчы, сахалар этилэр дуо?

– Кытай суругунан, хуннар V үйэ диэки сүтэллэр. Кинилэр Тибет, Гималай сирдэриттэн хотугулуу-илин диэки Гобины туораан, Киин Монголия, Алтай-Саян, Урал сирдэринэн, Орто, Арҕаа Азиянан, Соҕуруу Европанан, Кавказ хайаларынан Хотугу Европаҕа тиийэ киэҥ нэлэмэн Евразия устун тарҕаммыттар. Олор истэригэр сахалар төрүттэрбит, аттаах, тимир сэптээх-сэбиргэллээх Сүҥ хаан биис уустара Соҕуруу Сибииринэн, билиҥҥи Хакасия сиринэн (Минусинскай котловинанан), Байкалынан өр сылларга айаннаан, тус хоту кэлбиттэр. ГЧИ-быт археологтара суруйалларынан, б.э. 4–5 үйэлэригэр Өлүөнэ орто сүнньүн булбуттар.

Биһиги Айыы Таҥара итэҕэлин сиэрин-туомун айыллыбытынан илдьэ кэлбиппит. Хомойуох иһин, тымныыттан, киэҥник тарҕанан, элбэҕи сүтэрбиппит. Ону В.Ф. Трощанскай «сайдыылаах итэҕэллэрин сүтэрэн (деградациялаан), абааһыга, шаманизмҥа түһэн, езидтэр курдук, арааһы иҥэриммит итэҕэллэнээри гыммыттар» диэн суруйбут. Билигин ол сүтэрбит итэҕэлбитин тилиннэрэ сатыы сылдьабыт. Аан дойдуга Айыы Таҥараҕа үҥүү үөрэҕэ, сиэрэ-туома, өйдөбүллэрэ тыыннаах, кэлимсэ көстүү буолан, биһиэхэ эрэ хаалбыт.

Хуннар – б.э. инниттэн Кытай хотугу өттүгэр үөскээбит биис уустара. Төрүт сирдэригэр Каракорум, Гиндукуш, Гималай, Тибет хочолоругар хайалар быыстарыгар баар аартыктарынан кэлэ-бара сылдьыбыттар. Гималай, Гиндукуш соҕуруу хочолоругар – кыстыктара, хоту өттүгэр – сайылыктара. Ол сылдьан, араас олохтоох биистэри кытта алтыһаллар, уруурҕаһаллар. Инньэ гынан, биһиги өбүлэрбит илин өттүттэн – монголоиднай, арҕаа өттүттэн индоиранскай, европеоиднай биистэр уруурҕаһыыларыттан үөскээбит саха урааҥхайдар буолабыт. Генетика чинчийиилэрэ ону көрдөрөллөр. Саха сиригэр археологтарбыт былыргы көмүүлэри хаһан хуннар малларын, тэриллэрин булаллар. Хуннар тас көрүҥнэрэ Кавказ түүрдэрин майгынныыр, бааһынай  курдуктар. Бүрээтийэҕэ, Монголияҕа көстүбүт хуннар көбүөрдэригэр бытыктаах хапкаастыҥы хааннаах дьон ойууланаллар. Биһиги көстөр дьүһүммүтүгэр азиат өттө кыайбыт. Ол эрээри хааммытыгар индоевропейскай суол син биир иҥэ сылдьар. Биллиилээх генетик В.В. Фефелова, саха генетиктэрэ үлэ бөҕөнү оҥорон бигэргэппиттэрэ. Хуннар геннэрин араас сиргэ хаһыылартан ылан тэҥнииллэр. Сорохторо XIX үйэтээҕи сахалар  геннэрин кытта сөп түбэһэр. Ол аата, биһиги ырааc хааннаах хуннар кэллэхпит дии.

Аҕыс иилээх-саҕалаах

– Олоҥхоҕо этиллэр аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойду чахчы баар. Тибет хаптаҕай плато буолан, истиэп дойду. Соҕуруу, арҕаа өттүттэн Гималай, Гиндукуш, Каракорум хаардаах хайалара күрүөлээн тураллар. Үөһэттэн көрдөххө, Гималай кэккэлэһэ сытар 8 сис хайаттан турар. Ону чахчы олоҥхоҕо кэпсэнэр «аҕыс иилээх-саҕалаах дойду» диэн сабаҕалаан кинигэҕэ киллэрдим.

Кыталык кыстыыр кырдала

Гималай, Тибет диэкиттэн төрүттээхпит П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар хоһуйуллар кыталык кыыл кыстыыр Кыаладыкы кырдалын үөрэтии бигэргэтэр. Биһиги кыталыктарбыт Кытайга кыстыыллар. Оттон Арҕаа Сибиирбит кыталыктара Афганистан, Пакистан, Индия хотугу хочолоругар кыстыыллар. Дьиктитэ диэн, онно тутан ылан, ыт курдук баайан, килиэккэлээн, дьиэ көтөрө гынан иитэллэр. Сиэбэттэр. Хотугу Пакистаҥҥа сылдьан 103 саастаах оҕонньортон ыйыппытым. Ону “сөбүлээн, дьиэ көтөрө гынан иитэбит” диэн кэпсээбитэ. Туталлара интэриэһинэй, төрүт былыргы итэҕэли кытта сибээстээх быһыылаах. Уол оҕо эр киһи буолар сиэрин толорууга уолаттарынан туттараллар эбит. Кыталыктар ааһан истэхтэринэ, иитиэх кыталыгы хонууга таһааран, тардыалаан хаһыытаталлар. Анарааҥҥылар үөр тардыһан түспүттэрин сиэккэнэн тутан ылаллар.

Индира Ганди, кыстыы кэлбит кыталыктары эспэтиннэр диэн, Индия хотугулуу-арҕаа сытар Раджастан штатыгар 1981 с. «Кеоладео» диэн  национальнай паарканы тэрийбитэ.

Олоҥхоҕо кыталык кыстыыр Кыаладыкы, Сайдылыкы кырдаллара Үөһээ да, Орто да дойдуга баар. Айыы Умсуур удаҕан Үөһэттэн кыталык буолан кэлэр. Ити тиэмэни ол дойдулар фольклордарын баран хасыһан, тыытылла илик элбэҕи арыйыахха сөп. 

Сайсары – Айыы суолун аартыга

Сайсары икки – сай (сах) уонна сары – диэн тыллартан турар. Сатисара арийдар өрүстэрэ. Амритсары Индияҕа Пенджаб штакка баар сикхтэр ытык күөллэрэ. Ол күөл арыытыгар көмүс Хармандир-Сахиб диэн үҥэр-сүктэр хараамнара баар. Тибеккэ Кайлас анныгар баар ытык Манассары күөл сурукка Манасаровар диэн аатынан биллэр. Сары диэн тыл элбэх тылга сыстар. Сары диэн ый сырдыга, күн сардаҥалара ууга түһэн толбоннуруулара ааттанар. Күн тахсыыта бастакы сардаҥалар ууга түһэн толбоннурдахтарына, Үөһээ дойдуга тахсар Айыы суола, Айыы аартыга арыллар диэн өйдөбүллээх. Былыргы төрүттэрбит, сылаас сиргэ олорон, күнү сылга иккитэ көрсөллөрө. Гиндукуш хайаларын төрүт олохтоохторо калаштар, төһө да ислам итэҕэлэ кимэн киирдэр, былыргы итэҕэллэрин тута сылдьаллар.  Кыһыҥҥы күн уһуур кэмигэр хайаҕа тахсан, күн көрсүүтүн сиэрин-туомун оҥороллор. Биһиги битииһиттэрбит курдук, ыраас уол оҕолору илдьэ тахсаллар. Кыһыҥҥы күнү көрсүүнү тымныы дойдуга кэлэн сүтэрбиппит.

Сиинэ Өлүөнэҕэ түһэр сиригэр Эмэгэттээх хайаҕа кыһыл охранан тоҕус кэрдиис уонна үс күн анныгар үөһэ көтөн эрэр киһи петроглиба баар. Сайыҥҥы күн саамай уһуур кэмигэр бэлиэ курдук турар икки тумуллар икки ардыларынан тахсан, Эмэгэттээҕи тыгар, өрүс уута толбоннуран, дьиримнээн, аттаах киһи тыыннаах курдук көстөр. Бу хайа анна өбүгэлэрбит элбэхтик үҥпүт-сүкпүт сирдэрэ буолар.

Бастакы хуннар Өлүөнэ орто тардыытыгар 4–5 үйэҕэ кэлэн,  Сайсары (Сары) кытыытыгар олохсуйаллар. Күөл былыргы аата Сахсары диэн. Өлүөнэ былыргы аата эмиэ Сахсары. Хакасияҕа Минусинскай хотоолго Сахсары (Саксары, Саксыр, Сахсар) диэн сис хайа баар. Камышта уонна Уйбат өрүстэр икки ардыларыгар, Абакан өрүс хаҥас салаалара.

Мин хакас доҕотторум көмөлөрүнэн онно тахсан хоммутум, сиэр-туом оҥорбуппут. Чахчы, киэҥ нэлэмэн, ыраахха диэри тэлгэнэн долгуйа сытар хочо эбит, ыраах эбэ уута күөх лиэнтэ курдук уста сытар кэрэ көстүү этэ. Гималайдааҕы былыргы төрүттэрбит олорбут сирдэригэр баар сис хайа Каракоруму  Хара Күрүө диэн тылбаастыыллар. Дьиҥэр, ити өҥ буолбатах, “хара маҥнайгыттан” («изначальная»)  диэн суолталаах. Үрүҥ хайаларынан тулаламмыт, күрүөлэммит хочо. Итинник сир кэлэн истэх аайы баар. Саха сирин хаартаҕа көрдөххө, эмиэ хайаларынан күрүөлэммит сир. Туймаада эмиэ. Өбүгэлэрбит олохсуйарга оннук сирдэри анаан булаллар эбит.

Көһөн кэлбит дьон уонна төрүччүбүт Сахсары эмээхсин мыраан үөһэ тахсаннар, Өлүөнэ хочотун көрөн баран, кэлбит сирдэригэр майгыннатан: «Оо, биһиги Сахсарыбыт манна сытар эбит» диэн сөбүлээн олохсуйдахтара.

– Лена Валерьевна, саха олоҥхотун билим тылыгар, билиитигэр тирэнэн, сап курдук сыыйан, бэрт былыргыттан аныгыга диэри арыйбыт умсугутуулаах кэпсээниҥ чахчы сөхтөрөр, итэҕэтиилээх.

Сайсары федеральнай статустаныахтаах

Л.В. Фёдорова «Айыы Таҥара итэҕэлэ» тэрилтэтинэн ытык Сайсары эбэбитин «достопримечательное религиозно-историческое место» диэн официальнай, федеральнай категориялаах Арассыыйа норуоттарын култуураҕа баайдарын-дуолларын реестригэр киллэрэр үлэни күүскэ ыыта сылдьар.  Кулун тутарга АГАТУ, ХИФУ салалталара, учуонайдара, Ил Түмэн, куорат дьокутааттара кыттыылаах Ытык Сайсары эбэбитин былыргытын, аныгытын, инникитин көрөр билим кэмпириэнсийэтэ ыытыллыаҕа. Улахан үлэ ситиһиилээх түмүктэннин!

Владимир Степанов кэпсэттэ.