Киир

Киир

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн “Сэргэлээх уоттара” култуура киинэ (дир. А.Константинов) хаһааҥҥытааҕар даҕаны сэргэхсийбит. Фойе иһэ толору ыччат. Таҥас ыйыыр сиргэ улахан уочарат. Тула өттүҥ ыччат саҥатынан күйгүөрэн олорор. Ол иһигэр араас омук кус-хаас тойуга кытта иһиллэн ааһар. Бүгүн манна Сомоҕолоһуу күнүнэн “Бары бииргэ” диэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка (ХИФУ) үөрэнэр омук устудьуоннарын сонун тэрээһинэ буолар. Кэнникинэн бу киин устудьуоннар ортолоругар ыытар үлэтэ-хамнаһа бэркэ сэргэхсийбитин бэлиэтии көрөҕүн.

Тус бэйэм Ташкент куоракка омук устудьуоннарын кытта бииргэ үөрэммит, олорбут буоламмын, бу эйгэ миэхэ олус чугас. Манна сылдьан, оччотооҕу эдэр, устудьуон саастарбын санаан, уйадыйан ыллым. Санаатым саамай чугас, Намибияттан сылдьар Илия диэн ааттаах дьүөгэбин. Кини омугун аһыттан аһаан дьоллонор үтүө күннэрбин. Онон бүгүн көстөн ааһар хара тириилээх устудьуоннар миэхэ истиҥнэр, чугастар. Дьоллоох да кэмнэргэ олорон ааспыт эбиппит диэн, билигин кэлэн саныыбын.

Арассыыйа киэҥ киэлитигэр 140 мөл. тахса киһи олорор. Ол иһигэр омук арааһа элбэх. Арассыыйа – барыбыт уопсай дьиэбит, онтон онно олорооччулар – бары биир дьиэ кэргэммит.

Сэргэлээх сэргэхсийэр, омук устудьуоннарын түмэр
 

“Аахса барбаппыт атын омук диэн, атастарга үөрэбит. Арахсыбаппыт хара, үрүҥ диэн, илиибитин биэрэбит” диэн бары сөбүлээн, уостан түһэрбэккэ ыллыыр ырыабыт Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Бары бииргэ” ХИФУ-га үөрэнэр араас омук кыттыылаах кэнсиэригэр көһүннэ. Манна Мозамбиктан, Нигерияттан, Конготтан, Египеттэн, Монголияттан, Таджикистантан, Кыргызстантан онтон да атын ыраах, чугас омук дойдуларыттан кэлэн үөрэнэ сылдьар устудьуоннар үҥкүүлэрин, ырыаларын, сааланы толору мустубут көрөөччү уруйдаата-айхаллаата, ытыс тыаһа өрө хабыллан олордо. Ырыаҕа ылланар Сэргэлээххэ хайдах курдук сэргэх, айар-тутар талааннаах ыччат олорорун, үөрэнэрин кинилэр эйгэлэригэр сылдьан өйдүүгүн.

1. ОБЩЕЕ ФОТО

“Университеппытыгар үгүс омук устудьуона үөрэнэр. Ол эрээри, бааллара-суохтара көстүбэт. Ол иһин университет айар кэлэктииптэригэр устудьуон оҕолору кытта бииргэ сырыттыннар, алтыстыннар диэн санааттан мин бу саҥа бырайыагы идиэйэ оҥорон этии киллэрбиппин, бииргэ үлэлиир дьонум өйөөн, олоххо киллэрдибит. Бүгүн кыттар устудьуоннарбыт аан бастаан улахан сыанаҕа тахсаллар. Онон аан дойду бары норуоттарын култууратын сомоҕолоһуута, түмсүүтэ (коллаборация) бу тэрээһиҥҥэ көстүөҕэ”, – диэн ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” култуура киинин дириэктэрэ Алексей Константинов санаатын үллэстэр.

4 1 1 1

Сонун бырайыагы олоххо киллэрэргэ “Сэргэлээх уоттара” култуура киинин уус-уран салайааччыта Анастасия Неустроева уонна устудьуоннар айар бырайыактарын салайааччыта Изольда Яковлева үлэлэстилэр. Дьоһун тэрээһин, саҥа бырайыак сүрдээҕин табылынна. Сылдьыбыт эрэ бары астыннылар, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.

 Расизм суох дойдута эбит диэн сөхтүм

Амоко Роналдь Андевуку Нигерия

Амоко Рональд Андевуку, 25 саастаах, Угандаттан сылдьар устудьуон:

– Саха сиригэр быйыл ба­лаҕан ыйыгар ХИФУ-га үөрэнэ кэлбитим. Билигин бастакы сылбын нуучча тылын үөрэтэ сылдьабын (ФДОП). Онтон салгыы мэдиссиинэ институтугар үөрэниэхтээхпин. Бу кэнсиэргэ биир кууруска үөрэнэр биир дойдулаахтарбын кытта бэйэбит омукпут Африка үҥкүүтүн үҥкүүлүүбүт.

Манна кэлбитим олус үчүгэй, көҥүл олох Арассыыйаҕа, Саха сиригэр баарын чахчы биллим. Расизм диэн суох дойдута эбит диэн сөхтүм. Бииргэ үөрэнэ, алтыһа сылдьар атын омук сириттэн кэлбит устудьуоннар бары эмиэ мин курдук санаалаахтар. Онон бу дойдуну, үөрэнэр сирбин наһаа сөбүлээтим. Манна баар дьон, устудьуоннар нууччалыы тылы түргэнник, үчүгэйдик билэрбэр, үөрэтэрбэр сүрдээҕин көмөлөһөллөр. Онтон астынабын.

Куех платьелаа5а Абдукарим Фариха НИГЕРИЯ 1

Абдукарим Фариха, Нигерияттан сылдьар, 19 саастаах:

– Ааспыт сыл ахсынньытыгар кэлбитим. Мэдиссиинэ институтугар “сестринское дело” идэҕэ үөрэнэбин. Нуучча тылын үөрэппитим сыл кэриҥэ буолла. Баһылыахтаах идэбэр сөбүлээн үөрэнэ сылдьабын. Кыһыҥҥы тымныы олус чаҕытар, килиимэккэ соччо үөрэнэ иликпин.

Матавеле Клезия Жамила Паулу МОЗАМБИК 1

Матавеле Клезия Жамила Паулу, 21 саастаах, Мозамбиктан кэлэ сылдьар:

– 4-с кууруска мэдиссиинэ сиэстэрэтин идэтигэр үөрэнэ сылдьабын. Дойдубуттан докумуоннарбын ыытан, манна үөрэххэ киирбитим. Урут маннык дойду баарын истибэт, билбэт этим. Онтон үөрэххэ киирбиппин билэн баран, интэриниэттэн Саха сирэ диэн хайдах дойдутун хасыһан, үөрэтэн билбитим. Тымныы кыһына сүрдээҕин соһутар, салыннарар. Ол да буоллар эдэрбит, итии хааннаахпыт, туохтан да толлубаппыт. Кылаабынайа – үөрэх, үөрэх, үөрэх...

Ягмыр Машыков Таджикистан 1

Ягмыр Машыков, Таджикистан Өрөспүүбү­лү­кэтин, Хатлонскай уобала­һыттан кэлэн үөрэнэ сылдьар устудьуон, омугунан туркмен:

– ХИФУ инженернэй-тэхиниичэскэй институтугар (ПГС) 1-кы кууруска үөрэнэбин. Бүгүн кэнсиэргэ төрүт омугум ырыатынан кыттаары долгуйан аҕай олоробун. Балаҕан ыйын 1-кы чыыһылатыгар көтөн кэлбитим. Төһө даҕаны кэлбитим аҕыйах кэм буоллар, бастакы өйдөбүлүм олус үчүгэй. Доҕотторум – 3-с, 4-с куурус устудьуоннара. Кинилэртэн истэн, Саха сиригэр үөрэнэ кэллим. Манна бэйэм омукпуттан 15 кэриҥэ туркмен баар (Ягмырдыын кэпсэтии хаһыат балаһатыгар тахсыаҕа. Кэпсэтиибит узбек, туркмен тылынан барда – С.Б.).

Уранбек кызы Нуриза Кыргыстан 1

Уранбек кызы Нуриза, 19 саастаах, ХИНТуоКИ 3-с кууруһун устудьуона, Кыргызстантан кэлэн үөрэнэ сылдьар:

– Кыргызстан Нарын куоратыттан сылдьабын. Саха сиригэр кыһын олунньуга аан бастаан кэлбитим. Сүрдээх тымныы күннэр туралларыттан соһуйбутум, куттаммытым. Туризм идэтигэр үөрэнэбин. Университеппын наһаа сөбүлээтим, уопсайга олоробун.

3. Африка итии хааннаан ыччаттара хайдах курдук имигэстэрий

Тэрээһиҥҥэ сырытта
Саргылаана БАГЫНАНОВА