Киир

Киир

Саха эстрадатыгар чаҕылхай суолу-ииһи хаалларбыт ИРИНА ЕЛИЗАРОВА төрөөбүт дойдутугар, Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгэр, кулун тутар 9 күнүгэр киниэхэ ананан тахсыбыт “УРАТЫ” кинигэ биһирэмэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Бу күн Ираны аймах-билэ дьоно, табаарыстара, биир дойдулаахтара истиҥник-иһирэхтик ахтан-санаан аастылар. АГАТУ 3-с кууруһугар үөрэнэр устудьуон уола Рудольф ийэтин ырыаларын бар дьонугар бэлэхтээтэ.    Ийэтин утумнаан, ырыа киэҥ эйгэтигэр суолун сэмэйдик саҕалаан эрэрин мустубут дьон сэргии-сэҥээрэ иһиттибит. “Ийэҥ туйаҕын хатаран, этэҥҥэ сырыт!” – диэн сэмэйдик алҕаатыбыт.

Оо, сулустар миигин ыҥыраллар,
Оо, сулустар миигин угуйаллар...

Мустубут дьон Ира айылҕаттан бэриллибит ураты куолаһын, олоххо көрүүтүн, түһүүлээх-тахсыылаах олоҕун кэпсээтилэр. Ону истэ олорон, бу Орто дойду мөҥүөннээх олоҕор, чахчы, даҕаны “ураты” киһи кэлэн, “түннүгүнэн чыычаах элэс гынан ааһарыныы” кылгас эрээри, эриирдээх- мускуурдаах уустук олоҕу олорон ааспытын санаан, үөһэ тыынаҕын, айманыы курус тыыныгар ыллараҕын. Баара-суоҕа 46 сааһыгар сирдээҕи олоҕун түмүктээбититтэн курутуйаҕын.

Ырыатыгар да ыллыырыныы, Ира – СУЛУС. Чаҕылхай сулус, дьэҥкир курустаал куоластаах Ира ырыалара саха дьонун сүрэҕэр, өйүгэр-санаатыгар үйэлэргэ иҥэн хааллахтара.

“Ийэм киинэҕэ үйэтитиллэрэ буоллар...”

Уола Рудольф:

– Ийэм уйан дууһа­лааҕа, айылҕаны кытта алтыһарын сөбүлүүрэ. Кэпсээнэ-сэһэнэ дэлэй буолара. “Ёк-макарёк” диэн сөбүлээн туттар тыллааҕа. Бойобуой киинэҕэ уһуллуон олус баҕарара. Айыы Уолугар аналлаах уус-уран киинэ уһуллубутун бары билэбит. Мин эмиэ “ийэбэр анаан киинэ тахсара буоллар” диэн баҕа санаалаахпын. Кини уоба­ра­һынан, дьиҥнээх олоххо буолбут көс­түүнэн. Чугас дьоно пааматынньык оҥорон үйэтитиэхпитин баҕарбыппыт да, уустук соҕус быһыылаах. Онон, саатар, куар кодтаах “ыллыыр ыскамыайка” оҥор­дорбут диэн санаа кыыма баар.

Рудольф идиэйэтин эппитин мустубут дьон сэҥээрэ иһиттилэр. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар Саһыл бөһүөлэгэ ууга бара сылдьыбыттаах эбит. Онно Ира оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскалара, болокунуокка суруна сылдьыбыт ырыалара дьиэни уу ылбытыгар барбытын, ону харыһыйан кэпсииллэрин харааста истэҕин.

“Ира ииндийэлии ырыаттан саҕалаан, аан дойду ырыатын барытын ыллыыра. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр пуорматын истээх ыстааныгар симинэн кэбиһэрэ. Ол курдук, дьиэтиттэн былаачыйалаах тахсан, оскуолаҕа тиийэригэр ыстаанын иһигэр симинэн кэбиһэр идэлээҕэ”, – диэн кэпсииллэрин манньыйа истэҕин.

Татьяна Ворогушина, алын кылаас учуутала: 

– Наһаа долгутуулаах киэһэ буолла. Ира биһиэхэ, Скрыбыкиннар аймахха, Аайабытыгар оҕо буолан иитиллэ кэлбитигэр бары даҕаны үөрбүппүт, бырааһынньык кэриэтэ буолбута. Оччолорго өрүс үрдүгэр турар улахан баҕайы түннүктэрдээх, испиэскэлээх дьиэҕэ олорбуттара. Эдьиийбит Аайа сүрдээх чэнчиһэ, дьаһаллааҕа. Мин эбэбиниин оҕо “сууйуутугар” сылдьыбыппын өйдүүбүн. Оччолорго 3 саастаах оҕону ииттэ ылбыттара. Сүүрэн-көтөн, сүрдээх сытыы оҕо этэ.

Кырыымпаны санатар
Көмүс куолас суох буолла,
Аны маннык куолаһы
Хаһан, ханна истэбит?
 

Полина Победа.

Өҥнөөх түүллэрин кэпсиирэ

Ольга ОХЛОПКОВА, фольклор учуутала:

– Оҕобут Ираҕа анаммыт тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан тиийэ кэлбит ыалдьыттарбытыгар махталбытын биллэрэбит. Бэйэм манна 1980 сыллаахха алын кылааска учууталлыы кэлбитим. Аҕыйах сыл үлэлээн баран, муусука оскуолатыгар фольклор учууталынан үлэлээбитим.

Ира оҕо эрдэҕиттэн ис-иһиттэн эппит-тыыммыт, ыллаабыт-туойбут оҕо этэ. “Түһээн, мэлдьи халлаанынан көтө сылдьарын” кэпсиир буолара. Арай биирдэ кэлэн: “Ольга Степановна, наһаа муода түүлү түһээтим. Өҥнөөх түүл диэн эмиэ баар буолар эбит. Күп-күөх хонуу устун, тыа саҕатынан сүүрэкэлиибин уонна ыллыы-ыллыы, көтө-дайа сылдьабын”, – диэн, ол түүлэ туох суолталааҕын интэриэһиргээн ыйыппытын өйдүүбүн.

Рудольф, ыллыырыҥ тупсан иһэр, бэркэ ыллыыр буолбуккун. Ыллыы тураргын, ийэҕэр майгынныыр хамсаныыларгын көрөн, уйадыйан ыллым. Суолуҥ арыллан истин, барыта этэҥҥэ буоллун, үчүгэй доҕоттордон. Бу бииргэ кэлсибит эдьиийдэргин тутуһа сырыт, кинилэр сүбэлэрэ-амалара эйиэхэ туһаны эрэ аҕалыаҕа.

Киһи дьылҕатын быһаарар
бириэмэни
Эргиппэккин, тохтоппоккун,
Сыыһаларгыттан куоппаккын.
Дууһам ытамньыйар,
Хараҕым уута сүүрэр
Бу суруйбут хоһооммор...   

Ирина Елизарова.

Фёдор Охлопков, кулууп дириэктэрэ: “Кинигэ таҕыста. Онон Ира аата ааттана туруо диэн биир дойдулаахтара үөрэбит”.

Лариса Булдакова, биэнсийэ­лээх: “Айылҕаттан айдарыылаах, айыл­ҕаны кытта чугас, талааннаах дьон эрдэ бараллар быһыылаах. Олохторо оннук түргэн. Ира мин быраатым кикбоксиҥҥа аан дойду 3 төгүллээх чөмпүйүөнэ И.Макаровтыын бииргэ үөрэммиттэрэ, сүрдээх табаарыстыылара”.

Кинигэ аата олус табыллыбыт

Марианна НАУМОВА

Марианна НАУМОВА, чугас дүөгэтэ, “Аэропорты Севера” ФКП юриһа, Дьокуускай куорат:

– Чугастык билэр, алтыспыт киhиҥ, дьүөгэҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, үйэтитии туhунан санаа киирэр. Дьон-сэргэ Иринаны элбэх ырыа ааптара, 90-с сыллардааҕы Саха эстрадатын чаҕылхай сулуhа, ырыаhыт диэн билинэллэр. Оттон кыhамньылаах истиҥ доҕор, амарах ийэ быhыытынан аҕыйах киһи билэр буолуохтаах. Мин Ираны дьоҥҥо-сэргэҕэ, истээччилэригэр, сүгүрүйээччилэригэр хайдах курдук чараас, уйан дууhалааҕын, дьоҥҥо истиҥ, ыраас сыhыанын, оҕотугар эрэлин, о.д.а. өрүттэрин билиһиннэрэр санааттан кинигэҕэ үйэтитэр санааламмытым.

Ирабыт барбыта сыл курдук буолбутун кэннэ, 2023 сыл сааhыгар, Лидия диэн Аммаҕа олорор дьүөгэтэ “Галина Нельбисова ылсыан сөп” диэн биллэрбитэ. Ол кэнниттэн бары көрсөн, кинигэ хайдах буолуохтааҕын быһаарсан, санаабытын үллэстибиппит. Ол кэмтэн ахтыыны, хаартысканы хомуйуу саҕаламмыта. Ира аймахтарын, биир дойдулаахтарын, доҕотторун, учуутала О.С. Охлопкованы кытта Ира баарыгар билсэн, наhаа үчүгэй сыhыаннаахпыт. Хас бырааhынньык ахсын эҕэрдэлэhэр, бэйэ-бэйэбитигэр өйөбүл, сүбэ-ама, көмө да буолар этибит. Онон “кинигэҕэ матырыйаал көрдүүбүн” диэбиппэр, кылгас кэм иһигэр ахтыыларын суруйан, араас кэмнээҕи хаартыскалары булан ыыталаабыттара.

Ирабыт суох буолбутугар, уола Рудольфы кытары малларын дойдутугар, аймахтарыгар илдьибиппит. Онно бэйэтэ хомуйбут, тиспит урукку интервьюлара, хаартыскалара бааллара. Олор миэхэ улахан көмө буоллулар уонна “Ира бэйэтэ күүс-көмө буолла” диэн Үрдүк Айыыларбар махтанабын. Хомуллубут ахтыылары, хаартыскалары, матырыйааллары суруналыыс, суруйааччы Г.Нельбисоваҕа хомуйан ыытар этим.

Ааспыт сыл муус устар 14 күнүгэр уола Рудольф Саха тэлэбиидэнньэтин “Уонна хаhан?...” биэриитигэр кыттан олорон: “Ийэм туhунан ахтыы кинигэтэ бэлэмнэнэ сылдьар”, – диэн эппитэ. Ол кэнниттэн “Айар” национальнай кы­hат­тан: “Биһиги кинигэ тахсарын бырайыак быhыытынан ылыахпытын сөп”, – диэн миэхэ төлөпүөнүнэн эрийбиттэригэр, олус үөрбүтүм, долгуйбутум. Ол иннинэ “хантан үптэнэн таhаартарарым буолла?” диэн төбө ыарыыта буола сылдьыбытым. Интэриэһинэйэ диэн, ити күн иннинэ “кинигэни биллэр-көстөр кинигэ кыһата таһаарыа” диэн түүлбэр Ира үөрбүт-көппүт мөссүөнэ көстөн, биллэн ааспыта. Дьэ, дьикти... Инньэ гынан, кинигэбитин “Айар” кыһа таһаарар буолла. Хаста даҕаны уола Рудольф, Г.Нельбисова, эрэдээктэр О.Янцен буолан көрүстүбүт, сыымайдаатыбыт.

Кинигэ “УРАТЫ” диэн аата олох табыллыбыт дии саныыбын. Ирабыт, чахчы даҕаны, ураты киhитин, ураты куолаhын, киһи быhыытынан ураты мааны майгытын кинигэтин аата да туоһулуур.

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр уола Рудольф уонна “Айар” кыһа илии баттаhан, кинигэбит бэчээккэ барбыта. Онтон ыла кэтэһии долгутуулаах кэмэ са­ҕа­лам­мыта. Испэр сэмээр астык кинигэ буолан тахсарын саарбахтаабат этим. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр кинигэ кыһата Ирабыт туһунан кинигэни таһаартарар санааламмыта хайҕаллаах, махталлаах дьыала. Барыта Ира бэйэтин курдук чэпчэкитик, дьоһун­нук табыллыбыта. Сэтинньи 7 күнүгэр “кинигэ кэллэ” диэн күүтүүлээх икки тылы бассааппар туппутум. Онон бары биир сомоҕо буолан, ылсыбыт үлэбит үтүө түмүгэ, чахчы, “УРАТЫ” кинигэ буолан таҕыста. Барыгытыгар махтал, үгүрү-сүгүрү буолуохтун!

УРАТЫ кинигэ биһирэмэ

“Судургута суох уустук олоҕум ту­һунан сценарийы суруйан, киинэҕэ уһуллуу – ыра санаам. Киинэҕэ уһул­ларга ыҥыраллара буоллар, дууһабын барытын биэрэн туран оонньуом этэ...

Ира туолбатах ыра санаата...

Баҕа САНААлар: ыллыыр ыскамыайка, уус-уран киинэ...

Ирина Елизарованы үйэтитэн, кинигэтэ таҕыста, мантан сиэттэрэн киинэ даҕаны оҥоһуллан тахсара саарбахтаммат. Билигин Саха киинэтэ аар-саарга аатырда, аан дойду таһымыгар таҕыста. Сүрдээх кыахтаах режиссёрдар, сценаристар баар буоллулар. Онон, баҕар, инникитин “ким эмэ бу дьыалаҕа ылсыһара буоллар” диэн эрэниэххэ. Маны тэҥэ кинигэ биһирэмигэр “Гитаралаах ырыа күрэҕэ тэриллэрэ буоллар” диэн бүччүм санааларын эмиэ эттилэр.

 

Сылдьыбытын сурукка тистэ Саргылаана БАГЫНАНОВА,
Дьокуускай – Саһыл (Томпо) – Дьокуускай.
Тэрээһинтэн видеоны сэргии көрүҥ: