Киир

Киир

Кулун тутар 29 күнүгэр Дьокуускай куоракка, Түүлээх нэһилиэгин түмсүүтүн быйылгы тэрээһинин кэмигэр, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, СӨ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, үөрэҕирии уонна тыыл бэтэрээнэ Афанасий Кононович Алексеев “Түүлээх былыргыта” диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ, Б.И. Павлов салайааччылаах “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар 200 ахсаанынан тахсан, аҕыйах күн иһигэр тарҕанан бүттэ. Аахпыт дьон сүрдээҕин сэҥээрдилэр. “Түүннэри аахтыбыт”, “утаппыттыы тартаран аахтыбыт” диэн этиилэр иһилиннилэр.

            Көрсүһүү кэмигэр Афанасий Кононович нэһилиэгин кырдьаҕастарыгар сүгүрүйэн, кинилэри тыыннаахтарыгар баттаһан, сэһэннэрин-сэппэннэрин сурукка түһэрэн үйэтитэр соруктаах өр сылларга дьаныһан туран үлэлэспитин туһунан эттэ. Кинигэ аан тылыгар Хомус Уйбаан, үөлээннээҕэ устудьуоннуур кэмигэр куруук тугу эрэ сурунарын, онтун оччотооҕуга муодунай “валетка” суумкатыгар чып хатанан сылдьарын туһунан ахтан аһарар. Ол курдук, үһүйээннэри, номохтору сурукка түһэрбитин бэлиэтээбититтэн көрдөххө, Афанасий Кононович 17-18 сааһыттан 19-c үйэҕэ төрөөбүт аарыма кырдьаҕастары атах тэпсэн олорон кэпсэтиннэрэн, нэһилиэгин былыргы олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан сурукка түһэрэн испит. Ити аата, кини чинчийиинэн дьарыктаммыта сэттэ уонча сылга чугаһаабыт...

            “Түүлээх былыргыта” кинигэҕэ түүлээхтэр түҥ былыргы үһүйээннэрэ, номохторо, итэҕэллэрэ, ойууннааһын, архыып докумуоннарыгар олоҕурбут чахчылар, Түүлээххэ олорбут уонна хонон-өрөөн ааспыт политсыылынайдар тустарынан матырыйааллар, сири оҥоруу, былыргы эмтиир ньымалар, булт харыс тыллара, таабырыннара, өс хоһоонноро киирбиттэр. Билигин маннык хабааннаах үлэ тахсара сэдэх, онон саҥа кинигэ, аҥаардас биир эрэ нэһилиэк былыргытын буолбакка, саха омук былыргытын сырдататыыга улахан суолталаах. Холобур, Түүлээх оскуолатын учууталлара үөрэнээччилэрин чинчийэр үлэлэригэр үгүс саҥа, урут биллибэт, тирэх буолар арыйыылары оҥоруохтара, дойдулара хайдах курдук дириҥ, баай былыргылааҕынан киэн туттууну иҥэриэхтэрэ турдаҕа. Афанасий Алексеев сыралаһан туран, өбүгэлэрбит түҥ былыргы кэпсээннэрин иҥэринэ сылдьар тиһэх көлүөнэттэн сыаната биллибэт күндү баайы сүһэн ылан, харыстаан, бэрийэн, чочуйан оҥорбут тыыннаах бэлэҕин саха ааҕааччытын киэҥ араҥата өйдүөҕэ уонна ылыныаҕа.

002

            Түүлээх нэһилиэгэ урут Дүпсүн улууһугар киирсэрэ. Ол эрээри, Аллан өрүс кытылыгар, Дьааҥы хайаларын чугаһыгар тайаан сытар, үрүйэ-харыйа сирдээх-уоттаах буолан, алаас сирдэртэн ураты олохтооҕо-дьаһахтааҕа үһүйээннэргэ, номохторго ырылыччы көстөр. Хотугу айан суола быһа көтөн ааһарынан, былыр-былыргыттан Дьокуускайдааҕар Дьааҥы куоракка төттөрү-таары сылдьан атыылаһар-эргинэр, бултуур-алтыыр эбиттэр. Байаҕантайдары, таатталары кытта алтыһыылара эмиэ уос номоҕор хаалбыт. Манна биллиилээх политсыылынайдар уһун сылга олохсуйан, сири оҥоруунан, үөрэҕи тарҕатыынан дьарыктаммыттар.

            Көрсүһүү кэмигэр литература П.А. Ойуунускай аатынан түмэлин дириэктэрин солбуйааччы Л.Н. Иванова, суруналыыс, ХИФУ саха салаатын магистрана М.И. Иванова, бэйиэттэр Анатолий Старостин-Кынат, Любовь Горохова-Сүүмэх, Арассыыйа билимҥэ академиятын Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы киинин президиумун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.А. Пахомов уо.д.а. кинигэ тула бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Нэһилиэк баһылыга С.В. Винокуров, үөрэппит учууталыгар А.К. Алексеевка махтанан туран, нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бэлиэни туттарда.

            Биир дойдулаахтара Афанасий Кононовичка айар үлэтигэр ситиһиини, бигэ доруобуйаны баҕардылар. Эһиил ытык кырдьаҕас 85 сааһын, оскуола 100, Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылларын туолалларынан — Афанасий Кононович үгүс сыллаах айар уонна педагогическай үлэтэ, уоттаах сэрии толоонугар кыргыспыт буойуннар ааттарын үйэтитиигэ дьоһуннаах кылаата сыаналанан — улууһун бочуоттаах олохтооҕун аата иҥэриллэригэр тыл көтөхтүлэр. Билигин ааптар, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтиттэн бэттэх кэми хабан, Түүлээҕин олоҕун-дьаһаҕын туһунан иккис кинигэтин бэчээккэ бэлэмнии сылдьар. Оттон ааҕааччы сэҥээриитин ылбыт “Түүлээх былыргыта” кинигэтин туһунан кырдьаҕас кыраайы үөрэтээччи Афанасий Алексеев: “Бука, хаттаан таҕыстаҕына табыллыыһы”, — диэн сабаҕалыыр.

                                                                                                          М.Решетникова, Дьокуускай.

 

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар