Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр төрөөбүт тыллары үөрэтиигэ, чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар.
Ахсынньы 17 күнүгэр, «2020-2024 сылларга СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы» диэн СӨ судаарыстыбаннай бырагыраамматын чэрчитинэн оҥоһуллубут саҥа мэтэдиичэскэй, уус-уран таһаарыылар бастакы кэмпилиэктэрин үөрүүлээхтик туттарыыга аналлаах тэрээһин буолла.
Тэрээһин саҕаланыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников эҕэрдэ тылы эттэ. Кини бэлиэтээбитинэн, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Бырабыыталыстыба иннигэр, оҕо уһуйааннарыгар уонна өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар төрөөбүт тылларын үөрэтиигэ уонна сайыннарарга үөрэтэр-мэтэдиичэскэй кинигэлэрин, учуобунньуктарын ис хоһоонун саҥардыыга үлэни ыытарга сорук туруорбута. Үөрэх матырыйаалларын ырытан оҥорууга уонна саҥардыыга туһааннаах үп көрүллүбүтэ. Ол курдук, быйыл Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуобунньуктара бэчээттэммиттэрэ, аан бастакытын туундара дьүкээгирдэрин тылын үөрэтиигэ уонна алын сүһүөх кылаастарга ааҕыыга анаммыт учуобунньуктар тахсыбыттара. Үөрэх литэрэтиирэтин оҥоруу таһынан, «Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар литэрэтиирэлэрин кэбиниэтэ», «Полилингвальнай оҕо уһуйаанын бибилиэтиэкэтэ», «Эркээйи эргиирэ» мэтэдиичэскэй таһаарыы, оҕо уһуйаанын үлэһиттэригэр мэтэдиичэскэй кинигэлэр, «Ил Дархан аудиолара» бырайыактарга үп көрүллүбүтэ.
Учуобунньуктары таһаарбыт издательстволар - С.А. Новгородов аатынан «Айар» национальнай кинигэ кыһата уонна «Дани Алмаз» хампаанньа.
«Айар» национальнай кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров бу учуобунньуктары таһаарыы историческэй суолталааҕын туһунан бэлиэтээтэ. Кини туундара дьүкээгирдэрин тылларын үөрэтэр уонна 1-4 кылаастарга ааҕар учуобунньуктарын линиятын бүтэһик таһаарыылара аан бастакытын бэчээттэммиттэрин туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Саҥа учуобунньуктар, мэтэдиичэскэй таһаарыылар ааптардара уонна хомуйан оҥорооччулара Наталья Васильевна Ситникова, Анна Николаевна Татаева, Евдокия Михайловна Поликарпова тыл эттилэр. Наталья Васильевна бэлиэтээбитинэн, үөрэтэр пособиены оҥоруу - олус ыарахан үлэ. Кини, үгүс кыра бөһүөлэктэр олохтоохторо оҕолорун саха, нуучча уонна дьүкээгир тылларыгар үөрэтиэхтэрин баҕаралларын туһунан эттэ.
Үөрэх тэрилтэлэрин аатыттан Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын аадырыһыгар «Арктика» эксперименниир оскуола- интэринээт дириэктэрэ Мария Николаевна Руфова уонна "Кустук» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Диана Степановна Федорова махтал тылларын эттилэр.
Ол курдук, төрөөбүт тылы чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга улахан үлэ ыытыллар. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Васильевич Местников бэлиэтээбитинэн, учуобунньуктары таһаарыы үлэтэ инникитин даҕаны салҕаныахтаах.
Саҥа тахсыбыт учуобунньуктар уонна мэтэдиичэскэй таһаарыылар:
- «Саха оскуолата» үөрэх систиэмэтин саҥа таһаарыылара.Кэмпилиэккэ киирдилэр: “Саха литературата” , “Саха тыла” 10-11 кылаастарга аналлаах үөрэх кинигэлэрэ, 1-тан 11 кылааска диэри “Саха тыла”, “Литература ааҕыыта”, “Төрөөбүт литература”, “Саха литературата” үөрэх кинигэлэрин электроннай көрүҥнэрэ, алын сүһүөх кылаас учууталларыгар аналлаах “Букубаар”, 10-11 кылаастары үөрэтэр “Саха тыла”, учууталларга аналлаах “Саха литературата” мэтэдиичэскэй босуобуйалар, “Киэҥ эйгэҕэ сахалыы таба саҥарыы уонна суруйуу сатабыллара” ыйынньык-кинигэ.
- «Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттар литэрэтиирэлэрин кэбиниэтэ» кэмпилиэк. Манна хотугу омуктар суруйааччыларын эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, долган тылларынан уус-уран айымньылара, ааптарыскай уонна норуот остуоруйалара, справочнай литература, тылдьыт, дидактическай матырыйааллар, суруйааччылар уонна поэттар мэтириэттэрэ киирбиттэрэ.
- «Саха уһуйаанын библиотечката». Библиотечкаҕа киирдилэр: 32 оҕолорго аналлаах уус-уран кинигэ, олор истэригэр биллэр суруйааччыларбыт, бэйиэттэрбит, фольклор айымньылара, тылбаастар. 40 сайыннарар, биллэрэр-көрдөрөр таһаарыы: оскуолаҕа киирэргэ бэлэмниир үлэ тэтэрээттэрэ, босуобуйалар, энциклопедиялар, ойуу кинигэлэр, ааҕыыга уһуйар таһаарыылар, тиэмэлэринэн көрдөрөр-билиһиннэрэр каартачкалар кэмпилиэктэрэ. 9 наименований настольных игр и развивающих игрушек. 5 изданий с интерактивом, плакаты, мегараскраска. 5 методических изданий для педагогов дошкольных образовательных учреждений.
- «Полингвальнай оҕо уһуйаанын библиотечката”. 12 нууччалыы, сахалыы, аангылыйалыы тылынан уус-уран литература. 19 билиигэ-көрүүгэ сирдиир, сайыннарар таһаарыылар: сурунааллар, үөрэтэр энциклопедиялар, демонстрациялаах каартачкалар, хаартыскалардаах кинигэлэр. 9 остуол оонньууларын уонна сайыннарар оонньуурдар ааттара. 5 интерактивтаах таһаарыылар, былакааттар, мегараскраскалар. Оҕо уһуйааннарын иитээччилэригэр 5 мэтэдиичэскэй таһаарыы.
- Туундара дьүкээгирдэрин тылларын үөрэтэр уонна 1-4 кылаастарга ааҕар учуобунньуктарын лиинийэтин бүтэһик таһаарыылара. Бу лиинийэҕэ буукубаар, “Wадун аруу” («Туундара дьүкээгирдэрин тыла») уонна “Wадун йөҥчэ” («Дьүкээгир омук чуораана») ди\н алын сүһүөх кылаас оҕолоругар учуобунньуктар. Маны таһынан, бу учуобунньуктар электроннай барыйааннара таҕыстылар, маны сэргэ, учууталларга аналлаах мэтэдиичэскэй таһаарыылар баар буоллулар.
Салгыы, Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр кэмпилиэктэри туттарыы дьоро түгэнэ буолла.
Саҥа учуобунньуктаах уонна мэтэдиичэскэй таһаарыылардаах кэмпилиэктэри ылбыт үөрэх тэрилтэлэрэ:
- «Саха оскуолата» үөрэх систиэмэтин саҥа таһаарыылара» кэмпилиэгэ Николай Александрович Ларионов дириэктэрдээх Владимир Галактионович Короленко аатынан Амматааҕы Орто оскуолатыгар туттарылынна.
- «Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттар литэрэтиирэлэрин кэбиниэтэ» кэмпилиэгэ Мария Николаевна Руфова дириэктэрдээх Нерюнгритааҕы «Арктика» экспериментальнай оскуола-интэринээккэ туттарылынна.
- «Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттар литэрэтиирэлэрин кэбиниэтэ» кэмпилиэк Айаан Ильич Васильев дириэктэрдээх Елизавета Юльевна Келле-Пелле аатынан 26 нүөмэрдээх Дьокуускай куорат уопсай үөрэхтээһинин орто оскуолатыгар туттарыллынна.
- «Саха уһуйаанын библиотечката» кэмпилиэк Горнай Бэс Күөлүн нэүилиэгин Диана Степановна Федорова сэбиэдиссэйдээх «Радуга» оҕо уһуйааныгар туттарылынна.
- «Полингвальнай оҕо уһуйаанын библиотечката” кэмпилиэгэ Хаҥалас Покровскай куоратын 2 нүөмэрдээх Наталья Владимировна Дьяконова сэбиэдиссэйдээх «Сказка» уһуйааныгар туттарылынна.