Саха профессиональнай ускуустубата сайдар оҥкуллаах отуоругар, оҕо сааһыттан муусуканан үлүһүйэн, олоҕун ис хоһооно оҥостубут Адам Васильевич Скрябин быйыл ыам ыйын 30 күнүгэр 125 үбүлүөйдээх сылынан С.А. Зверев- Кыыл Уола аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үҥкүүтүн тыйаатыра (директор Алексеев А.И.) уонна биир дойдулаахтара Хаҥалас улууһун культураҕа Управленията (начальник Громова С.В.), Нөмүгү нэһилиэгэ (аҕа баһылык Устинов Н.В.) уонна удьуор-харылы дьонноро түмсэн бэрт сэргэх кэскиллээх кэпсэтиилээх, долгутуулаах тэрээһиннэр буолан аастылар.
1996 сыллаахха Адам Васильевич Скрябин 100 сааһыгар Залог оройуонугар, олорбут дьиэтин уулусса өттүннээҕи эркинигэр мемориальнай дуоска турбута. Оччолорго РФ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх деятеллэрэ, хампаһыытардар, артыыстар- Г.М. Кровошапко, Ф.А. Баишева, А.П. Решетникова, Н.С. Берестов, В.В. Ксенофонтов, Н.П. Петров, В.Г. Никулин, А.С. Борисов, Г.Г. Колесов, И.Е. Алексеев, профессор Ю.Д. Петров уо.д.а. бааллара. Ол кэмтэн ыла А.В. Скрябин үтүө аатын сөргүтүү суолталанан, болҕомтону тардыбыта.Ол курдук, кини биир дойдулаахтара Хаҥаластар, утум удьуордара П.Д. Петров, Ю.Д. Петров уонна СӨ култууратын министиэристибэтэ дьоһун үлэни ыыппыттарын, ыыталларын бэлиэтиир оруннаах.
Ыам ыйын 25 күнүгэр үгэс быһыытынан Адам Скрябин олорбут дьиэтин тиэргэнигэр сүгүрүйүү, ахтылҕан чааһа тэрилиннэ. Бу күн этиллибит тыллар олоххо киирэллэригэр туһааннаах тэрилтэлэр- сомоҕолоһон биир кэлимсэ барыл оҥорон Адам Скрябин саха ырыата-тойуга, тыыннаах муусуката сайдарыгар анаабыт олоҕун толору сырдатан, чинчийэн кэлэр кэнчээри ыччакка, историяҕа хаалларарга, дьоҥҥо-норуокка төһө кыалларынан сырдатыы үлэтин ыытарга сорук турда.
Салгыы С.А. Зверев- Кыыл Уола аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үҥкүүтүн тыйаатырын сыанатыгар “Саргылардаах сахаларбыт” диэн ааттаах Адам Скрябин ааспыт үйэ саҕаланыыларыгар уос номоҕор сылдьар саха ырыаларын маҥнайгынан нуотаҕа түһэрэн үйэтиппит ырыалара, муусукатын дьоро күнэ үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Бу дьоро күҥҥэ биир дойдулаахтара уонна саха ырыатыгар-тойугар сүгүрүйээччилэр кэлбиттэрин С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын аркыастыра, Адам Скрябин нуотаҕа түһэрбит ырыаларынан өрө көтөҕүллэн туран көрүстэ (Егор Федотов инструментовката, сүрүн дирижер – СӨ ускуустубатын үтүөлээх деятелэ Николай Петров).
Адам Скрябин саха биир бастыҥ классик суруйааччыта Анемподист Софроновтыын ыкса доҕордууларын туһунан кини «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр», «Саргылардаах сахаларбыт» диэн ырыатын нуотаҕа түһэрэн, үйэлэри уҥуордаан айымньылаах дьон үйэлээх доҕордуу-атастыы буолалларын туоһулуур сүдү айымньыларын «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө толордо (сал. СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская).
Салҕыы, самодеятельнай композитор Адам Скрябин ырыаларын, айымньыларын СӨ норуодунай артыыһа Григорий Петров, Хаҥаластан Туйаара Герасимова, саха аркыастырын солиһа Александр Карманов толорон дьон сэҥээриитин ыллылар. Биллэр муусукааннар Бүтүн Арассыыйа уонна Аан дойдутааҕы күрэстэр лауреата, СӨ култууратын туйгуна Владимир Боярскай баяҥҥа Марк Жирков «Күрүлүөс күргүөм күннэргэ» оонньуута бу бэлиэ күнү өрөгөйүн үрдэттэ. Онтон, СӨ ускуустубатын үтүөлээх деятелэ Виталий Власов Анемподист Софронов-Алампа «Төрөөбүт дойду» хоһоонугар дьүһүйүүтэ Адам Скрябин ыар дьылҕатын суолун санатан харааһыннарда, киһи дьылҕата хайа да кэмҥэ уустук тыҥааһыннаах тэтимҥэ сылдьарын арылхайдык бэлиэтээтэ.
Салҕыы, Адам Скрябин сахпыт суолунан бу күҥҥэ саха ырыата, муусуката хайдах сайдан иһэрин көрдөрөн, кини биир дойдулаахтара «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕүн кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир, дьарыктанар «Кылыһах кырыымпа» бөлөх толорууларыгар «Хаҥалас матыыптарын» дуоһуйа иһиттибит. Норуот матыыбар «Ат ырыата» СӨ култууратын туйгуна Лидия Харитонова толоруутугар, «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕүн доҕуһуолугар олус сонуннук иһилиннэ, маныаха ырыаһыт аһаҕас эҥээркэй ыраас куолаһа куту-сүрү өрүкүттэ.
Сергей Зверев-Кыыл Уолун «Удаҕан» аркыастырга айымньыта (Альберт Попов оркестровката, Анна Томская бөлөх толоруутугар көһөрүүтэ) саха муусукатыгар сиэр-туом ырыатын дьайымтыа күүһэ араас ураты тыас-уус, тыыннаах муусука нөҥүө дүөрэлэһэр туспа тыынын эйгэтигэр умсугуппут «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө сылтан-сыл тупсан, репертуарын уустугурдан иһэрин көрөн-истэн дьон олус дуоһуйууну ылла.
Адам Скрябин 1923 с. Бүтүн Союз сыанатыгар оччолорго аан-маҥнайгынан хомус тыаһын иһитиннэрбитэ уос номоҕор сылдьар. Ол үгэһинэн, бу күн «Арчы Дьиэтин» иһинэн үлэлиир «Чэгиэн» хомусчуттар бөлөхтөрө төрүт үгэскэ олоҕуран сыыйа тардан дьүһүйбүттэрэ кэрэхсэнэн көрөөччү дохсун ытыһын тыаһынан доҕуһуолланна (сал. Ульяна Захарова).
Түмүккэ, Адам Скрябин Москуба куоракка консерваторияҕа үөрэнэ сылдьан саха сириттэн хомуйан илдьэ барбыт ырыаларын суруттарбыт хомуурунньугуттан «Кыыллаах арыы» (Анна Томская оркестровката) Аан дойдутааҕы уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэр лауреата Александр Карманов толоруутугар, Анемподист Софронов-Алампа хоһоонугар, Адам Скрябин матыыбыгар (Валерий Ноенохов оркестровкатыгар) «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» ырыа - Туйаара Герасимова (Хаҥалас улууһа), СӨ норуодунай артыыһа Григорий Петров, Александр Карманов толорууларыгар уонна Адам Скрябин матыыбыгар (Анна Томская оркестровкатыгар) «Саха ырыата» кэнсиэр бары кыттыылаахтарын күргүөмүнэн толоруутун кэлбит күндү ыалдьыттарбыт, көрөөччүлэрбит-истээччилэрбит сэргээн, өрө көтөҕүллэн дуоһуйан тарҕастылар.
Бу курдук саха саргылаах сарсыҥҥытын, кэлэр кэскиллээх күннэрин кутугар-сүрүгэр иитиэхтээн ымыы оҥостон илдьэ сылдьыбыт, сураҕа суох сүппүт биир бастыҥ тумус киһибит Адам Скрябин албан аата айхаллана турдун!
Варвара ОБОЮКОВА,
СӨ култууратын туйгуна,
Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин үлэһитэ.