Ахсынньы 4 күнүгэр, «Муус хайа» уораҕайын «Арҕаа алаас» диэн ааттаах банкетнай саалатыгар, Наталья Михалева-Сайаҕа «Саха норуодунай суруйааччыта» диэн ааты иҥэрбиттэрин бэлиэтиир «Махтал дьоро киэһэтин» малааһына буолан ааста. Сайа дьиэ кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин кытары маанылаах сандалы остуолугар ыраахтан-чугастан ыҥырыллыбыт ыалдьыттар тоҕуоруһа мустубуттар.
Сайа олох эдэр сааһыттан саха поэзиятыгар чаҕылхай сулустуу эмискэччи күлүм гынан, элбэх киһини соһуппута да, долгуппута да. Онтон ыла өр сылларга тохтобула суох бар дьонун, Сахатын сирин туһугар туруулаһар хорсун суруналыыс, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһитин уустук идэтин баһылаабыта. Кини маҥнайгы сонун бырайыагынан саха телевидениетигэр сэргэх, дьон-сэргэ сөбүлээн көрөр, күүтэр «Кэпсиэ» диэн биэриитэ буолбута.
Сайа хоһоонноругар аҕыйах тылынан олус дириҥи, киэҥи, иһирэх иэйиини ардыгар сата, илбис да тылларынан хорсуннук хоһуйан кэбиһэр ураты дьоҕурдаах. Кини хоһоонноругар элбэх ырыа айылынна, холобур, «Дьэҥкир иэйии» диэн биир хоһоонун аҕыс араас айааччы ырыа гынан көтүппүтэ биллэр. Оттон Пушкин хоһоонугар тылбааһа олох уу сахалыы тыыннаах, кини ураты дьикти иэйиитин Екатерина, Алексей Егоровтар таба туппут толоруулара киһи эрэ уйулҕатын хамсатар дьоһун ырыа буолан киэҥник тарҕаммыта. Сайа хоһоону суруйуунан, СКИХ-хэ араас умсулҕаннаах биэриилэри таһаарарынан эрэ муҥурдамматаҕа. Ол курдук, дьон биһирэбилин ылбыт устууларын сэргэ, саха чулуу уолаттара Алампа, «Дьоруой Сулуһа суох Дьоруой" Гаврил Протодьяконов, Егор Неймохов туһунан документальнай киинэлэрэ олус кырдьыктаахтык уонна итэҕэтиилээхтик уһуллан, таҥыллан, саха чулуу уолаттарыгар өлбөөдүйбэт мэҥэ өйдөбүнньүк буолан, үүнэр көлүөнэҕэ көстүө турдаҕа.
Сайа элбэх хоһооннорун хомуурунньуктара, тылбаастара кинигэ буолан тахсан, ааҕааччылар куттарын туппуттара. Сайа хомоҕой хоһоонньут, тылбаасчыт эбит буоллаҕына, аны проза добун толоонугар айар үлэ ахсым атын арҕаһыгар хатаастан, кимиэллээхтик ойутан киирдэ. Манна, биллэн турар, кини уус-уран тыл ууһа буолара улахан оруоллаах. Онон, Сайа, этэргэ диэри, дабыдалын куорсунун куоһанан, эдэр сааһыттан ыра оҥостубут санаатын олоххо киллэрбитэ. «Уйгур» диэн сэһэнин «Айар» кинигэ кыһата бэчээттээн, прозаҕа биир бастакы боччумнаах холонуутун саха дьоно-сэргэтэ биһирэбилинэн көрсүбүтэ.
Наталья Михалева-Сайа СКИХ-хэ айымньылаах үлэтэ үрдүктүк биһирэннэ, ол курдук 2021 с. Ил Дархан киниэхэ суруналыыстыкаҕа боччумнаах кылаатын иһин Н.А. Кондаков аатынан бириэмийэни анаата.
Дьоро киэһэҕэ эҕэрдэ тылы этээччилэр Сайа айар үлэтин үгэнигэр сылдьарын, ураты чаҕылхай айымньылары бар дьонугар бэлэхтии сылдьарын, Саха сирин дьоһуннаах уопсастыбынньыга, патриота буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Элбэх ырыа-тойук, хоһоон, үҥкүү бииртэн биир дьикти-кэрэ көстүү буолан дьоро киэһэни киэргэттилэр.
Сайаҕа өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары турунан «Норуот суруйааччытын» үрдүк аатын иҥэрэргэ туруорсубуттара оруннаах уонна сөптөөх. Норуот ис сүрэҕиттэн билиммит суруйааччыта Сайа киниэхэ сүктэриллибит бу үрдүк иэһи чиэстээхтик толоруо диэн эрэнэбит.
Сайаны, бу дьоллоох дьоро киэһэҥ үрдүк таһымҥа ааспытынан итиитик эҕэрдэлээтэҕим буоллун. Бу одурууннаах орто дойду олоҕун уустук кэмигэр сырдык сулус буолан, бар дьоҥҥун үтүөҕэ, кэрэҕэ, киһилии киэптэнэллэригэр, сахалыы саҥнаналларыгар сирдии, салайса тур диэн алҕаатаҕым буоллун.