19-с үйэ бүтүүтэ Аангылыйаҕа “махтаныылаах ыйытыктар” диэн муода буола сылдьыбыттаах. Бу ыйытыгы толорооччу суругунан тус санаатын аһаҕастык эппиэттиэхтээх. Марсель Пруст диэн француз биллэр суруйааччыта “махтаныылаах ыйытыгы” икки төгүл төхтүрүйэн – 1885 эбэтэр 1886 сыллаахха (14-15 саастааҕар), оттон иккиһин биэс сыл буолан баран толорбута биллэр. Кини ол дириҥ хорутуулаах, аһаҕас эппиэттэрин үгүс киһи интэриэһиргээбитэ, кэлин бу ыйытыгы “Пруст ыйытыга” диэн ааттаабыттара.
Оттон бүгүн ити ыйытыгы биһиги саха поэзиятын далбар хотуттарыгар – Наталья Михалева-Сайаҕа уонна Мария Решетникова-Арылы Дуйдаахха биэрдибит. Кинилэри билиһиннэрэр соччо наадата суох. Бары бэркэ билэр, сөбүлүүр суруйааччыларбыт. Былырыын алтынньыга Опера уонна балет тыйаатырыгар “Үс иэйии күрүлгэнэ” диэн бэртээхэй түһүлгэҕэ “былааһы ылбыттарын” үгүскүт өйдүүр буолуохтаах.
Ыспыраапка:
Наталья Владимировна МИХАЛЁВА-САЙА Сунтаар Түбэйиттэн төрүттээх. 1994 сыллаахтан Суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн (МСПС), СӨ Суруйааччыларын сойууһун, онтон кэлин “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация уонна Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Хабаровскайдааҕы култуура институтун бүтэрбит. Сунтаар оройуонун култуураҕа салаатыгар уонна улуустааҕы хаһыакка, тэлэбиидэнньэҕэ эрэдээктэринэн үлэлээбит. Билигин “Саха” НКИХХэ үлэлиир, “Сэһэн сирэ” биэриини ыытар. “Тыллыы” диэн бастакы кинигэтэ 1994 с. тахсыбыт.
Мария Афанасьевна АЛЕКСЕЕВА-РЕШЕТНИКОВА-Арылы ДУЙДААХ – Суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн (МСПС), СӨ Суруйааччыларын сойууһун, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация чилиэнэ. Медицина национальнай киинин үрдүк категориялаах бырааһа, Клиническэй киин тэрийэр-мэтэдьиичэскэй салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна.
Дьокуускайга төрөөбүт. Уус Алдантан төрүттээх, Абыйтан, Тааттаттан тардыылаах. Аҕата Афанасий Кононович Алексеев – учуутал, суруналыыс, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, 2019 с. “Түүлээх былыргыта” диэн кинигэтэ тахсыбыта. Аны, быраата Яков Алексеев “Эдэрбэр эппэтэх тылларым” диэн сэһэн кинигэтин суруйан бэчээттэппитэ.
Таатта улууһугар олорбут, үлэлээбит сылларыгар “Араҥас Сулус” айар түмсүү кыттыылааҕа. Эмтиир эйгэ устуоруйатын чинчийиигэ дьоһуннаах үлэлэрдээх. Бастакы “Олох – түгэн” диэн хоһооннорун кинигэтэ 2004 с. тахсыбыт.
Ыйытык |
Наталья Михалева-Сайа хоруйа |
Мария Решетникова-Арылы Дуйдаах хоруйа |
Киһиэхэ ханнык хаачыстыбаны ордук өрө тутаҕыный? |
Көҥүлү ордорор майгыны. |
Олоххо буолар бары түгэннэргэ бэйэ тус санаалаах буолуутун. |
Эр киһи саамай сүрүн хаачыстыбата. |
Олоҕу хамсатар, тупсарар, сайыннарар өй-санаа, дьулуур. |
Көнө сүрүннээх, биир тыллаах буолуу. |
Дьахтар саамай сүрүн хаачыстыбата. |
Кэрэни туругурдуу. |
Амарах сүрэхтээх, истиҥ сыһыаннаах буолуу. |
Тус бэйэҥ сүрүн хаачыстыбаҥ. |
Бэйэбэр эрэллээх буолуу. |
Күүстээх санаалаахпын. |
Эн доҕотторгор ордук тугу сыаналыыгыный? |
Ис киирбэх буолууну. |
Эркин курдук эрэллээх доҕоттордоохпуттан үөрэбин. |
Эн сүрүн итэҕэһиҥ? |
Итэҕэһим диэбэппин эрээри, кыра да акаары быһыыны тулуйбаппын. |
Болҕомтото суохпун, мунаахпын. |
Эн сөбүлүүр дьарыгыҥ? |
Ханнык баҕарар айар үлэ. Онон сүрүн үлэм – суруналыыстыка – эмиэ сөбүлүүр дьарыгым буолан тахсар. |
Ааҕыы. |
Дьол диэни хайдах өйдүүгүнүй? |
Санаа туолбут түгэнэ. Айар киһи дьол туһунан өйдөбүлэ дьон киэнин курдук олоххо табыллыы эрэ буолбатах, табыллыбыт айымньы, иэйиини күөртүүр турукка киирии эҥин буолар, онон дьолу уратытык көрөбүт, ылынабыт дии саныыбын. |
Олоҕуҥ тухары дьолу араастаан өйдүүгүн, ол эрээри таптыырыҥ тухары дьоллооххун. |
Дьоло суох буолуу диэни хайдах өйдүүгүнүй? |
Бэйэҥ кыайан салайбат түгэҥҥэр түбэһии. Кими эрэ сүтэрии, ыарыы эҥин курдук. |
Олохтон үөрүүнү билбэт буоллаххына, дьоло суоххун дии саныыбын. |
Эн бэйэҥ бэйэҕинэн буолбакка, атын ким буолуоҥ этэй? |
Наука үлэһитэ. |
Айанньыт буолуом этэ. |
Эн ханна олохсуйуоххун баҕараҕыный? |
Өрүс үрдүгэр. |
Сахам сириттэн барбаппын. |
Эн сөбүлүүр дьүһүнүҥ уонна сибэккиҥ? |
Сырдык күөх. Сибэкки барыта үчүгэй. |
Чаҕылхай от күөҕэ уонна сардаана сибэкки. |
Сөбүлүүр көтөрүҥ. |
Хотой. |
Көҥүлүнэн көтөр-дайар көмүс куолас күөрэгэй. |
Эн сөбүлүүр суруйааччыҥ (прозаик)? |
Сөбүлүүр суруйааччыҥ олоҕуҥ кэрдиистэринэн уларыйа сылдьааччы. Оҕо эрдэхпинэ мүччүргэннээх сырыылардаах айымньылары сөбүлүүр буолан Марк Твен, Жюль Верн айымньыларынан үлүһүйэр кэмнээҕим. Онтон француз арамааннарын умсугуйбутум, ордук Виктор Гюгоҕа буолуо. Онтон Чингиз Айтматовка. Историческай арамааннарыгар эмиэ ыалдьа сылдьыбытым. Билигин Арассыыйа XIX-XX үйэлэрин быыһыгар айбыт-суруйбут, олох дьалкыырын эттэринэн-хааннарынан билбит, сүрэхтэрин нөҥүө аһарбыт дьон уйулҕаны чинчийэр айымньыларын, олохторун кэрэхсиибин. Онон остуолбар Михаил Булгаков, Борис Пастернак, онтон да атыттар прозалара чугас сыталлар. Саха суруйааччыларыттан төһө да аахтарбын салгыппат Амма Аччыгыйа баар. |
П.А. Ойуунускай прозатын сөҕөбүн. |
Сөбүлүүр бэйиэтиҥ? |
Уильям Шекспири бастакынан ааттыам этэ. Кини сонеттара киһи өйүн-санаатын байыталлар. Пушкин, Лермонтов сүрэхпин долгуталлар. Нуучча «үрүҥ көмүс үйэтин» бэйиэттэрэ куппун-сүрбүн ыһаллар-хомуйаллар. Алампа миигин күүһүрдэр. |
Иван Арбита. |
Эн сөбүлүүр литературнай дьоруойуҥ? |
Булгаков Воланда олох, киһи туһунан кырдьыгы этэринэн сөбүлэтэр. Ильф, Петров Остап Бендерэ олус чаҕылхай уобарас. Достоевскай “Преступление и наказание” арамааныгар сүрүн дьоруой буолбатах эрээри, Дмитрий Разумихин диэн киһи сэргиир киһитэ баар. |
Улуу Кыайыы чугаһаан иһэринэн, бу күннэргэ сэрии тиэмэтин өрө тутабын. Оччоҕуна Тимофей Сметанин Егор Чээринэ — мин сөбүлүүр дьоруойум. Дьэ, уол оҕото! Өлбөт үөстээх, хорсун сүрэхтээх, булугас өйдөөх, олоҥхотун, сахатын тылын, омугун мындырын, тыа киһитин булгуруйбат тулуурун иҥэринэ сылдьар саха саллаатын уобараһа. |
Литэрэтиирэҕэ сөбүлүүр дьахтар (кыыс) дьоруойуҥ? |
Биһиги эрабыт буолуон иннинэ Былыргы Грецияҕа Аристофан кэмиэдьийэтигэр Лисистрата диэн дьахтар сэриини ураты ньыманан тохтоппутун туһунан суруллар. Кини дьахталлары эр дьоннорун сэриилэһэн бүтүөхтэригэр диэри хоонньуларыгар чугаһаппаттарын курдук кигэр. Таптала суох сатаммат эр дьон маннык “өрөбөлүүссүйэттэн” сылтаан сэриилэһэн бүтэллэр. Бу Лисистратаны ааҕыахпыттан умнубаппын. |
Николай Якутскай «Төлкө» арамааныттан Маайаны олус сөбүлүүбүн, харыһыйабын, аһынабын. |
Эн сөбүлүүр худуоһунньугуҥ уонна композиторыҥ? |
Биири эрэ этэргэ күчүмэҕэй. Туох эрэ драмалаах, уйулҕаны уһугуннарар хартыыналары суруйар худуоһунньуктары сөбүлүүбүн. Холобур, Иван Айвазовскайы. Дьон үксэ кинини муораны эрэ суруйар курдук өйдүүллэр да, кини дьону, атын да пейзажтары суруйбут худуоһунньук. Үксүгэр байҕал балкыыра киһи эрэйдээҕи хайдах баҕарар дьаһайар күүстээҕин кэпсиир хартыыналардаах буоллаҕына, Александр Пушкины кини муораны кытта утары күрсэр күүстээх гына хаста да ойуулаан турар. Эдэр сылдьан бэйиэти тыыннааҕын көрбүт худуоһунньук, онон Пушкин ис күүһүн, баараҕай модун эйгэтин таба өйдөөбүт буолуохтаах. Өссө Михаил Врубель демоннарын сөбүлүүбүн. Музыканы олус билэр киһинэн ааҕыммаппын эрээри, Хабаровскайга култуура институтугар үөрэнэр кэммэр классиктары билиһиннэрэр этилэр. Олортон киһини арамаантыка туругар киллэрэр Бетховен «Ыйдаах сонататын», Шуберт «Киэһээҥҥи серенадатын» сөбүлээн, ханнык эрэ түгэҥҥэ истэр идэлэммитим уонна институту бүтэрэрбэр дьиэбэр Бетховен быластыыҥкатын атыылаһан кэлбитим. Ол эрээри, дойдутун – эрэйдээх-буруйдаах, адьырҕа судаарыстыбалар быыстарыгар тобуктуу-тобуктуу көҥүлүн туһугар хос туран кэлэр Польшатын – олус таптыыр, киниэхэ анаан өлбөт-сүппэт айымньылары суруйбут Михаил Огинскай миэхэ ордук чугас. Кини «Огинскай полонеһа» диэн аатынан биллибит муусуката, дьиҥэ, «Ийэ дойдуттан арахсар иэйии» (Прощание с Родиной) диэн. Төрөөбүт Ийэ дойдуга, бар дьоҥҥо төһөлөөх таптал, истиҥ санаа, арахсыы куруһа иһиллэрий, бу дорҕооннорго? Бу муусуканы Алексей Егоров мин «Күһүҥҥү долгураҥ» хоһооммор киллэрбит этэ. Бу хоһоон – эмиэ арахсыы туһунан, күндү кэмтэн, кэрэ түгэнтэн быралыйыы куруһа киирбит хоһооно. Онон улуу композитор айымньытын кытта мин тылларым дьүөрэлэһэн хаалбыттара сөхтөрөр. |
Билиҥҥи саха худуоһунньуктарыттан Михаил Старостин бөлүһүөктүү хартыыналарын сөбүлүүбүн. Композитор – Эннио Морриконе. |
Эн дьиҥ олоххо дьоруойуҥ (эр киһи) |
Махатма Ганди буолуо. |
Сахаттан аан дойду бастакы чөмпүйүөнэ Илларион Георгиевич Федосеевтыын өр сылларга алтыспыппыт. Кини курдук күн ахсын сахатын омугун туһунан саныыр, сүрэҕинэн ыалдьар киһини көрө иликпин. |
Эн дьиҥ олоххо дьоруойуҥ (дьахтар) |
Ийэм |
Бэйэм билэр дьоммуттан Александра Костантиновна Чиркованы ааттыам этэ. Кини эмчит, киһи, салайааччы, чинчийээччи, суруйааччы быһыытынан дэгиттэр талааныгар, аҕатын олоҕун, ойууннааһын уустук тиэмэтин билим хараҕынан арыйар сындалҕаннаах үлэтигэр сүгүрүйэбин. |
Устуоруйа лиичинэстэриттэн ордук кими искэр киллэрбэккиний, сөбүлээбэккиний? |
Устуоруйаҕа биллэр суолу-ииһи хаалларар, улуу импиэрийэлэри тутар дьон үксэ хаан олбохтоох буолаллар быһыылаах. |
Михаил Горбачеву. |
Аан дойду устуоруйатыгар киэн туттар дьахтар дьоруойуҥ? |
Рим аармыйатын утары турбут Боудика. |
Индира Ганди. |
Сөбүлүүр аһыҥ уонна утаҕыҥ. |
Тоҥ балык, үүттээх чэй. |
Тоҥ балык, үүттээх чэй. |
Сөбүлүүр ааттарыҥ. |
Таптыыр дьонум ааттара. |
Сандаара, Мичил, Айсиэн. |
Ордук тугу абааһы көрөҕүнүй? |
Сирэй көрбөх буолууну. |
Албыны-түөкэйи, сымыйаны. Билиҥҥи үйэҕэ сымыйаны кырдьыктан араарар уустугуран иһэр курдук. |
Буолбут сэриилэртэн ордук тугу сөхпүккүнүй? |
Дэмэкирээтийэ, бөлүһүөпүйэ, ускуустуба киинэ буолан турбут Афиныны ыспыт, отучча сыл уруулуу норуоттар сэриилэспит Афины уонна Спарта сэриитэ – Пелопонестааҕы сэрии. |
Биллэн турар, Аҕа дойду Улуу сэрииитэ. Дьон кыайыыга дьулуура, эрэлэ, биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит, ийэлэрбит, аҕаларбыт кыргыс толоонугар уонна тыыл үлэтигэр холобура суох хорсун быһыылара. Бу иэдээннээх сэрии хас биирдии ыал дьылҕатын таарыйар. |
Эйигин сөхтөрбүт реформа |
Сингапуру чэчирии сайдыыга аҕалбыт Ли Куан Ю уларыта тутуута. Эмиэрикэни «улуу дэпириэссийэттэн» таһаарбыт, туох да кыайбат судаарыстыбатыгар кубулуппут Франклин Рузвельт уларыта тутуута. |
Дойду муҥутуу ыһыллан-тоҕуллан олорор кэмигэр Сахабыт сиригэр Медкиин туттарбыттарын сөҕөбүн. |
Эн ханнык талааны талыаҥ этэй? |
Суруйар талааным сөп гынар. |
Арааһа, суруйар талаантан атыны талбатым буолуо. |
Бу сиргэ бары быстах кэмҥэ кэлэбит. Эн хайдах өлөргүн ордоруоҥ этэй? |
Ыалдьыбакка. |
Айылҕа анаабыт бары кэмин билэн, хагдарыйар кэмҥэ хагдарыйан, ол эрээри кимиэхэ да таһаҕас буолбакка, илэ өйбүнэн сылдьаммын ийэ буорга киирдэрбин бэрт буолуо этэ. |
Билиҥҥи туруккун хайдах сыаналыыгыный? |
Ааспыт кэмнээх, кэлэр кэмнээх ордук тахсыылаах буолар кэмим, онно бэлэм туруктаахпын. |
Эрэллээхтик, тирэхтээхтик ылыммыппын ыпсарар, туппуппун тургутар туруктаахпын дии саныыбын. |
Киһи туох итэҕэһин ордук тулуйаҕыный? |
Сатабыла суоҕун. |
Умнуган буолууну. |
Олоххо туттар тумус тылыҥ (девиз) |
Санаа күүһэ барытын кыайар. |
Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. |
Kyym.ru