Киир

Киир

Аҕыйах хонуктааҕыта "21-с үйэ 21 эдэр суруйааччыта" сабыс-саҥа хомуурунньук күн сирин көрдө.

Бу кинигэ кылгас аннотациятыгар:

«Күндү ааҕааччы, бүгүҥҥү уустук кэмҥэ саха уус-уран литературатын үгэһин салгыыр, суол төрдүгэр үктэммит эдэр дьон айымньыларын сэргээн аах, кинилэр уонна биһиги куппутун-сүрбүтүн туоххаһытар, долгутар дьүһүлгэннэргэ умус, тэтимҥэ киир. Туску!»... – диэн суруллубут.

Дьэ, хас биирдии ааҕаччыны эрэ ыҥырар дьоһун этиилэр.
Хомуурунньугу бэчээккэ  түмэн таһаарааччы - Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Гаврильевич Андросов. Киниттэн аҕыйах ыйытыыбар хоруйдууругар көрдөстүм.

WhatsApp Image 2022 03 16 at 07.55.44 1

- Гаврил Гаврильевич, үтүө күнүнэн. Сабыс-саҥа "21-с үйэ 21 эдэр суруйааччыта" кинигэ тахсыбытынан эҕэрдэлиибин! Аата даҕаны эри-эккэһин! Дьэ, ханнык эдэр ааптардар айымньылара киирдилэрий?

- Бу омос көрдөххө, балачча улахаҥҥа дьулуһар ааттаах хомуурунньук – «21-с үйэ 21 эдэр суруйааччыта». Бу 21 эдэр ааптары 2018, 2020 сылларга буолбут Эдэр суруйааччылар 21-с, 22-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын бастыҥ кыттааччыларыттан сүүмэрдээтибит. Мин санаабар, хомуурунньукка билиҥҥи саха литературатын эдэр сэбэрэтин көрдөрөр ааттар киирдилэр. Кинигэ биэс хайысхалаах — поэзия, проза, драма, оҕо литературата, уус-уран кириитикэ. Маннык хайысхалардаах эдэр ааптардар хомуурунньуктара өтөрүнэн олох тахса илик. Өскөтүн поэзия, проза өрүүтүн тахсар эбит буоллахтарына, эдэр драматурдар, кириитиктэр уонна оҕо литературатыгар холонооччулар айымньылара түмүллэн тахсыыта сэдэх көстүү.

Хомуурунньукка киирбиттэр кэккэлэригэр быйыл Арассыыйа суруйааччыларын сойууһугар киирбит «буруолуу» сылдьар ааптардар бааллар - Николай Васильев-Харыйалаах Уола, Ольга Янцен, Надежда Ильина. Поэтессалар Саргылаана Сандаар уонна Ангелла Попова сиппит-хоппут, суолларын-иистэрин булуммут ааптардарынан буолаллар. География өттүнэн көрдөххө, поэт Василий Рожин Дьааҥыга олорор, бэрт мындыр киһи Константин Васильев Уус Алдан улууһугар үүтээҥҥэ олорон суруйар. Идэлэринэн көрдөххө, фермердэр, урбаанньыттар, быыһааччылар, учууталлар, театр үлэһиттэрэ, суруналыыстар, магистраннар бааллар. Онон, бу саха билиҥҥи эдэр интеллигенциятын кытта билиһиннэрэр бэлиэ кинигэ да диэххэ сөп.

WhatsApp Image 2022 03 15 at 23.07.35 1

- Хомуурунньукка кимнээх үлэлэстилэрий?

- Хомуурунньук редколлегиятыгар сүбэ мунньах секцияларын салайааччылара киирдилэр. Ол иһигэр биһиги кэккэбитигэр суох норуот суруйааччыта, драматург Баһылай Харысхал, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Винокуров-Урсун бааллара. Хомойуох иһин, кинилэр кинигэ тахсыытыгар тиийбэтилэр. Маны сэргэ, норуот суруйааччылара Наталья Харлампьева, Николай Лугинов, Сэмэн Тумат уонна быһаччы эдэрдэри кытта үлэлэһэр Рустам Каженкин, Данил Макеев үлэлэспиттэрэ. Оттон, хомуруунньугу хомуйан оҥорорго Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньата миигин сорудахтаабыта.

Харл 1

- Бу 21-с үйэҕэ олорорбутун иһин 21 ааптары талбыккыт дуо? Эбэтэр ааптар ахсаана бэйэтэ оччо буолан тахсыбыта дуу?

- Бу хомуурунньукка 21 ааптарга таба тайаныыбыт, бастакынан, сүүрбэ биирис үйэҕэ олорорбутун, иккиһинэн, 2018 сыллаахха Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара 21-с төгүл буолан ааспытын кытта ситимнээх. Хомуурунньукка киирбит ааптардарбыт сүбэ мунньахтар нөҥүө литература эйгэтигэр үктэнэн эрэр дьонунан буолаллар. Ону сэргэ, 21, ол эбэтэр үс төгүл сэттэ, сахалыы өйдөбүлүнэн күүстээх, ытык ахсаан эдэр ааптардары айар эйгэҕэ алҕаан киллэрдин диэн санааттан ааттаммыта.

- Хомуурунньукка литература элбэх хайысхатын киллэрбит эбиккит дии. Эдэр ыччат бары көрүҥҥэ ылсан айара-суруйара хайҕабыллаах суол. Ааптардар үксүн ханнык хайысхаҕа үлэлииллэрий?

- Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара 2004 сыллаахха сөргүтүллүөҕүттэн ыла, поэзия уонна проза өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыттара. Бу секциялартан сайдан, саҥа литератордар бөҕө таҕыстылар. Оттон, драма туспа сиэксийэ быһыытынан үлэлии иһэн, арыый доҕолоҥноон, прозаҕа холбоспута уонна устунан сөҕүрүйэ быһыытыйбыта. Ол иһин, 21-с сүбэ мунньахтан ыла болҕомто уураммыт, туспа сиэксийэ буоларыгар үлэлэстибит. Ол түмүгэр Утум Захаров, Надежда Ильина уонна Ираида Коркина-Чугдаара курдук эдэр драматурдар үөскээтилэр. Ираида Коркина уонна Утум Захаров сиэксийэ бастыҥнарынан ааттаммыттара, оттон Надежда Ильина быйыл Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар киирдэ. Онон драма жанрыгар норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал такайбыт ыччаттара бааллар.

WhatsApp Image 2022 03 15 at 23.07.34 2

WhatsApp Image 2022 03 15 at 23.07.35

Оҕо литературатын сиэксийэтэ сүбэ мунньахтар саҕаланыыларыгар баар этэ. Онтон симэлийэ быһыытыйбытын бу ааспыт 22-с сүбэ мунньахха сөргүппүппүт. Бу хайысхаҕа Мусьяна Сосина, Анна Колосова, Мария Винокурова курдук оҕо литературатыгар күүскэ ылсан үлэлии сылдьар ааптардардаахпыт.

Кэлиҥҥи кэмҥэ уус-уран литература кириитикэтигэр эмиэ болҕомто уурдубут. 2018 сыллаахха анал секцияны бастакы тэрийиибитигэр Ольга Макарова курдук сиппит-хоппут кириитик, тыа сиригэр олорор учуутал киһи дьоһуннук кыттыбыта. Кини эһиилигэр сүбэ мунньахха бэйэтэ ырытааччы быһыытынан кыттыспыта. Бу 22-с сүбэ мунньахха эдэр ыччат — устудьуоннар, маҕыстырааннар инники күөҥҥэ тахсыбыттара. Ол иһигэр хомуурунньукка киирбит Варвара Турнина, Наталья Данилова уонна Татьяна Андросова бааллар. Онон, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа көҕүлээн ыытар Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара саха литературатын бары эйгэтигэр бэлэмнээх ааптардар тахсалларыгар кыһаллар диэн бэлиэтиибин.

- Хомуурунньукка тахсыбыт айымньылартан тус бэйэҥ ханныктары ордук кэрэхсээн аахтыҥ?

- Эдэр суруйааччылары кытта тиһигин быспакка үлэлэһэр киһи быһыытынан, хомуурунньукка киирбит дьону барыларын кэскиллээх ааптардарынан ааҕабын. Холобура, Саргылаана Сандаар уонна Харыйалаах Уола иккиэн тус-туспа, киһи кэрэхсээн ааҕар ураты суоллаах-иистээх поэттара. Прозаҕа бэйэтэ ааттыырыныы, «үрэх баһыгар» олорор бөлүһүөктүү көрүүлээх Константин Васильев уонна удьуор булчут мындыр хараҕынан көрүүтүн ойуулуур Валерий Андросов айымньыларын ким баҕарар сэргээн ааҕыаҕа. Оттон драмаҕа Надежда Ильина «Лайк» диэн аныгы олох дьэрэкээн сэбэрэтин тутах өттүн сатабыллаахтык саралыыр комедията уус-уран өттө күүстээх дии саныыбын. Оҕо литературатыгар ааспыт сүбэ мунньахха бастыҥынан ааттаммыт Мария Винокурова айымньылара саҥа айар ыыры көрдүүллэрэ киһи болҕомтотун тардар.

WhatsApp Image 2022 03 15 at 23.07.34 1

хррыйалаах

- Үп-харчы өттүн таарыйар буоллахха, кинигэ тахсыытын ким үбүлээтэ?

- "21-с үйэ 21 эдэр суруйааччыта" хомуурунньугу Саха сирин суруйааччыларын сойууһа тус үбүттэн харчы кырыйан таһаарда. Кинигэ тахсыытыгар биһиги партнербут «Алта» кинигэ кыһата улахан көмөнү оҥордо. Кинигэ кыһата, өрүү буоларыныы, тупсаҕай кинигэ буолан тахсарыгар бэркэ кыһаллан үлэлэстэ. Онон эдэр ааптардар киэн тутта бар дьонноругар көрдөрөр дьоһун хомуурунньуктарын оҥорон таһаардыбыт. Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Зинаида Архипова салайар «Алта» кинигэтин кыһата эдэр ааптардары кытары тиһигин быспакка үлэлэһэр. Ол курдук, кини кириитик Николай Рыкунов, поэттар Рустам Каженкин, Александра Попова-Долгура, Ангелла Попова уонна Харыйалаах Уолун кинигэлэрин олус бэркэ оҥортоото.

- Хомуурунньук атыыга тахсыа дуо, сыаната төһө буолуоҕай? 

- Хомуурунньук быйылгы Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын кыттыылаахтарыгар түҥэтиллиэ, ордугун атыыга таһаарарга кыһаллыахпыт уонна, биллэн турар, ааптардарга бэлэхтиэхпит. Сыанатын билигин чопчу этэр кыах суох.

- Эдэр ааптардар хомуурунньуктара өссө тахсыахтара дуо?

- Биллэн турар. Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа сүбэ мунньахтар түмүктэринэн эдэр литератордар хомуурунньуктарын төһө кыалларынан, үп-харчы көстөрүн тухары, таһаарар баҕалаах. Бу биир өттүнэн, биһиги үлэбит түмүгүн көстүүтэ, иккиһинэн, маннык бырайыактар эдэр суруйааччылары түмэргэ уонна киэҥ эйгэҕэ таһаарарга олус наадалаахтар.

- Ыйытыыларбар хоруйуҥ иһин махтал!   

Кэпсэттэ Ираида Коркина

kyym.ru