Саха таптыыр хоһоонньута Наталья Михалева — Сайа дьиҥ олохтон суруйбут "Алаадьы" http://kyym.ru/sonunnar/ajymny/4744-alaady-olokhkho-buolbuttan-kepseen кэпсээнэ ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылыан ылла. Хардарыта санаалар этилиннилэр http://kyym.ru/sonunnar/kultura/4745-alaady-tula-sanaalar. Аны бүгүн "Күрүлгэн" сурунаал эрэдээктэрэ, суруйааччы Афанасий Гуринов — Арчылан суруйуутун сэҥээрэн ааҕыҥ.
Суруйааччы Анатолий Слепцов “Алаадьы” диэн Сайа саҥа кэпсээнин туһунан суруйуутун бассаапка ааҕан бараммын кини онно биэрбит ыйытыктарыгар ааҕааччы быһыытынан хоруйдуурга сананным.
А.С.: Холобура, дьоруойбут куттанар биригэдьиирин хантан билэрий, ханна көрбүтүй, тылын-өһүн ханна истибитий?
Хоруй: Кэпсээн иккис этиитэ маннык: “Мэлдьи тиэтэлинэн сылдьар, атыттан түспэккэ эрээри ордоотоон саҥарар “биригэдьиир” диэн кутталлаах киһи баар”.
Кэпсээнньит манна уолчаан санаатынан биригэдьиир “мэлдьи тиэтэлинэн сылдьарын” этэр. Ырытааччы Анатолий Слепцов бэйэтин туһунан “нуучча киһи” диэн этэрин быһыытынан, “мэлдьи” диэн тыл нууччалыы тылбааһын санатабын: мэлдьи ‒ всегда, постоянно. Онон Бүөккэчээн “всегда”, “постоянно” сылдьар биригэдьиири хантан билэрэ, ханна көрбүтэ, тылын-өһүн истибитэ “мэлдьи” диэн тыл суолтатын билэр киһиэхэ чуо бааччы өйдөнөр.
Аны туран, салгыы кэпсээҥҥэ маннык этиллэр: “...Кутталлаах биригэдьиир бу сырыыга атыттан түһэн, дьиэ халҕанын эрчимнээхтик аһан киирбитэ”.
Бу саҥа абзацтан саҕаланар этии. Иннигэр көтүтүүнү, кэм устуутун этэр үс туочукалаах. Үс туочука туттуллуутун суолтатын билэр ааҕааччы ити иннинэ төһө эрэ кэм барбытын, туох эрэ быһыы-майгы буолбутун сэрэйэр, өйдүүр. Ону ырытар суруйааччы тоҕо эрэ өйдөөбөтөх, аахайбатах. Таба көрбөтөҕө дуу?.. Ону быһаарар кыах суох.
Уонна, оттон, бу этиигэ эмиэ чуо бааччы “бу сырыыга” диэн этиллэр эбээт! Эмиэ тылбаастыыбын: бу сырыыга ‒ на этот раз, в этот приезд. Ол аата, “на этот раз”, “в этот приезд” иннигэр атын “разтар”, атын “приездар” бааллар эбит.
Инньэ гынан, Бүөккэчээн “всегда”, “постоянно” сылдьар, хаста да “приездаабыт” биригэдьиири хантан билэрин ордук хос туоһулаһа сатыыр кыһалҕа, мин санаабар, суох.
А.С.: Оҕо номнуо холкуоска үлэлии сылдьар дуо?
Хоруй: Кэпсээнньит итини чопчулуу сатаабат. Ол уус-уран өттүнэн даҕаны, ис хоһоон өттүнэн даҕаны оннук айылаах суолтата суоҕун быһыытынан. Оттон мындыр ааҕааччы сэттэлээх Бүөккэчээн былырыын күһүн, сайын, саас ийэтин батыһан холкуос үлэтигэр сылдьыспыт буолуоҕун туһунан холкутук таайар, сэрэйэр. Хомуур-ыһыы үлэтигэр, окко, титииккэ-хаһааҕа, кыстык бэлэмигэр, от-мас тиэйиитигэр ‒ тыа дьахтарын хайа даҕаны үлэҕэ анаабыт буолуохтарын сөп. Уол, баҕар, бэйэтэ үлэһит ахсааныгар киирбэтэҕин иһин, ийэтэ, хараҕын далыгар илдьэ сылдьаары, төһө баҕарар батыһыннарар кыахтаах. Баҕар, үлэлэспитэ да буолуоҕа. Биригэдьиир: “Ыһыы буоллаҕына уолгун ылабын”, ‒ диэн ордоотуурунан сирдэттэххэ, сэттэлээх уолчаан хайыы үйэ үлэ диэн тугун амтаһыйбыт буолуон сөпкө дылы. Оннук быһыы-майгы ол тыйыс кэм чахчыта буоларын сэрии кэмин оҕолоро ахтан кэпсииллэр, суруйаллар даҕаны. Уонна, оннук сылдьан, оччотооҕу оҕолор “байыаннай балаһыанньа” диэн курдук тылы-ситими истэллэрэ ханна барыаҕай?
А.С.: Ийэтэ сыппыта ырааппыт буоллаҕына, тоҕо биригэдьиирдэрэ дьахтар өлөрүн эрэ саҕана биирдэ кэлэн дьиэлэрин таһыгар атыттан түһэрий?
Хоруй: Биригэдьиир “всегда”, “постоянно” сылдьар, хаста да “приездаабыт” эбит диэн суруйан турабын. Онон, көннөрү эбии лаппыйан, биригэдьиир биирдэ эрэ кэлбэтэх эбит диибин. Баҕар, дьахтар ыалдьа сытар да кэмигэр кэлэ сылдьыбыт буолуоҕун сөп. Оттон урукку сырыыларыгар атыттан түспэтин таайар эмиэ соччо уустуга суох. Кыһыҥҥы өттүгэр холкуостаахтар бары үлэҕэ аттарыллан сылдьар буолуохтаахтар. Биригэдьиир эбии үлэһити була сатыыр кыһалҕата суох. Ол быһыытынан, хантан эрэ ааһан иһэн, “бу ыал тыыннаах дуо?..” диэн көннөрү аатыгар эрэ сибикилиир буолуохтаах. Оттон бу сырыыга кини ыһыы үлэтигэр туруорар дьонун сыымайдыы сылдьар, инньэ гынан, дьахтар туругун анаан көрөр, эбиитин Бүөккэчээни ыһыы үлэтигэр ыларын эрдэттэн биллэрэр. Кини ол иһин эрэ атыттан түһэр.
Ити аата, Анатолий Слепцов “Ол иннинэ оҕо оннук түгэни көрө илик курдук суруллубут” диэн тутуһуута онно суох буолан тахсар. Оҕо, чахчы, биригэдьиир атыттан түспүтүн көрө илик эбит. Уонна Бүөккэчээн тоҕо ону көрө илигин кэпсээнньит айымньы саҕаланыытыгар “Мэлдьи тиэтэлинэн сылдьар, атыттан түспэккэ эрээри ордоотоон саҥарар “биригэдьиир” диэн кутталлаах киһи баар” диэн дьэҥкэтик быһаарар. Ону, ордук өйдөнүмтүө буоллун диэн, ити хараартым.
А.С.: “Үөһэ этиллибитин курдук кэпсээн тыла-өһө мааны. Ол эрэн, онтуката, бу айымньы киһи сүрэҕин-быарын ортотунан ааспатын биир төрүөтэ буолуон сөп дии санаатым. Кэпсээн конфлигын развязкатыгар чугаһаан баран ааптар аһары “поэтическай” тылыгар-өһүгэр (изысктарыгар) “батыллан” хаалар. Дьоруойун өлөрүөхчэ өлөрбөт диэбит курдук. Проза диэн, мин саныахпар, ааттыын проза.”
Хоруй: Олус дьикти этии. Кэпсээн тыла-өһө мааны буоллаҕына, тоҕо киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киириэ суохтааҕый? Буолаары буолан, кэпсээн суруллубут тыла-өһө, ырытааччы бэйэтэ ымсыырыах, уу сахалыы. Кэпсээнньит айымньытыгар Бүөккэчээни өлөрө оҕустаҕына ааҕааччы онтон туох дуоһуйууну дуу, тугу дуу ыларый? Мин саныахпар, манна, кэпсээнньит буолбакка, сахалыы уустаан-ураннаан, тэгилитэн-ханалытан, ойуулаан-дьүһүйэн, иэйэн-куойан суруйууну ылыммат, ону өйдөөбөт, онно бэлэмэ суох ааҕааччы “батыллыан” сөп. Оннук даҕаны буолбут. Аны туран, сорох ааҕааччы оннук “батыллар” буоллаҕына, дьон барыта “батыллыахтаах” диэн буолбатах. “Алаадьы” кэпсээн туһунан бассаапка тарҕаммыт суруйууларынан сирдэттэххэ, “батыллыбат” ааҕааччылар эмиэ бааллар эбит. Ол ‒ үөрдэр.
Аны, Анатолий Слепцов “поэзия” уонна “проза” диэннэри адьас нөҥүө-маҥаа араарар курдук этиитин ыллахха, оттон нууччалыы уран сурук туһунан үөрэххэ “поэтика рассказа”, “поэтика повести”, “поэтика романа” диэн өйдөбүллэр бааллар эбээт. Ол аата, проза эмиэ поэтикалаах буолар диэн. Ону кини, Москубаҕа анал үөрэҕи ылбыт суруйааччы, син билиэҕин, саныаҕын сөп этэ.
Быһата, кэпсээн-сэһэн төһөнөн үчүгэй поэтикалаах, “поэзиялаах” даҕаны соччонон күүстээх буолар уонна ааҕааччы кутугар-сүрүгэр дириҥник, түргэнник өтөн киирэр, кини сүрэҕин-уйулҕатын долгутар.
А.С.: Өссө биир итэҕэппэтэх өрүтэ диэн - второстепеннай дьоруойдар аһары “второстепеннайдар”. Холобура, сүрүн дьоруой ийэтин дьүөгэтэ “киирэн, көрсөн баран тахсар” диэн өйдөбүл бэриллибит. Тахсарыгар уолга күөл уҥуор олорор ыалы ыйар. “Киирэр уонна тахсар” буоллаҕына чугас олорор буоллаҕа дуу? Оччоҕуна тоҕо атын дьону өрүһүйээччи быһыытынан ыйда, бэйэтигэр ыҥырбата, дьүөгэтин тыынын тугунан эмэ салҕаабата? Барбытын кэннэ хоргуйбут ийэлээх оҕо аан тириитин сии сатыыллара кэпсэнэр.
Хоруй: Бу эмиэ онно суох тутуһуу буолбут. Тоҕо диэтэххэ, туһааннаах ойоҕос сирэй (персонаж) кэпсээҥҥэ киирбит төрүөтэ биир эрэ ‒ кини Бүөккэчээҥҥэ адьас быстарар түбэлтэлэригэр күөл уҥуор барыахтааҕын этиэхтээх. Кини, ойоҕос сирэй, ону этэр, онон кэпсээн сайдыытыгар анала-сыһыана бүтэр. Ол быһыытынан балаҕаҥҥа киирэр уонна балаҕантан тахсар. Бүттэҕэ ол. Сайа кэпсээн сүрүн соругар сыһыана суоҕу хантан эрэ туораттан соһон аҕалан лабысхалыы сатаабатах.
Аны, бу кэрчик уолчаан өйүнэн-санаатынан бэриллэр. Оттон сэттэлээх уолчаан балаҕаныттан, тэлгэһэтиттэн ырааҕы соччо-бачча баардылаан удумаҕаламмат даҕаны буолуохтаах. Буолаары буолан, кыһыҥҥы кэмҥэ. Киниэхэ ийэтин дьүөгэтэ хантан кэлбитэ, хайдах кэлбитэ, ханна олороро улахан суолтата суох, ол кини өйүн-санаатын таһынан. Киниэхэ ол дьахтар ийэтин дьүөгэтэ буолара, балаҕаннарыгар киирбитэ уонна тугу эппитэ суолталаах. Бүттэ. Кини төһө чугас дуу, ыраах дуу олороро Бүөккэчээҥҥэ, ону кытта ааҕааччыга эмиэ тугу даҕаны эбии эппэт.
Анатолий Слепцов “тоҕо бэйэтигэр ыҥырбата?..” диэн мунаарыыта эмиэ олус дьикти. Кини, бэйэтэ кэпсээнньит киһи, өйдүөн сөп этэ: дьүөгэ дьахтар Бүөккэчээннээҕи ыҥырбыта буоллар, бу кэпсээн, “Алаадьы” диэн буолбакка, букатын даҕаны “Лэппиэскэ” диэн буолар курдук тосхолунан баран хаалыах этэ.
Итигэннэ, ол дьүөгэ дьахтар бэйэтэ хайдах-туох олохтооҕо биллибэт ‒ баҕардар, бэйэтэ “тугу эмэ бэриһиннэрээйэбиний?..” диэн соруктаах кэлэ сылдьыбыт барахсан буолаахтыа. Ойууланар аас-туор олоххо ити түөлбэҕэ быстан олорооччу ыал биир Бүөккэчээннээҕинэн эрэ муҥурдамматаҕа чахчы.
А.С.: Биригэдьиирдэрэ эмиэ, таах девизтарынан эрэ саҥара-саҥара атынан көтүтэ сылдьар киһи курдук характеристикаламмыт. Ама, өлөн эрэр дьахтары көрөн туран, туох эмэ толкуй төбөтүгэр түспэт дууһата буоллаҕай?
Хоруй: Бу түбэлтэҕэ ырытааччы эмиэ “Лэппиэскэ” оҥорторо сатыыр санааны тутуспут. Эбэтэр букатын даҕаны “Үтүө санаалаах биригэдьиир” диэн кэпсээни суруйтарыаҕын саныыра дуу? Оччотугар ол туһунан Сайаттан эрдэ көрдөһүөхтээх, анаан-минээн үлэһиэхтээх этэ. Сайа даҕаны үтүө санаалаах биригэдьиирдэр баалларын туһунан билэр буолуохтаах. Оттон бу сырыыга Сайа “Алаадьы” диэн кэпсээни суруйбут. Онно биригэдьиирэ кэпсээн номоҕор, уус-уран соругар, ис хоһоонугар туһааннаахтык ойууламмыт. Ойууланар кэм чахчытын ыллахха, оччотооҕу кэмҥэ дьоҥҥо хаҕыс сыһыаннаах, тойомсук, бэйэмсэх, дааргы биригэдьиирдэр да ханна барыахтарай? Бааллара чахчы. Эбэтэр ама да соҕус дьон биир эмэ түгэҥҥэ мөлтөөн, кэдэйэн ылыахтарын, айыы киһитин сирэйин сүтэриэхтэрин сөп. Киһи диэн киһи. Олох диэн олох. Буолаары буолан, бу биригэдьиир Бүөккэчээн аҕатын ыйыталаһар түгэнэ ойууланар кэрчигинэн сылыктаатахха, биригэдьиир Бүөккэчээн аҕатыгар туох эрэ хос санаалааҕын курдук өйдөбүл киирэр. Туох билиэй, хомуурга түбэһэн уоттаах сэриигэ барбыт эр бэрдэ ‒ Бүөккэчээн аҕата ‒ ити биригэдьиир буолан киэбирэ-хаабыра сылдьааччыны хайа эрэ түгэҥҥэ күрдьүккэ төбөтүн оройунан симпитэ буолуоҕа. Олоххо эҥин барыта баар буолар: бытархай өй-санаа, нэгэй майгы, өһүөмньү, бардамсыйыы, бэрдимсийии, сирэй көрбөх буолуу, хайҕалы-топпуту уйумуу... Буолаары буолан, кэпсээнтэн “бу биригэдьиир оннук быһыыны-майгыны бэйэтэ төһө баҕарар “көрдөһөн” булар, оҥорор кыахтаах адьас төннүбүт урааҥхай эбит” диэн санаа үөскүүр.
А.С.: Төһө даҕаны “олоххо буолбут” түбэлтэтин иһин, өскөтүн уус-уран айымньы буолар соруктаах буоллаҕына, тугун эрэ күүһүрдэн (гиперболалаан), биитэр намтатан (литоталаан) биэрэн ааҕааччыны хараҥаҕа сүппүт кырдьык иннигэр туруоран эрэ кэбиспэккэ, туох эрэ түмүккэ угуйары оҥордоххо ордук буолаарай диэн баҕа санааттан суруйдум.
Хоруй: Бу кэпсээн Сайа тус поэтикатын бэрт чаҕылхайдык көрдөрөр айымньы буолбут. Үгэс курдук, үчүгэй хоһоонньут (поэт) суруйааччылар кэпсээннэрэ, уус-уран тыл-өс өттүнэн эрэ умсугутуулаах буолбакка, биир тиһик уус-уран бэлиэлэргэ (символларга) олоҕуралларынан уратылаах буолаллар. Оннук айымньы ааҕааччы санаатыгар, уйулҕатыгар тиийиитэ быдан күүстээх буолар даҕаны.
Бу кэпсээҥҥэ сүрүн бэлиэ (символ) ‒ алаадьы. Төгүрүк алаадьы. Кэпсээҥҥэ “төгүрүктэр” элбэхтэр. Холобур, маннык этиллэр: “Төгүрүк алаас, төгүрүк күөл, төгүрүк ойбон, халлааҥҥа төгүрүк күн бары уоһах алаадьыта буолан кини хараҕар саһара-мэндээрэ төгүрүһэн, төкүнүһэн бардылар”. Сүүрбэ тыллаах биир этиигэ “төгүрүк” диэн тыл түөрт төгүл хатыланар уонна онно сыһыаннаах “төгүрүһэн”, “төкүнүһэн” диэн икки тыл баар. Ол эбэтэр этии үс гыммыт биирин курдуга ‒ “төгүрүк”. Сайа, ама, тылын баайа татымсыйан итини барытын биир этиигэ “даркылаабыта” буолуо дуо? Баҕардар, анаан-минээн итинник “кыстаабыта” буолаарай? Ырытааччы бэйэтин иннигэр итинник ыйытыгы туруора сатаабатах, кыраҕа “батыллыбат” майгынан үрдүнэн ааһа ойутан байҕал диэки бөтөрөҥнөтө турбут. Оттон, дьиҥэр, ити ‒ кэпсээн номоҕор, уһук мындаа санаатыгар киллэрэр туймуу этии сылдьар.
Бу кэпсээн итинник бэлиэ тиһигэр олоҕурар уонна ол нөҥүө олох чахчытын, биир ханнык эрэ түөлбэ дуу, туох дуу олоҕор чопчу баайан буолбакка, “киһи” диэн төрүт өйдөбүлгэ олоҕуран киэҥ хабааннаахтык уонна уус-ураннык арыйар буолан, дьон да, сир-дойду да аатыгар чопчу болҕомтону туһаайыы диэн суох эбит. Холобур, син ааттаныах да курдук сирэйдэр “биригэдьиир”, “ийэтин дьүөгэтэ”, “сурук таһар кыыс” дэммиттэр. Сир аата диэн төрүт даҕаны кыбыллыбатах. Оттон Бүөккэчээн ийэтэ, аҕата чопчу ааттаах дьон буолаллара түмүккэ биирдэ биллэр. Онуоха диэри кинилэр көннөрү “ийэ”, “аҕа” диэннэр. Итинник көстүү олох чахчытын, баарыйаны (бытие) киэҥник уонна дириҥник хабан, анааран көрдөрөр, ону тэгилитэн-ханалытан дьүһүйэр айымньыларга баар буолар. Ону уран сурук үөрэҕэ-билимэ бигэргэтэр.
Кэпсээҥҥэ ол иһин даҕаны балаҕанын-тэлгэһэтин иһиттэн-таһыттан ырааҕы билэ-көрө илик Бүөккэчээн санаата “олоҥхо”, “төрүт ырыа-тойук” диэн курдук тирэх өйдөбүллэр эргийэр ыырдарынан-киэлилэринэн арҕара эҥсиллэр. Үөрэх тылынан эттэххэ, Сайа, итинник майгылаахтык суруйан, ааҕааччыны архетипка олоҕуран толкуйдуурга туһулаабыт. Уонна, эмиэ ол төрүт өйгө-санааҕа, номоххо, уран тылга-өскө мэҥэстэн, ырытааччы Анатолий Слепцов “батыллыбыт” “изысктарын” суруйар.
Биллэн турар, Сайа итини эт мэйиитинэн, тоҥ өйүнэн хос-хос ааҕан лабырҕатан дуу, кичэйэн кэмнээн дуу суруйбатаҕа буолуо. Тоҕо диэтэххэ, истиҥ, уйаҕас тыыннаах ырыа айааччытын өйө-санаата, кута-сүрэ, сүрэҕэ-быара ‒ ситэри ситэн, толору туолан, ыксары ыанньыйан ‒ барыта биир дьүөрэ иэйэн-куойан ыллаатаҕына эрэ айыллар дииллэр. Хайа даҕаны айымньыга син биир оннук. Өй-санаа өрө күүрбэтэҕинэ, кут-сүр иэйбэтэҕинэ-куойбатаҕына дьон сүрэҕин кылын таарыйар айымньы хайдах айыллыаҕай? Суох буоллаҕа.
Сайа бэйэтэ айымньытын “олоххо буолбуттан кэпсээн” диэн быһаарар. Ырытааччы, ити быһаарыыга кэтиллэн, онно хаайтарбыт, онно балыйтарбыт курдук. Ол иһин кэпсээни уу судургутук өйдөөбүт.
Оттон Сайа тоҕо итинник быһаарыыны биэрэрий? Мин санаабар, кэпсээҥҥэ оҕо барахсан тыына итинник ынырыктык быстарыттан хараастан, “биригэдьиир” курдук дьон баалларыттан кэлэйэн. Кини уус-уран айымньытыгар бэйэтин күн баҕатынан итинник түктэри сирэйи, итинник ынырык түбэлтэни киллэриэн баҕарбат эбит. Кини итинниги олох чахчытын суруйарын быһыытынан эрэ айымньытыгар киллэрэргэ күһэллибит. Ол иһин даҕаны Анатолий Слепцовка хардарарыгар: “Сэрии кэмигэр саха дьонун олоҕор итиннээҕэр буолуох ыар түгэннэр буолан ааспыттарын туһунан элбэх кэпсээни истэн, ааҕан кэллэҕим эрээри, ол оҕо муҥнаах дьүһүлгэнэ өйбүттэн-санаабыттан арахпакка, бу сыллар тухары миигин кытта сылдьыста”, ‒ диир буоллаҕа. Ити барыта ‒ олох тыйыс чахчыта. Сайа бэйэтэ хантан эрэ халлаантан харбаан айбыта буолбатах. Кини бу кэпсээнигэр олох чахчытын бэрт мындырдык дьүһүйэн үрдүк күүрээннээх, дириҥ, киэҥ эҥсиилээх уус-уран чахчы оҥорбут.
Ол туохтан көстөрүй? Ону быһаараары, эмиэ “төгүрүк” диэн бэлиэҕэ төннүөҕүҥ. Холобур, күн. Төгүрүк күн. Киһиэхэ барытыгар баҕалаах төгүрүк күн. Ол күнү хас сарсыарда ахсын көрөр туһугар, тыыннаах буолар туһугар кып-кыра “төгүрүк” эмиэ суолталаах, улахан баҕалаах буолар. “Алаадьы” кэпсээн ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар, кутугар-сүрүгэр ити санааны этэр.
Олоххо барыта эриэ-дэхси буолбат. Ону кэпсээнньит: “Оо, Сир ийэ барахсан! Эн оччугуй да оллургун кыайан туораабакка икки атах бүдүрүйэр эбээт...” ‒ диэн этэр. Бу Сир ийэбит эмиэ төгүрүк эбээт! Бары биир “төгүрүк” үрдүгэр олордохпут. Киһи барыта ити кырдьыгы долоҕойугар тохтотон, сүрэҕинэн-быарынан ылынара эбитэ буоллар, бука, бүөккэчээннэр дабайбакка хаалар “сыырдара” диэн суох буолуох этэ. “Уоһах алаадьылаах күөл уҥуор” барар “синньигэс утах суол” күнтэн күн кэҥээн хоролҕон суолга кубулуйуох этэ.
Оттон ырытааччы Анатолий Слепцов Сайаҕа үөрэтэр-такайар майгынан “ааҕааччыны хараҥаҕа сүппүт кырдьык иннигэр туруоран эрэ кэбиспэккэ” диэн этэрин ыллахха, бу кэпсээҥҥэ болҕомтолоох, уйаҕас сүрэхтээх ааҕааччы Аанчык кыыс, кимтэн да көҥүл көрдүү-хайыы сатаабакка бэйэтин өлүү алаадьытын Бүөккэчээҥҥэ биэрэн, эмиэ “төп-төгүрүк” буолбутун өйдүүр. Уонна ити: “Аанчык-Маҥаачык!” ‒ дэһэн үҥсүөх буолан суоһурҕанар оҕолор кэлин син биир “төкүнүйэн-мөкүнүйэн” улааппыт, хас биирдиилэрэ дьон киһитэ буолбут буолуохтаахтар диэн эрэнэ саныыр. Тоҕо диэтэххэ, дьүөгэ дьахтар да анаан-минээн ыйарынан, салайарынан тойонноотоххо, ити “күөл уҥуор” олорор Миитэрэйдээххэ “төгүрүк” санаа уйа туттубут эбит.
Хайа даҕаны суруйааччы Сир ийэҕэ оннук ыал элбии уонна “төгүрүк” санаа туругура турарын туһугар айыахтаах-суруйуохтаах дии саныыбын уонна Сайа “Алаадьы” кэпсээнигэр ол үрдүк соругу толорбут диибин.
АРЧЫЛАН
Ыам ыйын 2 к., 2020 с.
P.S. “Күрүлгэн” сурунаалга сотору Сайа саҥа сэһэнэ тахсыаҕа. Эмиэ уустук кэми, уустук быһыыны-майгыны ойуулуур айымньы. Эмиэ бу курдук кэпсэтиини, санаа үллэстиитин, ырытыһыыны таһаарар чинчилээх.
Онно даҕатан, 2020 сыл иккис аҥаарыгар сурутуу бара турарын санатабын.