Киир

Киир

Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 31 күнүнээҕи ыйааҕынан, Эбээн-Бытантай национальнай улууһун бэтэринэриийэтин салаатыгар Саккырыыр оройуонун бастакы бэтэринээрэ, тыыл бэтэрээнэ, САССР Үрдүкү сэбиэтин президиумуттан «Килбиэннээх үлэ иһин» мэтээллээх Дмитрий Алексеевич Бочкарев аатын иҥэрдилэр.

Дмитрий Алексеевич олоҕун бүтүннүү бэтэринээр үлэтигэр уонна эдэр бэтэринээрдэри үүннэрэн таһаарыга анаабыта. Кини 1936 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ уонна Саккырыыр оройуонун бэтэринээрдэрин учаастагын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Дмитрий Алексеевич таба, сылгы, ынах сүөһү иитиитинэн дьарыктанар бүтүн оройуону соҕотоҕун көрөрө-истэрэ. Сүүнэ улахан иэннээх, суола-ииһэ суох сиргэ эдэр бэтэринээр элбэх уустуктары көрсүбүтэ. Ону барытын тулуурунан уонна дьулуурунан кыайан, бар дьон ытыктабылын ылбыта.

СӨ Бэтэринэриийэ департаменын салайааччыта Петр Петров иһитиннэрбитинэн, Дмитрий Бочкарев аатын Эбээн-Бытантайдааҕы бэтэринэриийэ салаатыгар иҥэрии боппуруоһа СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр турбут. Департамент кэлэктиибэ улуус дьаһалтатыттан киирбит хадатаайыстыбаны тута өйөөбүт, оттон ыам ыйын 5 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа эмиэ өйүүр быһаарыыны ылыммыт.  

Ити курдук Эбээн-Бытантай национальнай улууһун бэтэринэриийэтин салаата чулуу бэтэринээр аатын Саха сиригэр бастакынан сүктэ.

Сонун төрдө: СӨ Бэтэринэриийэ департаменын пресс-сулууспата