Киир

Киир

Ууга көрдүүр уонна быыһыыр үлэни ыытар салаа водолазтара кэпсииллэр
 
Олунньуга “Айылҕаны – дьонтон, дьону айылҕаттан быыһаары” диэн СӨ Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Иннокентий Михайлович Андросовы кытта кэпсэтии хаһыаппытыгар бэчээттэммитэ. Ол кэпсэтиигэ Быыһыыр сулууспа иһинэн үлэлиир водолазтар туһунан кылгастык ахтан ааспыппыт. Бүгүн кинилэр үлэлэрин-хамнастарын туһунан бэйэлэрин кытта кэпсэтэн суруйарга сананныбыт.
Үлэ ис хоһоонун 5-с эрэсэрээттээх водолаз Станислав Соломахин билиһиннэрэр.
 
solomaxin
 
“СӨ Быыһыыр сулууспатыгар водолаһынан үлэлээбитим сэттэ сыл кэриҥэ буолла. Орто анал үөрэҕим “массыынаны өрөмүөннээһин уонна көрүү-истии” диэн эрээри, араас үлэҕэ холонон көрбүтүм. Ол курдук үлэм киниискэтигэр холуонньаҕа баһаарынай караул начаалынньыга, аармыйаҕа хантараагынан сулууспа, көмүс бириискэтигэр, Мохсоҕоллоох дьаһалтатыгар уо.д.а. үлэлээбитим туһунан суруллар. Сулууспаҕа кэлиэм иннинэ Дьокуускайга тырааныспар полициятыгар үлэлии сылдьыбытым. Онтон билэр киһим сүбэтинэн манна кэлбитим. Үлэҕэ киирэрбэр, арааһа, баһаарынай быыһааччыга үөрэнэ сылдьыбыттааҕым, аттестациялаах быыһааччы буоларым көмөлөспүт буолуохтаах.
Даҕатан эттэххэ, Ууга көрдүүр уонна быыһыыр үлэни ыытар салаа 2021 с. тэриллибитэ. Онтон быыһааччы водолазтар СӨ Быыһыыр сулууспата тэриллиэҕиттэн бааллара”.
 
Быыһааччы водолаз үлэтэ тугуй?
 
Үлэбит судургута суох. Үксүн ууга түспүт дьону көрдөөн булуу уонна таһаарыы. Холобур мин үлэлээбит кэмим тухары тыыннаах дьону иккитэ эрэ таһаарбытым. Бастакым иһин, бэл, мэтээл биэрбиттэрэ, онтон иккиспэр көмөлөһөөччүнэн сылдьыбытым. Ону тэҥэ араас улахан тэрээһиннэргэ олохтоох дьаһалта дуу, туһааннаах тэрилтэ дуу көрдөһүүтүнэн ууттан сэрэхтээх буолууну хааччыйабыт. Соторутааҕыта Эдьигээҥҥэ ЛОРП ууга тимирбит суудуналарын көрө-истэ бара сырыттыбыт. Маннык уу анныгар түспүт суудуналары көрүү, чинчийии сүрүн үлэбит буолбатах. Тэрилтэлэр СӨ Быыһыыр сулууспатын кытта кэпсэттэхтэринэ, дуогабар быһыытынан үлэлиибит. Аны туран, үлэ хайысхатыттан, көрүҥүттэн көрөн көҥүллээх эрэ дьон бараллар. Ол, холобур, “Допуск на осмотр судов”, “Допуск к сварочным работам” уо.д.а. Аны туран, уу анныгар эбии атын идэлээх водолазтар эмиэ баар буолаллар.
Мин уу анныгар “перевозка опасных грузов” диэн кислород эбэтэр үрдүк дабылыанньалаах боллуоннары тиэйэр быраабы биэрэр, тыы ыытар уонна “проблесковай маячоктарга” көҥүллээхпин. Ону таһынан үлэбит сүнньүнэн наада буоллаҕына туттарга В, С категория суоппара, БПЛА (пилота суох көтөр аппараат) оператора үөрэхтээхпин. Бу барыта биһиги үлэбитигэр наада.
 
vodolaz medik
 
Идэ мөкү уонна үтүө өрүттэрэ
 
Бастатан туран, ханна да сырыттарбыт “аны үлэбэр ыҥырыахтара” диэн бэлэм сылдьабыт. Онон оройуоҥҥа олорор төрөппүттэрбэр да тиийдэхпинэ, наар төлөпүөммүн чугас тутабын. Аны хомондьуруопкаттан кэлээт, атын сорудаҕы ылан тута онно барыахпытын сөп. Уонна ол тиийбит сирбитигэр, баҕар, нэһилиэккэ эбэтэр букатын тайҕаҕа уһун болдьоххо хаалыахпытын сөп. Иккиһинэн, водолаз үлэтэ киһи доруобуйатыгар күүскэ дьайар. Манна диэн эттэххэ, кулгаахпынан үстэ истибэт буола сылдьыбытым. Салгын баттааһынын түргэн уларыйыытыгар киһи этэ-сиинэ улахан ноҕуруусканы ылар. Биирдэ кулгааҕым сарыыта (барабанная перепонка) тэстэ сылдьыбыта, абытайдаах ыарыы эбит. Аһыыр да, утуйар да, саҥарар да кыаҕа суох буолуоххар диэри ыалдьар. Хата, этэҥҥэ оспута. Ол эрээри кэлин, сааһырарым саҕана ханан эрэ охсуулаах буолуон сөп.
Водолаз ууга кэмиттэн кэмигэр киирдэҕинэ, этэ-сиинэ үөрүйэхтэнэр. Онтон ыйга биирдэ-иккитэ уонтан тахса миэтэрэлээх дириҥҥэ киириигэ дэбигис үөрэммэккин. Уу анныгар сылдьыы хайдахтаах да кыахтаах, доруобай киһиэхэ сылаалаах уонна охсуулаах.
Уу анныгар тыҥаҕа күүстээх баттааһын үөскүүр буолан, водолазтар “кессоннай ыарыыттан” сэрэнэбит. Водолаз үлэтин регламена, быраабылата диэн ол иһин баар.
Үтүө өрүтэ... Үлэбит түмүгэр сүтүктээх дьон үтүө тыллары эттэхтэринэ, махталларын биллэрдэхтэринэ, “идэбит дьоҥҥо туһалыыр” эбит диэн санаабыт көтөҕүллэр.
 
Үлэлиир тэрилинэн хааччыллыы хайдаҕый?
 
Мин билэрбинэн, бу чааһыгар Уһук Илиҥҥэ бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьабыт. Водолазтар эрчиллэллэригэр барокамера (декомпрессионная камера) баар. Бу хаамыра уу аннынааҕы усулуобуйаны оҥорор, онон анал таҥаскын кэтэн олорон ууга киириигэ эрчиллэҕин.
Уон икки миэтэрэттэн дириҥ ууга киирэргэ чугас барокомплекс баар буолуохтаах. Ол барокомплекска саамай уһаабыта биир чаас иһигэр айаннаан тиийэр буолуллуохтаах. Итинник дириҥҥэ төһө өргө киирэргин анал декомпрессия табылыыссатынан суоттууллар. Табылыысса быһыытынан уу анныгар сылдьар бириэмэҥ, төһөнөн тахсыахтааҕыҥ уонна барокамераҕа олоруохтаах кэмиҥ эмиэ суоттанар. Өскөтүн водолаз баротравма ыллаҕына, төһө кыалларынан түргэнник, чаастан уталыппакка барокомплекска киириэхтээх.
Инньэ гынан, ыраах сытар, суол-иис өттүнэн ыарахаттардаах оройуоннарга уон иккиттэн ордук дириҥҥэ киирэрбит көҥүллэммэт. Тоҕо диэтэххэ, барокомплекс Дьокуускайга эрэ баар. “Кубышка” дэнэр көһө сылдьар барокамерабыт суох.
 
Биир киириигэ хас киһи үлэлиирий?
 
Ууга көрдүүр уонна быыһыыр үлэни ыытар салааҕа уон водолазтаахпыт, үс хамаандаҕа арахсааччыбыт. Үлэ соругуттан, уратыттан көрөн бэйэ-бэйэбитин солбуһан биэрэбит. Хамаандаҕа бары бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэбит, эрэнэбит. Холобур, Өлүөнэҕэ түөрт киһи үлэлиир. Тоҕо диэтэххэ, өрүс анныгар сүүрүк күүстээх, кирдээх даҕаны. Ол иһин биир водолаз үлэлии сырыттаҕына иккис страховкалыыр, таҥнан бэлэм турар. Туох эмэ буолла да икки мүнүүтэ иһигэр снаряжениетын кэттэ да ууга киирэн көмөлөһөр. Ону таһынан ууга киириинии хааччыйар водолаз уонна бөлөх “старшината” дьаһайан, салайан биэрэллэр.
Хаһан баҕар уу анныгар киириигэ сөптөөх усулуобуйа наада. Күүстээх сүүрүккэ, уу анныгар элбэх тимир, бөх баар буоллаҕына, киирэр сатаммат.
Водолаз үлэтигэр “гидролокатор бокового обзора” диэн тэрил күүскэ көмөлөһөр, биһиги харахпыт кэриэтэ диэххэ сөп. Бу тэрил көмөтүнэн уу аннын сыныйан көрөбүт. Сатаан туттар, үөрүйэх киһи туох-туох баарын быһаарар. Ол түмүгүнэн дириҥҥэ киириэххэ сөбүн-суоҕун быһаарабыт. Биллэн турар, водолазтан, кини бэлэмиттэн эмиэ элбэх тутулуктаах.
 
Сахабыт сиригэр уу аннынааҕы олох хайдаҕый?
 
Биир өттүнэн интэриэһинэй, иккис өттүнэн Өлүөнэ өрүскэ, күөллэргэ уу анныгар туох да көстүбэт. Санаан көр: икки миэтэрэттэн аллара киирдиҥ да, уоту араарбыт курдук хараҥа буолар. Илииҥ иминэн үлэлиигин. Ол иһин уу түгэҕэр кыра оҕо муостанан сыылларын курдук сылдьан илиигинэн-атаххынан сири бигээн хаамаҕын. Киһини көрдүүргэ, быыһыырга эмиэ оннук. Онтон үөһэ хаалбыт дьону кытта анал быанан кэпсэтэҕин, хайа диэки бараргын ыйан-кэрдэн биэрэллэр, онон суоттанаҕын. Ону тэҥэ кэпсэтэр сибээс диэн эмиэ баар.
Эбэн эттэххэ, сороҕор курданаргар диэри былыыкка киирэн хаалыаххын сөп, онон араас эрэйтэн-моһолтон сатабыл уонна үөрүйэх эрэ абырыыр. Манна тоҕооһуннара эттэххэ, атын өрүстэртэн барыларыттан Амма өрүс уута саамай ыраас, түгэххэ да үчүгэйдик көстүмтүө. 
 
Уу анныттан өлүгү булуу, таһаарыы
 
Хас биирдии киһи атын-атыннык ылынар уонна аһарынар. Тус бэйэм сорудахха барбыт буоламмын, буллахпына чэпчиир курдук сананабын. Тоҕо диэтэр, бастатан туран, сүппүт киһи дьоно, аймахтара айманаллар, күүтэллэр. Иккис өттүнэн, үлэҕин толорон дьиэҕэр тиийэр баҕа күүстээх.
Ууга түспүт киһини көрдүүр кэм “активнай фазата” уон күн. Өлүөнэҕэ, Алдаҥҥа, Бүлүүгэ сүүрүк күүстээх, киһини булар олус уустук. Маннык сиргэ түспүт дьон 30 %-на эрэ көстөр. Онтон күөллэртэн, кыра үрэхтэртэн булабыт.
Бэлиэтээн эттэххэ, үгүстэр сүүрүккэ үлэ хайдах быһыылаахтык ыытылларын өйдөөбөттөр. Уон күнү быһа көрдөөн булбакка төнүннэхпитинэ, арааһы саҥараллар да, суруйаллар да. Дьиҥинэн биһиги эмиэ сыалбытын-сорукпутун ситиэхпитин баҕарар буоллахпыт.
Холобур, үлэбитинэн айаҥҥа бардахпытына, сир-дойду айылҕата уонна дьон сыһыана ордук өйгө хатанан хаалар. Ханна эрэ үлэлии тиийдэххэ үксүгэр уон киһиттэн иккитэ үчүгэйдик сыһыаннаһар. Онтон биэс өстөөхтөрүн курдук көрүөхтэрин, онтон хаалбыт үс киһи эн суоҕуҥ курдук сыһыаннаһыахтарын сөп. Сүппүт киһи көстүбэтэҕинэ, аҥаардастыы водолазтары буруйдуур курдук түгэннэр да суох буолбатахтар. Водолаз эмиэ киһи, хас биирдии ууга киирии доруобуйатыгар охсор.
 
zima
 
Кыһын водолаз үлэтэ хайдаҕый?
 
Ууга -20 кыраадыс тымныыга диэри аһаҕас салгыннаах киириэххэ сөп. Тахсаргар сылаас балаакка, сылааһынан үрэр пушка, оргуйа сылдьар итии уу булгуччу баар буолуохтаах. Тымныыга ууга киирэн истэххэ редуктордар тоҥон хааллахтарына, итии ууну кутан ириэрэҕин эбэтэр уу анныгар үлэлии сылдьан иттэ түһэргэ эмиэ наада. Оттон -20 кыраадыстан тымныыга уу анныгар балааккаттан киирэҕин.
 
Уу алҕаһы бырастыы гыммат
 
Сахабыт сирин олохтоохторо, бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутуҥ харыстааҥ. Аһыы утаҕы иһэн баран ууга кииримэҥ, чуолаан кыра оҕолордоох сылдьан. Судургу да быраабылалары тутуһуҥ, “уу алҕаһы бырастыы гыммат” диэн этиэм этэ.
 
Василий Андреев, 5-с эрэсэрээттээх водолаз:
 

andreev

- Аҕам Ариан Васильевич Андреев Быыһыыр сулууспаҕа водолаһынан, Федеральнай ПСП водолазнай сулууспатын начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Кини 2010-с сылларга ГБО (гидролокатор бокового обзора) аан дойдуга киэҥник туттулларын билэн, манна аҕалан, туһанан барбыппыт.

Билигин биһиги үлэбит хайысхатыгар сөптөөх аныгы ГБО-ну туһанабыт. Бэйэтэ анал кейстээх, уу киирбэт оҥоһуулаах. ГБО уу анныгар туох баарын көрдөрөр, онон билигин хас киирии иннинэ да туттуллар буолла диэххэ сөп. Ууга киириигэ моһол тахсыбатыгар улахан көмөлөөҕүн бэлиэтиибит. Үлэтин бириинсибин судургутук быһаардахха, УЗИ аппараатыгар майгынныыр. Уу туругуттан көрөн 1–100 м дириҥи көрүөн сөп.

Пётр Огудов, 4-с эрэсэрээттээх водолаз:
 

ogudov

- Бу үлэҕэ иккис сылбын үлэлиибин. Эрдэ дойдубар Бүлүүгэ физкультура учууталынан үлэлээбитим. Ол эрээри водолаз идэтин интэриэһиргээбитим, бэйэм үөрэнэн, холонон көрбүтүм балай да буолла, онон “миэхэ сөптөөх” диэн санааттан кэлбитим. Ууга сүппүт киһини көрдүүрдээҕэр, өлбүттээх дьон баалларыгар өлүгү таһаарар ордук ыарахан, тулуйуохха наада. Ордук оҕо буоллаҕына...

Үөһээ Халыма Зырянкатыгар алтынньы-сэтинньи ыйдарга сылдьыбыт айаммыт өйдөнөн хаалбыт. Бурааннаах дьон муус чарааһыгар киирэн, иккиэн ууга түспүттэр этэ. Биирэ бэйэтэ тахсыбыт, иккис киһи кыайан быыһамматах. Уу анныгар сүүрүк күүстээх буолан, уон үһүс күммүтүгэр 1,2 км ыраах сиртэн булбуппут. Онтон кэлээт, Өлүөнэҕэ тыраахтардаах дьон түспүттэригэр барбыппыт. Ол эмиэ ыарахан этэ.

Антон Слепцов, үһүс ыйын водолаһынан үлэлиир:
 

slepzov

- Үлэлээбитим үһүс ыйа, аттестациябын ааһа сылдьабын. Бу иннинэ бэйэм КАМАЗпынан уһун айан суоппарынан үлэлээбитим. Онтон Быыһыыр сулууспаҕа үлэлиир бииргэ үөрэммит уолум этэн, водолаһынан үлэҕэ киирдим. Дьоҥҥо көмөлөһүөхпүн баҕарабын, туһалаах идэ дии саныыбын. Бэйэм биир сиргэ олорорбун сөбүлээбэппин, айанныырбын, саҥаны билэрбин-көрөрбүн ордоробун. Урут ХИФУ-га физкультура институтугар үөрэнэн иһэн үһүс куурустан Кемерово куоракка КемТипп-кэ көспүтүм. Үөрэхпин бүтэрэрим сыл хаалбытын кэннэ, институппут МГУ састаабыгар киирэн, КемГУ-ну бүтэрбитим. Дойдубар кэлэн бэйэбэр үлэлээбитим. Саҥа кэлбит киһи санаабар, бииргэ үлэлиир уолаттарым, кэлэктиип, салалта – барыта үчүгэй. Күнтэн күн сөбүлүүрүм күүһүрэр.

Водолаз быһыытынан бастаан ууга киирэрбэр 202-с түөлбэҕэ уу түгэҕин ыраастыыр сорудахтаах этибит. Онон алдьархайга түбэспит дьону быыһыыр эрэ буолбакка, сэрэтии эмиэ үлэбитигэр киирсэр.

Урут бэйэм баҕабынан уу анныгар киирэргэ үөрэммитим, оччолортон сөбүлээбитим, дьарыктаммытым. Өрүскэ уу кирдээх буолан, киһи тугу да кыайан көрүө суох буоллаҕына, турар уулаах сиргэ от-мас, балыктар уста сылдьаллара кытта көстөр кэрэ көстүүлээх. Уу түгэҕинээҕи былыыгы эрэ тыытыа суохха наада.

Мария САННИКОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар