Василий Федоров-Манчаары Баһылай диэн кимин саха дьонугар быһаарар ирдэммэт. Кини сырдык аата норуот өйүгэр-санаатыгар дьайар күүһүн икки үйэ тухары сүтэрбэт.
2025 сылга национальнай дьоруойбут төрөөбүтэ 220 сылын бэлиэтиэхпит. Онно бэлэмнэнии саҕаланна диэххэ сөп.
Бэс ыйын 3 күнүгэр Дьокуускай куоракка Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын института Тас дойдуттан кыттыылаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Василий Манчаары (1805-1870): образ и концепт национального героя в истории и культуре народов Евразии» научнай-практическай кэмпириэнсийэни тэрийэн ыыппыта. Маны Манчаары аатын тула мөккүөрү тохтотон, кини аатын үйэтитиини өссө үрдүк таһымҥа таһаарар тэрээһин диэн сыаналыахха сөп.
Бу М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥилии федеральнай университет уонна «Мэҥэ Хаҥалас улууһа» муниципальнай тэриллии кыттыылаах холбоһук кэмпириэнсийэҕэ Хайалаах Алтай, Казань, Уфа уонна Арассыыйа атын регионнарыттан, Армения, Казахстан, Кытай уонна Узбекистан курдук тас дойдулартан 50 тахса чинчийээччи, учуонай тэйиччиттэн уонна кэлэн кытыннылар. Кинилэр бэйэлэрини национальнай дьоруойдарын чинчийиилэрин, үйэтитиилэрин туһунан кэпсээтилэр, биһиги Манчаарыбытын кытта дьүөрэлии тутан үөрэтиилэрин түмүгүн сырдаттылар.
Тэрээһини «Мэҥэ Хаҥалас улууһа» муниципальнай тэриллии дэлэгээссийэтин дьоһуннаах эҕэрдэтэ арыйда. Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ Василий Винокуров «Манчаары тойугун» толоруон иннинэ «Саха норуота баарын тухары Манчаарыбыт аатын иннибитигэр укта сылдьыахтаахпыт» диэн бигэ санаалааҕын эттэ. Кини санаатын РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Иван Степанов «Алааска Манчаары көтүтэр, саабылаан батыйа килбэйэр» диэн тыллардаах ырыатынан ситэрэн биэрдэ. Онтон СӨ култууратын туйгуна Ульяна Ефремова бары билэр, сөбүлүүр «Манчаары» ырыабытын эйээриттэ.
«Мэҥэ Хаҥалас улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыгын бастакы солбуйааччыта Семен Потапов Манчаары аатын үйэтитиигэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улууска туох үлэ ыытыллыбытын уонна ыытыллаары турарын иһитиннэрдэ. Кини Манчаары туһунан уус-уран киинэ уһуллуохтааҕын, киин куоракка Манчаары мэҥэ оҥоһуга тутуллуохтааҕын уонна 2029 сыллааҕы Манчаары оонньуута төрөөбүт сиригэр ыытыллыахтааҕын кэмпириэнсийэ түмүк докумуонугар киллэрэргэ көрдөстө.
Ил Тумэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, устуоруйа билимин хандьыдаата, ытыктабыллаах Александр Жирков Манчаары сырдык аатын биһиги устуоруктарбыт, кыраайы үөрэтээччилэрбит, билиммит үлэһиттэрэ ханна баҕарар көмүскүүр кыахтаахтар, толору бигэргэтэр сүҥкэн үлэлээхтэр, кини аатын үксүгэр билэ-көрө, ааҕа сатаабатах, намыһах билиилээх дьон хараарда сатыыллар, сахалар национальнай дьоруойбут тула мөккүөрү тохтотуох тустаахпыт диэн этиитин бар дьоҥҥо туһаайда. Биллиилээх режиссер Никита Аржаков Манчаары саха омук үтүө эрэ өрүтүн – көҥүл санаалааҕын, кырдьыксытын уонна хорсунун кэрэһэлиир дьиҥнээх дьоруойбут буолар диэн бигэтик эттэ.
Сүрүн түһүмэҕи кэмпириэнсийэни тэрийээччи, устуоруйа билимин дуоктара Андриан Борисов «Эпоха Манчаары – первая половина XIX в. – в истории Якутии» дакылаата арыйда. Сүрүн дакылааттары истии кэннэ кэмпириэнсийэ кыттааччылара «Фольклорные и литературные представления о защитнике народа» уонна «Национальный герой в истории, культуре и искусстве» диэн икки хайысханан үлэлээтилэр. Кэмпириэнсийэ матырыйаалларын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы былааннанар.
Тэрээһини сырдатта Күндэли